ОТУТ СЫЛ УСТАТА ТУОХ УЛАРЫЙДА? (Саха омук Конгреһын көрсө)
Киириитэ
Софрон Петрович дакылаатыгар маннык тылларынан киирбит:
“Бу дакылаат ыйыы-кэрдии да биэрэр, дьаһайан-дьарыйан да этэр анала суох. Итиэннэ кылгас дакылаакка билигин биһиги норуоппут иннигэр турар соруктары, төһө да боччумнаахтарын иһин, барыларын таарыйар кыаллыбата биллэр”.
Кини төһө да инньэ диэтэр ол кэмнээҕи олох-дьаһах “тыын” боппуруостарын түгү да тумнубакка барытын таарыйбыта, итиннэ санаатын олоччу эппитэ көстө сылдьар. Саха хантан төрүттээҕин этэр, төһө да араас арахсар мөккүөрдээх түөрүйэлэр баалларынүрдүнэн учуонайдар үлэлэригэр олоҕуран саха омуга аан дойду үрдүнэн саамай кырдьаҕас түүрдэртэн төрүттээҕин бэлиэтиир. Уонна саха бу хаар-муус дойдуну булбут олохтоох омук буоларын ыйар. Саха сирэ – сахалар төрүт Ийэ дойдубут диир.
“Уларыта тутуу” кэмигэр
“Саха Республиката Российскай Федерация иһигэр бэйэтин бэйэтэ дьоһанар сувереннай, демократическай государство буолуутун ситиһиигэ үс сүҥкэн кэскиллээх хардыыны оҥордо”, – диэн үөрэн бэлиэтиир Софрон Петрович.
Ол – суверенитет туһунан Декларацияны, саҥа Төрүт Сокуону, Арассыыйаҕа тэҥ бырааптаах буолууну мэктиэлиир Федеративнай дуогабары ол саҕана бары да биһирии көрүстэхпит. Ол да буоллар, Софрон Петрович ол отут сыллаахха Саха сирин балаһыанньатын хайдах баарынан, малтаччы этэртэн толлубатах.
Кини: ”… Үлэ-хамнас туһугар дьиҥнээхтик кыһаллар чинчи улаханнык мөлтүү быһыытыйда. Бэл бэчээппит “үчүгэйдик үлэлээҥ” диэн сэниэлээхтик ыҥырбат буолла. Инфляция киһи үөйбэтэҕин курдук улаатта. Сыана сымыйалаабыт кэриэтэ үрдээтэ. Кырдьык да, олох – дьаһах, үлэ-хамнас бары эйгэтэ сатарыйда, майгы-сигили алдьанна” – диир.
Тыа сирин социальнай сайдыыта
Софрон Петрович маны Саха омугун инники кэскилин быһаарар тутаах боппуруоһунан ааҕар уонна дакылаатыгар боччумнаах миэстэни аныыр. Кини оччотооҕу статистика матырыйаалларыгар олоҕуран аҕалбыта бу баар: ынах сүөһү 1917 сыллаахха – 491,3 тыһ., 1931 сыллаахха – 559 тыҺ., 1941 сыллаахха – 315 тыһ., 1988 сылга – 383,2 тыһ., 1991 сылга – 409,2 тыһ. эбит; сылгы 1917 сыллаахха – 135,5 тыһ., 1930 сыллаахха – 192,7 тыһ., 1940 сылга – 194,4 тыһ. уонна 1991 сылга – 199,5 тыһ. баар эбит.
Кини киһи сиир бурдугун ыһары уураппыппыт алҕаһын ыйар. Тыа сирин олохтооҕун балаһыанньата тупсубата, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан сылы туоруура, бастыҥ техниканан сэбилэнэр эрээри илии хотуурунан, мас кыраабылынан оттонор көрдөрүүлэр кыайан ситиллэ иликтэрэ дакылааччыт дууһатын долгутар. Аан дойду балысханнык сайда олордоҕуна тоҕо тыа сирэ кур бэйэтэ кубулуйбата диэн мунчаарар кини. Саамай сүрүн иэдээнинэн, бастатан туран, киһини сиртэн тэйитии дии саныыр эбит. Элбэх гаастаахпыт диибит, онтубутун омуктарга атыылыах буолабыт, бастаан бэйэбит тыабыт сирин гаастыырбыт тоҕо кыаллыбатый диэн этэр. Дакылаатчыт итини таһынан сопхуос, биирдиилээн, коллективнай хаһаайыстыбалар, сири түҥэтии, атыылааһын эҥин тустарынан үгүһү таарыйар уонна балар тустарынан Конгреска санаабытын атастастахпытына сатанар диэн тоһоҕолоон этэр, дьүүллэһэргэ ыҥырар.
Промышленность туһунан
Дакылаатчыт сиртэн хостонор барҕа баайынан аан дойдуга сураҕырарбытын этэр. Урукку өттүгэр ити балысхан баай төрүт олохтоохторго туһалыахтааҕар алдьархайы эрэ аҕаларын уонна сырье быһыытынан атын уобаластарга, туспа дойдуларга тиэллэн суккулла турбутун, дьиҥэр, итинник баайдаахпытын сураҕын эрэ истэрбитин бэлиэтиир.
Кини: ”Туох-ханнык иннинэ мин этиэх тустаахпын: ити күндү баай хостонор сирэ бүтүннүүтэ – биһиги сирбит, Саха Республикатын норуоттарын, бастатан туран, төрүт олохтоох омуктар сирбит. Ити баай бүтүннүүтэ- биһиги баайбыт. Билиҥҥи тылынан-өһүнэн эттэххэ, Айыы тойон таҥара биһиэхэ анаан, өлүүлээн айбыт быйаҥа. Киһилии сиэринэн салайтарар буоллахха, онтубутуттан кимиэхэ төһөнү, тоҕо бэрсэрбитин биһиги бэйэбит быһаарыах тустаах этибит ”.
Софрон Петрович бу тылларын хайаан да аҕаллахпына табыллар:
”Мин санаабар, кэнники отучча сыл устатыгар сиртэн хостонор баайбытын наһаа куорҕаллааһын таҕыста. Ордук алта, сэттэ уонус уонна аҕыс уонус сылларга, төһөтүн-хаччатын ситэ үчүгэйдик аахпакка-суоттаабакка эрэ, төһө өргө тиийиэҕин тургута санаабакка эрэ, кыах тиийэринэн, түргэнник сомсон ылан, утаара охсорго тиэтэйэллэрэ. Биһиги республикабыт аһаҕас ампаарга кубулуйбута. Дьөрү күн сарсын кураанахтаннын даҕаны, этэргэ дылы, кэннэ кэтинчэ да буоллун – онуоха кыһаллыбат этилэр.Көмүс да, алмаас да хаһан да бүтүө суох элбэҕин курдук этэллэрэ. Туос сымыйалара! Бу күн анныгар туох барыта бүтэр уһуктаах. Сиртэн хостонор баай, бурдук курдук, иккиһин, үсүһүн үүммэт. Нерюнгри таас чоҕун муҥура суох элбэх курдук кэпсээбиттэрэ, ол иһин улахан куораты туппуттара. Онтулара сотору бүтэр диэн буолла. Ол курдук көмүспүтүттэн, алмааспытыттан ытыспытын соттор күммүт эмиэ чугаһыаҕа диэн куттанабын. Маннык, инники кэскили кэрдинэр, быһыыны букатыннаахтык ууратыахха наада. Бу баай – биһиги эрэ көлүөнэҕэ анаан айыллыбыт баай буолбатах. Ону бас-баттах матайдыыр, ыскайдыыр ханнык да бырааппыт суох. Сайдыылаах баай омуктар, бэл, саҥа сир баайын арыйан баран, кэнники көлүөнэлэр туһаныахтара диэн, сабан иһэллэр дии. Онон сирбит баайын бары көрүҥнэрин кытаанахтык ааҕан-суоттаан, бастатан туран, государствобыт кыһалҕатыгар төһө-хачча наада буоларынан салайтаран, кэмчилээн туһаныахха наада ”.
Дакылаакка итини таһынан, ахтыллар: тыһыынчанан инженери үөрэтэрбититтэн бэрт аҕыйах киһи промышленнаска иҥнэн үлэлии сылдьара, ол кыһалҕаны быһаарыы; алмааһы кырыылыыр собуоттар үлэлэрин саҕалааһыннарын үтүөтэ; Арабскай Эмираттар туһалаах баайдарыттан туһана олороллоро, чэчирии сайдаллара; суолу оҥоруу, тимир суолу тутуу о.д.а. Бу боппуруостары дьүүллэһэргэ ыҥырар.
Айылҕа харыстабыла
Норуот суруйааччыта, тыл маастара Софрон Даниловтан ордук суруйа сатаабакка, кини дакылаатыгар айылҕа харыстабылыгар анаан эппититтэн, хайдах баарынан, аҕалабын.
Ол – бу баар: “Былыр- былыргыттан сахалар бэйэлэрин айыы тыыннаах айылҕа оҕолорунан ааҕыналлара. Онон кинини күн-күбэй ийэлэрин кэриэтэ харыстыыллара. Сахалар, айылҕа суруллубатах сокуоннарыгар бас бэринэн, кинилиин иллээхтик алтыһан, силбэһэн, кинини күн таҥара оҥостон, тыыннаах ордон, күн бүгүҥҥүгэ тиийэн кэлбиттэрэ. Саха итэҕэлэ айылҕаҕа ытык сыһыантан, сир-дойду, от-мас, уу, уот, булт иччилэригэр сүгүрүйүүттэн үөскээбитэ. Айылҕа биһигини иитэр- аһатар эрэ буолбатах. Кини- уйулҕабыт уйата, куппут-сүрбүт тыына. Айылҕаҕа таптал Ийэ сиргэ, төрөөбүт норуокка таптал үөскүүр төрдө. Айылҕаны таптыыр, харыстыыр киһи өйдүүн-санаалыын, майгылыын-сигилилиин сырдык, ыраас, көнө буолар. Быһата, бу биһиги туспутугар аҥардас үтүөнү эрэ оҥоро сылдьар айыы тыыннаах хотугу айылҕабыт – саха омугун үөскэппит-үүннэрбит, күн санаалаабыт, үтүө сүрэхтээбит биһигэ ”.
Софрон Петрович салгыы бу биһиктээтэр биһикпит туругун ырытар. Кини ордук Бүлүүнү промышленность буомурдуута долгутарын биллэрэр. Саха омук уутуйан үөскээбит өрүһэ экологическай иэдээн үлүгэригэр түбэспитин курутуйан ахтар. Баараҕай өрүс сүһүрдэ, дьон доруобуйата айгыраата, дьаһалла ылыахха диир кини. Эбиитин 12 ядернай дэлби тэптэриилэри ахтар, олор содулларыттан куттанар. Бүлүү иэдээнэ хоту Индигиркаҕа, Халымаҕа, Саха сирин соҕуруу өттүгэр хатыланан эрэрэ ордук кутталлааҕын этэр.
Тулалыыр эйгэҕэ улахан хоромньуну оҥорбокко да туһалаах баайы хостуохха сөбүн сайдыылаах дойдулар үөрүйэхтэрэ кэрэһэлиирин ахтар. Кэлин кэмҥэ айылҕа харыстабылыгар үрдүкү салалта болҕомто уурарыттан, аналлаах сокуоннар тахсан эрэллэриттэн дакылааччыт үөрэрин биллэрэр. Ол эрээри билигин даҕаны промышленность тэрилтэлэрэ үлэни ыыталларыгар сири наһаа дөбөҥнүк ылаллар, экологтары, олохтоохтору кытта сүбэлэһэн эрэ баран сири биэриэххэ диир. Хаалбыт бүччүм, тыытылла илик сирдэр билигин да бааллар, олору харыстыахха, заповедниктары, айылҕа музейдарын, тыытыллыбатах муннуктары тэрийэргэ турунуоххайыҥ диир дакылааччыт.
Кадр боппуруоһа
Софрон Петрович дакылаатыгар кадр боппуруоһун таарыйар. Кадры үөрэтэн бэлэмнээһин, ону сөптөөхтүк аттаран туһаныы саҥа экономическай сыһыаннарга, рынок эйгэтигэр киириигэ улахан оруоллааҕын ыйар. Атын омуктар, кэнники кэмҥэ түргэнник сайдыбыт Соҕуруу Корея, Сингапур, Тайвань курдук урукку хаалыылаах, дьадаҥы дойдулар омуктара сайдан инники түспүттэрин өйбүтүгэр хатыахтаахпытын этэр. Онуоха науканы уонна техниканы баһылааһын кинилэргэ төрүөт, көмө буолбутун, оннугу биһиги эмиэ туһаныахтаахпытын, үрдүк үөрэххэ болҕомто ууруохтаахпытын ыйар.
Саха сирин инники кэскилин тэрийсэр, наука уонна техника үрдүк ситиһиилэрин иҥэриммит, дэгиттэр идэлээх дьону түргэнник бэлэмнээтэхпитинэ эрэ сатанар буолбутун дакылаатчыт тоһоҕолоон бэлиэтиир. Ол инниттэн кадры бэлэмнээһин урукку систиэмэтэ тосту уларыйыахтаах, оҥорон таһаарар промышленность араас специалистарын, банкирдары, экономистары, финансистары, үрдүк кылаастаах наука үлэһиттэрин элбэтэр наадатын этэр. Ити дьоһуннаах соругу олоххо киллэриини оскуолаттан саҕалыыр ордугун, маныаха национальнай оскуола концепцията үлэлээн эрэрин хайҕаан этэр.
Интеллектуальнай күүс
Дакылаатчыт култуура сайдыытын, интеллектуальнай күүс диэннэри эмиэ умнубатах. Итини дакылаакка хайдах суруллубутунан биэрэбин.
“Бу интеллектуальнай күүс – норуот саамай күндүттэн күндү баайа. Литература, искусство, наука үлэһиттэрин үрдүк аналларынан саха омук ис күүһүн үһүгуннарыы, кинини ол-бу тастыҥ түктэри сабыдыаллартан араҥаччылааһын, нация кэрэ кэскилин иһин охсуһар биир санааҕа түмэн, кини сомоҕолоһуутун ситиһии буолар. Бу туһугар туох да суолтата суох ол-бу быстах иирсээни, хайдыһыыны, хойохтоһууну, ордугургаһыыны, бэрт былдьаһыыны, алаастарынан, оройуоннарынан арахсыыны букатыннаахтык киэр кыйдаатахпытына эрэ сатанар. Итинэн дьарыктанар дьон норуот бүтүннүүтүн кэлэйиитигэр, сиргэниитигэр түбэһиэхтээхтэр. Ону биһигиттэн ытык сыал, нация интэриэһэ модьуйар”.
Дьэ, Софрон Петрович бу этиитэ хайдах курдугуй?!
Демография
Дакылаатчыт бу тыын боппуруоһу таарыйбытын дьоҥҥо тиэрдибэт, кистии сатыыр адьынат баарын билэбин. Бастакы президент М.Николаев бу проблеманы куруутун туруорар буолара, ахсаан өттүнэн эбиллиэхтээхпитин этэрэ. Демография чахчытын кистии сатааһын, онуоха суолта биэрбэт буолуу кини кэнниттэн кэлбит салалта өттүттэн тахсар эбит диэн түмүккэ кэлэҕин.
“Ханнык да омук, бастатан туран, дьоно-сэргэтэ ахсаан өттүнэн биллэрдик эбиллэр буоллаҕына эрэ, өрөйүөн-чөрөйүөн, бэйэтин кыаҕыгар бөҕө эрэллэниэн, күүстээх санааланыан, кэлэр кэмин туһунан кэскиллээх ыраланыан сөп. Аҕыйаан, симэлийэн иһэр омук санаата самнар, муҥурданар, иннин диэки дьулуһар күүһэ мөлтүүр, бүдүрүйэн умса хоруйар түгэнэ элбиир, устунан сүтэн-эстэн барар”, – диир дакылааччыт.
Софрон Петрович дакылаатыгар нация ахсаана эбиллиитигэр киһи үөрбэт, дьаарханар сыыппараларын хайдах баарынан аҕалтаабыта хорсун быһыыга тэҥнээх. Баҕар ол иһин, кэнники салалта куттаһа баһыйан баары, дьиҥнээҕи дьоҥҥо иһитиннэрэртэн туттунара буолуо.
Дакылаатчыт анаан-минээн хасыһан, кыһаллан булбут сыыппаралара киһини үөрдүбэттэр. Аан бастакы перепись 1897 сыллаахха оҥоһуллубутугар 227384 саха киһитэ баара бэлиэтэммит. Онтон 1926 сыллаахха, 29 сыл буолан баран, саха омук 8542 киһинэн улаатан 235926 ахсааннаммыта биллибит. Сылга ортотунан 294 эрэ киһи эбиллэр эбит. 1939 сыллаахха ыытыллыбыт перепись түмүгэ кистэммит, дьоҥҥо кэпсэммэтэх .
1959 сыллаахха ыытыллыбыт перепись түмүгэ 1926 сыллаах көрдөрүүттэн элбиэхтээҕэр 9873 киһинэн аҕыйаабыт, 33 сыл устата төрөөһүн аҕыйаабыт, репрессия, гражданскай, немец фашистарын утары сэриилэр, тыылга ыалдьан, хоргуйан өлүү сиэртибэлэрэ буоллахпыт. Арай 1989 сыллаах перепись көрдөрүүтүнэн ахсааммыт 382000 киһиэхэ тиийбититтэн үөрүөххэ сөп эбит да, дакылаатчыт син биир дьаарханарын кистээбэт.
Ол курдук: ”Былыр-былыргыттан саха ыалын дьиэтэ элбэх оҕолоох, үөрүү-көтүү уйата буолар үгэстээх этэ. Билигин ити үтүө үгэс кэһилиннэ. Ол туохтан көстөрүй? Маҥнайгытынан, билиҥҥи олох долгунугар оҕустаран, саха ыала элбэх оҕоломмот буолла. 1992 сыл тоҕус ыйын көрдөрүүтүнэн, оҕо төрөөһүнүн ахсаана ааспыт 1991 сыл тоҕус ыйынааҕар Чурапчы оройуонугар 21 бырыһыан, Намҥа, Кэбээйигэ, Аммаҕа – 10-18 бырыһыан аччаабыт. Республика үрдүнэн 1991 сыллаахха 1988 сыллааҕар 5646- нан аҕыйах оҕо төрөөбүт. Иккиһинэн, эр-ойох буолсуу боппуруоһа өссө мөлтөх туруктаах. Тыа сиригэр 20-35 саастаах саха эр дьонуттан 53 бырыһыана эрэ, дьахталлартан 59 бырыһыана эрэ кэргэннээхтэр (куоракка – 49 уонна 52%), эбэтэр хас икки саха эдэр уолаттара уонна кыргыттара кэргэнэ суохтар, аҥардас сылдьаллар. Киһи дьиксинэр эрэ буолбакка, санаата санньыйар суола ”.
Софрон Петрович салгыы эр-ойох арахсыытын, оҕо өлүүтүн курдук саллыылаах боппуруостары хайдах баарынан ахтар, манна биһиги Башкортостаны, Татарияны, Бурятияны, Туваны ырааҕынан бырахпыппытын этэр. Саха омук демографическай туруга сатарыйан эрэр, туохтан маннык буоллубут, кэхтэн эрэрбит бэлиэтэ дуу, тугуй диэн ис-иһиттэн хараастар.
Дакылаатчыт итиннэ барытыгар даҕатан өссө биир олус наадалаах суолу бэлиэтиир. Кыра омук буолар кыһалҕатын, атаҕастабыллааҕын биһиги, сахалар, этэр курдук, эппитинэн-хааммытынан билбит дьоммут. Республикабытыгар биһигиттэн өссө аҕыйах ахсааннаах омуктар – эбээннэр, эбэҥкилэр, юкагирдар, чукчалар, долганнар бааллар. Кинилэр олохторо тупсарыгар бары өттүнэн көмөлөһүөххэйиҥ диэн сиэрдээхтик ыҥырар.
Норуот суруйааччыта, биһиги кэммит биир сүдү киһитэ Софрон Петрович Данилов дакылаата дириҥ ис хоһоонноох. Маны кини тиһэх уонна чыпчаал публистиката диэбиттэрэ эмиэ баара. Өксөкүлээх “Саха интеллгенциятыгар суругун” билэбит. Софрон Петрович бу дакылаатын “Саха норуотугар сурук” диэн ааттыыр наада.
Отут сыл устатыгар туох уларыйда
Дакылаат ааҕыллыбытын кэнниттэн орулуур отут сыл ааста. Ол тухары республикаҕа туох уларыйыы таҕыста? Үчүгэйэ, куһаҕана төһөнүй? Ханна баран иһэбитий? Маныаха хас биирдии саха туспа санаалааҕа буолуо. Мин киниэхэ балыыһаҕа сыттаҕына кыһалҕа бөҕө кыһарыйан, доҕорум Э. Соколов көрдөһүүтүн толоро киирэ сылдьыбытым.
Эдуард Сунтаартан почтанан буолбакка, киһинэн ыксал сурук ыыппытын тиксэрэр кыһалҕа тирээбитэ. Ыалдьа сытар, урут хаһан да кэпсэппэтэх, аттыгар чугаһаабатах киһибэр киирэр саллыылааҕа да, кини урут Эдуардка олус истиҥ суругун билэрим, онон буолуо – киирэн суругу тиксэрэр буолбутум. Киирбитим.
Софрон Петрович мөлтөх соҕус туруктааҕа өтө көстөрө, ол иһин түргэнник тахса охсорго санаммытым баара да, балачча уһуннук кэпсэтиини бэйэтэ көҕүлээбитэ. Элбэҕи ыйыппыта, ону төһө кыалларынан кэпсииргэ тиийбитим.
1986 сыллаахха Кыымҥа таһаарбыт “Бүлүү уута ыраас буолуохтун ” ыстатыйабын сиһилии ырыппыт эрээри өссө чуолкайдаары ыйытыылара ууга-уокка түһэртэлээбиттэрэ. Ыстатыйаны онон-манан ааҕаат киэр илгибэт киһи эбит этэ. Сөхтөрбүтэ. Ити Саха омук бастакы Конгреһын иннинэ этэ, баҕар дакылаатын бэлэмниир кэмэ эбитэ буолуо. Кэлин көрсүбэтэхпит…
Дьэ, онон, отут сыл устатыгар республикаҕа туох уларыйыы таҕыста? Ону бэйэм холокуонньабыттан ырытан көрүөм. Холокуонньам төһө үрдүгүн, намыһаҕын бу диэн билбэппин даҕаны. Ол да буоллар… Уонна Софрон Петрович Данилов курдук киһи хайаан да ырайга тиийбитэ буолуо дии саныыбын, онно да олорон Сахатын сирин саныы, биһигини көмүскүү олороро буолаарай. Ол дойдуга ВАТСААП, ИНТЕРНЕТ, хаһыат тиийэрэ дуу, тиийбэтэ дуу? Кэлин халыҥ харчылаахтар, аньыылаах-харалаах да эрээри, ол дойдуну буллахтара аҕай, эрдэттэн сакаастаан да олорооччу баар аҕай буолуо. Оччотугар Софрон Петровиһы онно да сүгүн сырытыннараллара биллибэт. Муҥутуур кырдьыксыт киһи онно да санаатын этэрэ, бэриммэтэ буолуо… Баҕар көмө буолуо диэн санаабын тиэрдэбин.
Үчүгэй өттүттэн саҕалыым. Тутуу күүскэ барда, ордук киин куораппытыгар. Аныгылыы тииптээх халлааҥҥа харбаһар сүүһүнэн квартиралаах дьиэ хото тутуллар буолла. Ону дьаһайар, тутар саха ыччаттарын фирмалара баар буоллулар. Кинилэртэн “Утум” диэн чорбойор. Конкуренция баһаам, сүгүн үлэлэттэхтэринэ, бу тэрилтэ атын сиртэн кэлэр тутааччылары таска үтэйэр кыахтааҕын көрдөрдө; баай бизнесменнар, меценаттар баар буоллулар. Кинилэр атыы-эргиэн дьыалатын чахчы баһылаатылар, дьон кыһалҕатын чэпчэтэ сатыыллар; хас биирдии дьиэ иккилии, үстүү омук массыыналаах, аныгы туйаарымалар онон эрэ сылдьаллар. Уолаттары этэ да барбаккын; Илья Михальчук диэн украинец киһитэ аҕыйах сыл куораты салайаары “Арчы дьиэтин”, ”Кырдьаҕас куораты” туттартаабыта, “Аппа күөлүн” кытылын оҥотторбута, фонтаннары туруорбута; “Өрөгөй” диэн ааттаах спорт дыбарыастаахпыт, онно үс олимпиецтарбытыгар дьоһун өйдөбүнньүк баар; “Сайсары” күөлү тупсара сатааһын барда, көстүүтэ тубуста; биир үөрүүлээх түгэн – Күлүмнүүргэ бэрт дьоһун өйдөбүнньүк тутулунна, Опера театрын иннигэр Өксөкүлээххэ уонна Суорун Омоллооҥҥо эмиэ. Биир үтүө көстүүнэн норуот уолаттара, суруйааччылара бырааттыы Семен уонна Софрон Даниловтарга куорат килбэйэр киинигэр бэртээхэй өйдөбүнньүк баар буолла.
Мөлтөхпүт, куһаҕаммыт элбэҕиттэн киһи хараастар. Софрон Петрович дакылаатын “Саха норуота барҕарыы суолунан” диэн төбөлөөбүт, үчүгэйи эрэ ыралыы сатаабыт, ол ыра туолаарай диэн итэҕэстэри харыстаабакка ааттаталаабыт.
“Уларыта тутуу” кэмин ырытарыгар суверенитет, федаративнай дуогабар, саҥа конституция баар буолбуттарыттан астынар да, онтубут бу отут сыл устата сурахтыын сүттэ. Кыайан көмүскээбэтибит. Итилэри олоххо киллэрэ сатаабыт, турууласпыт бастакы президеммитин М.Николаевы утары охсуһан уураппыппыт. Дьэ, манна сахалар түмсүбүппүт, сомоҕолоспуппут, кинини быыбартан туоратаары Москваҕа тиийэ делегациянан тиэстибиппит.
Дакылаакка “Уларыта тутуу” кэмигэр сиэр-туом кэһиллиитэ, майгы-сигили сатарыйыыта ахтыллар. Ол отут сыллааҕыта этэ, билигиҥҥигэ тэҥнээтэххэ – оҕо оонньуута. Билигин аҕа төрөппүт оҕолорун кыргар, оҕо ийэтин, эдьиийин быһахтыыр; мөлүйүөнүнэн харчыны уоруу, бэрик биэриитэ, ону ылыы улахаҥҥа ууруллубат курдук; хоруупсуйаны утары охсуһааччыны хаайыыга симии, ИДьМ миниистирдэрэ преступник буолуулара дьону долгутар; улуус баһылыгын, миниистири солбуйааччыны, 1,5 үрдүк уҥуохтаах оҕонньорго 50 тиистэригэр диэри сэбилэммит, сирэйдэрэ сабыылаах дьону күрүлүүр күнүс ыытан туттарыы, ону киинэҕэ устан дьоҥҥо көрдөрүү аныгы салалтаны киэргэппэт. Итинник отут сыллааҕыта суоҕа.
Дакылаакка тыа сирин социальнай сайдыытыгар болҕомто ууруллубут, элбэх сыыппара аҕалыллыбыт. Сөп ээ, Софрон Петрович бэйэтэ эппитинии тыа сирин сайдыыта саха кэскилин быһаарар тутаах боппуруос. Билигин төһө ынах, сылгы сүөһүлээхпит чуолкайа биллибэт, барыллааһын эрэ. Ол отут сыллааҕыта, чуолкайынан 1991 сылга – 409,2 тыһ. ынах сүөһүлээх буоллахпытына билигин 180 тыһ. кэриҥэ эбит. Ынах сүөһү муҥутаан 1931 сыллаахха 559 тыһ. тиийэ сылдьыбыт. Сылгыбыт билигин 170 тыһ. курдук да 1991 сыллааҕы көрдөрүүгэ син биир тиийбэт, ол сыл 200 тыһ. кэриҥэ эбит. Маны салайарга сүҥкэн хамнаһы сии олорор министиэристибэлээх эбиппит. Тыа сирин уопсайа 5 тыһ. тахса специалист салайа олорор, хас биэстии тыа киһитин үлэһитин ахсын биирдии салайааччы (“биригэдьиир”) баар эбит.
Дакылаакка тыа сирин гаастааһын оруолугар тохтуур да онто бу отут сыл устата быһаарыллан биэрбэт. Штыров Аллараа Бэстээххэ химическай собуот туттаран Арассыыйаны метанолынан хааччыйаары гаас турбатын Өлүөнэни туораттарбыта. Тыа сирин гаастааһынынан саптынара, быыбар буоллаҕын аайы Төҥүлүгэ гаас “киллэрэллэрэ”, лиэнтэ быһаллара, сампааны үлтү охсоллоро. Оччо туораабыт турбанан Илин Эҥэр толору гаастаныахтаах курдуга да, оннооҕор чугас сытар Уус Алдаҥҥа баччааҥҥа диэри гаас сыта да суох. Ол диэн – оннооҕор гааһы сыттана сытар Бүлүү куората ситэ гаастаммат.
Онон, отут сыл устата тыа сирин сайдыыта таҥнары түспүтэ көстөр.
Дакылаатчыты промышленность долгутара баар. Отут сыл устата адьас да ытыспытын сотуннубут: гаас, ньиэп, көмүс, алмаас, ойуур, чох, триллион үөһэ триллион дуоллар сыаналаах сэдэх металлаах Томтор Таас биһигиттэн барбыттара. “Икки күлүүс” аны суох, өлүүлэһэр кыахпыт мэлигир. Кыайан туруулаһан көмүскэммэтибит. Ону көҕүлүүр салайааччы билигитэ биһиэхэ суох. Араап Эмираттарыгар тиийбэппит абалаах.
Софрон Данилов курдук ааспыт быдан дьылларга чөл, тыытыллыбатах айылҕа оҕото айылҕа харыстабылын дакылаатыгар тумнубатаҕа өйдөнөр. Отут сыллааҕыта дакылаат суруллар кэмигэр тулалыыр эйгэ кэм ама соҕус буоллаҕына билиҥҥитин көрөн олоробут. Дакылаакка этиллэрин курдук, кэлэр көлүөнэҕэ хаһаас кээһэр биһиэхэ сатаммат – барыта Арассыыйа баайа, биһиэхэ туохпут да суох. Нэһилиэк баһылыга дэриэбинэтин чэрчитин, дьон көмүллэ сытар сирин эрэ дьаһайар бырааптаах, атына биһиэнэ буолбатах. Ол иһин хантан эрэ кэлэллэр да сири солоон, дьөлө үүттээн, техниканан илдьи кэстэрэн бараллар. Ханнык да көҥүл наадата суох. Ол отут сыллааҕыта ылыныллыбыт үтүө сокуоннар үлэлээбэттэр. “Айылҕа харыстабылын”, “Сир аннын”, ядернай эһиилэри бохсор, о.д.а. тыын суолталаах сокуоннар үлэлээн бүппүттэрэ. “Экологическай быраабы кэһии иһин административнай эппиэтинэс” диэн отучча сыллааҕыта киирбит сокуон Штыров республиканы салайар кэмигэр сотуллубута, айылҕаны алдьатыы көҥүллэммитэ. Баһаам элбэх үлэһиттээх айылҕаны харыстыахтаах министиэристибэни хамнастаан аһатан олоробут. Министиэристибэ айылҕаны көмүскүөхтээҕэр, кинини алдьатааччылары көмүскүүр. Муннун анныгар, куорат тулатыгар айылҕа анаан айбыт ууларын бөҕүнэн көмө-көмө тутуу ыыталларыгар кыһаммат.
Билигин алдьархайдаах саахаллар тахсалларын, дьон доруобуйата айгырыырын көрө олоробут. Дакылаакка 12 сир аннынааҕы ядернай эһии туһунан ахтыллар. Ону чинчийиигэ, дьаһал ылыыга үлэ баран испитин саппыттара, саахаллаах эһиилэр сирдэрин ситэ чөлүгэр түһэрэр кыаллыбата. Өссө, итини таһынан, биэс сиргэ ядернай боруобалааһыны ыытар полигон баара билиннэ да, онно ким да кыһаллыбат. Нэһилиэнньэ сөбүлэспэтин үрдүнэн сорох сирбитин дьааттаах оттуктаах ракеталар тобохторун быраҕар полигонугар кубулуппуттара ыраатта. Ону утарсар, нэһилиэнньэни өйүүр салалта биһиэхэ суох.
Софрон Петровиһы кадр боппуруоһа долгутар. Онуоха санаа бөҕөтүн этэр. Отут сыл устата итиннэ уларыйыы таҕыстаҕа дии. Таһыттан көрдөххө, эдэр солбук эбиллэр курдук да, хаачыстыба чааһа мөлтөһүөр быһыылаах. Эдэрдэр иҥсэлэрин кыамматтар, сотору-сотору бэрик ылыы, үбү сиэһин арыллар. Өй-санаа, сиэр-майгы да өттүнэн киһи ордугурҕаабат. Отут сыллааҕыта салайааччы сокуону ытыктыыр, үлэ бэрээдэгин кэспэт, үлэһитин харыстыыр курдуга. Лебедев диэн анал үөрэҕэ суох тустуук уолга дуоһунас биэрбиттэрэ үлэһитин кырбаан баран дьөрү быыгабар да ылбата. Урут үлэһитин кырбаабыт киһи үлэтиттэн эһиллэр, кырата усулуобунай болдьох ылыахтаах эбитэ буолуо. Маннык кадрдарынан ыраатыахпыт дуо? Софрон Петрович туох диэ эбитэй?
Отут сыллааҕыта суох быһыы-майгы үөскээтэ. Ол – оҕолорбут атын сири булуулара, төрөөбүт дойдуларыттан арахсыылара – кадрга улахан охсуу. Үчүгэйтэн буолбатах дии саныыбын. Барыллаан ааҕыынан республика таһыгар 100-тэн тахса тыһ. тобуллаҕас, үөрэхтээх, хастыы эмэ тылы билэр оҕолорбут төрөөбүт дойдуларыттан тэйэн сылдьаллар. Москванан, Санк-Петербурунан, Канаданан, Американан, Турциянан, Кытайынан уо.д.а. сирдэринэн олохсуйбуттар. Аҥаардас Калининградка 1,5 тыһ. саха олорорун суруйдулар. Билигин Саха сиригэр 996 тыһ. киһи баар дииллэр, онтон төһөтө сахата биллибэт, кистэл быһыылаах. Мөлүйүөн буолуохпутун 4 тыһ. киһи итэҕэс. Республика баһылыга бу 2022 сылга 1 мөлүйүөн буолуохтаахпыт диир. Тиийбэт 4 тыһ. бу кылгас кэмҥэ хантан ылабыт? Донецкай, Луганскай уобаластар күрүөйэхтэрин аҕалтаан пропискалаан, дьиэ, үлэ биэрэн эрдэхпит дуу? Оннук дьаһал Москваттан кэллэҕэ диэн сабаҕаланар. Манна ахтыллар, дакылаакка бэлиэтэнэр боппуруостар демография проблематын кытта быһа сибээстээхтэр. Бу чааһыгар отут сыл устата саха ахсаана эбиллиитин уонна олохсуйуутун өттүгэр эмиэ таҥнары түспүппүт, кадр боппуруоһа энчирээбит.
Софрон Петрович дакылаатыгар оройуоннарынан арахса сатааһыны, хойох хостоһууну ууратарга эппитэ. Ону тэрийэр, күөттүүр дьон бүтүн норуот кэлэйиитигэр, сиргэниитигэр түбэһиэхтээхтэр диэбитэ. Суох, бу отут сыл тухары итиннигинэн дьарыктанар дьон сүппэтилэр, биирдиилээн син биир бааллар. Ыарыы дуу, харчы өлөрөр дьүһүннэрэ дуу быһыылаах.
Бу отут сыл устатыгар хомолто үгүс. Софрон Петрович Данилов сүүс сааһын, Саха республикатын сүүс сылын урусхалламмыт уулуссалардаах, түөрэ хаһыллыбыт проспектаах көрүстүбүт. Хомуска оонньоору, ыһыахха, мас тардыһыытыгар, атын да спортивнай оонньууларга аан дойду дьонун ыҥырбыппыт, кыбыстыбакка үтүө дьүһүммүтүн көрдөрдөхпүт. Уулуссаны уочаратынан оҥорор, дьон сылдьарын эрэйдээбэт, моһуоктаабат өй-санаа суох салайааччылаах эбиппит.
Дакылаат суруллар кэмигэр оптимизация, билиҥҥи быыбардары ыытыы, РФ Конституциятыгар көннөрүү киллэрии, атын дойдулары кытта сыһыан, санкция онтон да атыттар тустарынан өйдөбүл киирэ илигэ. Итилэри биһиги эппитинэн-хааммытынан билэн олордохпут. Софрон Петрович итини билбэтэҕэ да ордук курдук. Кини Саха омук бастакы Конгреһыгар дакылаат оҥорон баран сыл эрэ курдук олорбута, күн сириттэн барбыта. Бу, билигин ыытыллаары турар Когресска кини курдук дакылаат суруйан ааҕар киһи көстүө дуо? Баара, көстөрө буоллар…
***
Иван БУРЦЕВ
20.05.2022 с.
Софрон Петрович дьааххаммыт этиилэрэ 30 сыл ааһан баран өссө сытыырхайдылар, өссө уустугурдулар
Софрон Пётрович ойдоох бого киси этэ да.. Ити кэмнэ болосуоктэрбит, муударайдарбыт биир тумус кисилэрэ буоллага. Ол эрэн.. Оксокулээх тасымынан суусунэн сылы ото, супту корон суол ыйдагардар кисибит ити отут сыл анараа суох эбит. Ол ити дакылаакка этиллибит биир этии кордорор. “Россия Федерациятын исинэн бэйэни бэйэ саланар ГОСУДАРСТВОЛАННЫБЫТ” диэбит. Хайдах государство исигэр государстволаныахпытый? Итинник костон турар ойдоммоту ойдообот “конгресменнар” да диэн.. Оксокулээх маны ойдуур этэ. Ол исин “Ойуун туулун” тумугэр Арассыыйа эбэ хотун олус уна охтубакка, алыс ханас халыйбака орто коно сунньун булан айанныырын ыраланар этэ. Онто бу бугун туолар – туолбат оонньууга салганар, долгутар, хамсатар. Онтон ити 90 – с сыллар сагаланыытынаагы дакылаат.. Софрон Данилов били бэйэтин “Киси биирдэ олорор” романыгар суруйбут, Пепеляев авантюратыгар кыттыса сылдьар, Чыычааахап диэн этэ дуу, Чооруосап диэн этэ дуу, саха эдэр интеллигенин тасымынан. Софрон Пётрович итинник диэн ойдоон корботох буоллага, дакылаатын. Сунньунэн кусагана суох, соптоох согус дакылаат эбит да.. Этэргэ дылы отут эрэ сыл бэтэрээтинэн. “Улуу туул – бит” буолбатах.
Отут сыл учугэйгэ уларыйыы элбэх буоллага. Бу куруук туох да оносуллубат, сайдыбаппыт диир дьон сайдыыны научнайдык эттэххэ биир линейнэй оро тахсыы курдук короллор. Оннук буолбат. Общество, омук, судаарыстыба сайдыыта, хаамыыта нелинейнэй график. Бу дьон ыралара, дакылааттара, анализтара барыта коммунизм дуу, ырай дуу буола илик диэбит тэнэ.
Именно из-за таких “глубоких” соображений – у нас идет деградация. Если наши “передовые” люди так пишут, так рассуждают – как нам быть дальше? Гроб сколотить и лечь туда?
Придурочные мысли слабых, трусливых людей, которые считают за отвагу крайней степени высказывания “правды”… Из-за таких мыслителей наш народ имеет трусливый, женский характер, очень податливый к чужой воле, к чужому насилию. Такие “вожди” мыслеобразов, начиная с некоего Кулаковского с его “Соном шамана” пытаются нас приучить к страху, к боязни, к бессилию против созданных ими же образов и мыслей о нашествии русских, китайцев и прочих народов.
Если это “духовное богатство” принадлежит к СахаКонгрессу – то что за собрание, что за сборище умов эта группа людей? Что они хотят? Чего хотят “высосать” из прошлых высказываний Софрона Петровича Данилова? Может, пора внимательно, даже пристально начать изучать это общественное образование “своеобразных” людей со “своеобразными” мыслями и идеями? Кто эти люди?
Лекстер, по моему вы плохо читали “Сон шамана” Кулаковского.или неудачный перевод. У Кулаковского не страх, а ярость. Призывал не ждать пассивно судьбу, а бороться. Бороться умно, модернизироваться, усваивать умение и технологии больших народов. Кстати, в “Сон шамана” ни слова о “нашествии русских”. А указывает, что Америка, Германия, Англия, Япония, Китай смотрят на наши земли, на нашу сторону недобро, жадно. Шаман Кулаковского говоря “мы”, “наша сторона”, по сути, имеет в виду Россию. Очень даже актуально на сегодняшний день. А в другом произведении, в “Благословение среднего возраста”, являющейся обращением, благословением к молодому поколению Саха, Кулаковский призывает “быть верным соратников отважного русского”. Советую внимательно изучить наследие Алексея Кулаковского. А говорить пренебрежителтные слова в адрес народного писателя Якутии Софрона Данилова, хоть и покажется вам его слова старомодными, не стоит. Дайте сначала миру и своему народу что то хотя бы отдалённо приближающееся к наследию Софрона Данилова. А “Конгресс” – там сплошь люди заслуженные, уважаемые в своих кругах, в своих краях, в своих аласах. Возможно, несколько своеобразные. Но не настолько, как ваш более чем своеобразный то ли призыв, то ли просто стук куда то, пристально изучать их. Вот вам, Лекстер, явно есть что пристально изучать и читать. Желаю успехов.
“Наш народ имеет трусливый, женский харахтер” говорите, Лекстер? А слышали, например, о том, как буквально на днях погиб на Украине наш парень Руфов? Как подорвал себя гранатой, окружённый врагами? Вот таких “своеобразных” рассуждателей о своём народе как вы, к сожалению, всегда было достаточно. Но, не знаете вы свой народ. К сожалению.
Лекстеры кытары сөбүлэһэбин, билиҥҥи үйэҕэ атын соҕустук дьаһанан олоруохтаахпыт, улуу убайдарбыт бэйэлэрин кэмнэригэр этэн хаалларбыт тылларын саҥалыы, билиҥҥи хараҕынан көрүөхтээхпит. Өксөкүлээх суругун атын харахпытынан көрөр кэм кэллэ ини. Кини Саха аймах кэлэр кэмҥэ хайдах тыыннаах хааларын ыраҥалаан көрө сатаабыт үлэтэ, ону өссө дириҥник, аныгылыы хараҕынан көрөн бар дьонугар суол ыйан биэрэр, аартык арыйар дьоннордоохпут дуо?