“КЭМ” сурунаал иккис нүөмэрэ таҕыста
Таланнаах поэт, суруйааччы, журналист Борис ПАВЛОВ-Кэм айар-тутар дьоҕуруттан, туруоруммут соругун толорон иһэриттэн киһи астынар.
Искусствоҕа, култуураҕа, литератураҕа сыһыаннаах сурунааллар тахсыбат буолбуттара хомолтолоох. Биллэн турар, барыта үптэн тутулуктаах. Олег СИДОРОВ “Илин” культурологическай сурунаалын суохтааччы элбэх. Онон Борис ПАВЛОВ “Кэм” сурунаалы толкуйдаан таһаарбытыгар олус үөрбүппүт.
Бу күннэргэ “Кэм” сурунаал иккис нүөмэрэ таҕыста. Дизайна, ис хоһооно барыта кэм ирдэбилигэр толору эппиэттиир. Суруйааччы Тимофей Сметанин туһунан дьикти кэпсээни Ефросиния Ноговицына, П.А.Ойуунускай аатынан литературнай музей научнай үлэһитэ, бэлэмнээн таһаарда. Ону сэргэ “Лоокуут уонна Ньургуһун” киинэҕэ сүрүн оруолу толорбут артыыс Василий Белолюбскай интервьютун Аина ЕГОРОВА-ВЛАСЬЕВА бэлэмнээтэ, сэргэни туруоруу сиэрин-туомун туһунан этнограф Валерий ВАСИЛЬЕВ чинчийдэ, театровед Надежда ОСИПОВА аныгы кэмҥэ театр искууствотын таһымын ырытта, Саха сиригэр боотурдарга анаммыт памятниктар тустарынан ыстатыйа онтон да атын киһи умсугуйан турар ааҕар суруйуулара бэчээттэннилэр. Ол иһигэр Aartyk.Ru редактора Туйаара НУТЧИНА “Улуу Куйаар билиитэ” ыстатыйата сурунаалга таҕыста.
“Кэм” иккис нүөмэрэ “Айар” кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар уонна “Горпечать” киоскаларыгар атыыланыаҕа. Сыаната эбиитэ-көҕүрэтиитэ суох бэчээттэммит эрэ ороскуотун толунар курдук атыыланар, тираһа кэмчи – 300. Ууруна сылдьан ааҕарга анаммыт дьоһуннаах сурунаалы атыылаһарга тиэтэйиҥ!
***
Aartyk.Ru
Оставить комментарий