Саха сирин хотугулуу-арҕаа, соҕуруу өттүгэр, Өлүөнэ алын тардыытынан, хотугулуу-илин сорох сиринэн кыра ардахтаах, инчэҕэй хаардаах буолуо. Арҕаа, Өлүөнэ алын тардыытынан сөкүүндэҕэ 9-14 м тиийэ түргэннээх тыалырыа, Усуйаанаҕа күнүс сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15-18 м тиийэ түргэннээх тыалырыа, Арктика кытылынан сөкүүндэҕэ 19-24 м тиийэ тыаллаах буолуо диэн Дьокуускайдааҕы УГМС иһитиннэрэр. Түүн -2-7°, халлаан дьайҕардаҕына -6-11°, хотугулуу-илин намыһах сирдэргэ -15-20°, хотугулуу-арҕаа -2,+3°, күнүс +1+6°, арҕаа, соҕуруулуу-илин +4+9°.
Дьокуускайга күнүс +5+7°, арҕааттан сөкүүндэҕэ 3-8 м түргэннээх тыаллаах буолуо.
Оставить комментарий