Ый ааста – сөмөлүөт саахалыгар түбэспиттэргэ көмө суох, буруйдаахтары накаастыыр санаа эмиэ
Aartyk атырдьах ыйын 30 күнүээҕи чааһынай сөмөлүөт саахалын туһунан хас да ыстатыйа суруйда.
Быһылааҥҥа икки ыал ийэтэ суорума суолланна, оҕолор тулаайах хааллылар, хас да киһи улаханный эчэйдэ. Бу тухары буруйдаах дьоҥҥэ туох да миэрэ ылыллыбакка, бэл силиэстийэ барбакка “харан” турар. Бүтүн икки киһи күн сириттэн матта. Икки ыал күндүттэн күндү дьонун сүтүгүн аһыытыгар тимирэн аана суох алдьархайга тэбиллэн, сир-халаан ыйааҕар туран хааллылар. Киһи олоҕо туохха да сыаналаммат буолбута дьэ сүрдээх эбит! Ыт өлбүтүгэр да холоммото.
Оттон буруйдаах урбаанньыт Сергей Кривошапкин, саахалламмыт сөмөлүөтүн тэрилтэтин сабан баран, хаттаан тэрилтэ тэрийэн, туох да буолбатаҕын курдук, сөмөлүөттэрин көтүтэ сылдьар сурахтаах. Ама да халыҥ харчыга хараҥарбыт иһин, оттон, сахалыы “аньыы”, “сэт-сэлээн” ситиэ, “үтэһэ туолуо” диэн кыратык да ытырыктатан көрбөтө буолуо дуо, бу ама?! Дьэ, сүрдээх…
Соторутааҕыта “Саха сирэ” хаһыат биллэр суруналыыһа Ангелина Васильева эмсэҕэлээбит дьону көрсөн интервью ылла. Ону ааҕааччыларбытыгар тиэрдэбит:
“Атырдьах ыйын 30 күнүгэр Дьааҥы Суордааҕар көтөн испит чааһынай хампаанньа сөмөлүөтэ хайаларга сууллан, икки киһи суорума суолламмыта.
“Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтигэр саахалга эмсэҕэлээбит дьон: тыыннаах ордубут Дмитрий Слепцов уонна тыына быстыбыт Татьяна Старостина кэргэнэ Иван Старостин кэлэ сырыттылар. Кинилэр сүрүн туруорсуулара – билиҥҥи туругунан, холуобунай дьыала тэриллибит эрээри, экспертиза оҥоһуллубакка, силиэстийэ тохтоон турар. Ыйтан ордук кэм ааста да, туох үлэ ыытыллара биллибэт, эмсэҕэлээбиттэргэ туох да көмө оҥоһуллубат.
Туоһу кэпсээнэ
Ол күн туох буолбутун, тыыннаах туоһу, Суордаах оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Слепцов кэпсээниттэн истиэҕиҥ.
–Суордаахха чааһынай сөмөлүөт көтөр үһү диэн “батсаабынан” иһитиннэрии кэлбитэ. Миэхэ Татьяна эппитэ. Улуус киининэн эргийэн көттөххө, Суордаах Баатаҕайтан 30-тан тахса көс, онон салгыы 10 чаас, эбэтэр уһаабыта 20-чэ чаас айанныахха сөп. Кыһыҥҥы суолунан уонна мотуорканан. Ол иһин ыарыһах оҕолоох, кырдьаҕастаах дьон быһа тиийэн хаалаары, сибээскэ тахсыбыттар. Ону тэҥэ, сайыны быһа баһаар, буруо буолан, сөмөлүөт көтүүтүгэр хаайтаран, кыһалҕа буоллаҕа.
5 пассажир уонна 2 пилот этибит. Таһаҕас бөҕөтүн тиэммиттэрэ, бензиннээх буочуканы кытта иһирдьэ киллэрбиттэрэ.
Сарсыарда 5 чааска “Үс Хатыҥ” аттыгар баар чааһынай сөмөлүөттэр көтөр былаһааккаларыттан көтөн тахсыбыппыт. Күннээх, ыраас халлааннаах күн этэ. Дьиибэргээбитим диэн, букатын намыһаҕынан, мастар үрдүлэринэн эрэ көппүтэ. Онтон син үрдээн испитэ. Сэбиэскэй саҕанааҕы “АН-2” сөмөлүөт этэ: уун-утарыта көрсөн олороҕун. Нуктаан ылбытым.
Сэттэ аҥаар чаас диэки, арай, көрбүтүм, хайалар быыстарынан, намыһах баҕайынан көтөн иһэр эбиппит. Ол икки ардыгар, иккитэ-үстэ хачайдаан ылбыта, улахан охсуу кэнниттэн барыта күөрэ-лаҥкы буола түспүтэ.
Туох баар таһаҕастар уонна утары олорбут дьон биһиги үрдүбүтүгэр кэлэн түспүттэрэ. Дьоҥҥо бензин тохтубута. Пилот: “Бука бары тахсыҥ!” – диир саҥата иһиллибитэ. Биһиги хамсыыр да кыахпыт суох, баттатан, тыыммыт хаайтаран, нэһиилэ олорорбут. Хайдах тахсыбыппын өйдөөбөппүн, пилоттар таһаарбыттара быһыылааҕа.
Хайа үрдэ буолан, наһаа тымныы тыаллаах, курдары үрэр. Туох да буруо, былыт суох, ыраас халлаан. Биир да маһа-ото суох, туруору таас хапчаан. Пилот тыалтан хаххалаан буолуо, сөмөлүөт кутуругун диэки, аллараа мунньуталаата.
Бары хамсыыр, кэпсэтэр курдукпут. Термостан итии чэй куттан, эмп булан истибит. “Һуу, хата бары тыыннаах эбиппит, көмө көрдүөххэйиҥ…” эҥин диэн кэпсэттибит.
Арина Винокурова атаҕа тостубут, аһаҕас баастаах, хаан бөҕө. Ол эрээри, кэпсэтэр, хамсыыр этэ. Атаҕар “шина” туруорбуттара, баайбыттара. Баҕар, шоктанан, бастаан ыарыытын билбэтэҕэ буолуо. Бары да оннук туруктаах этибит. Мин ойоҕоһум, атаҕым тостубут этэ.
Биир пилот атаҕын өлөрөн сыппыта, кырдьаҕаһа ону-маны гынан сүүрэкэлиир этэ. Таһаҕастан ол-бу умайар малы булан, кутаа оттубута. Кини рациянан сибээскэ тахсыбыта, координаталарын, биир эмсэҕэлээбит киһи баарын иһитиннэрбитэ. “Сибилигин көтөн кэлиэхтэрэ” диэбит курдук санаан, кэтэһэн олорбуппут.
Хас эрэ чааһынан үрдүбүтүнэн улахан “АН-26” сөмөлүөт көтөн кэлэн элиэтээтэ, хаста да эргийдэ. “Быыһыы кэллилэр!” диэн үөрүү кыыма кылах гыммытын кэннэ, сөмөлүөппүт төттөрү көтөн хаалла. Чахчыта, сөмөлүөт түһэр сирэ суоҕа.
Ол олордохпутуна, эчэйбит дьахтарбыт өйүн сүтэрэн барда. Саба түһэн, быыһыы сатаатыбыт. Өлүөр диэри искусственнай тыыннарыыны оҥорон, сүрэҕэ тохтообутун хамсата сатаабыттара. Аптечкалара суоҕа, эбэтэр, күөдэл быыһыттан булбатахтара эбитэ дуу? Кини элбэх хаанын сүтэрбитэ, кэлин “болевой шок”, элбэх тостуулаах диэн быһаарбыттар этэ.
Пилот: “Биир киһибитин сүтэрдибит” диэн биллэрдэ. Киэһэлик ЫБММ (МЧС) бөртөлүөтэ көтөн кэллэ, эргийэ түһэн баран, аллараа намтал сир баарын булан олордо. Үлэһиттэрэ хайаны дабайбытынан бардылар. Пилот Татьяна Старостинаны матарааска олордон баран, аллараа түһэрэ сатаата. Ол кэмҥэ Татьяна хамсыыр, кэпсэтэр этэ. Кини бу иннинэ инбэлиит уолун, ийэтин көрөн-харайан, сүүрэ-көтө сылдьыбыта, ким да улахан эчэйиилээх диэн билбэтэхпит. Киэһэлик, арай, миэхэ: “Атаҕым ыарыйда”, — диэбитэ.
Ол эрээри, аллараа түһэрбит кыаллыбат буолла, хараҥаран барда. Бөртөлүөтү үөһэ көтүтэн аҕалан, сиргэ тиийэр-тиийбэт биэтэҥнии турдаҕына, быыһааччылар биһигини көтөҕөлөөн ылан, угаттаан кэбиспиттэрэ.
Бөртөлүөтүнэн көтөн иһэн, куоракка чугаһаан баран, Татьянабыт тыына быстыбыта. Соһуччу этэ. Эмиэ реанимациялыы сатаатылар даҕаны, быыһааччылары кытары быраас кэлсибэтэх этэ. “Эчэйбит дьон бааллар” диэн иһитиннэриини ылан баран, тоҕо бырааһа, анал тэрилэ суох кэллилэр? Дьокуускайтан “Медицина катастроф” бырааһа кэлсиэхтээх этэ. Эрдэттэн миэрэ ылыллыбыта буоллар, кини тыыннаах хаалыахтаах этэ…
Дьокуускайга бээтинсэ киэһэ көтөн кэлбиппит. Иккиэннэригэр өлүү быһаарыыта биир: “травматический шок” диэн туруорбуттар. Дьиҥинэн, биирэ аһаҕас баастааҕа, хаана сүүрэ сылдьара, оттон Татьяна көҕөрүүнү, быһа түһүүнү аахсыбатахха, бааһа-үүтэ суох курдуга…
Чааһынай хампаанньа эппиэтэ суох
Дмитрий Константинович этэринэн, билигин силиэстийэ тохтоон турар. Москваттан салгын саахалын чинчийэр хамыыһыйа кэлэн баран, Кэбээйигэ кыайан көппөккө, төттөрү төннөн хаалбыт. Саахал буолбут сиригэр силиэстийэлиир экспертиза оҥоһуллуохтаах эрээри, онно бөртөлүөтү көтүтэргэ харчы суох үһү. Силиэстийэлиир кэмитиэккэ эппиттэринэн, чааһынай хампаанньа бэйэтэ төлүөхтээх, оттон кинилэр (салайааччы Сергей Кривошапкин) харчы суох дииллэрэ биллэр.
Онуоха ыйытыылар күөрэйэн тахсаллар:
— Хайалаах сиргэ тоҕо намыһах баҕайынан көттө?
— Дьонтон 16-лыы тыһыынчаны, бары таһаҕаска киилэтигэр 280 солкуобайы ылан баран, билиэти да, квитанцияны да биэрбэтэхтэр. Дьону таһар лицензиялаахтар дуо? Эгэ, страховка кэлиэ дуо?
Онтон саамай кыһыылааҕа диэн, эмсэҕэлээбит дьоҥҥо туох да көмө оҥоһуллубатах. Эчэйбит дьон эмтэнэллэригэр, сүтүктээх дьон ийэлэрин кистииллэригэр, өлүгү тиэйэн илдьэллэригэр, тулаайах хаалбыт оҕолорго көмө оҥоһуллуоҕунааҕар, биирдэ да эрийэн кэпсэппэтэхтэр. Старостиннар ийэлэрин өлүгүн дойдутугар 200 тыһыынча солкуобайы төлөөн илдьибиттэр, онно биир дойдулаахтара көмөлөспүттэр.
“Хайдах буоларбын билбэппин…”
Татьяна Васильевна саха тылын учуутала этэ. 50 сааһын туолан, үбүлүөйдээри сылдьыбыта. Старостиннар 2 оҕолоохтор: төрүөҕүттэн 1 группалаах инбэлиит уоллаахтар уонна устудьуон кыыстаахтар. Сайыны быһа эбэлэрин көрдөрөн, көрөн-истэн, Дьокуускайга тардыллыбыттар. Бу уоллара уонна эбэлэрэ сөмөлүөт саахалыгар эмиэ эмсэҕэлээбиттэр: инбэлиит уол ойоҕосторо тостубут, төбөтө, бүөрэ, тыҥата доргуйбут, 77 саастаах эмээхсин сиһин тоноҕоһо эчэйбит, суорҕаҥҥа-тэллэххэ сытар.
Ийэлэрэ Суордаахха үбүлүөйүн ыытаары былаан бөҕөлөөх, туох тиийбэтин атыылаһан, оннооҕор ыҥырыы суруктарын бэчээттэтэн илдьэн испит эбит. Аҕалара Иван Егорович оскуолаҕа хачыгаардыыр, биэнсийэтэ суох, ипотека кирэдьиитин төлүүрдээх, үс иитимньилээх туран хаалбыт…
Ангелина Васильева,
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru”.
***
Aartyk Иван Егорович Старостины кытары төлөппүөнүнэн сибээстэһэ сырытта. Эр киһи “тугу да ситиспэккэ” Дьокуускайтан дойдутугар кэлбитин туһунан этэр. “Туга да суох туран хааллыбыт… барыта харчыга атыыламмыттар дуу, тугуй дьокуускайдар. Ким да кыайан хотуппат киһитэ быһыылаах, ити Кривошапкиннара”, – диэн кэһиэҕирбит куолаһынан этэр.
***
Aartyk.Ru
Того сурэй, догор! Дьон сурэгэ таасбуолбут…
Боростуой киьи олого сыаналаммат, дьокутаат да, борокуратура,силиэстийэ да бары харчыга харанаран, баайы-тоту эрэ араначчылаан эрдэхтэрэ
Улуу сымыйаччы эбиристэб тоҕо айдаарбат.
Кишка тонка буо. Хайа наадалаахха бары уу омурдан баран тугу да билбэтэгэ кербетеге буола сылдьаллар.
Путин прямой эфирдиир дииллэр, онно боппуруос ыытыахха. Боппуруос тиийдэ5инэ Бастрыкин Александр Иванович бэйэтинэн кэлииэ5э. Путин эр бысаарар боппуруоса