Валерий МЕКУМЯНОВ сэһэнэ. “Таттаам айана эбэтэр тыа киһитин сырыыта”
Бастакы кэрчик
Айан саҕаланар
Саха сирин айылҕатын хатыламмат кэрэтэ. Эдьиийбит сонуннаах кэлэр. Улуус киинигэр. Көтүү эридьиэстэрэ.
Билиҥҥи саха киһитэ, уруккутунааҕар кыратык тоҥоро буолуо гынан баран, син биир, кыс ортото, хаһан да бүтүө суох курдук бытархан тымныы барыны барытын хаарынан-мууһунан ыбылы ылан, кырыа туманынан будулуйан аҕай турдаҕына: “Бу сылаас дойдуга үөскээбит өбүгэлэрбит хайдах буолан маннык иэдээннээх сиргэ кэлэн олохсуйбуттара буолуой?” диэн мунчааран ылар. Онтон намыын сайыҥҥа үктэннэ даҕаны, итини барытын умнан кэбиһэргэ дылы. “Ама мантан кэрэ сир Аан Дойдуга баара буолуо дуо?!” диэн саҥа эрэ аллайбат. Хор, оннук үтүө биһиги сайыммыт. Маннык кэм иһин хайдахтаахый да тымныыны тулуйуох курдуккун. Бука, өбүгэлэрбит ол да иһин манна иҥнэн хааллахтара буолуо.
Киэҥ сыһыылар, солко күөх хойууга сууламмыт ойуурдар, куйаар халлаан. Сыралҕан күн анныгар нусхайан-тэнийэн силигилээн турар нуолур айылҕа…
Ол гынан баран, дьиҥэр, кыһыммыт да, ахсынньы-тохсунньу кырыга сымнаатаҕына, куһаҕана суох. Күп-күөх халлааҥҥа оһохтор турбаларыттан тунаархай буруо көбүс-көнөтүк унаарыйара, сып-сырдык, чаҕылхай күҥҥэ ыраас хаар мөһүүрэлии оонньуура, бары барыта чуумпуран-иһийэн турара – үтүө да хартыына! Дууһа сылаанньыйар-уоскуйар, сүргэ көтөҕүллэр.
Сүүс сыл олоруох курдуккун. Ол да иһин саха омуга өлүү туһунан мээнэ бөлүһүөктээбэтэ, ону-маны тиһэ сатаабата буолуо…
Оттон күһүммүт? Күһүммүт хайдаҕый? Кыһыл көмүс солотууннан таарыллыбыт айылҕа дьэҥкир салгыҥҥа килбэйэн-сонньуйан турара хайа да киһини иэйиилээх ырыаны ыллатыах курдук ээ…
Итинник кэмҥэ Таттаам Мииккэ олоҕор биир бэрт дьикти балаһа саҕаламмыта. Кинини тоҕо “Таттаам” дииллэрэ эбитэ буолла, бэйэтэ да билбэт. Кистэлэҥин наар инньэ диэн ыҥырар ийэтэ илдьэ бараахтаатаҕа. Ол гынан баран, билэр дьон кэпсииринэн, Мииккэ “маама таттаам да таттаам» диэн тылламмыта үһү. Бука «мааманы таптыыбын» дии сатаахтыыра буолуо.
Кэргэнинээн Ольгалыын уонна быйыл иккис кылааска киириэхтээх соҕотох уолларынаан Мичиллиин киэһээҥҥи аһылыктарын аһаары олордулар. Чуумпу. Ону радио саҥата да аймаабат. Хата өссө нус-хас буоларга дылы.
Итинник олордохторуна улуус киинигэр дьиэлээх эдьиийдэрэ Мария, таһаараттан курдук, айдаарбытынан киирэн кэллэҕэ үһү:
– Таттаам! Иэдээн! Иэдээн! Иэдээн бөҕө буолла!
– Ольга, чаайда кут эрэ, – диэтэ онуоха быраат улаханнык долгуйбакка эрэ. – Кэлэн олорон чаайда ис, Маша.
– Ыы! – дии түстэ эдьиийэ, иннин диэки дьүккүс гынаат. – Эн иһиттиҥ дуу суох дуу?! Иэдээн! Иэдээн буолла диибин буолбат дуо! Ол иһин таҕыстым дии! – уонна мэктиэтигэр муостаны тиҥилэхтээн ылла.
– Биир чааккы чаай тугу да уларыппат ини, – диэн хоруйдаата Таттаам, саахары “кур-хар” ыстыы-ыстыы.
– Кэл, олор, Маша, – Ольга чэй кута-кута унаарытта.
Онуоха эдьиийдэрэ, кырдьык, уоскуйан плааһын уһулла уонна кэлэн олорунан кэбистэ. Онтон Мичилгэ төҥкөйдө:
– Хайа, то-ом, хайдах сылдьаҕын?
– ¥чүгэй, – диэтэ Мичил.
– Ии, оҕом котоку, – Мария Мичил төбөтүн имэрийэн ылла. – ¥өрэххэр кыһаллар буолаар, оччоҕо кыайыылаах-хотуулаах киһи буолан улаатыаҕыҥ.
– Кыһанабын ээ, – диэн чугдаарда уолчаан.
– Дьэ, – Таттаам чэйин сыпсырыйан иһэ-иһэ эдьиийин диэки көрдө, – кэпсээ, ол туох үлүгэр алдьархайа буолла?
– Сүөдэр сүттэ, – эдьиийэ киниэхэ эргиллэннэ.
– Тыый! – Ольга, сойутарын мүччү тута сыһаат, саҥа аллайда.
– Ол эмиэ ханна? – Таттаам “ымыр” да гыммата.
– Дьокуускайга. Сылы быһа үүннэрбит сүүс тыһыынчабытынан табаар ыла барбыта да соннук. Сүүрбэччэ күн буолла – сурах суох. Букатын сүттэ, – Мария ытамньыйан ылла. – £лөрдөхтөрө буолуо… Халаары…
– Кэбис, инньэ диэмэ, – Ольга уоскута сатаата.
– Уонна ханна итинник сүтүөн сөбүй? – Мария хараҕын уутун сотунна. – Бэһиэччиктэр баҕайылар сиэтэхтэрэ…
– Ол бэһиэччиктэр диэн кимнээҕий? – Мичил хараҕа төгүрүйэн ылла.
– Ити эйиэхэ наадата суох, тукаам, – диэтэ ийэтэ.
– Кинилэр хайдахтарый? – диэн сибигинэйдэ Мичил.
Ийэтэ уолун төбөтүн имэрийэн ылла:
– Ити таах. Куһаҕан тыл.
– Биһиги да ыччаттарбыт хаалсыбаттар быһыылаах ээ, – Таттаам аһыырын тохтоппокко олорон сонньуйан ылла.
– Көрдөһүүлээх кэллим, Мииккэ. Баар суох быраатым буоллаҕыҥ. Көмөлөс, – диэтэ Мария ааттаһар куолаһынан.
– Ол хайдах?
– Күтүөккүн көрдүү Дьокуускайга баран кэл эрэ, онтон атын көрдөһүү суох, – Мария быраатын сирэйин өҥөйбөхтөөн көрдө.
– Тыый! – Ольга эмиэ саҥа аллайда. – Хайа, бу киһиҥ бэйэтэ онно баран мунар буоллаҕа. Ханна ырааппыт киһи диэтэҕиҥ. Арай ол уонча сыллааҕыта аармыйаҕа баран кэлбитэ да Саха сириттэн тэйбэтэҕэ, Дьокуускай кытыытыгар сулууспалаан дуомнаабыта дии! Ону да туох эрэ тутуутугар. Таҥаһа эрэ саллаат этэ.
– Бэйэтэ кэлэр ини, – диэтэ Таттаам холкутук. – Ханнык эрэ дьахтарга сытара буолуо, харчылаах киһи.
Мария саҥата суох ыйылаан ытаан барда.
– Тугу-тугу тыллаһан бардыҥ? – Ольга кэргэнин мөхтө.
– Оттон били иҥин араас таайыскай массаастара? Харчылаах киһиэхэ.
– Эн ол ону эмиэ хантан билэҕин? – Ольга Таттаам диэки уорбалаабыттыы көрдө.
– Киһини аһара “түҥ хааһах” курдук көрүмэниий, – Таттаам “мүчүк” гынна.
– Эн оҕо эрдэххиттэн муус сүрэхтээххин, – эдьиийэ тыл кыбытта. – Баар суох эдьиийгэр отой кыһаллыбаккын. Кини хайдах да буоллун.
– Сүөдэр биллэр ыччат, – Таттаам улаханнык оҕустарбата.
– Сүөдэр – саха чулуу ыччата. Дьоһун киһи, – Мария уоһа сурааһын курдук буолла.
– Быстан-ойдон биэриэ суоҕа, – диэтэ Таттаам арыылаах килиэби ыстыы-ыстыы. – Кэлиэҕэ, Маша.
– Мииккэ, суолгун, айаххын барытын уйунабын уонна Ольгаҕа уон тыһыынчаны хаалларыам, – Мария быраатын сирэйин өҥөҥнөөтө.
– Уон тыһыынчаны-ы? – диэн Ольга унаарытта.
– Уон тыһыынчаны, – Мария кини диэки хайыспакка эрэ быһа баттаата.
– Уон тыһыынчаны-ы? – Ольга, “сыыһа иһиттим дуу” диэбит курдук, хос хатылаата.
– Уон тыһыынчаны, – диэтэ Мария.
– Т-таак… – Таттаам кэтэҕин тарбанна. – Заманчиво.
– Хайа? Туох диигин? – диэн ыйытта Мария.
– Хайыыбыт, Ольга? – Таттаам кэргэнин диэки көрдө.
– Эдьиийиҥ көрдөһүүтүн хайдах быһа гыныаххыный? Барарыҥ буолуо, – диэтэ Ольга.
– Т-таак. Сөп, – Таттаам остуол ньуурун сорунуулаахтык далбы таарыйда, – сарсын улууска киириэхпит.
Мария Мичилгэ төҥкөс гынна:
– Оҕобор кэһиилээх кэллим ээ.
Ити кэннэ туран суумкатыттан улахан оонньуур массыынаны хостоон, уолчааҥҥа туттаран кэбистэ. Мичил: “Уу!” – диэн хараҕа уоттана түстэ, саалаҕа элэстэннэ уонна онно палааска төкүнүйэ сытан эрэ, мотуор тыаһын үтүктэ-үтүктэ, массыынатын үтэн оонньоон барда. Кэбирэх сирин эдьиийэ билэр эбит.
Киэһэ тэринии-хомунуу бөҕө буоллулар. Ольга кэргэнин турууһугун иһигэр бэркэ кичэйэн икки улахан сиэби тиктэ. “Харчыны угуннахха – эрэл буолуо, – диэн куолулаатылар. – Куорат дьоно баҕас таһынааҕы сиэптэн тыал курдук көтүтэр кыахтаахтар”.
Сарсыныгар Мариялыын улуус киинигэр аттаннылар.
Ольга уолунаан кэлииккэ таһыгар туран хааллылар…
Куоракка дылы билиэттэрэ бүппүтэ ырааппыт эбит. Букатын суох. Аэропорка дьон бөҕө мустубут – тобус-толору. Кымырдаҕас уйатын курдук. Уонна күө-дьаа. “Харчы тиийбэт, быһынныбыт-ойуннубут, дииллэр даҕаны, көр эрэ, айаннаан ахан биэрэллэр эбит дии. Оннооҕор билиэт тиийбэт”, – дии санаата Таттаам уонна ол-бу муннугу хайан көрдө да туһа суох буолла. Биир түннүктэн ханнык эрэ суостаах хотунтан үүрүлүннэ:
– Я же вам русским языком говорю, не надоедайте! Не надоедайте – билетов нет!
Уу сахалыы дьүһүннээх эрээри нууччалыы эрэ саҥарар чүөчэ буолан биэрдэ.
– Ыых тыы… – эрэ диэн хаалла Таттаам “лас” гына сабыллыбыт түннүк иннигэр.
Хаппакка бэрт эридьиэс дьүһүннээх, үҥкүүлүү турар оҕонньор ойуутун анныгар: “Не говори много, проси мало, уходи быстро”, – диэн суруктаах эбит.
– Бэрт да моһуок дьыала буолла, доҕоор, – Таттаам муннун анныгар ботугураата.
– Хайа, быраат, бу ханна аттанныҥ? – диэн кэннигэр саҥа иһилиннэ.
Эргиллэн көрбүтэ, саамай чугас доҕорун булан үөрбүт-көппүт сирэйдээх-харахтаах табаарыс күлүм аллайан ахан тураахтыыр эбит.
“Бу хайа атаспын отойдуун умнан кэбистэхпиний?” – Таттаам муодарҕыы санаата уонна өлөр доҕорун умнубутуттан кыбыстан сэмээр хардарда:
– Дьокуускайдыыр баҕа санаалаах этим да…
– Ити, приинсип приинсипкэ бардахха, дьурундаа! – атас айдаара түстэ. – Ону баҕас кыайыахпыт! Харчылааххын? Ол эрэ наада! Уонна туочука!
– Син баар…
– Биэс мөһөөк уонна сип-сибилигин сөмөлүөккэ киириэҕиҥ! Чэ, дабаай, быраат!
– Тугу дабаай?
– Тугрики, тугрики, быраат, – диэмэхтээтэ атас, илиитин Таттаамҥа уунан туран, тойон эрбэҕин сөмүйэтинэн түргэн-түргэнник сото-сото. – Дабаай, дабаай.
Хараҕа олох ыбыччы баран хаалла.
– Ол аата?
– Туй-сиэ! – табаарыс чыпчырынан ылла. – Харчыны, быраат, харчыны. Билигин боруонньа ылыахпыт уонна бырасаай, Америка! Я улетаю в дальние страны!
– Хантан боруонньа ылаары гынаҕын?
– Мантан, субу мантан, – табаарыс иннин диэки ыйда уонна төҥкөс гынан Таттаам кулгааҕар сипсийэ былаан эттэ: – Начаанньык киэнин ылыахпыт. Нача-анньык!
Уонна тарбаҕын чочоҥнотто.
– Кини тугуй? Атыылыыр дуо, ол боруонньаны?
– Эн тугуҥ дьыалатай – атыылыыр дуу суох дуу? Ыл да, бүттэҕэ ол дии! – атас кыыһыраары гынна.
– Боруонньа… – диэтэ Таттаам. – Боруонньа… Бээрэ, мин администрацияҕа билэр киһилээх курдук этим ээ. Онно тахса сылдьыахха дуу? £й укпутуҥ иһин пасииба, доҕор.
– Буот тэбэнаа. Уонна? – атас сөхпүт көрүҥнэннэ.
– Уонна? – Таттаам төттөрү ыйытта.
– Хайдах уонна? Тугуй уонна?
– Оттон бэйэҥ ыйытаҕын буолбат дуо?
– Тугу? Тугу?
– Билбэппин.
– Билбэт эрээри тугу ыйытаҕын?
– £йдөөбөккө ыйыттаҕым дии.
– Тугу өйдөөбөккө?
– Билбэппин.
– Ыарахан ыччаккын быһыылаах. Бээрэ, бу эн аатыҥ-суолуҥ ким диэн табаарыскыный, ээ? – атас куолаһа тимир-тамыр курдук буолла.
– Таттаа… Ээ, Дмитрий Иванович Иванов диэммин.
– Ивано-ов? Ол иһин даҕаны.
– Ол хайдах? – диэн муодарҕаата Таттаам.
Киһитэ тугу да хардарбакка, туох-баар интэриэһин сүтэрэн, иһиирэ-иһиирэ дьалты хаамта. “Бэйэтин аатын ыйыппакка хааллым дии, – дии санаата Таттаам. – Бука, олох билбэт киһим быһыылаах. Кими эрэ кытары бутуйда быһыылаах”.
Администрацияҕа да Таттаам табыллыбата.
Кабинет аанын өҥөйөөт, саҥа ыйытан иһэн, холдьоҕулунна.
– Ханнык буруонь?! – диэн ыйытта остуол нөҥүө, сибилигин аллара тимис гыныах курдук, кирийэн олорор киһи.
– Дьокуускайга дылы, – хап-сабар хардарда Таттаам.
– Всё, – тойон илиитинэн салгыны туора хаһыйда.
– А-а?
– Бы. Алфавит быһыытынан. Буруонь суох. Биир даҕаны. Уонна баара да буоллар эйиэхэ бэриллибэт. Эн кимҥиний? – диэн буолла остуол нөҥүөттэн. – Ааны сап. Анараа өттүттэн. Мэһэйдээмэ.
Таттаам кэтэҕин эрэ тарбанна уонна кабинет ааныгар суруллубут табличканы ааҕан көрдө. Араспаанньа эрэ суруллубут, дуоһунас эҥин туһунан туох да суох.
“Бу туох тойонугар киирэ сырыттахпыный?” – дии санаата уонна ааһан иһэр мааны көрүҥнээх чүөчэттэн ыйытта:
– Прости, пожалуста, бу туох кабинетай?
Дьахтар Таттаамы үөһэттэн аллара, аллараттан үөһэ көрдө, онтон төттөрү ыйытта:
– Эйиэхэ туох нааданый?
– Боруонньа.
– Манна ханнык да Проня суох, манна общай отдел начальнига олорор. Понятно?
– Ыых тыы, – диэтэ Таттаам, онтон сыыһа-халты эттэ: – Миэхэ пронь наада ээ.
– Ах, бронь? Кини биэрэр, но билигин суох буолуо.
– Баар ээ, иһигэр олорор.
– Мин не про человека этэбин, мин бронь туһунан этэбин, – диэбитинэн чүөчэ ааһан тоһугуруу турда.
– Ыых тыы, – диэн эрэ хаалла Таттаам.
“Көтөрбүт боппуруос буолла, ээ”, – дии санаата. “Бээ, порт диэки төннүөххэ”.
Инньэ гынан, аны пордун төттөрү былдьаста. Хата, онно киирэн иһэр массыынаҕа түбэһэн, начаас тиийдэ.
Аэропорка туох да уларыйыы буолбатах. Билиэт суоҕун курдук син биир суох.
Ол эрээри Таттаам рейстэн синбиир хаалбата. Биир ханнык эрэ кыыска, убайа аатыран, суумка илдьиспитэ буола сылдьан, летчигы кытары тыл бырахсан ылла:
– Командир, подсоби, а. Теща в городе умирает. Сильно больна. Подсоби. А? Ну, че тебе стоит?
– Это же праздник. Об этом же многие только мечтают. И зачем тебе куда-то дергаться? – летчик ымах гынна. – Гуляй, Вася, тебе повезло.
– Я не Вася, – диэтэ Таттаам. – Я – Дмитрий.
– Это же к слову.
– Подсоби. Мне надо вылететь. Во как, – Таттаам хабарҕатын ытыһынан туора сотунна.
– Чудак человек. Бабки сюда дай, – летчик ууну баһан эрэр курдук ытыһын кумуччу тутта.
Инньэ гынан, Таттаам, хата, өссө инники миэстэҕэ тигистэ. Көтүөхтэрин иннинэ маннааҕы диспетчер самолет иһин кэрийэ хаама сылдьан Таттаамы таба көрөн, чынайан туран өр одууласпахтаата, хааһын түрдэһиннэрдэ.
– Здравствуйте, – Таттаам төбөтүн кэҕис гыннарда.
– Ты как сел? – хотун куолаһа сөҥөөтө. – У тебя же нет билета. Ты же не проходил регистрацию.
– Дык, – диэтэ Таттаам, летчиктар сабыылаах ааннарын көрө-көрө. “Бу дьаат дьахтара үүрээри гынна буолбат дуо? – дии санаата. – Саатар били летчик ханна сүтэн хааллаҕай? Сэрэппэтэх эбит буолбаат! Кыбылынныбыт!”
– Билет, – хотун ытыһын нэлэс гыннарда.
“Харчы малыйда!”, – диэн Таттаам уолуйа санаата.
– У летчика, – диэтэ ыксаан.
– Чего у летчика? – хотун өссө үрдүүргэ дылы гынна. Букатын монумент курдук буолла.
Таттаам ойон туран летчиктар кабиналарын диэки дьүккүйдэ.
– Куда-а? – эрэ диэн сарылаан хаалла диспетчер.
Утары били летчик тахсан кэллэ:
– В чем дело? Что за шум, а драки нет?
– У вас, господа, заяц, – диэтэ диспетчер.
– Где?
– А вот он, – хотун Таттаамы ыйда.
Дьон маны барытын саҥата суох да буоллар, олус сэргээн көрөн олордо. Онтон ким эрэ:
– Таттаам, олох бэринимэ, – диэн тыл бырахта. Билэр киһитэ быһыылаах.
Летчик Таттаамы одууласпахтаата уонна:
– А чё? Немного похож, – диэтэ.
Диспетчер кычыгыламмыт курдук күлэн ыбыгыратта уонна Таттаамы ойоҕоско аста:
– Выходи!
– Оставь его, – летчик Таттаамы бэйэтин диэки тарта. – Пущай сидит. Это мой зайчонок.
– Да-а? – хотун хааһа өрө анньылла түстэ.
– А то как же, – летчик кэҕис гынна. – Ладно. Все! Взлетаем. От винта-а!
Хотун, кэннин хайыһа-хайыһа, самолеттан тахсан барда.
– Көр эрэ, өрүөлүҥ ньылбырыйан таҕыста буолбат дуо, – ким эрэ күө-дьаа буолла.
Онтон:
– Сыынньах илиинэн туппат оҕоҥ быһыылаах, – диэн хайа эрэ эмээхсин саҥата чаҕаарда.
Таттаам санаатыгар кэлииккэ таһыгар уолун кытары турар Ольга көстөн ааста.
– Сотору эргиллиэҕим, – диэн сибигинэйдэ онуоха…
Иккис кэрчик
Куоракка
Бизнесменнэр. Таттаам күтүөтүн компаньонун булар. Гостиницаҕа. Милицияҕа. Чомбе уонна Бураа. Хаарты оонньуута.
Икки чаас курдугунан самолет Дьокуускай куорат сирин даҕайда…
Суумкатын иннигэр туппутунан сүпсүлгэн, күө-дьаа ортотунан суолун харса суох солоон, ол да буоллар, биирдэ кэтэххэ анньыллан (“Куда-а по ногам?!”), Таттаам киэҥ сиргэ, перроҥҥа, таҕыста уонна аэропорт иннинээҕи автобус остановкатын таһыгар тохтоон хайдах тугу гыныахтааҕын толкуйдаата. Ыстаан нөҥүө кистэммит харчытын имэрийбэхтээн ылла, онтон бинсээгин ис сиэбиттэн киниискэтин хостоон, эдьиийэ аах чааһынай тэрилтэлэрин партнердарын аатын-суолун, аадырыһын чуолкайдаата. “¥лэни мантан саҕалыахха” диэн быһаарынна…
Сотору кэминэн кини икки этээстээх, ууттан-хаартан, дьылтан-кэмтэн хараарбыт, умса түһэн эрэр мас дьиэ иннигэр баар буолла. “Предприниматель диэтэххэ, соччото да суох дьиэҕэ олороохтуур эбит” диэн саныы-саныы подъезд иһигэр киирдэ. Ааннарга суруллубут нүөмэрдэри көрө-көрө, алдьаммыт үктэллэрдээх кирдээх кирилиэһинэн үөһэ таҕыста, онтон звонок эҥин диэн суох аанын иннигэр кэлэн тохтоото. “Ама бу буолуо дуо?” Таттаам сиэбиттэн киниискэтин хостоон өссө төгүл суруммутун ааҕан көрдө. Барыта сөп курдук. Төбөтүн быһа илгиһиннэ. Ааны тоҥсуйан субурутта.
£р-өтөр буолбата, аан киэҥник аһылла биэрдэ, онуоха туох көстүбүтүттэн соһуйан Таттаам айаҕын эрэ атан кэбистэ. Кини иннигэр бэрт толуу көрүҥнээх сыбыс-сыгынньах нуучча дьахтара турар эбит. Сып-сырдык, мап-маҥан элбэҕиттэн хараҕа саатан Таттаам симириктээн ылла.
– Рот закрой, – диэтэ дьахтар. – Чё тебе?
Таттаам ыйылаата эрэ.
– Чё тебе? Немой что ли? – диэн күргүйдээтэ дьахтар.
Бу кэмҥэ аллараттан тыас-уус бөҕө буолан кирилиэһинэн икки нуучча дьоно суумка тутуурдаах тилигирээн ахан тахсан кэллилэр, онтон биирдэстэрэ, эдэр көрүҥнээхтэрэ, тута ордоотуу түстэ:
– Верка! Ты чё это сеансы лукаешь?
– Я ж думала, это вы, – ол кэннэ дьахтардара аанын “лис” гына сабан кэбистэ.
– Тебе чего, земеля? – аҕам соҕуһа Таттаам сирэйин өҥөйбөхтөөн көрдө. – Кого ищешь, чтоль?
– Кыттанова Федора.
– Какого еще на хер Хапанова? – эдэрэ сарылаата.
– Стоп, стоп, Гриша, – саастааҕа, онтон-мантан тайанан, киһитин илиититтэн тарта. – Ты чё это на человека кидаешься, чисто зверь какой? – онтон илигирээн Таттаам диэки хайыста. – Скажи-ка, мил человек, кого ищешь-то?
– Зятя своего, предпринимателя, Кыттанова Федора, – Таттаам ааны ыйда. – Вот здесь должен жить его партнер по бизнесу.
– Так ты Федю ищешь! – кырдьаҕас сүүһүн ытыһынан таһынна. – Ё-моё! Так бы сразу и сказал. Ты, браток, по самому что ни на есть правильному адресу пришел. Мы жа тожа, тово, предприниматели.
Ол гынан баран, дьоно оннооҕор омос да көрүүгэ хайдах эрэ бэрт халтархай дьүһүннээх курдуктар. “£скө Сүөдэр партнерын аадырыһа буолбатаҕа буоллар, киэһэ аһыырдаах киһи соччо кыттыһыа суох дьоно быһыылаах дии сананыллыах эбит”, – диэн толкуйдаата Таттаам.
– Заходь, милости просим, – кырдьаҕас чиккэс гына сатаан атаҕын сыыһа-халты тэптэ, туора-маары үктээн ылла, ытыһын нэлэс гыннарда, итиэннэ ааны тоҥсуйан тубугуратта.
Ити кэмҥэ, чыпчыйылыах түгэн, өҥө суураллыбыт хараҕа тымныы мууһунан тыган ылла.
“Тохтуу түһүөххэ” дии санаата Таттаам уонна эмискэ хаһыытаан саайда:
– Фу, ты черт! Забыл! У меня же еще одна сумка была! В порту забыл!
– Как же ты так, браток, а? Так недолго и голову потерять, – кырдьаҕас хомуруйбуттуу эттэ. – Но, давай, сперва зайдем, посидим, опосля все и съездим за сумкой.
Бу кэмҥэ аан эмиэ аһылынна. Дьахтар халаатын кэппит.
– Нет, нет, поеду сейчас же, и сам, – Таттаам суһаллык аллараны былдьаста.
“Бэйи өйү-төйү булунуохха, ол кэннэ биллэ сылдьыллыа. Саарбах, саарбах дьон. Сүөдэр эрэйдээҕи дьаһайан да кэбиспит буоллахтарына көҥүл” дии санаата.
– Куда ты? – диэн хаһыытыы хаалла кырдьаҕас.
– Скоро вернусь! – Таттаам таһырдьа ойдо уонна чугастааҕы остановка диэки түһүнэн кэбистэ.
Өскө остановкаҕа биир саха уола уулуссалар туһунан быһааран биэрбэтэҕэ буоллар, киһибит ханна-ханна тиийиэ эбитэ буолла?
– Саарбах да бизнесменнэр, – диэтэ Таттаам муннун анныгар, ол гынан баран кини саҥатын чугас турбут биир уһун уол истэн тыл кыбыта оҕуста:
– Буолумуна. Бизнесменнэр бары саарбах дьон, иначе, атаскаан, байбаккын.
– Тугуй? Бу эн билэр дьонуҥ дуо? – Таттаам кэлбит сирин диэки ыйда.
Уола кинини үөһэттэн күлүү гыммыттыы көрөн кэбистэ.
– Хантан сылдьаҕын? – диэн ыйытта.
– Тыаттан, – диэтэ Таттаам.
– Итиннэ, атаскаан, бизнесменнэр суохтар, итиннэ ханыыгалар ошивайсы гыналлар, – уол уөрэтэрдии эттэ.
– Т-таак, – Таттаам сиэбин хаһынна. – Оччоҕо күтүөтүм сордооҕу чахчы салааскаҕа олордубуттар эбит буолбаат… Бээрэ, ол гынан баран, үлэлэспиттэрэ син ырааппыт курдук этэ дии…
– Тугу-тугу ботугураатыҥ?
– Аадырыспын бэрибиэркэлиибин, сөпкө суруллубут дуу суох дуу диэн.
– Ол ханнык аадырыһы көрдөөтүҥ?
– Бу, – Таттаам киниискэтин арыйан тарбаҕынан тоҥсуйда.
– Оттон аата ким диэний?
– Ханнык ааты эттэххиний?
– Манна фамилия эрэ суруллубут дии, – уол лииһи ыйда. – Маннык фамилиялаах икки уулусса баар ээ, ааттарынан эрэ атыттар. Ол бииригэр, чахчы, бизнесменнэр олоруохтарын сөп. Онно сыантыр. Вашингтон!
– Т-таак. Спасибо, Маша… – диэтэ Таттаам дорҕоонноохтук.
Уол сирэйэ дьэбин уоста түстэ:
– Туох диигин? – ону кытта суостаахтык үөһэ-аллара тыынна.
– Эдьиийим биэрэн турар ээ, бу аадырыһы. Бэйэтэ да билбэт эбит, – диэтэ хап-сабар Таттаам, “киһим туохтан бу үлүгэр үллэ түстэҕэй?” – диэн мунаахсыйа-мунаахсыйа.
Уола күлэн алларастаата уонна Таттаам саннын таптайа-таптайа үөһэттэн эттэ:
– Дьэ, потешнай ыччаккын быһыылаах. Итиннэ телефоннарын суруйбуккун дии, онтон эрийэн ыйытыаххын.
– Кырдьык даҕаны, – диэн сөбүлэстэ Таттаам.
Уол эмиэ күллэ:
– Уопсайынан маннык, атаскаан, туох эмит буоллаҕына эбэтэр кыбыттардаххына, миигин бу эргин булаар. Мин мантан ыраатааччым суох, – уонна кэлбит автобуска ойдо…
Киэһэлик Таттаам дьэ көрдүүр аадырыһын булла. Сүөдэр компаньона улахан таас дьиэҕэ олорор сүрдээх мааны көрүҥнээх саас ортолоох тор курдук бытыктаах нуучча киһитэ эбит.
Таттаам киирээт утары истиэнэҕэ ыйаммыт улахан хаартысканы сөҕө көрдө. Онно кыылга дылы бүтүннүү түү буолбут бөдөҥ киһи кэннин хайыһа-хайыһа ойуурга киирэн иһэрин түһэрбиттэр эбит.
– Снежный человек, – тор бытык быһааран биэрдэ. – Я сюда его искать приехал. Чучуну, стало быть, да, вот, видишь, лет на двадцать застрял. Теперь сам как снежный человек, вылазаю из тайги в белый свет за товаром. Метаморфозы.
Куухунньаҕа уһун хатыҥыр дьахтар саҥата суох аргыый аҕай тугу эрэ гына сылдьар.
– А, что, он разве не уехал? – диэн тор бытык соһуйда, Сүөдэр туһунан истэн баран. – Тут он пару раз как-то звонил, мол, подойдет за товаром. Я ж ему приготовил кое-что хорошенького. А потом он исчез с концами. Я уж думал, сам закупил. Даже обиделся. Вот что, сходи-ка ты в гостиницу, он тут неподалеку жил. Мимо не пройдешь – большая гостиница. Потом надо обратиться в милицию. Человек же пропал. Мало ли что могло произойти.
– Да-а, – Таттаам үөһэ тыынаахтаата.
– Может, чайку или чего попьешь? – тор бытык ыйытта. – Мы-то с Федором давно на этом стрельбище, и его друзья – мои друзья. Хороший парень. Башковитый. Ему бы не базаром заниматься, а научными изысканиями, – онтон тохтуу түһэн баран эбэн эттэ: – Да, видать, нынче такие не нужны никому.
– Спасибо, – Таттаам төбөтүн быһа илгиһиннэ. – Я спешу.
– Ладно. В случае чего, заходи, – киһитэ саннын таптайда. – Сам тоже крутишься?
– Где?
– Что где?
– Не знаю.
– Что-то, друг, я не пойму тебя.
– Так ведь я тоже не понял.
– Чего не понял?
– Пойду-ка, пожалуй, – диэтэ Таттаам.
Киһитэ буоллаҕына төбөтүн быһа илгистэн ылла, онтон лаппаакы саҕа кэтит ытыһын үҥүлүттэ:
– Ну, иди, коли так. Пока…
Таттаам гостиница диэки хаамта.
Гостиницаҕа, чахчы, маннык киһи олоро сылдьыбыта диэн буолла, онуоха эбии, төлөммүт хонуга бүтэ илик эбит.
– Он наперед заплатил, но его самого нет. Вот уже несколько дней ключ висит, – дьуһуурунай дьахтар кэннигэр турар полкалары ыйда, онтон ыйытта: – А вы кто будете?
– Земляк.
– Опять?
– Чего опять?
– Тут к нему много ходило. В основном, землячки. Пир на весь мир. Прямь купец какой-то, – дьахтар күлэн кыбыгыратта.
“Сэрэйбит сэрэх”, – дии санаата Таттаам, онтон үс хонукка манна түһэргэ харчы төлөөтө. Сыанатын истэн баран, иһигэр саҥа аллайда: “Айыбын ньии! Биир ыйдааҕы хамнас! Дьиҥэр, порка да хонуохха сөп эбит ээ”.
Ол да буоллар – хайыай, дьыалатын толотторбут буолан, хааларга тиийдэ.
Сарсыныгар милицияҕа аттанна. Ол-бу хоһу өҥөйтөлүү сылдьан биир соҕотоҕун олорор эдэр лейтенант уолга түбэстэ.
– Гражданин! Эн билэҕин дуо, манна төһө киһи сүтэрин? – хата киһитэ, Таттаам сураспытыгар, төттөрү ыйытта.
– Суох, – диэн чиэһинэйдик билиннэ Таттаам.
– Аата ахсаана суох, – лейтенант остуолугар отойдуун умса түстэ. – Сорохторо быркыта суох, сорохторо көстөллөр. Ким труп, ким арыгылыы сылдьан.
– Оччоҕо хайыыбыт? – Таттаам мунаахсыйда.
– Эн кимҥиний?
– Хайдах диэн ыйыттаҥый?
– В смысле, эн кимҥиний сүппүт киһиэхэ?
– Күтүөтүм ээ.
– В каком смысле?
– Хайдах диэн эттэҥий?
– В каком смысле диибин дии!
– Күтүөтүм ээ. Эдьиийим кэргэнэ.
– Не прямой родственник. Эдьиийиҥ сайыбылыанньа суруйдун.
– Эдьиийим тыаҕа олорор ээ. Онно хаалбыта.
– Вот приедет и напишет, оччоҕо быһаарсыахпыт.
– Оттон мин суруйдахпына?
– Скоко хотишь, но мин ылбаппын. Вообще, эн кимҥиний?
– Таттаа… Ээ, Дмитрий Иванович Иванов диэммин.
– Иванов? – лейтенант Таттаамы уорбалаабыттыы көрдө. – Чахчы? Да-а?
– Хайдах диэн эттэҥий?
– Чахчы Иванов диэҥҥин дуо? Чего-то слишком складно получается, – лейтенант өрөһөлөнөн туран кэллэ. – Карпов! – диэн хаһыытаата аан диэки.
Кабинекка аргыый аҕай сержант ынайан киирдэ.
– Тугуй? – диэтэ сөбүлээбэтэхтии.
– Бу дьикти тип. Пока под замок его. Онтон быһыарсыахпыт.
– Хайа бу туох буоллуҥ, доҕоор? – диэн Таттаам ыксаата.
Кэлииккэ таһыгар Ольга хааһа түрдэстэн турара көстөн ыларга дылы гынна…
– Мин эйиэхэ доҕор буолбатахпын! – лейтенант, чынас гынаат, хаһыытаата. – А лейтенант милиции Бардахов!
– Ыых тыы! – эрэ диэн хаалла Таттаам уонна тимир ытарча курдук илиигэ түбэһэн, дэллэрийбитинэн биирдэ көрүдүөргэ баар буолан хаалла.
– Федеральнай розыскаҕа сылдьаҕын дуо? Түбэстиҥ? – сержант сэтэрээбиттии ыйытта.
– Тыаттан кэллим ээ. Күтүөтүм сүппүтүн көрдүү сылдьабын, – диэн кутан кэбистэ Таттаам.
Сержант кинини үөрэтэрдии одууласта, онтон чинчийиитин түмүгүн эттэ:
– Морда подозрительная.
Бу кэмҥэ аттыларыгар ааһан испит икки эдэр милиционердар тохтуу биэрдилэр уонна хаһыытаһа түстүлэр:
– Карпов! Ядрена корень! Сууйбатаххына, видигыҥ сотору алдьаныа! Не жмоться!
Сержант кулук-халык буолла:
– Киэһэ, уолаттар, киэһэ. Көрүөхпүт, тэрийиэхпит.
Уолаттар саннын таптайдылар, үтэн-анньан көрдүлэр, кычыгылаттылар. Айдаан, көр-күлүү бөҕө буолла.
“Туора киһи мин манна тугун кыттыстахпыный? – дии санаата Таттаам. – Бээ, тэскилиэххэ”. Онтон аргыый аҕай тэйдэр-тэйэн, таһырдьаны былдьаста.
Онтон кэннин хайыһа-хайыһа түргэнник гостиницатын диэки хаамта. Хата, ким да сырсыбыта, инньэ гынан, гостиницатыгар этэҥҥэ тиийдэ. Иккис этээскэ тахсаат хоһугар ааһан иһэн, стойкаҕа нөрүйэн турар биир бөдөҥ хара эдэр киһи дьуһуурунайтан:
– Ну, чё, Кыттанов пришел? – диэн ыйытарын истэн, сэргээн тохтуу биэрдэ уонна сымыйанан истиэнэҕэ ыйаммыт кумааҕылары аахтаҕа буолла.
– Нет, – диэтэ дьахтар. – Что-то его все спрашивают и спрашивают. Прямь надоели.
– И кто еще его спрашивает? – диэн ыйытта эдэр киһи.
– А, вот, он, молодой человек, – дьахтар Таттаамы ыйан биэрдэ.
Бу кэмҥэ диваҥҥа тиэрэ туһэн олорор атын эдэр киһи сарылаан кэриэтэ тыл бырахта:
– Хайа, Чомбе, киһибит баар дуу суох дуу?
Чомбе, киниэхэ хардарбакка эрэ, Таттаам диэки хайыста. Таттаам сыыдамнык хоһун диэки дьулуста. Чомбе стойкаттан хоҥнон кинини батыста уонна кэнниттэн хаһыытаата:
– Тохтоо эрэ, атас!
Диваҥҥа олорбут эдэр киһи ойон турда уонна кинилэри сырыста. Киһититтэн уруттаата уонна Таттаамы ситэ баттаан, саппатын диэн атаҕын ааҥҥа кыбыта оҕуста, ити кэннэ саҥалаах буолла:
– Тугуй, чумуо, истибэккин дуо?
Ол кэннэ хоско өрөһөлөнөн киирэн Таттаамы сирэйин диэки туһаайан сырбатан саайда. Таттаам аһаран биэрдэ да дохсун кимэн киирииттэн самнарыллан ороҥҥо тиэрэ баттанна, хабарҕаланна. Айдаан-куйдаан, маатыры-куутуру бөҕө буолла.
– Тохтоо, Бураа! – кэннилэриттэн ойон киирбит Чомбе хаһыытаата уонна киһитин Таттаамтан хоҥноро тарта.
– Оттон тоҕо киэптиирий? – Бураа илгистэн ылла.
– Хайдах буоллугут, уолаттар? – Таттаам ойон туран ыксаабыт куолаһынан ыйытта.
– Ханнаный Кыттаанап сабаака?! – диэн орулаата Чомбе.
– Хантан билиэхпиний? – Таттаам саннын эрэ ыгдах гыннарда.
– Олор, чумуо, – Бураа илиитинэн сапсыйда. – Уонна саас сааһынан кэпсээ. Кимҥиний-туоххунуй уонна Кыттаанабы тоҕо көрдөөтүҥ?
– Күтүөтүм ээ. Сүтэн хаалбытын көрдүү сылдьабын. Тыаттан кэллим, бу соторутааҕыта.
– А-а! – Чомбе ытыһын имэриннэ. – Билэҕин дуо, Кыттаанап биһиэхэ сүүс тыһыынча иэстээҕин?
– Хантан билиэхпиний? Оттон эһиги кимнээххитий?
Бураа эмиэ сутуругун күөрэттэ. Чомбе кинини илиититтэн харбаата уонна Таттаамы батары көрдө:
– Онно эн тугуҥ дьыалатай? Табаарыстарабыт, онон бүтэр.
“Саарбах табаарыстаргыт, ээ” дии санаата Таттаам.
Бураа илиитин уунна:
– А, ну-ка, лаве гони.
– Туох диэтэҥий? – диэн ыйытта Таттаам, аан диэки кистэл санаалаах көрө-көрө: “Баҕар, ким эмит кэлэн быыһаарай?”.
– Күтүөтүҥ иэһин төлөө уонна быраһаайдаһыахпыт, – Чомбе тарбаҕынан салгыны дьөлүтэ аста. – Убайдар этэллэринии, долг платежом красен.
– Харчым суох ээ, – Таттаам илиитин нэлэс гыннарда.
Бураа сырбатта да сыыһа охсон кэбистэ.
– Көр эрэ, бу ыты, – диэтэ сөхпүттүү, итиэннэ уорбалабыттыы көрдө. – Боксергын дуу, туох дуу?
– Суох, – диэн эппиэттээтэ Таттаам уонна иһигэр: “Тыын былдьаһыга буоллаҕа”, – дии санаата.
– Чэ, харчыны дабаай, – Чомбе Таттаамы санныга таптайда. – Уһатыма-кэҥэтимэ. Син биир ылыахпыт.
Хараҕар кэлииккэ таһыгар курус көрүҥнээх турар Ольга уолунаан көстөн аастылар…
– Өлөрүҥ да хайааҥ да, – диэтэ Таттаам синигэр түспүттүү, – кэппиэйкэм да суох.
– Сө-өп, – Чомбе ыараханнык тыынан ылла, онтон ыйытта. – Хантан сылдьаҕын?
Таттаам эттэ. Чомбе тугу эрэ толкуйдаан уоһа ибигирээтэ, онтон маннык диэтэ:
– Дьэ, атас, иэс аата иэс, син биир мүччү түһүөххүт суоҕа, онон субугурдук. Билигин хаартылыахпыт. Кыайдаххына, күтүөтүҥ иэһин боруостуоҥ, суох да – ынаххын сүүскэ биэриэҕиҥ. Харчытын манна, – уонна ытыһын тарбаҕынан тоҥсунна. – Ханна да саһыаххыт суоҕа.
– Мин сатаан оонньообоппун ээ, – диэтэ Таттаам.
– Бырдаҥалаама, сабаака, – Бураа кууркатын уһулла. – Оонньуубут, онон бүтэр.
Сити курдук оонньуу саҕаланна.
Бураа хаартыны ырыта-ырыта ырыалаах буолла:
– Оппа-а! Оппа-а!
Америк-ка! Европ-па!
Көрдөһүүбүн принима-ай,
Сокко турууһук снима-ай…
Бааҥҥа сүүс тыһыынча. £йдөөтүҥ, чумуо?
– Оччо харчыны хантан ылабын? – диэн ылла Таттаам.
Уолаттар күлэн тоҕо ыстаннылар.
– Это, бычок, твои проблемы, – Чомбе киҥинэйдэ.
– Дабаай, эт, – Бураа мүчүк гына-гына Таттаам диэки көрдө.
Таттаамҥа туус кэллэ. Уоһун ыстаата уонна эттэ:
– Өссө.
Бураа саҥата суох хаартыны бырахта.
Валет.
– Т-таак, – Таттаам сыҥааҕын имэриннэ. – £ссө.
Бураа хаартыны илиитин таһынан кини иннигэр эстэ.
Эмиэ валет.
– Т-таак, – Таттаам кэтэҕин тарбанна.
– Что, тяжко? – Бураа ымах гынна.
– £ссө, – Таттаам илиитин уунна.
– На, не жалко. Хаарты элбэх. Оп-па-а! Оп-па-а! Америк-ка! Европ-па! Көрдөһүүбүн принима-ай…
Кириэс алтата кэллэ. Таттаам саҥата суох олордо.
– Тугуй, чумуо? Төрөтөн ис эрэ! – Бураа хардьыгынаан ылла.
Чомбе сигарета уматынна, буруо таһаарда.
– Очукуо, – диэтэ Таттаам.
– А-а?! – Бураа айаҕын атта.
Таттаам хаартылары иннилэригэр тэлгэтэн кэбистэ. Бураалаах Чомбе итэҕэйбэтэхтии хаартылары одууластылар, онтон сирэй сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. Балачча саҥата суох олордулар. Онтон Чомбе эттэ:
– Алҕас.
– Хайдах алҕас? Бэйэҥ көр. Очукуо, – Таттаам хаартылары тарбаҕынан тоҥсуйталаата.
– Сөп-сөп, – диэтэ уоһун мырдьаччы тутта-тутта Чомбе. – Дабаай, өссө биирдэ. Ити просто случайно.
– Суох, уолаттар. Уговор дороже денег, – Таттаам устуулугар тиэрэ түстэ. – Мин оонньоон бүттүм.
– Бычок! Твой номер шестнадцатый. Биһиги манна усулуобуйаны диктуйдуубут. £йдөөтүҥ? – Чомбе куолаһа өссө суостаахтык сөҥөөтө. – Тарҕат, Бураа.
Салгыы оонньоотулар.
Таттаам уон тоҕуһу ылла, уолаттар киэннэрэ уон сэттэ буолла.
– Көр эрэ ыты! – Бураа хаһыытаан эрэ хаалла. – Жулик, что ли?
– Суох! – диэн сарылаата Чомбе. – £ссө биирдэ.
– Хайдах эрэ биир тыла суох дьоҥҥут дуу хайдаҕый? – Таттаам төбөтүн илгиһиннэ.
– Саҥата суох олор, – Чомбе быһа оҕуста. – Түҥэт, Бураа.
Онтон муннун анныгар бурдьугунаата:
– Уопсайынан, хайдах эрэ полоса буолла.
– Тугуй? – диэн ыйытта, хаартыны ырыта-ырыта, Бураа.
– Былырыын быраатым Москваттан үөрэҕин бүтэрэн кэлэн баран бииргэ үөрэммит кыыһын кэргэн ылбыта.
– Дьэ, – диэтэ Бураа.
Таттаам толкуйдуу олордо.
– Быйыл оҕолоннулар.
– Бэрт эбит баат дуо, – диэтэ Бураа.
– Туох үчүгэйэ кэлиэй?
– Хайдах диэн эттэҥий? – диэн ыйытта Таттаам.
– Чыыста ниэгир оҕото төрөөтө, – Чомбе үөһэ тыынна.
Бураа күлэн быһыгыратта уонна атаһын диэки көрөн ыла-ыла сэрэхтик ыйытта:
– Эйиэхэ маарынныыр дуо?
– Кими эттэххиний? – Чомбе кинини кынчарыйда.
– Бырааккын.
– Намек понял. Хаһан эрэ оройуҥ хаһыллара буолуо, Бураа, – диэн сылаарҕаабыттыы эттэ Чомбе. – Быраатым харатын хара, ол гынан баран, аһара ниэгир курдук буолбатах. Оттон манна олох чыыста ниэгир, бирээмэ саппыкы сототун курдук. Килэбэчийии да килэбэчийии. Уонна айдаан-куйдаан. Арай физкультура учуутала эрэ үөрүү бөҕөтө.
– Ол эмиэ тоҕо? – Бураа, Таттаамҥа хаарты быраҕа-быраҕа, сөхпүттүү ыйытта.
– Тайсон оҥоруом диэн, – диэтэ Чомбе.
Ити олордохторуна Таттаамҥа сүүрбэ түстэ, уолаттарга кыһыыта баара – уон тоҕус.
– Сокко турууһук снима-ай, – диэн ылла Бураа.
– Маннык, атастар, – Таттаам уоһа ыпсыбат. – Эһиги харчыгыт миэхэ наадата суох. Сүөдэр иэһэ боруостанна, онон бүтэр.
Уолаттар сирэй сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр, онтон Чомбе тыллаах буолла:
– Ты за кого нас принимаешь?
– Ол аата?
– Хаарты иэһэ диэн сибэтиэй дьыала. Икки сүүс тыһыынчаҕын ылыаҕыҥ! – диэн күргүйдээтэ Чомбе. – Биэр, Бураа!
Бураа чыпчырыммытынан ис сиэбиттэн хостоон икки күөх паачканы Таттаам иннигэр “тос” гына бырахта. Таттаам саҥата суох харчыны көрөн олордо. Тыһыынчалаах купюралар эбит. Уолаттар турдулар. Чомбе Таттаамы санныга таптайтаата:
– Бу сырыыга табылынныҥ. Чэ, пока, не кашляй.
Ол кэннэ ботугураһа-ботугураһа тахсан бардылар. Таттаам “сэнээн” эрэ диэн тылы истэн хаалла.
Онтон өр таалан олордо. “Буолар да эбит, – дии санаата. – Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук… Маны этэн эрдэхтэрэ, дьол хараҕа суох диэн… Дьол дуу эрэй дуу?”.
***
¥һүс кэрчик
Күтүөт сүпсүлгэнэ
Куорат эгэлгэтэ. Сүөдэр. Табаары аахсыы. Суол көрдөөһүнэ. Биир дойдулаахтарын Бииктэри көрсөллөр. Айаҥҥа турунуу.
Бу кэнниттэн Таттаам: “Сүөдэр ханна эрэ бу дьонтон саһан сытаахтыыр эбит”, – диэн толкуйга кэллэ.
“Ханна буолуон сөбүй?”
Тугу да тобулбата.
Киэһэ буфекка тахсан аһаата. Ол олордоҕуна эмискэ ким эрэ санныга күүскэ оҕуста уонна, буфетчица кыыс соһуйан чааскытын ыһыктыар диэри, бөөҕүнээн саайда:
– Бу эн хантан тиллэн тахсыбыт сир үөнэҕиний, ээ?!
Таттаам эргиллэ биэрэн көрбүтэ, модьу-таҕа көрүҥнээх, кыаһаан дьүһүннээх, плааһын нэлэккэйдэммит уол оҕото түөһүн мөтөтүөҕүнэн мөтөтөн турар эбит ээ.
– Тугу кылап-халап, иннэ үүтүнэн курдук көрүтэлиигин, норуот этин-хаанын супту оборо сытар ынах тыла?! – диэн хаһыытаата киһитэ уонна туора-маары үктээн утары олорунан кэбистэ.
– Өйдөөбөтүм, – Таттаам мунаахсыйбыттыы одууласта. – Мин эйигин бу бүгүн эрэ көрдүм ээ…
– Дьыала суох! – уол оҕото быһа түстэ. – Мин дьону курдары көрөбүн! ¥һүс хараҕым аһыллыбыта ыраатта! Билэҕин дуо, тойон эргиэмсик, эрэстэрээнинэн эрэ аһыыр тойооску, дьоммут, саха дьоно барахсан, хайдах быстан-ойдон олороллорун?!
– Билэрим кэмнээх буолуо дуо, – диэтэ Таттаам.
– Оччоҕо өссө куһаҕан, – уол оҕото уоһа олох түһэн хаалла. – Билэ-билэ оҥорор эбиккин. Как вы можете быть счастливы, если у вас благородное сердце?.. – Онтон бирикээстии былаан эттэ: – Биир бытыыкка пиибэтэ ыл!
– Вы не шумите, – буфетчица кыыс сэрэхтик тыл кыбытта.
– Мадамуазель! Это не шум, это голос израненного сердца! – уол оҕото наардаан этэ охсоот, устуултан тутуһан туран кэллэ уонна артыыст курдук илиитин иннигэр уурда. – Я поэт! Оо, Сахам сирэ барахсан, эн халыҥ мууһунан бүтүннүү өйдүүн-санаалыын бүрүллэн сытаахтаатаҕыҥ!
– Итиннэ маарынныыры хаһан эрэ истибитим ээ, – Таттаам саарбаҕалаабыттыы эттэ.
– Дьыала суох, – “поэт” эмиэ быһа оҕуста уонна төттөрү олорунан кэбистэ. – Поэт ыалдьыбыт сүрэҕин угуттуу оҕус. Пиибэҥ ханнаный, ынах тыла!
– Дайте, пожалуйста, бутылку пива, – Таттаам буфетчица кыыска хайыста.
Кыыстара саҥата суох кэлэн иннилэригэр аһыллыбыт бытыылканы уурда уонна түргэн үлүгэрдик төттөрү бара оҕуста. “Поэт” хап-сабар бытыылканы эһэ тардан ылаат, “кул-хал” гыннаран, кураанахтыы охсон кэбистэ уонна түөһүн имэриннэ:
– Уу, тоҕо үчүгэйэй, сөрүүн салгын курдук киирбитэ, – онтон Таттаамы батары көрдө: – Баһыыбалаабаппын, эн норуот иннигэр иэскин төлүүгүн.
– Мин эргиэмсик буолбатахпын ээ. Оробуочайбын, тыаҕа суоппардыыбын, – Таттаам килиэбин ойо ытырда.
– Дьыала суох, – диэбитинэн “поэт” устуулугар көхсүнэн өйөннө уонна хараҕын сапта. – Син биир эрэстэрээҥҥэ аһыыгын. Оннук суоппар баар үһү дуо? Лапсалаама.
– Күтүөппүн көрдүү сылдьабын. Куоракка кэлэн баран сүтэн хаалла, – Таттаам чэй иһэ-иһэ айаҕа хамсыы олордо.
– Значит, капут.
– Ама дуу?
– Уонна хайаары гынаҕын? Болуоҥҥа түбэспит эрэ киһи сүтэр. Бээрэ, ол күтүөтүҥ аата-суола ким диэний?
– Кыттаанап Сүөдэр, – диэтэ Таттаам.
– Болван! – “поэт” быһа оҕуста. – Улахан сүтүк буолбатах.
Уонна чахчы Сүөдэри билэрин туоһулуурдуу эттэ:
– Сахалары эрэ үөҕэрин билэр. Болтун! Пустозвон!
Ол иһин Таттаам сэмээр ыйытта:
– Эн кинини ханна көрбүккүнүй?
– Мин пиэрбэй кууруска үөрэнэ сырыттахпына, кини бэһис этэ. Оттон аҕыйах хонуктааҕыта манна аалыҥныы сылдьара. Эмиэ ынах тыла! £ссө пиибэтэ ыл эрэ!
– Сөп буолуо суоҕа дуо? – Таттаам эргим-ургум көрүтэлээтэ.
– Молчать! Норуот иннигэр иэскин умнума! Ынах тыла! Уонна Кыттаанап миэхэ биир бытыыкка буокка иэстээх. Сакылааттаһан сүүйтэрэн турар, онтун төлөөбөккө сүппүт эбит. Так не пойдет! – “поэт” орулуу түстэ.
Уонна эмискэ сирэйэ сымнаан уларыйа оҕуста, саһыах курдук хаптас гынна. Таттаам дьиктиргээн кэннин хайыһан көрдө. Буфекка икки милиционер киирэн тураллар эбит.
– Здравствуйте, – “поэт” төҥкөх гынна.
Милиционердар хардарбакка эрэ стойка диэки аастылар. Таттаам итинэн туһанан ааны былдьаста.
***
Сарсыныгар куораты кэрийэ барда. Олус сылаас уонна ыраас күн буолла. Уулуссаҕа күлбүт-үөрбүт, мааны таҥастаах-саптаах дьон бөҕөтө аалыҥнаһыы. Массыына суп-суугунас. Айдаан-куйдаан, саҥа-иҥэ бөҕө. Муннук аайы, аһаҕас халлаан анныгар эргиэн. Кыра хомуллар устуулга олорор эмээхситтэр, кэпсээн-ипсээн буолан, табаах, сиэмэчкэ атыылыыллар. Ала-тала, күөх-араҕас өҥнөөх балааккаларга кинигэ, хаһыат арааһа.
Олор тастарыттан хас да кинигэ кыбыныылаах уол Таттаамы сиэҕиттэн тарта:
– Редчайшие книги. Вот, полная энциклопедия народной медицины. Тут все есть. Это пилотная продажа. Потом не найдешь. Купи! Не упусти шанс!
Таттаам нэһиилэ мүччү-хаччы түстэ.
Нуучча театрын таһыгар турар төкүнүк туумбаларга сыһыарыллыбыт афишалары ааҕан ааста. Сотору “На дне” диэн спектакль буолуохтаах эбит. Туумбалар тастарыгар кыра балаакка иһигэр икки нуучча уола, туттуу-хаптыы, көрүү-истии буолан, видеокассета атыылаан өҥдөҥөлүү тураллар.
– Все фирменные, земляк! – диэтилэр. – Купи, качество отменное. И стоит-то копейки.
Аттыларыгар фрукта арааһа өрөһөлөммүт остуолун нөҥүө түбүтүөйкэлээх эдэр киһи харааран турар.
– Сахарние. Прямо в рот таить. Пробуй. Хочишь, – уонна быһаҕын ылан арбууһу быһа сатаата. – Ээ, подожди, да-а…
Тэйиччи чугуун аҕыраадаҕа өйөнүллүбүт улахан стендаттан Саха театра тугу көрдөрүөхтээҕин биллэ. Кыыс Дэбилийэ хотун туһунан олоҥхону.
Киин болуоссакка аҕыйах дьон төгүрүччү мустан, илиитинэн далбаатана-далбаатана төлөннөөхтүк саҥара турар киһини истэ туралларыгар кэлэн аттыларыгар тохтоото.
– Алросаны көмүскүөхпүтүн наада! Ымсыы олигаардар национальнай баайбытын былдьыы сатыыллар! Бары турунуоҕуҥ! Былдьаттыбыт да ыал устун барыахпыт! Алроса биһиги суос-соҕотох харчы киллэрэр тэрилтэбит. Алроса республиканы аһатан олорор! Түөкүн олигаардар уонна суобаһа суох коррумпированнай политиктар ону хармааннарыгар укта сатыыллар! Хайдах да саҥата суох олорорбут сатаммат!
– Саамай сөп! – диэн хаһыылар иһилиннилэр.
– Акциябытын кыччата сатыыллар, улуустар киэннэрин боруоста биир тыла суох сотон кэбиһээри гыналлар! Бу тугуй? Отой сэнээһин! – араатар уутугар-хаарыгар киирдэр киирэн истэ.
“Акциялар, – дии санаата Таттаам. – Онтуларын биһиги харахтыы да иликпит, баар эрэ суох эрэ… Компенсация биэрэллэр диэн сурах баар этэ да… Ол курдук хаалбыта. Биһиэхэ туох эмит тиксибитин өйдөөбөппүн. Таах даҕаны, харчы биэрбиттэр быһыылаах да САПИ диэни тэрийбиттэр, инньэ гынан, биһиэхэ эмиэ кэппиэйкэ да кэлбэтэ. Кырдьыга, хайдах боростуой дьоҥҥо таах ылан харчыны биэрэн кэбиһиэхтэрэй?.. Ол гынан баран, туох да диэбит иһин, ымсыы да дьон…”
– Олорон биэрэр букатын сатаммат! – ытыс таһыныылаах аба-сата күүркэйэн истэ. – Уонна булгуруйбакка, кэннинэн кэхтибэккэ Саха сирин интэриэһин туһугар туруулаһа сылдьар Вячеслав Анатольевич Штыров тула бука бары, биир киһи курдук, мустуоҕуҥ! Кинини кытары – саха норуота бүттүүнэ! Ону биллиннэр! Итиннэ Россия Президенин аатыгар сурукка илиитэ баттааҥ!
Таттаам, тура түһэн баран, мантан барда.
Ол истэҕинэ, биир дьиэ ааныгар сыһыарыллыбыт биллэрии хараҕар быраҕылынна: “Демократия: Саха сирин сайдар кэскиллэрэ. Ыҥырабыт, кэлиҥ, кыттыҥ, санааҕытын үллэстиҥ”.
“Киирэн истиэххэ эрэ”, – диэн быһаарынна Таттаам.
Сырдык, киэҥ саалаҕа кафедраҕа этиргэн көрүҥнээх дьахтар саҥара ахан турар эбит:
– Василий Иванович – саха омугун чулуу представителэ. Кини биһиги кэскиллээх киһибит. Саха сирин, суох, оннооҕор, Россия үрдүнэн биллэр улахан экономист. Кинини Госдумаҕа билэллэр. Дэлэҕэ, сыл аайы сүбэҕэ ыҥырыахтара дуо? Кинини Вячеслав Анатольевич Штыров бэркэ диэн убаастыыр. Дэлэҕэ, соторутааҕыта “норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин” аатын иҥэриэ дуо? Мин манна Вячеслав Анатольевич уһулуччу государственнай таһымын бэлиэтээн ааһыахпын баҕарабын!
Ытыс таһыныыта ардах курдук курулаата. Ол аайы дьахтар улахан көмүс ытарҕата кылабачыҥнаан эйэҥэлээ да эйэҥэлээ.
Таттаам саалы кэрийэ көрбүтэ, инники эрээккэ маҥан сирэйдээх, суон киһи үөрэ-көтө, түргэн-түргэнник салбанан ыла олорор эбит. “Бу буоллаҕа дуу, биһиги чулуу киһибит?” дии санаата Таттаам баттаҕын имэринэ-имэринэ.
– Василий Иванович – мааны ыал оҕото. Төрөппүттэрин биһиги бары билэбит. Убаастыбыллаах дьон этэ.
– Биһиги кими талабытый? Василий Ивановиһы дуу эбэтэр төрөппүттэрин дуу? – эмискэ саҥа сатарыйда.
Бары күө-дьаа буола түстүлэр, төбөлөрүн эргичиҥнэттилэр:
– Бу ханнык провокаторый?
Аймалҕан сатыылаата. Дьон ортотуттан уһун, иҥиир-тирии дьүһүннээх киһи туран кэллэ уонна илиитин сырбатан эрэр курдук иннигэр анньыталаата:
– Василий Иванович тус бэйэтэ тугунан биллибит киһиний? Кини туох өҥөлөөҕүй? Дуостал суох! Застой саҕана кини правовернай коммунист этэ, точнее, ким да билбэт серай мышката этэ! Тойоттор иннилэригэр, ким да буоллун, тойон эрэ буоллун, эккэлииринэн эрэ маладьыас. Онон эрэ биллэр. Пробивной, нахрапистый малый уонна начаалыстыбаҕа удобный человечек! Карьерист!
– Провокация! Сараанап агитатора кэлэн турар! – ыксаабыт хаһыылар сааланы толордулар. – Сараан киһитин олох истимэҥ!
– Тэҥнээн көрдөххө! – бөдөҥ киһи чынас гына-гына ордоотоото. – Сараанап дьиҥнээх, тугунан да сотуллубат өҥөлөөх. Кини застой саҕаттан биллэр, туспа көрүүлээх-истиилээх, норуотун туһугар чахчы турууласпыт табаарыс. Ону умуннугут дуо? Эһиги, билигин күргүөмүнэн, демократ аатыран, Правительство дьиэтигэр көспүт обкуомнар эмэһэлэрин салыы-салыы, алаадьы-сүөгэй сиэн чалларыйа олордоххутуна, кини дьонун туһугар чахчы эрэйи көрбүтэ! Итэҕэһэ диэн остуорас оҕото. Ол гынан баран, кини – талаан! Талааны хайдах да гынан мэлдьэспэккин!
– Киэр! – илии бөҕө күөрэҥнээтэ. – Саха чулуу дьонун үөҕэр күлүгээттэргэ тылы букатын биэримэҥ!
Таттаам туран тахсан барда. Ааны сабан иһэн, уһун киһи дорҕоонноохтук: – Лакеи! – диэбитин истэн хаалла.
Бу киһини Таттаам иккиһин, киэһэлик гостиница таһынааҕы болуоссакка хаамыталыы сылдьан көрдө. Киэҥ-киэҥник хардыылаан иһэр эбит ээ. Сирэйэ-хараҕа сытыы. Эргим-ургум хотой курдук көрүтэлээн ылар.
Таттаам киниэхэ утары барда уонна чугаһаат:
– Дорооболоруҥ, – диэтэ.
– Дорообо, доҕор, – киһитэ тохтуу биэрдэ уонна дьиктиргээбиттии үөһэттэн аллара кинини одууласта.
– Мин баарыан эн этэргин истибитим.
– Дьэ, – уһун киһи мүчүк гынна.
– Мин соччо өйдөөбөппүн ээ, политиканы.
– Сити курдук, – киһитэ эмиэ сонньуйан ылла, онтон ыйытта: – Бэйэҥ ханнааҕыгыный?
– Тыабын ээ.
– Туохха кэлэ сылдьаҕын, өскө сэкириэт буолбатах буоллаҕына?
– Туох сэкириэтэ кэлиэй? Күтүөтүм сүтэн хаалбытын көрдүү сылдьабын. Эдьиийим ыытта.
– Дьэ, ити куһаҕан, – киһи төбөтүн быһа илгиһиннэ. – Дьон бөҕө сүтэр, особенно, тыаттан сылдьааччылар. Бээрэ, туох эмит билиннэ дуу суох дуу?
– Бакаа туох да суох. Им-ньим, – диэтэ Таттаам.
– Маннык, доҕор, – киһитэ сиэбиттэн киниискэтин хостоон, суруйан элэгэлдьиттэ уонна лииһи быһа тардан ылан Таттаамҥа уунна: – Бу телефонунан эрийэн баран, сарсын миэхэ үлэбэр кэлэ сылдьаар эрэ. Егор Николаевиһы ыйытаар. Ол мин. Итиннэ аадырыһы суруйдум. Тугу эмит тобулуохпут. Киһи быркыта суох сүтэн хаалара букатын сатаммат.
– Баһыыба, – Таттаам мэктиэтигэр уйадыйан ылла. – Мин буоллаҕына Таттаа… ээ, Дмитрий Иванович Иванов диэммин.
Киһитэ эмиэ мүчүк гынна, итиэннэ кэтит илиитин Таттаам санныгар уурда:
– Уонна бэйэҥ туохтаа, доҕор, үчүгэйдик толкуйдаан көр, ханна сылдьыан сөбүй. Билэр дьоҥҥутун, аймахтаргытын барытын кэрий, туоһулас. Дьэ сити курдук. Сарсыҥҥа диэри. Көрсүөхпүт.
Онтон эмиэ салгыы киэҥ-киэҥник хардыылаан, адаарыйан, хантаҥалаан бара турда.
Бу кэннэ Таттаам гостиницатыгар төннөн, оронугар кэтэх тардыһан сытан, Сүөдэр хаһан эрэ куоракка олорор, университекка бииргэ үөрэммит уолун туһунан кэпсээбитин санаан кэллэ.
“Бээрэ, мин аадырыһын суруммут буолуохтаахпын. Сүөдэр, куоракка сылдьар түгэннээх буоллаххына, мин ааппыттан онно түһээр диэн турардаах”, – киниискэтин хаһыста уонна, кырдьык, аадырыһы булан ылла.
Онтон хомунан-симинэн суолга турда.
Көрдөөн Сайсаарга чааһынай мас дьиэни булла. Олбуорга киирэн истэҕинэ сүрдээх боотур ыт ойон кэлэн буутун туһаайбытынан түһүнэн кэбистэ. Таттаам сыыһа-халты хаптаран сымсатык күүлэҕэ ойон киирдэ. Таһырдьа ыт абаккатыттан хара сыһа-сыһа, бобулла-бобулла хардьыгынаата, ааҥҥа сааллымахтаата, үрэн күһүгүрэттэ. “Бу туох ынырык ытын баайбакка сытар барахсаттара буоллаҕай? –Таттаам салынна. – Киһини тыыннаахтыы тутуон сөп эбит”.
Дьиэ аана аһылла биэрдэ уонна күүлэҕэ ачыкылаах, төгүрүк сирэйдээх дьахтар өҥөс гынна.
– Кимҥиний эн? – дии түстэ кини тоҥуй куолаһынан. – Тугу гына сылдьаҕын?
– Кыттаанап Сүөдэри көрдүүбүн, – диэтэ Таттаам.
– Манна оннук киһи суох! – тутатына быһа оҕуста дьахтар уонна аанын сабан кэбистэ.
– Ээ! – Таттаам ааны аргыый тоҥсуйда. – Баһаалыста, ыккытын тутуҥ эрэ.
Дьахтар хос өҥөс гынна.
– Тугуй? Өссө да барбакка тураҕын дуо?
– Ыккытын…
– Хайдах киирбиккиний да оннук таҕыс, – дьахтар эмиэ аанын “лис” гыннарда.
Бу турдаҕына аан барбах сэгэйэн аһылынна, быыһынан харах килбэҥнээтэ, онтон:
– Таттаам! – диэн хаһыытаабытынан Сүөдэр ойон таҕыста. – Ол да иһин билэр саҥам иһиллэр курдук ээ. Хайа бу хантан кэллиҥ? Хаһан?
– Дойдубуттан. Икки күн буолла. Маша ыытта.
Сүөдэр кэри-куру буолла, үөһэ тыынна:
– Маша, – онтон Таттаамы илиититтэн харбаата. – Киирдибит.
Дьиэҕэ били дьахтартан ураты ким да суох эбит.
– Билсэн кэбис, бу мин бииргэ үөрэммит кыыһым Елена, – диэтэ Сүөдэр. – Чаайда бэлэмнээ эрэ, Лена.
“Уол дииргэ дылы этэ дии”, – Таттаам устуулга олорунан иһэн сөҕө санаата.
– Конспирация, – Сүөдэр таайбыт курдук сибигинэйдэ. – Дьэ, доҕор, мин кыбылынным… – толкуйдаан олорбохтуу түстэ, онтон курустук эттэ: – Элбэх харчыламмат буол, Таттаам. Олох киһи өйө ыһыллан хаалар.
– Ол эһиэхэ, эр дьоҥҥо, ыһыллар өй баар дуо? – Елена, остуол тарда сылдьан, тыл кыбытта.
Сүөдэр кини саҥатын истибэтэх курдук кэпсии олордо:
– Куорат илэчиискэлэригэр түбэһэн иэдэйдим. Хаартылаатаҕа буоламмын, харчы бөҕөбүн сүүйтэрдим. Барытын төлүөм этэ да, букатын кыра хаалла. Туга да суох тиийдэхпинэ, Маша өлөрөр буоллаҕа. Дьиэҕэ киирбэтэх көнө.
Төбөтүн ыйаан олордо.
– Хайдах гынан быыһанарым буолла? – диэтэ онтон ытамньыйа былаан. – Олох маныы сылдьаллар. Букатын аппааһынай дьон. Дьаһайан да кэбистэхтэринэ боруога суох.
– Запросто, – Таттаам чэй иһэ-иһэ сөбүлэстэ.
– Тугуй? Эн кинилэри көрдүҥ дуу, туох дуу? – Сүөдэр өрө көрө түстэ. – Ханна?
– Гостиницаҕа.
– Буот! Нэриэттэр…
– Санааҕын түһэримэ, Сүөдэр, – диэтэ Таттаам чэйин сыпсырыйан иһэ-иһэ. – Живы будем, не помрем.
– Этэргэ чэпчэки, – Сүөдэр үөһэ тыынна.
– Хайдах бу баттаҕыҥ маҥхайыар диэри өйдөммөтүҥ эбитэ буолла? – Елена эмиэ тыл кыбытта.
– За одного битого двух небитых дают, – Сүөдэр остуол кырыытын ыгыта туппахтаан ылла.
– Биир да сырыы сөп буолуо. Дьөлү сынньыахтара, онтон туох да наадата суох буолуо, – диэн эттэ Елена.
– Бакаа тыыннаахпын. Долуой бэриниэм суоҕа, – Сүөдэр харса суох тылласта.
– Ханта-ан? Ииктии да тахсыбаккын буолбат дуо? – дьахтара уган биэрдэ.
– Елена! – Сүөдэр куолаһын сонотто уонна остуолу тоҥсуйда.
Таттаам кыһаллыбакка аһыы олордо.
– Бу эн туох үлүгэрин аччыктаатыҥ? – диэн ыйытта Сүөдэр. – Манна киһи дьылҕата быһаарыллаары турар ээ!
– Санааҕын түһэримэ. Прорвемся, – диэтэ Таттаам.
– Этэргэ дөбөҥ.
– Төбөҕүн өрө көтөх, Сүөдэр. Мин уолаттаргын кытары быһаарыстым. Уонна эн иэһиҥ суох.
– Ол аата?
– Иэһиҥ суох.
– Хайдах?
– Мин, хата, бэйэлэриттэн төттөрү сүүйдүм. Во! – Таттаам түөһүн таптанна. – Икки сүүһү сүүйдүм.
– Но-о!!! – саҥа аллайа түстэ Сүөдэр. – Ама дуу?!
– Кырдьык.
– Вот это да! – Сүөдэр ойон туран Таттаамы кууспаҕалаата. – Оо, Таттаам доҕорум! Доҕорум!!! Быыһаатыҥ! Остуоруйа курдук! Оо!!! Оо!!!
¥өрүү-көтүү, сүпсүлгэн бөҕө буолла. Онтон бараары хомуннулар. Еленаҕа уон биэс тыһыынчаны хааллардылар. “Уу! Бу аһара элбэх дии!” – диэн ылымаары гыммытын, күүстэринэн илиитигэр туттаран кэбистилэр.
– Улахан баһыыба, Лена, – диэтэ тахсаары туран Сүөдэр. – Эн суоҕуҥ буоллар, хайыам эбитэ буолла?
– Бар, бар, ойоҕуҥ күүтэн олорор, – Елена киэр хайыста.
– Биллиэҕим, – диэтэ Сүөдэр.
– Наадата суох. Чэ, бар, бар.
Сүөдэрдээх Таттаам тахсан бардылар. Онтон кэннилэриттэн Елена сырсан таҕыста.
– Нохоо, сэрэнэн сылдьаар эрэ. Акаары, үөрэнэриҥ бүппэт! – диэн хаһыытаата.
Сүөдэр илиитинэн эрэ сапсыйда.
Сити курдук Таттаам күтүөтүн булан гостиницатыгар иттэ. Киэһэ Марияҕа биллэрдилэр, табаар була-тала сылдьыбыт аатырдылар. Мэктиэтигэр хайҕаннылар.
Сүөдэр:
– И юный Октябрь, и Ленин тако-ой молодо-ой… – диэн ырыалаах буолла.
Онтон тугу эрэ саныы-саныы мичээрдээн ылла:
– Дьэ, доҕоор, Таттаам, манна харчылаах буоллаххына, кыыс оҕо кырыы кырыытынан. Звездалар!
Итиэннэ тиэрэ түһэн, иһин имэринэ-имэринэ, оронугар сытта.
– Маша биллэҕинэ, оройгун хаһара буолуо, – Таттаам сэрэттэ.
– Билиэ суоҕа, – диэн унаарытта Сүөдэр. – Конспиратор бөҕөтө буоллаҕым.
– Мин этиэҕим, – диэтэ Таттаам.
Сүөдэр оронугар олоро биэрдэ уонна хаһыытаата:
– Это же предательство! Таттаам!
– Дьээбэлэнэбин, – диэн күллэ Таттаам. – Хайдах атаспын уган биэриэхпиний? Оммаран, эн аһара күннээмэ. Дьиэбитигэр тиийиэхпитин наада.
– Ол иһин даҕаны, доҕорум котоку, хайдах баар суох күтүөтүн өлүү айаҕар анньан кэбиһиэй? – Сүөдэр үөһэ тыынна уонна төттөрү сытынан кэбистэ.
Сарсыныгар хомунуу-тэринии саҕаланна. Тор курдук бытыктаах нууччалара ыскылаатыгар илдьэн табаардарын көрдөрдө, харчытын ааҕыста, суол турдаҕына бэйэтэ дьаһайан ыытыах буолла.
– Эрэбил киһи, – диэтэ Сүөдэр.
Ол кэнниттэн көтөөрү гыммыттара моһуок буолла. Билиэт эмиэ суох эбит. Киһи бөҕө хаайтарбыт. Таттаамнаах Сүөдэр сулукулдьуһуу бөҕө буоллулар. Онон-манан барытынан киирэн-тахсан көрдүлэр, хайа эрэ тойоҥҥо хаһыакка эҥин суруйуох буолан суоһурҕаннылар да кими да тылларыгар киллэрбэтилэр, кими да куттаабатылар. “Хоть в Страсбург пишите” – диэн буолла. Инньэ гынан, барытыгар кураанаҕы куустулар.
Бу сылдьан биир дойдулаахтарын, олус холкутук “тип-топ” үктээн аргыый аҕай хаама сылдьар булчут Бииктэри көрүстүлэр. Дьиэ кэргэнинээн куоракка дьонноругар ыалдьыттыы кэлэ сылдьыбыттар эбит уонна фургон “УАЗ” массыына ылбыттар.
– Уолаттар, дойдубутугар дылы сиринэн суол баара дуу суоҕа дуу? – диэн сураста киһилэрэ. – Оччотугар сөмөлүөтү күүппэккэ элэс гынан хаалыллыа этэ.
– Биллибэт, – Таттаам кэтэҕин тарбанна.
– Бачча кэмҥэ ким эмит сиринэн айаннаабытын истэ иликпи-ин, – Сүөдэр мунаахсыйбыттыы унаарытта.
– Сир син куурбут буолуохтаах уонна оттон суолуҥ омооно да баар буолуохтаах, – диэн куолулаата Таттаам. – Арай таһаҕаспытын билигин тиэнэн баран, турунан көрдөхпүтүнэ? Барыбытыгар үчүгэй буолуо этэ. Бииктэр массыыната тиийэр, оттон биһиги таһаҕаспыт.
– Кутталлаах, – Сүөдэр сэрэҕэ киирбит аҕай.
– Кыһын буоллаҕай, – диэтэ Таттаам.
Саҥата суох турбут Бииктэр илиитинэн сапсыйда:
– Боруобалаан көрүөҕүҥ, уолаттар!
Инньэ гынан, сарсыныгар массыыналарын толору симиннилэр, үс оҕону – биир обургу уолу, онтон сэттэлээх курдугу уонна бып-бытыкаа кыысчааны, итиэннэ Бииктэр кэргэнин олортулар. Уруулу Таттаам тутта, ол кэннэ сүргэлэрэ көтөҕүллэн, долгуйан куораттан тахсар суол диэки астара турдулар.
Айдааннаах-куйдааннаах куорат кэннилэригэр хаалла.
Иннилэригэр кэлииккэ таһыгар турар Ольга үөрэ-көтө мичээрдээн-сырдаан илиитинэн далбаатыырга дылы гынна…
Төрдүс кэрчик
Сиринэн айан
Куттал. Аргыстар. Ыарахан. Араас дьон.
Суол олус үчүгэй курдук буолла. Даачаларга барар шоссе. Элэгэлдьийии-куйаардыы.
– Хата, киэһэ Бүлүүгэ тиийэн хаалыллыыһы дуу? – диэмэхтээтэ Таттаам.уол олус үчүгэй курдук буолла. Даачаларга барар шоссе. Элэгэлдьийии-куйаардыы.
– Бэрт да буолуо эбит, – Бииктэр мүчүк гынна.
Оҕолор туохха да кыһаллыбакка айдаан бөҕөлөр. Төрөппүттэрэ кыратык да буойан көрбөт дьон буолан биэрдилэр. Уолаттар үтүрүһэ-үтүрүһэ түннүккэ сыстан истилэр, ол гынан баран, олох этиспэттэр. Кырата: “Дьулус, ити тугуй, ээ? Бу тугуй ээ?” – диэн тохтоло суох ыйыт да ыйыт. Улахана буоллаҕына отой да атыны кэпсии истэ: “Алеша, көрүүй, ити паддьиэрэ ааста. Улааттахпытына, көмүс мунньан итинниги ылыахпыт”. Быраата сөбүлэһэн чаҕаарда уонна: “Мин иннигэр олоруоҕум”, – диэн миэстэ былдьаһа оҕуста. Оттон кыра кыысчаан өссө ырыалаах буолан биэрдэ: “Хээпи биис дээй”. Биир кэм соннук: “Хээпи биис дээй”. Уонна үөрэн мап-маҥан тииһэ кэчигириир.
– ¥чүгэйдик да ыллыыр оҕо эбиккин, – диэтэ Сүөдэр. – Бу хантан үөрэнниҥ?
– Тэлэбиисэйгэ ыллаабыттайа, – чугдаарда кыысчаан. – Хээпи биис дэ-эй.
Дьоно мичээрдээн мүчүк эрэ гыннылар.
– Аатыҥ ким диэний, тукаам? – диэн ыйытта Сүөдэр.
– Катикка, – кыысчаан үөрэ эппиэттээтэ.
– Сааһыҥ хас буолла?
Катикка тииһэ кэчигирээбитинэн үс тарбаҕын көрдөрдө.
– Сулуух баар дуу суох дуу? – Бииктэр кыыһын төбөтүн имэрийэн ылла.
– Билигин хантан биллиэй? – Таттаам саннын нөҥүө тыл бырахта. – Оммаран, бэркэ маарыннатар быһыылаах.
– Оҕом ырыаһыт буолсу, – диэн ымманыйда Бииктэр.
– Буолбатын, – ийэлэрэ, Людмила, быһа оҕуста. – Ырыаһыттар дьоллоро суох. Дьоллорун ыллаан кэбиһэллэр.
– Соҕурдук. Ырыаһыт буолума, – Бииктэр хап-сабар сөбүлэстэ.
Итинник айаннаан, хараҥаран эрдэҕинэ, бастакы улуус киинин ааһан лиҥкинэс ойуурга киирдилэр. Халлаан да хараҥарда. Кутуу суол мөлтөөн барда, ол эрээри, өссө да олус куһаҕана суох. Оҥоһуулаах аата оҥоһуулаах. Таах даҕаны, букатын хараллыбата, хаһан да киһи илиитэ сыстыбатаҕа биллэр. Ити иһэн Таттаам көрдөҕүнэ, иннилэригэр туох эрэ хара сурааһын суолу быһа охсон ааһарга дылы. Массыынатын арыыйда бытаарта, онтон эмискэ туормастыы түстэ. Суол биир сиринэн икки-үс миэтэрэ курдук бүтүннүү көҥнөн сытар эбит.
– Хайыы, бу дьааты! Ыт буола сыстыбыт буолбаат! – диэтэ Таттаам, онтон массыынаттан түһэн суолу чинчийэн туора-маары хаамыталаата. – Дьаама! Дириҥ баҕайы эбит. ¥чүгэйдик күппүлүүт барыах эбиппит.
– Бу тоҕо туох да бэлиэни туруорбат дьонуй? – Сүөдэр мөҕүтүннэ. – Туохха да хоҥорууларын хоннорбот дьон ээ. Номенклатура! Бездельники!
– ¤уу! – диэтэ Бииктэр. – Хата, Таттаам маладьыас буолан биэрдэ. Хайдах көрдүҥ, доҕор? Ыраахтан олох биллибэт дии.
– Кыратык көстөр этэ. Бээрэ, атын сиринэн эргийэн барыаҕыҥ.
Людмила оҕолорун кууспаҕалыы-кууспаҕалыы сыллаа да сыллаа буолла. Оҕолор тугу эрэ өйдөөбүттүү чуумпурдулар.
– Маама, биһиги өлө сыстыбыт дуо? – диэн ыйытта Алеша.
Людмила саҥата суох ытамньыйан ылла.
– Маама, ытаама, – дии-дии Алеша ийэтин кууста.
Бары саппаҕарбыт көрүҥнэннилэр…
Аллара түһэн суол кытыытынан, уһун хара хотоннор тастарынан эрийэ-буруйа баран, нөҥүө өттүгэр таҕыстылар. Кутталлаах сиртэн арыыйда тэйээт, массыына иһигэр утуйар сир оҥостон, хонорго быһаарыннылар.
Сарсыарда аһыы түһэн баран, айаннарын салҕаатылар. Ол иһэн чачархай сырдык бэс чагда быыһынан көрдөхтөрүнэ, үс улахан “КрАЗ” массыына суолга үллэн аҕай тураллар эбит.
– Хата, бу дьоннор бааллар эбит дии, – диэтэ Таттаам уонна массыынатын тохтотто. – Олорон эриҥ эрэ, мин түһэн көрүүм.
Суолтан тэйиччи, кутаа уот таһыгар күө-дьаа буолан хас да дьон туралларыгар тиийдэ. Нууччалар эбит. Таттаамы үөрэ-көтө көрүстүлэр.
– И куда же вы? – диэн ыйытта биирдэстэрэ, муннун анныгар сип-синньигэс бытыктаахтара.
Кини киинэҕэ мэлдьи көстөр американскай мафия киһитигэр дуу эбэтэр цыгаҥҥа дуу майгынныыр дьүһүннээх.
– Домой собрались. А вы?
– До Кысыл-Сыра. Дизельное масло везем.
– Это же хорошо! Спутниками будем, нам дальше ехать, – диэн үөрдэ Таттаам. – В случае чего, дергать нас будете.
– А то как же, – дэстилэр суоппардар. – Садитесь с нами чаевничать. Дорога-то дальняя.
Таттаам илиитинэн далбаатаан дьонун ыҥырда. Бу суоппардар олус аламаҕай дьон буолан биэрдилэр. Цыган курдуктара биир да мүнүүтэ тохтоло суох саҥарар олус көрдөөх киһи эбит. Дьэ кэпсээн-ипсээн уол оҕото буолла. Тылын быыһыгар мэлдьитин сөхтөҕүнэ да кыһыйдаҕына да биир кэм “Хопер-инвест” диэн кыбытан ааһар. Оннук баай ис хоһоонноох, үөрүүгэ-хомолтоҕо да, сөҕүүгэ-махтайыыга да сөп түбэһэн туттуллар тыл эбит. Биллибитэ, “Хопер-Инвест” диэн компанияҕа туох-баар муспут харчытын илдьэн биэрэн былдьаппыт.
– Вот, и чаю попил вместе с ними, – диэмэхтиир. – Одним словом, Хопер-инвест! Ну, что, по коням?
Инньэ гынан, аргыстаннылар. ¥өрэ-көтө айаннааһын буолла. Суол үчүгэй. Хагдарыйан эрэр сир-от кубус-кураанах. Халлаан ып-ыраас, күн сып-сырдык.
Аргыстара туһалаахтара ырааппакка билиннэ. Биир сиринэн бадараан тэнийэн сытар ахан эбит.
– Здравствуйте, – диэтэ Таттаам. – Саҕаланна.
Уонна нөҥүө өттүгэр тахсан кинилэри күүтэн турар массыыналарга хаһыытыы-хаһыытыы далбаатаата.
Анарааттан:
– Хопер-инвест! – диэн чаҕаардылар. – Чичас вытащим.
Онтон улахан массыына бирилэтэн кэлэн фургоны, ууну-бырыыны ыһан, начаас соһон силлигэрэтэн таһаарда.
Бу кэнниттэн дьонноро инникилээтилэр, ол гынан баран, сотору кэминэн ситтэрдилэр. Биир массыыналара батыллан хаалбыт. Таһыгар сүүрүү-көтүү, үлэ бөҕө буола сылдьаллар эбит. Айдаан-куйдаан буолан улахан баҕайы тииккэ, киһи харытын саҕа модьу торуоһу баайдылар.
– Танковый, – диэтэ цыган.
Онтон эрийэ тартаран состороору гыммыттара, мэктиэтигэр, аарыма мас силистиин баҕастыын сири-буору өрө тардан, хамсаан ылла да массыыналара орулуу-орулуу кыратык да сыҕарыйбата. Онтон торуостара быа курдук быһа ыстанан хаалла.
– Вот это Хопер-инвест, – диэтэ цыган.
Ситинник күн аҥаара эрэйдэннилэр, эҥин арааһы барытын толкуйдуу, оҥоро сатаатылар да туһа тахсыбата. Массыыналара буоллаҕына тимирдэр тимирэн истэ.
– Остается только переночевать, – диэн буолла.
Таттаамнаах ойуур саҕатыгар тахсан оҥостунан массыыналарын иһигэр утуйдулар. Сарсыарда турбуттара, дьоно үлэлии сылдьаллар эбит. £р эрэйдэннилэр, онтон маннык диэн сүбэлэстилэр:
– Придется пока оставить…
– А как?.. – диэн Таттаам ыйытан эрдэҕинэ, цыган кэтэҕин тарбана туран эппиэттии оҕуста:
– Зимой будем забирать. А что делать?
Сити курдук биир массыыналарын хаалларан салгыы айаннаатылар, ол гынан баран, син биир ырааппатылар. Бары батылыннылар. Биирдэрэ нэһиилэ таҕыста.
– Надо чесать обратно, парни, – диэтэ цыган курдуктара. – пока все не застряли. До белых мух. Во будет Хопер-инвест.
– А вы? – диэн ыйыттылар Таттаамнаахтан.
Дьоммут сирэй сирэйдэрин эрэ көрсөн кэбистилэр.
– Попробуем дальше поехать, – диэтэ онтон Таттаам.
– Смотри, друг, дороги обратной у вас не будет. Токма Хопер-инвест, – диэн сэрэттэ цыган курдуктара. – А я, промежду прочим, думал, что маленькая машина быстрее сядет.
– Она ж легкая, проскочит, не то что наши, – биирдэстэрэ табахтыы туран тыл кыбытта.
Онтон цыган Катиккаҕа төҥкөйөн эттэ:
– Ну, пока, Катинька. Смотри, что бы ни было – не плакать. Ни за что. Лады?
– Ньэ-а, – диэтэ Катикка.
Бары күлүстүлэр.
Илии тутуһан араҕыстылар.
Онтон суол улам-улам алдьаннар алдьанан барда. Күҥҥэ икки-үс биэрэстэни өппөт буоллулар. Хата сүгэлээх буолан абыраннылар. Хас да сиргэ мас суулларан – Таттаам: “Не рубите, мужики, дерева! Не рубите-е!” – диэн ырыалаах далайыы да далайыы, – массыына ааһар гына муоста оҥордулар.
– В начале сотворил Бог небо и землю. Земля же была безвидна и пуста, и тьма над бездною, и Дух Божий носился над водою, – диэн ынчыктаах буолла Сүөдэр, ууну тобугар дылы тэпсэ сылдьан, бэрэбинэлэри ырычаахтаһан уурталыы-урталыы.
Саҥата дьиппинийбит мастар быыстарынан тарҕанан, ханна эрэ ыраах дуораһыйан бүтэҥитик лиҥкинээн иһиллэр.
– Тоҕо сүрэй билэриҥ, Сүөдэр, – Бииктэр, тоһоҕолору бытыгыратан саайталаан, бэрэбинэлэри хамсаабат гына ыга туттартаан иһэн, улаханнык сөҕөн тыл бырахта.
– Дьэ биир бэрт интэриэһинэй дьыала баар, уолаттар, – диэтэ Сүөдэр, кураанах сиргэ тахсан олорон баран. – Библияны мин элбэхтик ааҕан турабын. Киһи-аймах культуратын төрдө барыта онно сытар буоллаҕа. Маннык. Библияҕа: “Здесь мудрость. Кто имеет ум, тот сочти число зверя, ибо это число человеческое; число его шестьсот шестьдесят шесть”, – диэн сурук баар.
Онтон сөмүйэтин чөчөҥнөттө:
– Ибо это число человеческое; число его шестьсот шестьдесят шесть. Абааһы туһунан дииллэр.
– Ноо, – диэтэ Бииктэр аттыгар кэлэн.
Людмила чэй өрө сырытта, ол сылдьан сэргээн кинилэр диэки хайыста. Сүөдэр салгыы кэпсии олордо:
– Аны туран маннык. Бу чыыһыланы хайдах да гынан суоттаабытыҥ иһин тоҕус тахса турар. Холобур, алтаны алтаҕа эбэҕин. Уон икки. Онтон өссө алтаны эбэҕин. Уон аҕыс. Ону нумерология диэн сэрэбиэйдьиттэр ньымаларын туттан эптэххэ, тоҕус буолар. Бары алтаны биир-биир төгүллээтэххэ эмиэ түмүгэр тоҕус буолар. Түҥнэри тутан тоҕус сүүс тоҕуһуон тоҕус гынан эбитэлээтэххэ эмиэ син биир оннук буола турар. Бэйэҕит бэрэбиэркэлээн көрүҥ эрэ. Бу тугуй? Туох сыыппаратай? Туох тоҕуһай?
– Дьикти, – диэтэ Бииктэр, уоһа хамсаан ибигирии-ибигирии. Суоттаан көрдө быһыылаах. Онтон: – Кырдьык, – диэн түмүктээтэ.
– Данте тоҕо “Божественнай комедиятыгар” аады тоҕус эргимтэлээх курдук суруйбута буолуой? Девять кругов ада, – Сүөдэр тарбаҕын өрө аста.
– Уолаттар, уолаттар! Чэ бүтэрэн-оһорон баран иһиэҕиҥ! – диэн бырахта Таттаам, үлэтин тохтоппокко сылдьан.
Санаатыгар кэлииккэ таһыгар биир илиитинэн быар куустан, бииригэр сыҥаах баттанан кэри-куру туттан турар Ольга көстөр…
Тиһэҕэр муоста оҥоһулунна.
Ол кэннэ иннилэрин диэки дьүккүйүү да дьүккүйүү.
Араас түҥ сирдэргэ хонон аастылар.
– Абааһылаах быһыылаах, – диэтэ Людмила. – Олох куһаҕаннык утуйабын.
Оҕолор куттанан ийэлэрин таһыгар сыттылар.
– Аармыйаҕа сылдьан дьэ биир дьикти түбэлтэҕэ түбэһэн турардаахпын. Билиҥҥээҥҥи дылы билбэппин, туох эбитэ буолла? – диэтэ Сүөдэр. – Биирдэ учениеҕа сылдьан улахан муоста анныгар соҕотоҕун дьылыс гынан, онно сынньана түһэн тыын ыларга санаммытым. Муоста анна хайдах эрэ мрачнай баҕайы, борук-сорук курдук. Автомаппын аттыбар ууран саҥа тиэрэ түһэн сытан эрдэхпинэ, арай, доҕоор, аллараттан, уу таһыттан дуу, остуолба анныттан дуу, туох эрэ хап-хара, киһи да буолбатах, ыт да буолбатах, мин диэки сыыдам үлүгэрдик халыйбатах үһү дуо! Мин этим тымныйа түстэ, куйахам күүрдэ уонна сарылаабытынан хайдах үөһэ баар буолбуппун бэйэм да билбэккэ хааллым. Дьэ диэ…
– Санааҕар ини, – Таттаам сыҥааҕырдаан ылла. – Сачоктар оннооҕор буолуоҕу көрөөччүлэр.
– Адьас дьиҥ чахчы! Кириэс охсунабын! – диэн төлөннөөхтүк эттэ Сүөдэр.
– Кэпсээнтэн кэпсээн, – хабан ылла Бииктэр. – Олоххо эҥин араас киһи үөйбэтэҕэ-ахтыбатаҕа баар буолар. Истиҥ эрэ. Биирдэ оскуола харабынайа оҕонньор киэһэлик үлэтигэр баран иһэн хас да сыллааҕыта оскуоланы бүтэрбит уолу көрсүбүт. Уола илиитигэр кыра чымадаанчыктаах эбит. Харабынайы көрөн олус үөрбүт. “Оскуолаҕа бара сылдьыахха эрэ”, – диэбит. “Хайа, доҕор, аан бастаан, дьиэҕэр бара сылдьыбаккын дуо? – диэн ыйыппыт оҕонньор. – Каникулгар кэллиҥ дуо? Ийэҥ күүтэн олороро буолуо”. “Онно хаһан баҕарар тиийиэҕим. Оттон оскуолам барахсаҥҥа эргиллэрим биллибэт”, – диэн уол куолаһа быстан ылбыт. “Чэ, буоллун даҕаны”, – диэн оҕонньор сөҕө санаатар да сөбүлэспит уонна аргыстаспыттар. Оскуолаҕа тиийэн кэлбиттэр. Харабынай күлүүһүн ылаары сиэбин хастыбыт, онуоха уол эппит: “Манна туох күлүүһэ наада буолуой?” Уонна оҕонньор аан түннүгүнэн көрдөҕүнэ уола оскуола иһигэр турар буолан хаалбыт.
Бары чуумпуран олорон иһиттилэр. Суорҕан анныттан оҕо чуумпутук ыйылыыра иһилиннэ.
– Уол илиитин ууммут. “Киир”, – диэбит. Таастыйан хаалбыт оҕонньор хайдах илиитин ууммутун бэйэтэ да билбэккэ хаалбыт. Биирдэ өйдөммүтэ кылааска киирэн тураллар эбит. Уол биир паартаҕа чугаһаан имэрийэ-имэрийэ ис-иһиттэн иҥиэттэн эппит: “Оо, паартам барахсан!” Оҕонньор хамсыыр да кыаҕа суох турар үһү. Оттон уол сирэйэ көҕөрөн киирэн барбыт, тиэрэ көрбүт уонна кэдэрги таттаран барбыт. Онуоха оҕонньор өй ылан сарылаабытынан таһырдьаны былдьаспыт. Кэлин билбитэ, бу уол ыраах сиргэ үөрэнэ сылдьан ууга түһэн өлбүт үһү.
– Сымыйа-а, – Таттаам илиитинэн сапсыйда. – Күдээринэ ону-маны айаллар. Хайдах өлбүт киһи тыыннаах курдук сылдьыаҕай?
– Оттон дууһата? – диэн ыйытта Сүөдэр.
– Кэпсээн, – Таттаам эмиэ сыҥааҕырдаата. – Остуоруйа. Таах олоруохтааҕар эрэ истиэххэ сөп.
– Чэ, утуйуоҕуҥ. Оҕолору куттуоххут, – диэтэ Людмила.
– Маама, мин куттаммаппын ээ, – суорҕан анныттан кыысчаан саҥата чугдаарда. – Ити Айеша куттанай.
– Утуй, хотук! – диэн Дьулус убай киһи быһыытынан балтын сөҥ куолаһынан буойда.
Сити курдук утуйдулар.
Аҕыйах хонугунан биир дэриэбинэҕэ таҕыстылар. Инньэ гынан, маҕаһыын таһыгар мустубут дьону олус сөхтөрдүлэр.
– Салгыы, баҕас, барбаккыт, – дэстилэр кинилэр.
Таттаам дьонун маҕаһыын таһыгар хаалларан баран суолу көрөн кэллэ, онтон:
– Кырдьык, ыарахан буолсу. Сыалай аппа сытар, – диэтэ.
– Оттон эһиги манна хонуҥ ээ, – атыыһыт кыыс истэн туран тыл кыбытта.
– Ханна? – диэн ыйытта Людмила.
– Билсэн кэбиһиэҕиҥ. Надя диэммин, – кыыс илиитин уунна. – Миэхэ да буоллун. Мин соҕотоҕун олоробун ээ. Дьонум суохтар. Атын нэһилиэккэ ыалдьыттыы барбыттара.
Уонна төҥкөс гынан быллайан турар Катикканы кирдээх иэдэһиттэн сыллаан ылла.
– Мин сатаан ыллыыбын ээ, – диэтэ Катикка.
Надя күллэ.
Инньэ гынан, Надя дьиэтигэр тиийдилэр. Хаһаайка оһох оттон чэй өрдө, ас бэлэмнээтэ. Людмила суунна-тараанна, оҕолорун эмиэ сууйда, онтон диваҥҥа сытан сынньанна.
– Кыратык сылайдым ээ, – диэн мичээрдээтэ аттыгар олорбут Бииктэргэ.
– Ыалдьыбатыҥ дуо? – киһитэ чуумпутук кыһаллыбыт куолаһынан ыйытта.
– Суох, үчүгэйбин ээ, – Людмила кэргэнин илиитин сэмээр имэрийэн ылла.
Аттыларыгар Катикка ыстаҥалыы-ыстаҥалыы кэм да “хээпи биис дээй”, – диэн ыллыы сырытта. Таһырдьаттан тиэргэҥҥэ оонньуу сылдьар уолаттар айдааннара иһиллэр.
– Бронетранспортер эрэ ааһыыһы, – диэтэ киэһэ чэй иһэ олорон Таттаам. – Хайыах баҕайабытый?
– Манна биһиэхэ биир киһи вездеходтаах ээ. Лесник, – Надя кини диэки хайыһан эттэ. – Кэпсэтэн көрүөххүтүн.
Таттаам өрө халаханыйа түстэ:
– Чэйиий, оттон, саатар эрэ буо! Ол ханна олороруй?
– Мин сарсыарда көрдөрүөм, – диэтэ Надя.
Хонон туран баран, массыыналарын собуоттаан, лесникка ыстаннардылар. Сүөдэр барыста. Лесник дэриэбинэ кытыытыгар, ойуур быыһыгар олорор эбит.
– Дьиэлээхтэр, дорооболоруҥ, – диэбитинэн киирдэ Надя. – Кирииһэ баар дуо?
Түгэх хостон ким эрэ иҥиэттэр саҥата иһилиннэ. Онно өҥөйөн көрбүттэрэ, диваҥҥа бороҥ көрүҥнээх бытык бөҕө буолбут киһи тиэрэ түһэн сынньана сытар эбит.
– Дорообо, Кирииһэ, – диэтэ Надя. – Бу эйиэхэ дьон кэллэ.
– Ол эмиэ тоҕо? – Кирииһэ хамсаабакка даҕаны ыйытта.
– Дуунньа ханнаный? – Надя эргим-ургум көрдө.
– Таһырдьа сылдьар ини, – Кирииһэ турбакка эрэ хаахынаата. – Туох баар, уолаттар?
– Атас, вездеходкынан аппаны туоратан биэр эрэ, – Таттаам кини диэки хардыылаата.
– Ол эмиэ тугу?
– Уазигы.
– Ол хантан кэллигит?
– Куораттан иһэбит, – диэтэ Сүөдэр.
– Куораттан даа? – Кирииһэ сөхтөҕө буолла, ол гынан баран, диваныттан кэм да хоҥнубата. – Ама дуу?
– Кырдьык, доҕор.
– Аппанаа! – Кирииһэ саҥа аллайдаҕа буолла.
– Таһааран биэр эрэ, – диэтэ Таттаам.
– Айыкка, тыаттан саҥа киирэн сытабын.
Бу кэмҥэ айдаан-куйдаан буолан тылыгырыайкалаах, эмалированнай таас тутуурдаах дьахтар талыгыраабытынан киирэн кэллэ.
– Дорообо, Дуунньа, – диэтэ Надя.
– Дорообо, дорообо, – Дуунньа тааһын оһох таһыгар турар остуолга уураат кутан-симэн киирэн барда. – Кирииһэ, били кимиэхэ эрийдиҥ дуу суох дуу? Умнан кэбиһиэхтэрэ. Чэ түргэнник, түргэнник! Күн-дьыл баранна!
Тылыгырыайкатын устан толору таҥастаах вешалкаҕа ыйаата.
– Эрийиллиэ… – Кирииһэ хамсаабакка сытан холкутук хардарда. – Киэһилик эрийиллиэ. Билигин син биир суоҕа буолуо.
– Билигин аастылар ээ.
– Оччоҕо тиийэ иликтэрэ буолуо, – Кирииһэ соччо кыһаллыбата.
– Бу ханнааҕы дьонуй? – Дуунньа Таттаамнааҕы саҥа өйдөөн көрбүт курдук буолла.
– Куораттан сылдьаллар, – диэтэ Надя.
– Хантан даа? Эс, хотуй!
– Кырдьык.
– Хайдах тиийэн кэллигит? – диэн сөхтө Дуунньа.
– Син кэллибит ээ.
– Ханнааҕыларгытый? Сунтаардаргыт быһыылаах. Сунтаардар эрэ маннык акаарылар, – Дьуунна ааһан иһэн куолулаата.
– Бу Кирииһэттэн көрдөһө тураллар, – диэтэ Надя.
– Тугу?
– Вездеходкынан аппаны туоратан биэр диэн.
– Ол биһиги киһибит саарбах сэбэ ону кыайар үһүө? – Дуунньа остуол таһыттан халаханыйа сылдьан тыл бырахта. – Ыһыллаары сылдьар быһыылаах.
Кирииһэ кымаардаабата да.
Таттаам киниэхэ чугаһаата, аттыгар олордо.
– Атас, – диэтэ. – Эрэйгин таах хаалларыахпыт суоҕа.
Кирииһэ кулгааҕа кыратык чөрбөс гынна.
– Таһаарыаҥ иннинэ биир буокканы, таһаарбытыҥ кэннэ өссө биири, – Таттаам тохтоло суох саҥара олордо.
Кирииһэ хамсаата.
– Уонна, – Таттаам быһа баттыырдыы эттэ.
Кирииһэ таастыйан хаалла.
– Уонна, – диэтэ Таттаам салгыы. – Биир дьааһык доширак биэриэхпит.
Кирииһэ диваныгар олоро биэрдэ.
– Ол эмиэ туохпутуй?
– Аһылык. Итии ууну куттуҥ да үс мүнүүтэннэн миин бэлэм. Булка-окко абыраллаах аһылык, – диэн сырдатта Таттаам.
– Хайдах таһаарыахпыт суоҕай? – Кирииһэ хаһыытаабата эрэ. – Бачча ыраахтан сылдьар дьону хайдах сир-халлаан ыккардыгар быраан кээһиэхпитий?
Ол кэннэ вездеходы начаас собуоттаан аппа диэки бардылар, таарычча Кирииһэ атаһын ылан аастылар. Онтон Таттаам дьонун барытын олордон кэннилэриттэн тиийэн кэллэ. Бу кэмҥэ салалта барыта Кирииһэ илиитигэр киирдэ. Вездеход люгыттан Чапай курдук быган туран ыйыы-кэрдии биэрэн ыһыы-хаһыы бөҕө буолла. Инньэ гынан:
– Аппанаа! – дэппитинэн фургоны ньылбы тардан ылан нөҥүө таһаардылар.
Анараа өттүгэр тахсан баран уот оттон чэйдээтилэр. Кирииһэлээх аахайбат курдук, ол гынан баран, олус кыраҕытык Таттаам хайдах доширагы бэлэмниирин көрөн олордулар.
Киһилэрэ:
– Абыраллаах аһылык, уолаттар, кусчут-отчут дьоҥҥо ойуурга-хонууга, – диэн хайгыы-хайгыы оргуппут ууларыттан доширак иһиттэригэр кутаттаата.
Дьоһуннаахтык аһыы олорон, Кирииһэлээх соччо улахаҥҥа уурбатах курдук:
– Туһалаах ас эбит. Кытайдар, түөкүттэр, син ону-маны толкуйдууллар ээ, – диэн этэн аһардылар.
Салгыы айаннаатылар. Уонча биэрэстэни бардылар. Онтон букатын күөл халыйа сытарыгар тиийэн кэллилэр. Таттаам түһэн суол омоонун көрдөөн онон-манан хаамыталаан көрдө. “Т-таак, – диэн буолла. – Баран көрүөҕүҥ”. Ол гынан баран, кытыыга кыранан тиийбэккэ эрэ халыс гынан батыллан хааллылар. Тахса сатаан мучумааннаһан көрдүлэр да өссө тимирэн бардылар. Күн ойуур кэннигэр саһан борук-сорук буолла. Бары-барыта иһийэн, дьиппиэрэн, киһи уйулҕата тохтуо суох көрүҥнэннэ.
Таттаамнаах Сүөдэр кураанах сиргэ тахсан эргим-ургум көрүү буоллулар. Сүрүн суолтан ыллык халыйарга дылы.
– Чугас отчуттар бааллара буолуо, баран көмөтө көрдүөххэ, – диэтэ Таттаам. – Тыраактырдаахтара буолуо.
Инньэ гынан, Сүөдэрдиин ыллыгынан баран, букатын хараҥаран эрдэҕинэ отчуттары буллулар. Олор кыра ампаар дьиэҕэ отууламмыттар эбит. Сылааһа, кураанаҕа үчүгэй да баҕайы эбит. Ол гынан баран, бу дьон билигин трактордара суох буолан биэрдэ.
– Бөлөрүүстээхпит. Сарсын сарсыарда кэлиэҕэ, – отчуттартан кырдьаҕастара быһаарда. – Дьоҥҥутун манна аҕалан сынньатыҥ.
Таттаам соҕотоҕун дьонун сылгылыы төнүннэ. Бииктэр массыынаҕа хоно хаалла, атыттар бары отчуттар отууларыгар бардылар.
Онтон ампаар дьиэ иһэ оҕолор чубугурааһыннарынан туола түстэ. “Хээпи биис дээй”, – ырыата чугдаарда.
– Ырыаһыт да оҕо сылдьар эбит, – диэн отчуттар сөхтүлэр.
Чэй өрөн истилэр, куорат, атын улуус, тыа сирин олоҕун туһунан сэлэстилэр.
– Олох ыараатар ыараан иһэр, – диэтэ кырдьаҕас. – Дьиҥнээх хомуйууһумга олорон ааспыппытын билбэккэ хаалбыппыт. Биһиги, сахалар, хайдах-хайдах буолабыт? Ону эһиги, үөрэхтээх дьон туох дии саныыгыт?
– Өйбүт-санаабыт уларыйыан наада, – диэн хардарда барыларын кытары билсэ охсубут Сүөдэр харса суох аһыы олорон. – Áèһèãè àéûëҕà, îëîõ áүãүҥҥү òóðóãà õàííà èëäüýðèíýí, áýéý ñóîëóí-èèһèí êөðäүү ñàòààáàêêà, òóîõõà äà óòàðûëàñïàêêà òààõ îëîðобут.
– От-мас курдук буолар эбиппит дии оччоҕо, – эдэр отчут, оһох иннигэр табаах тарда олорон, тыл кыбытта.
– Олус да мас-от курдук буолбатар, – диэтэ Сүөдэр. – Былыргылыы өйдөөхпүт-санаалаахпыт. Таах олоробут эрэ. Тугу да билэ-чинчийэ сатаабаппыт. Оннукпут. Ити, бука, итэҕэлбититтэн тутулуктааҕа буолуо.
– Дьэ эрэ, – кэтэҕэриин оронтон саас ортолоох киһи сэргээтэ.
– Биһиги итэҕэлбититтэн көрдөххө, барыбытын холбуур биир сүрүммүт суох. Ол иһин буолуо, өйбүт-санаабыт ыһыллаҕас, барыны барытын чычаастык сыаналыыбыт-көрөбүт. Инньэ гынан, таһыммыт кыра. Оттон оннук дьон олохторо хайдах буолуой?.. Ол гынан баран, мин манныгы ыйытыахпын баҕарабын. Холобур, сардаҥаҕа сырдыгы, сылааһы биэрэрин эрэ иһин, күнтэн арааран, махтаныахха, үҥүөххэ сөп үһү дуо?
– Ол аата туох диэн эрийдэххиний? Тутатына өйдүүргэ ыарахан, – диэтэ кырдьаҕас.
– Бары барыта биир сүрүннээх буолар, онон олох сүүрүгэ биир күүһүнэн салаллар. Ол аата Таҥара биир. Иччилэр былаастара суох.
– Ама дуу? – кырдьаҕас тыл кыбытта.
– Кистэлэҥ уратыта диэн кини киһи хараҕар быраҕаллыбат. Ону көрөргө мындыр өй наада. Оҕолорбутун оннук иитиэхпитин наада, – диэн эттэ Сүөдэр, чэй иһэ-иһэ.
Саас ортолоох киһи орон оҥорон баран Людмилаҕа эттэ:
– Кэлэн оҕолоргун кытта манна сытан сынньаныҥ.
– Баһыыба, – диэтэ Людмила.
Сыттылар. Сотору кэминэн оҕолор муннулара сыыгынаабытынан барда.
– Мин, – диэтэ кырдьаҕас, онтон тохтуу түһэн баран салҕаата: – оҕо сылдьан ийэбиттэн манныгы истэр этим ээ, мэлииппэ курдугу:
“Күн Күбэй Аан Дархан Ийэм барахсан!
Көмүскээ, харыстаа, көмөлөс.
Сылаас мичээргин эргит,
Сүрэҕиҥ итиитинэн илгий,
Арылхай сырдыккынан иннибин сырдат,
Мөлтөх бэйэбин араҥаччылаа,
Кэрэ кэнчээрибин бүөбэйдээн илдьэ сырыт.
Көмүскээ, харыстаа, көмөлөс.
Уруй-туску”.
– Буот этдаа, – диэн саҥа аллайда эдэр. – £йдүү да сылдьарыҥ бэрт эбит дии. Бирээмэ хоһоон курдук.
– Ийэм эрэйдээҕи хайдах умнуохпунуй? – диэтэ кырдьаҕас.
– Хата, бу интэриэһинэй буолаайаҕыный! – дии оҕуста Сүөдэр, чааскытын остуолга “лас” гына уураат. – Ама дуу? Бу биир сүрүннээх итэҕэл суолун курдук ээ!
– Сити курдук, – диэн сөбүлэстэ орто саастаах.
– Кырдьык этэбин, – диэтэ кырдьаҕас. – Тоҕо айыахпыный?
– Дьэ-дьэ… – Сүөдэр улаханнык сэргэхсийдэ. – £скө чахчы баар буола сылдьан баран, умнуллубут итэҕэллээх буоллахпытына, ол туоһута күннээҕи олохпут тэрилигэр, малыгар-салыгар баар буолуон сөп ээ. Ону биһиги аахайбаппыт… Холобур…
Тото аһаабыт Таттаам остуол таһыгар олорон нуктаан барда.
– Таҥара, итэҕэл, кут-сүр… Ити туохха наадалаах дьыаланый? – диэтэ эдэр, оһох аанын аһан табаҕын онно быраҕан баран. – Киэһэ аһыыра суох сылдьан. Таах былыргы өй-санаа…
– Тохтоо-тохтоо! – Сүөдэр тугу эрэ иһиллиирдии аҥар илиитин ууммутунан эмискэ чөрбөс гынна.
Бары чуумпура түстүлэр.
– Чороону… чороону үчүгэйдик өйдөөн көрбүккүт дуо? – Сүөдэр сипсийэ былаан ыйытта.
– Дьэ, – диэтэ эдэр.
– Быһыытын үчүгэйдик өйдөөн көрдөххө, хайдах эрэ толуу хаан Ийэ-дьахтар көрүҥүн санатар курдук.
– Кырдьык даҕаны, – саас ортолоох сөҕөн кэҕис эрэ гынна.
– Тугуй бу? Түбэспиччэ дуу эбэтэр чахчы туох эрэ суолталаах дуу? Чороон урут ханнык эрэ Улуу Итэҕэл сиэригэр-туомугар туттулла сылдьыбыт аналлаах иһит буолбатаҕа буолуо дуо? Туох дии саныыгыт? – Сүөдэр дьонун эргиччи көрдө.
Кырдьаҕас мүчүк гынаат төбөтүн эрэ быһа илгиһиннэ.
Таттаам атын босхо ороҥҥо баран сытта. Уутун быыһынан иһиттэҕинэ, Сүөдэр көөҕүнээ да көөҕүнээ:
– Мин санаабар, сàõà îìóãóí äüèҥíýýõ áàñòàêû ñîðóãà – ÷óëóó îҕîëîðó áóëàí èèòýí òàһààðûû. Îë ààòà, îìóêòàð үөðýõòýðèí òîëêóéà ñóîõ áàòûһûû äèýí áóîëáàòàõ. Ñүүñ үөðýҕè áүòýðýí да áàðàí äàëàé àêààðûíàí õààëûàõõà ñөï.
“Куолуһут да барахсан, – дии санаата уутугар аҥаарыйан иһэн Таттаам. – Сотору Маша биир муостанан хаамтарыаҕа”.
– ¥өðýõ ýáèè өéү áèýðáýò, – Сүөдэр уутугар-хаарыгар киирэн истэ. – Áàñòàòàí òóðàí, àéûëҕà àðààñ ñүðүí êèñòýëýҥíýðý àðûëëà èëèêòýðèí áûһûûòûíàí, õàííûê áàҕàðàð äüèêòè ñөҕүìýð ñàíàà êèýð èëãèëëèý, êүëүү ãûíûëëûà ñóîõòààõ. Дüүһүííýýí ýòòýõõý, девизпыт – ñàõà îҕîòî, перпетуум мобиле, âå÷íûé äâèãàòåëü, àëáàһûí, êèñòýëýҥèí àðûéàðãà äüóëóñ! – äèýí áóîëóîõòààõ.
– Ону биһиги кыайабыт дуо? – кырдьаҕас саарбаҕалаата. – Кыдьыкпыт таҥнары тарда туруо буо. Ким эрэ тахсаары гынна да, бары саба түһэн аллара тардан барар идэлээхпит дии. Уонна хобу-сиби тарҕатарбыт, ону итэҕэйэрбит?
– Ити, биллэн турар, куһаҕан, – Сүөдэр сөбүлэстэ. – Ол гынан баран, ону кыайыахпытын наада. Ол туһугар ити итэҕэстэр төрдүлэрин-төбөтүн ырытар наада. Холобур, хîï-ñèï диэн áèһèýõý тугуй? СМИ. Иíôîðìàöèÿ. Тулалыыр эéãýҕý ñûһûàммытûí, ñûàíàáûëбытын äüîҥҥî-ñýðãýҕý òèýðäýð, үëëýñòýð дьоһуннààõ ньымабыт. Төðүөòý áèһèãè êèýҥíèê òàðҕàììûò ñóðóãà-áè÷èãý ñóîõ, àëààñ àëààһûíàí ûһûëëàí îëîðáóïïóòóãàð ñûòàð…
Онтон саҥата улам-улам, Таттаам иһиттэҕинэ, умуллан сүтэн хаалла. Бүтэһигин кырдьаҕас сүбэлиирэ дуораһыйан ылла:
– Эһиги сынньанар кэмҥитигэр суолтан туора тахсан тэйиччи тохтуур буолуҥ. Эҥин араас дьон баар. Оҕолоргутун харыстааҥ.
Сарсыарда “Беларусь” трактор тиҥинээн тиийэн кэллэ уонна таһырдьаттан тракторист сөхпүт саҥата иһилиннэ:
– Хайыы, бу туох дьоһун дьоно кэлэн туралларый? Аатыҥ ким диэний, то-ом?
– Катикка.
Онтон тыас-уус буолан тракторист дьиэҕэ киирэн кэллэ.
Кэпсэтии-ипсэтии кэнниттэн массыынаны хостуу айаннаатылар. Ол гынан баран, сатамматылар. Трактордара бэйэтэ кабинатыгар дылы тракториһы хаһыытаппытынан тимирэн хаалла, инньэ гынан, өссө ыаллыы сытар отчуттартан баран атын тракторы сылгылаан кэллилэр. Ол эрэ кэнниттэн фургоны бары көмөлөөн бэркэ тиритэн-хорутан таһаардылар.
– Аппааһынай айаннаах дьон буоллугут, – биир тракторист төбөтүн быһа илгиһиннэ. – Бу суолунан, мин билэрбинэн, өссө ким да сылдьа илик ээ.
– Төннөр кыах суох, – Таттаам илиитин даллах гыннарда. – Онон иннибит диэки барарбытыгар эрэ тиийэбит.
– Соҕурдук, – диэн сөбүлэстилэр отчуттар. – Чэ, кытаатыҥ. Этэҥҥэ. Ол гынан баран, туох эмит буоллаҕына, биһиэхэ баҕас төннөөрүҥ. Тугу эмит тобулуохпут.
Сити курдук араҕыстылар.
Онтон сатыы киһи курдук айаннаан иккис күннэригэр атын дэриэбинэҕэ тиийдилэр. Олохтоохтор түннүктэрэ эрэ барбах кылаҥныыр, бүтүннүү бырыы-бадараан буолбут, хантан тахсан кэлбитэ биллибэт массыынаны дьиктиргээн ахан көрдүлэр. Ойууртан борохуот сыылан тахсыбыта буоллар, бука, кыратык сөҕүөхтэр быһыылаах.
– Саппараапкаланыахпытын наада, – диэтэ Таттаам.
Ааһан иһэр олохтоохтортон сураһан билбиттэрэ, бензини нэһилиэк баһылыга эрэ дьаһайар эбит. Инньэ гынан администрация дьиэтин буллулар. Баһылык бэркэ сылаарҕаабыт көрүҥнээх, нэһиилэ сыыйан саҥарар, холку киһи буолан биэрдэ. Онуоха эбии остуолун сааһылыыр дьарыга киирэн, туора дьоҥҥо кыһаллыбата.
– Бензин суох, – диэтэ. – Уонна эһиги ыраатыаххыт суоҕа. Мантан сэттэ биэрэстэлээх сиргэ иэдээннээхий сир сытар. Ону, баҕас, хайдах да туоруоххут суоҕа.
– Оччоҕо хайыыбыт? – диэн ыйытта Таттаам.
– Бэйэҕит дьыалаҕыт, – тойон кумааҕыларын бэрийэ олордо. – Массыынаҕытын хаалларыҥ уонна бэйэҕит сөмөлүөтүнэн көтүҥ. Манна, дьон муһуннаҕына, сөмөлүөт кэлэн барааччы.
– Кимиэхэ хаалларабыт? – Сүөдэр тыл кыбытта.
– Бэйэҕит билэҕит, – баһылык биир лииһи туора уурда.
– Оттон эйиэхэ хааллардахпытына? – Сүөдэр хааһа түрдэһиннэ.
– Мин харайбаппын, – анараата түргэн үлүгэрдик эппиэттии оҕуста. – Кимниин эмит кэпсэтиҥ.
– Эһиэхэ тыраактыр баар дуо? – Таттаам сураһан көрдө.
– ¥лэлии сылдьар.
“Киһи кыайан кэпсэппэт киһитэ быһыылаах”, – дии санаата Таттаам уонна Сүөдэргэ хайыста:
– Бардыбыт.
Маныаха баһылыктара хайдах эрэ үөннээхтик мүчүк гынан ылла уонна эттэ:
– Манна биһиэхэ биир киһи бэйэтэ чааһынай тыраактырдаах. Дыты сэттэ уон биэс. Ону кытары кэпсэтэн көрүҥ. Баҕар, кураанах сиргэ дылы илдьэн биэриэ.
Ол киһи аадырыһын билэн, онно бардылар.
Хаһаайын уолунаан олбуордарын иһигэр саҥа тутуллубут дьиэҕэ үлэлии сылдьаллар эбит. Ыгыы күүһүнэн эрэ көхсүнэн туран кэпсэтэр киһи буолан биэрдэ. Эппиэттэрэ барыта “суох” эрэ диэн. Тас дьүһүнэ, туттара-хаптара: “Хайдах да буолуҥ, баскытынан да атаххытынан да туруҥ, өлүҥ да хайааҥ да”, – диир курдук.
Инньэ гынан туох да туһата суох араҕыстылар.
Киниттэн баран истэхтэринэ, аара биир кыра лаппарыйбыт киһи тохтотто уонна массыына иһин өҥөйөн туран ыйытта:
– Эһиэхэ бензин наада дуо?
– Биһиэхэ, биһиэхэ, – диэтэ Таттаам.
– Тугунан төлүүгүт? Харчынан дуу, иһитинэн дуу? – уонна хараҕа түргэн-түргэнник сүүрэкэлээн массыына иһин, дьону-оҕону барытын, тугу да мүччү түһэрбэккэ, дьэҥдьийэ көрөн ылла.
– Хайдах баҕараргынан.
– Аһара бэрт. Миэхэ, уолаттар, кыра бензиннээхпин. Бардыбыт.
Бу табаарыс Таттаам аттыгар олорон, ханна бара сылдьыбыттарын истээт сырдатта:
– Ити киһиттэн кыһын хаары да ылыаҥ суоҕа. Ыйылыыр ыт. Чыыста кулаах, учуутал эрээри. Ол баһылык соруйан ыыта сылдьыбыт, күлүү гынан.
Заправкаланнылар да тута хоҥуннулар.
Айаннаан, дьэ били тойон эппит сиригэр тиийэн кэллилэр. Кырдьык, иэдээннээх бырыы-бадараан халыйа сытаахтыыр эбит.
– Муора, – диэтэ Сүөдэр.
Таттаам ураҕас ылан, тайахтанан, суолу көрдүү ойуур кытыытынан нөҥүө өттүгэр барда. Кинини Сүөдэр батыста. Тобугу ааһар уу, кута кэриэтэ.
– Бүттүбүт быһыылаах, – Сүөдэр улаханнык мунчаарда.
Таттаам саҥата суох ууга тайаҕын батары биэртэлээн суолу чинчийэ истэ. Бу кэмҥэ ойуур анараа саҕатыттан орулаабытынан “ГАЗ-66” ойон таҕыста уонна бокуойа суох ыһыланнаран ууну ортотунан иннин диэки астарда. Батылла сыста, түөрэ-лаҥкы түстэ, бурдьугунаата-курулаата, буруо бөҕөнү таһаарда, ол да буоллар, кураанах сири булла.
– Хата, көмөлөһөөйөллөр? – Сүөдэр үөрэ түстэ.
Таттаам хардарыан иннинэ массыына тохтообокко астара турда.
– Бэйэлэрэ нэһиилэ таҕыстылар.
Онтон нөҥүө тахса сылдьан баран төнүннүлэр.
– Туоруурга ыарахан буолсу, – Таттаам кэтэҕин тарбанна. – Бакаа сынньана түһүөҕүҥ, биир толкуй баар.
Хараҕар кэлииккэ таһыгар, төбөтүн хоҥкутан, олбуорга көхсүнэн өйөнөн турар Ольга көстөргө дылы…
Сарсыарда санаатын үллэһиннэ:
– Тыраап курдугу оҥостуоҕуҥ. Түөрдү. Массыына аан бастаан иккитигэр тирэниэ, уоннааҕытын иннигэр тэлгиэхпит, онтон массыына онно сыҕарыйбытын кэннэ, кэнникитин иннигэр аҕалан биэриэхпит, ол курдук олбуһа-солбуһа соһон баран иһиэхпит.
– Хата, бу үчүгэй толкуй буолаайаҕыный, – Бииктэр тиллэ түстэ.
Мас суулларан, күн аҥаара тырааптары оҥоһуннулар. Тутарга дьоҕус буоллун диэн туора мастары талаҕынан ыга баайдылар.
Онтон чэй иһэн баран, туруннулар. Сүөдэр, Бииктэр уонна обургу уол Дьулус бырыыны-бадарааны курдарыгар дылы оймоон тырааптары состулар. Кырдьык, массыына тимирбэккэ эрэ иннин диэки сыҕарыйдар сыҕарыйан барда. ¥өрүү-көтүү бөҕө буоллулар.
– Таттаам маладьыас! – бадарааны кытары бадараан буола сылдьан хаһыытастылар.
Тиистэрэ эрэ килэйэр. Бу сири икки чаас кэриҥэ сыһан-соһон, эрэйдэнэн туораатылар. Кураанах сиргэ тахсыбыттарын кэннэ, Таттаам эттэ:
– Түөрт сүүс аҕыс уон миэтэрэни бардыбыт. Спидометрынан көрдүм. Сүүс биэрэстэ курдук.
Ситинник гынан иэдээннээх сири аастылар.
Онтон уот оттунан таҥастарын-саптарын куурдуннулар. Чэй оргутан истилэр.
Бу кэнниттэн суол арыыйда буолла эрээри, син биир түргэтээбэтилэр. Кумах. Айан бытаан буолла. Дьэ онтон сир чиҥээтэр чиҥээн барда. Сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ, ол иһэн кыра соҕус уулаах сиргэ тиийэн кэллилэр. Таттаам массыынатын тохтотон түннүгүнэн кыҥыыр курдук одууласта уонна “Ээх!” – диэбитинэн гааһын үктээн кэбистэ.
– Сэрэнээр, Таттаам, – диэтэ Сүөдэр, ону кытары массыыналара халтарыйан аҥаар өттүнэн тимис гынан хаалла.
Бары хаһыытаһа түстүлэр.
– Тугун кыһыытай? – Таттаам, олорбохтуу түһэн баран, саҥа таһаарда. – Оттон оннооҕор буолуох сири ааспыппыт этэ дии.
Түһэн көрдүлэр. Массыыналара лаппа олорбут уонна өссө эбии түстэр түһэн иһэр эбит.
– Маамыт, – диэтэ Таттаам. – Бөһүөлэккэ дылы төһө эбитэ буолла? Көмөтө суох тахсар кыаҕа суохпут.
Сүөдэр сэҥийэтин имэринэ-имэринэ массыынаны одуулаһан турбахтаата, онтон эттэ:
– Уолаттар, туохтуоҕуҥ, рычаг оҥостуоҕуҥ. ¥өһэ астахпыт аайы, көлүөһэ анныгар мас уган иһиэхпит, инньэ гынан, көтөхтөрүөхтээхпит.
Санаалара, кырдьык, табылынна, инньэ гынан, таҕыстылар. Таттаам аһара астынна уонна:
– Сүөдэр, син кыһалыннаххына төбөҥ үлэлиир ээ, – диэн күтүөтүн хайҕаата. – Итиэннэ, баҕас, этэҥҥэ айанныыр инибит, туох кыраатаҕай?
Ол гынан баран, сотору биир уу-бадараан сиргэ кэлэн син биир батылыннылар. Дириҥэ бэрт буолан, кыайан тахсыбатылар.
Таттаам уонна Сүөдэр, чугаһынан бөһүөлэк баар буолуохтаах диэн сылыктаан, сатыы ол диэки бардылар. £р хаамтылар, балтараа чаас кэриҥэ. Сүөдэр атаҕа ыалдьан суол кытыытыгар олорон сынньанан ыллылар. Киэһэрэн барда.
– Атаҕым мөлтөх ээ, – Сүөдэр буруйдаах киһи курдук мүчүк гынна.
Бу кэмҥэ мастар быыстарыттан кирдээх маҥан ыт ойон тахсан иннин диэки сүүрэн кылабачыйа турда.
– Көр эрэ, бөһүөлэк сугаһаата ээ, – диэтэ Таттаам.
Туран, ыт ойбут сирин диэки бардылар.
Фермаҕа таҕыстылар. Отой хараҥарда. Араас ыт үрүүтэ бөҕө буолла. Биир дьиэ таһыгар “Беларусь” трактор турарын көрөн онно киирдилэр. Ыаллар, икки эдэр дьон, киэһээҥҥилээри олороллор эбит. Остуолга ыҥырдылар. Килбик көрүҥнээх хаһаайка саҥата суох чэй кутаттаата. Атаҕын анныгар саҥа үнэн эрэр оҕо булумахтаныы да булумахтаныы. Телевизорга: “Маноло, наша дочь слышит музыку”, – диэн дьахтар курус саҥата иһиллэр.
– Хантан иһэҕит? – хаһаайын ыйытта.
– Куораттан, – диэтэ Таттаам.
Хаһаайын соһуйбата.
– Мантан биир көстөөх курдук сиргэ батыллан хааллыбыт ээ. Көмөлөспөккүн ээ, – Таттаам көрдөстө.
– Чэйдээҥ, – хаһаайын остуолу ыйда. – Онтон барыахпыт.
Таттаам олус үөрдэ уонна:
– Аатыҥ ким диэний, доҕор? – диэн ыйытта.
– Оппуонньа диэммин, – диэтэ хаһаайын дьоһуннаахтык.
Онтон трактордарын собуоттаан аттаннылар. Сүөдэр атаҕа ыалдьыбыт аатыран хаалла.
– Хайдах олордугут? – Таттаам суолун көрө иһэн ыйытта.
– Олоробут, – Оппуонньа эппиэтэ кылгас буолла.
– Тугунан дьарыктанаҕыт?
– Кэпэрэтиипкэ үлэлиибит. Этдэлиэнньэ оннугар тэрийбиттэрэ
– Хамнас аахсаҕыт дуу?
– Барбах.
– Оттон хайдах олороҕут?
– Олорор курдук.
– Аскыт-үөлгүт? Арай быстан хааллыгыт? Букатын кырыыба сиргэ олорор эбиккит дии, – диэтэ Таттаам. – Биһиги син дойду сиргэ олорор дьон өйөһөн-туохтаһан өссө туруулаһыахпытын сөп.
– Оттон арыт кыратык куттана санааччыбыт да хайыахпытый? Ханна барыахпытый? Уонна нэһилиэкпит да чугас ээ, биэрэстэ эрэ курдук. Олорор инибит.
– Хамнаскын хайдах аахсаҕын?
– Начаанньык бэйэтэ аҕалан биэрээччи. Таах даҕаны, биллибэтэҕэ ыраатта. Икки ый буолла.
– Букатын?
– Оттон нэһилиэккэ сылдьар буолааччы, ол гынан баран, манна, фермаҕа, биирдэ да биллэ илик, кэнники кэмҥэ.
– Оттон ыйыталаһан-туохтаһан иһиэххин, доҕор.
– Туох диэн?
– Бу киһи даҕаны, – Таттаам төбөтүн быһа илгиһиннэ. – Тойоттор эҥин таарыйан ааһаллар дуо?
– Суох буо.
– Оттон хаһыат эҥин кэлэр дуо? Тугу эмит ааҕаҕыт дуу?
– ¥йэ буолла, хаһыат диэни көрбөтөхпүт. Оннооҕор улуус киинигэр куорат хаһыаттара ый буолан баран кэлэллэр. Биһиги диэн. Суокка да суохпут быһыылаах. Оттон эһиэхэ? – Оппуонньа Таттаам диэки көрөн ылла.
– Арыыйда. Улуус хаһыата баҕас кэмигэр кэлэ турар.
– Уонна оттон, дьиҥэр, кэлэрэ да буоллар ону-маны ааҕа олорорго соло суох, – диэтэ Оппуонньа. – Биир кэм мөхсүү. Оннооҕор тэлэбиисэри мээнэ көрүллүбэт. Уонна биһиэхэ биир эрэ ханаал көстөр, ону да икки чаас араасньыссалаах, онон интэриэһинэй барыта түүн буолар, ону көрөн олоруохпут дуо, сынньаммакка?
– Бэйэҥ тускар киирсэ үөрэннэххинэ сатаныыһык быһыылаах, Оппуонньа, – Таттаам өҥдөҥөлөөтө. – Кутталлаах, ол-бу буоллаҕына, өрүһүнүөххүт суоҕа.
– Оттон араадьыйаҕа-тэлэбиисэргэ, хам-түм иһиттэххэ, көнөн эрэбит, күн-түүн тупса турабыт дииллэр дии.
– Остуоруйа-а! Кинилэр тыллара диэн, – Таттаам сапсыйан эрэ кэбистэ. – Куораттан тэйбэккэ сылдьан. Манна биһиги хайдах олорорбутун билэллэр үһүө? Аҥаардас тойоттор ханна сылдьыбыттарын, туох диэбиттэрин, хайдах мунньахтаабыттарын, тугу куолулаабыттарын, ол-бу артыыстар-туохтар, баайдар-атыыһыттар хайдах олороллорун эрэ сэһэргээн-көрдөрөн тахсаллар. Араас шоу-моу! Киис-миис! Боруоста албын-түөкэй үйэ кэллэ! Куораты көрөн иһэбин. Тыын былдьаһыгынан сырыттым. Сыыһа-халты туттуннуҥ да маамыт. Депутатыҥ да көмөлөһөр кыаҕа суох, онуоха эбии, ол тойону булар да ыарахан быһыылаах… Эһиги депутаккыт кимий?
– Билэр суох.
– Оттон быыбардаабатаҕыҥ дуо?
– Быыбардаабытым.
– Оччоҕо хайдах билбэккин, оннооҕор мин билэбин дии, бэйэбит киэнин. Олус сымыйаччы киһи да хайыахпытый, атыттар өссө түөкүттэр быһыылаах, – диэтэ Таттаам. – Инньэ гынан, ол табаарыска биэрэн турабын. Куолулуура үчүгэйэ бэрт. Бирээминэ кини кыайбатаҕа-хоппотоҕо, эрэннэрбэтэҕэ диэн суох. Ымыттан да көрбөт.
– Биһиэнэ да ордубата ини, – Оппуонньа тыл кыбытта. – Мин түбэһиэх куоластаабытым. Кимиэхэ биэрбиппин, бу диэн өйдөөбөппүн. Арааһа, начаанньыгым ыйан биэрдэ этэ.
– Боруоста албын-түөкэй үйэ! – Таттаам мэктиэтигэр салгыны быһа охсон ылла.
– Мин көрдөхпүнэ, оччо уларыйыы суох курдук ээ, – диэн холкутук эттэ Оппуонньа. – Биһиги начаанньыкпыт урут да тойон этэ, билигин даҕаны. Хонтуора да син биир тобус-толору.
– £ссө бууса буоллулар, – Таттаам үөһэ тыынна.
Саҥата суох айаннаатылар, онтон Оппуонньа эттэ:
– Хата чуумпута миэхэ үчүгэйгэ дылы. Этиһии-охсуһуу суох. Ньиэрбэ алдьаммат.
– Оммаран, аһара түҥ хааһах буолан олорор эмиэ соччото суох. Ханна илдьэн саккырытыахтара биллибэт далай дьону, – Таттаам ытыһын сотунна. – Бэйэҥ көрдөспүтүҥ диэн буолуо онтон.
– Таах да оннук, – диэн сөбүлэстэ Оппуонньа.
Ити иһэн, сирдэригэр тиийэн кэллилэр. Хабыс-хараҥа. Лиҥкинэс мастар боруоран аҕай тураллар. Букатын киһи тэһийиэ суох курдук.
Оппуонньа тракторыттан түһэн ону-маны көрдө, толкуйдаата. Онтон ууга астаран киирдэ да, трактора массыынаны кыайан таһаарбакка, ырычаахтаһан баран, бэйэтэ тимирдэ.
– Атын тракторы көмөҕө аҕалыахха наада, – диэтэ Оппуонньа.
Инньэ гынан, сатыы Таттаамныын бөһүөлэккэ төнүннүлэр. Оппуонньа дьырайан киэҥ хардыылаах уол буолан биэрдэ. Биир кэм бар да бар. Таттаам нэһиилэ ситэн истэ. Түүнү быһа хааман-сиимэн, атын тракториһы тылларыгар киллэрэн, сарсыарданан кэлэн дьэ таһаартаатылар.
Онтон Оппуонньалаахха сынньанан, тыын ылан, салгыы айаннаатылар. Бу кэнниттэн арай биир эрэ сиргэ, толору уулаах, сүүрүктээх баҕайы үрэххэ кыратык иҥнэ сырыттылар. Таттаам ууга киирэн, маһынан анньыалаан суол көрдө, онтон талахтары быһан, олору батары саайталаан, ханан барыахтааҕын бэлиэтээтэ. Трамблерын целлофанынан эрийдэ, вентиляторын эрэмиэнин уһулла.
– Уу ыстаҕына, умуллан хаалыахпыт, – диэтэ.
Онтон Сүөдэр сыгынньахтанан үрэххэ киирдэ.
– Уччукуу! – диэн хаһыытыы түстэ. – Тугун тымныытай?!
Сэрэнэн инники диэки хаамта. Массыына аргыый аҕай батыста. Сүүрүккэ оҕустара сыстылар. Ол да буоллар, этэҥҥэ туораатылар. Ол кэннэ ханнык да улахан моһуокка түбэспэккэ кутуу суолга тиийдилэр.
– Бүлүү! – Таттаам үөрэн хаһыытаата.
Иннигэр Ольга мичилийбитинэн, күлүмүрдээбитинэн кэлииккэттэн устан эрэрдии сымнаҕастык, көтүөх курдук өрө тэйэн кини диэки хардыылаата…
– Манна сынньаныаҕыҥ, онтон салгыы айанныахпыт, – диэтэ Таттаам.
Хонон турдулар, сарсыарда чэй иһэн баран хоҥуннулар. Сир-дойду айылҕалыын атын буолла. Киэҥ кураанах сыһыылар. Чиҥ суол. Дэриэбинэлэр үксэ чугас-чугастар. Ким да кинилэргэ кыһаллыбат.
– Дойду сир, – диэн быһаарда Таттаам.
Ити курдук, уон биэс хонук тыһыынча километры айаннаан, киэһэлик дойдуларын буллулар.
Мария дьонун үөрэ-көтө көрүстэ, Сүөдэри кууһан ылла:
– Тыыннаах кэллиҥ дии! – уонна быраатыгар ытамньыйа былаан эттэ. – Мииккэ, быраатым котоку! Олус да абыраатыҥ!
Оттон Сүөдэр буоллаҕына кыайан-хотон кэлбит киһи курдук түөһүн мөтөтөн аҕай сырытта. Табаар бөҕөнү, массыынаны тобус-толору аҕаллахтара.
Бииктэр Таттаамы дойдутугар таһааран биэриэх буолла.
Мариялаах Сүөдэр дьиэлэрин таһыгар туран үөрэ-көтө далбаатыы хааллылар.
Ааһан иһэн оҕолору ийэлэринээн тиэргэннэригэр түһэрдилэр.
Олор арахсаары туран Таттаамҥа:
– Кэлэ сыддьаай, – дэстилэр.
– Булгу, – диэн Таттаам тылын биэрдэ.
Ольга ис-иһиттэн сырдаан, кинини кэлииккэ таһыгар, уолун сиэтэн, күүтэн турар эбит.
– Мин кэлли-им! – диэн хаһыытаабытынан Таттаам массыынаттан ойон түстэ.
Ольга саҥата суох, ытыыра-күлэрэ биллибэт, иннин диэки хардыылаата, Мичил: “Паа-паа-аа!!!” – диэн хаһыы-ыһыы буолан илиитин даллаппытынан утары сүүрдэ…
Сити курдук Таттаам куоракка бара сылдьан турардаах.
***
Валерий МЕКУМЯНОВ.
Үчүгэй баҕайы кэпсээни суруйбут, Мөкүмээнэп.
Урут аахпытым, былыыр-былыр.
Били Елексей Байбаалап ити Таттаамы онньуур киинэтин кербутум.
Олох
Билигин да астына аахтым, кул да кул буоллум!
Бэлиэрий, сахалыы суруй, нокоо!
Бу Ньурба уола этэбин!
Нууччалыы суруйан дуомнаабыккын ким да аахпат, нокоо!
Сымыйанан сирэйгэр хай5аабыта буолаллара буолуо да, ким да аахпат буо!
Онон сахалыы-махалыы суруй, нокоо!
Нууччалыы да астыктык суруйар. Хайгыахха эрэ сеп.
Бэлиэрий, атын дьон аатыттан суруйда5а буолума доо!
Нууччалыы дуомнаабытын – ыт да сытыр5алаабат дии доо?!
Бэркэ. Атас! Бэйэм ааппынан суруйар идэлээхпин. Уонна сэhэни себулээбит буоллаххына, быhа эт, улуутумсуйбакка. Туох куhа5ан кыдьыгай, хампыаты саахха биhэн баран биэрэр кэриэтэ себулээбиккин биллэрии диэн? Уонна эн нууччалыы сатаан аахпат буоллаххына, саха барыта оннук буолбатах. Айымньыны учуутал курдук туттубакка аах. Ким суруйбута дьыалата суох. Уонна саха омукпун, ол иhигэр эйигин, сылаастык санаан туран суруйдум. Бу сэhэн – аллегория. Суол – билинни олохпут. Биhиги, сахалар, самныахпыт суо5а.
Микумянов -hинтарь уола hаллии баайы hеhени hуруйбут
hорох пахац hаллан хаалла.