Курс валют
$
92.59
0.02
100.27
Курс валют
Курс валют
$
92.59
0.02
100.27
Меню
Поиск по сайту

Сахалар кыһыл көмүһү көмүүгэ эрэ тутталлара

06.02.2023 07:31 2
Сахалар кыһыл көмүһү көмүүгэ эрэ тутталлара

Саха тыла сүһүөх тыл, сүһүөххэ сүһүөх эбиллэн саҥа тыл үөскүүр.
Биир сүһүөхтээзх тылларбыт элбэхтэр. Ол иһин тыл иһигэр тыллар баар буолаллар.

Руна – сүһүөх сурук, фонемата уонна графемата тус соһор өйдөбүллээхтэр.

Сактар көмүһү көмүүгэ эрэ тутталлара.
Ити өйдөбүлэ геннай памятпытыгар сылдьар.

Көм үс – көмүс харах уута.
Көмүскэ уута..
Көмүскэтэрим эрэ хараҕым уута.

Ыраахтааҕылара өллөҕүнэ Күҥҥэ барда диэн таҥаһа көмүс буолар.
Кыра көмүс пластиналары сирийэн тигэллэрэ.
Кыра көмүс пластиланар ойуулара Биэс Харах уонна хаппар оһуорун ойуута буолара хаартыскаларга баар.

Ыраахтааҕы таҥаһыгар улахан кистэлэҥ өйдөбүллээх символлары оҥороллор, элбэх бытархай пластинаҕа оҥороннор сүппэтин хааччыйаллар. Кэлин буланнар кистэлэҥин таайыахтара диэннэр.

Көмүс таҥастаах принц Алма-Ата таһыттан, курган көмүүттэн 1969 с булбуттар.
Билигин Казахстан символа.

Көмүс таҥаһы хайдах оҥороллорун көрдөрөөрү угабын.
Бу принц сыттыгын анныттан үрүҥ көмүс чааскы көстүбүтэ. Түгэҕэр руна суруктаах. Ону Айыҥа аахпыта.

Биэс Харах, хаппар оһуора сактар саҕаттан тиийэн кэлбит Ытык символларбыт.
Мээнэ онно-манна сыбаабакка, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһан туттуохтаахпыт.

Ити кыһыл көмүс таҥастааах принц саха уола диэтэххэ ким да итэҕэйбэтэ биллэр. ” Бырахтарбыт” диэхтэрэ.
Чааскытын руна суруга сахалыы ааҕыллар.

Хороох бэргэһэтэ биэс ОХтоох. Бу символ.
Ону араастаан таайа сатыыллар.
Итэҕэл иитиитигэр 21 сааскыттан хот өй ( Хотой Айыы) таһымыгар таһаараллар. Ити – 5- с халлаан таһыма.
Эдэр, оҕо киһи өлбүтүн көрдөрөн, бэргэһэтин биэс оноҕостууллар.
21 сааһыгар тиийбэтэҕин көрдөрөллөр. Радиоуглероднай анализ 16 саастаах диэн көрдөрбүт.

Саха уҥуоҕун 17-18 үйэтээҕи эргиирдэрэ киһи сааһын көрдөрөр гына оҥоһуулаахтар.
Айыылар халлааннарын таһымынан.

Тадж Махал иһин хаартыскаларын көрүн. Икки саха эргиирэ тураллар.
Джахан Шах 7- с халлаан.
Мустаз 5- с халлаан.
Киһи барыта ШАХ буолбат.
Толору олоҕу олорбут киһи ойохтонор, эрдэнэр, оҕолонор, ону 5- с таһымынан көрдөрөн эргиир оҥороллор.
Хороох бэргэһэни биэс ОХтоон көрдөрүү – оҕо киһи өлбүтүн көрдөрүү.

Ити тугу этэрий?

Киһи аата билбэт, ИЙЭ КУТ сайдыытын таһыма суолталааҕын этэллэр.

Билиҥҥи эргиирдэр киһи төһө баайдык-тоттук олорбутун көрдөрөллөр.

Эргиирдэр итэҕэл өйдөбүллэрин этэллэрин олох соторутааҕыта таайбыппыт.

Чөркөөх музейыгар Суорун Омоллоон эргиирдэри түһэрбит хаартыскалара бааллара, ону дьиктиргээн көрбүтүм.
Биһи эргин да алаас тумулларыгар араас оҥоһуулаах эргиирдэр бааллара.
18- үйэ бүтүүтүттэн үксэ ампаар охсуу буолбуттар. Итэҕэл сүтүүтүттэн.

Суорун Омоллоон хаартыскалара, Эрнст Алексеев маастардаан эргиирдэри хаттаан оҥорбуттара өйдөбүлүн хат ыларга көмөлөстүлэр.

***

Батай Көстөкүүн

Обсуждение • 2

Добавить комментарий
  1. Эппитин

    уруhуйдаан кедерере эбитэ буоллар .

  2. Дьэ диэ

    Комус диэн сахаттан атын тюрдарга Алтын диэн. Сахага Алтан диэн комус буолбатах, атын металл (медь). Того? Ити кытай харчытын кытта сибээстээх. Кытай былыр кысыл комус харчыны онороро. Кытай тулатынаагы тюрк омуктарга эмиэ ол кытай комус харчыта эргийэрэ. Онтон 5 – 6 уйэлэр сагана Кытай кысыл комусэ агыйаан, Комус оннугар Алтан (медь) харчыны онорор буолбут. Онон Кытай харчытын туттар тюрдарга Алтан (медь) диэни кысыл комус (харчы) диэн ойдобулунэн туттан Алтан – золото диэн туттууга коспуттэр. Ол аата сахалар Кытай тула олорор, Кытай харчытын туттар тюрдартан ити кытай алтан (медь) харчыта тэнийэ илигинэ тэйбиттэр, арахсыбыттар. Алтаны харчы бысыытынан буолбакка, медь металл бысыытынан эрэ билэр эрдэхтэринэ. Ол аата 6 – 7 уйэлэр иннилэринэ.

Оставить комментарий