Улуу тренер үтүө аатын үйэтитэн
Көҥүл тустууга Олимпийскай оонньулар, аан дойду, Европа, ССРС, Россия чөмпүйүөннэрин, призердарын иитэн таһаартаабыт улуу тренер Д.П. Коркин 95 сылыгар аналлаах “Куоркуннуу олоруохха, Куоркуннуу айыахха” девизтээх быыстапка быйыл “Строительнай” рынокка алтыс төгүлүн үлэлээтэ. Коркин 100 сылыгар диэри салҕанан сыл аайы тэриллиэхтээх. Быыстапка сыала-соруга Коркин оҥорон хаалларбыт сүдү дьыалатын дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдии, билиһиннэрии. Сыллата, араас хайысхаларынан, салааларынан элбэх экспонаттар, матырыйааллар аҕалыллан туруоруллаллар. Быыстапка экспонаттарын Бөтүрүөбүс иитиллээччитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, Д.П. Коркин аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы спорт албан музейын дириэктэрэ Егор Васильевич Пудов аҕалбыт.
Быыстапка сыала-соруга киэҥ. Улуу тренер үлэтин, кинини кытта алтыспыт дьонун, Коркин бастаан саҕалаабыт үлэтэ хайдах барбыта, кимнээх бастаан сииһиилэммиттэрэ, 1964 с. Токиотааҕы Олимпийскай оонньууларга сырыыта, Япониятааҕы экспонаттара, 1972 с. Мюнхеннээҕи, 1976 с. Монреаллааҕы Олимпиадалар чөмпүйүөннэрэ Роман Дмитриев, Павел Пинигин, үрүҥ көмүс призер Александр Иванов, Үтүө дьулуур кыайыылааҕын Василий Гоголев, көҥүл тустуу улахан түһүлгэлэрин тустарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэриилэр, көрсүһүүлэр, болҕомтону тардаллар. Быыстапка тиэмэтэ күн аайы уларыйан иһэр. Холобур, Н.Н. Тарскай 100 сылыгар аналлаах көрсүһүү, олимпиецтэр, Д.П. Коркин кэргэнэ Александра Семеновна Коркина быыстапка аһыллыыларыгар сыл аайы баар буолаллар, тыл этэллэр. Эдьигээннэр куруутун быыстапка туруораллар, быйыл Р.М. Дмитриев 75 сылыгар анаатылар. Пушкин аатынан Өрөспүүбүлүкэ киин библиотеката бэйэтин быыстапкатынан кэлэн кыттар. Быыстапка быйылгы биир сүрүн уратытынан, биир дьиэ-кэргэнтэн үс аан дойду чөмпүйүөн оҕолордоох Степан Степанович уонна Варвара Иосифовна Контоевтары, Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс медалиһа Александр Николаевич Иванов кэргэнинээн Варвара Афанасьевнаны кытта көрсүһүү буолла. Сахабыт сирин дьоно, ыалдьыттар сылдьаннар улаханнык сэргииллэр, ыйыталаһаллар, кэпсэтэллэр.
Музейы сүүрбэ сыл салайар Егор Васильевич хаартыскалары эрэ көрдөрөн кэпсииринэн муҥурдаммакка, тустуулар ис хоһооннорун арыйар санааттан, өрдөөҥҥү хаһыаттар матырыйаалларын туһаммыт. Ол курдук, Алаҕартан Сидор Сидорович Попов 50 сыл мунньан тикпит подшивкаларын музейга бэлэхтээбит, олору дэлби кырыйталаан 22 альбом оҥортообута – музей олус күндү экспонаттарынан буолбуттар. Сидор Попов ыарахан ыйааһыннарга мас тардыһыытынан, тустуунан, гиирэ спордунан утумнаахтык дьарыктанан, нэһилиэгин, оройуонун чиэстэрин өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ көмүскээбит күүстээх спортсмен быһыытынан үйэ аҥаара муспут хаһыаттарын подшивкаларын спорт музейыгар бэлэхтээн спорт сайдыытын историятыгар сүдү кылаатын киллэрбитэ махталлаах! Альбомнарга тиһиллибит хаһыаттар ыстатыйалара, сонуннар Саха сиригэр буолуталаабыт күрэхтэһиилэри, 1956 с. тустуу саҕаланыытыттан күн-бүгүнүгэр диэри, о.и. 1964 с. көҥүл тустууга Дьокуускайга буолбут Россия чемпионата, 1985 с. ССРС чемпионата, матчевай көрсүһүүлэр, олимпиадаларга кыттыбыт тустууктарбыт, барылара альбомнарга киирбиттэр, өрөспүүбүлүкэ, оройуон спордун, тустуутун историяларын элбэҕи кэпсииллэр.
Социология доктора, университет профессора Ульяна Алексеевна Винокурова музейы көрөн баран матырыйааллары, докумуоннары оцифровкалатарга сүбэлээбит. Инньэ гынан, үгүс альбомнар өрөспүүбүлүкэ киин Пушкин библиотекатын сайтыгар киллэриллибиттэр. Пушкин библиотекатын сайтыгар киирдэххэ, холобур, “Д.П. Коркин” диэни суруйдахха, ити альбомнары барыларын көрүөххэ, сылларынан булан ылыахха сөп.
Музей биир анала оҕолорго, ыччаттарга туһаайыллар. Р.М. Дмитриев аатынан олимпийскай солбук училище тренердэрэ иитиллээччилэрин аҕалан көрдөрбүттэр. Д.П. Коркины кытта бииргэ үлэлээбит А.Е. Алексеев, Д.Д. Максимов, М.Е. Друзьянов, А.Н. Ким-Кимэн уо.д.а. спорт ветераннара, салайааччылара кэлэн кэпсээбиттэр.
Егор Васильевич тренерин Коркины тренер эрэ курдук буолбакка, иитээччи, киһи быһыытынан билиһиннэрэргэ кыһаллар. Маҥнай утаа, Дмитрий Петрович 1956-1964 сс. оскуола-интэринэээт оҕолорун 5-8 кылаастарга нуучча тылыгар үөрэппит. Хамнастаах тренер быһыытынан 1964 сылтан үлэлээбит. Ол иннинэ общественнай тренер. Хайдах курдук учууталлыырын быыһыгар, бэйэтин талан ылбыт тустуутун сүрэҕэр-быарыгар илдьэ сылдьан дьаныардаахтык үлэлээбит эбитий! Ол кэмин туһунан, Егор Васильевич маннык ахтар: “Арай биирдэ, 6 кылааска нуучча тылыгар диктант суруйбуттар. Уруок бүппүтүгэр, бээрэ, Пудов эн хаал”,- диэбит. Диктанын ылан көрбүтэ – барыта кып-кыһыл. Барыта көннөрүү уонна “-1” сыана турар үһү. Дмитрий Перович “Дьэ, салгыы хайдах буолаҕын?”,- диэн ыйыппытыгар, Пудов: “Ээ, мантан Дьаарылла чугас, 7 эрэ киэлэмиэтир, дьиэбэр баран холхуоска үлэлиэм”,- диэн хардабыт. Онуоха, учуутала мантан күһүн аллара Чурапчыга спортивнай оскуола аһыллар, интэринээттээх, онно киирэн салгыы үөрэниэхтээҕин туһунан туһунан эппит. Диктанын иккитэ-үстэ хаттаан суруйтарбыт. Кыһыла лаппа аччаабыт, кылааһын бүтэрэн, салгыы үөрэнэр, тустуунан дьарыктанар кыахтаммыт.
Дьэ, санаан көрүҥ эрэ, арай, учуутала Дмитрий Петрович ити түгэҥҥэ үөрэнээччитигэр аахайбакка, болҕомтолоохтук сыһыаннаспатаҕа буоллар, оҕо дьылҕата тосту уларыйыан сөбө. “Билигин от-мас үлэһитэ буолуом этэ”,- диир. Учуутал оҕо дьылҕатыгар кыһамньытын арылхай көстүүтэ буолбут. Итинник, үөрэтэр, дьарыктыыр оҕолорун барыларын этэ-такайа, тугу гыналларын ыйыта, сүбэлии, үөрэтэ сылдьара диэн оскуола-интэринээти бүтэрбиттэр бары долгуйан ахталлар. Уонна саамай үчүгэйэ диэн, уолаттар оскуоланы бүтэрэн тарҕаһалларыгар эрдэттэн көрөн, армияҕа баралларыгар талааннаах өттүлэрин спорт-ротаҕа ыыталыыра. Бастыҥнара Армия спортивнай кулуубугар, Москваҕа ЦСКА-ҕа тиийэллэрэ.
Итинник хайысха бигэтик тутуһуллубута. Интэринээт-оскуоланы бүтэрбиттэр күдээринэ уску-тэскил ыһыллыылара таһаарыллыбатаҕа. Киин үрдүк үөрэх кыһаларыгар барыталаабыттара. Дойду киин куораттарын тренердэрэ Бөтүрүөбүстэн тустуук оҕолору көрдүүр буолбуттара. Сиитһиилэр, көрдөрүүлэр да балысхан этилэр. Карпов оҕолорго ССРС чөмпүйүөнүнэн буолбута, Илларион Федосеев оҕолорго аан дойдуну кыайбыта. Сахаачча тустуу номоҕор киирбитэ, Роман Дмитриев Олимпиадаттан кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыта. Павел Пинигин уолаттарын кытта Киевтиир. Александр Иванову Казахстаннар ылаллар. 1976 с. Олимпиадаҕа үс саха бөҕөстөрүн өтөрүнэн хатылана илик өрөгөйө буолбута.
“Музей биир саамай сүрүн көстүүтүнэн, Коркин 1956 сылтан тустуунан күүскэ ылсан дьарыктаныаҕыттан, барытын сурунан, бэлиэтэнэн испитэ”,- диэн салгыы кэпсиир Егор Васильевич. Ол туһунан “Запись тренера” диэн альбомҥа бааллар. Онно, дьарык кэмигэр ханнык албастары хайа түгэҥҥэ хайдах туттары, кыайыы хайдах туһуннахха кэлиэн сөбүгэр, тустан кэлбит уолаттар кыайыыларын-хотторууларын бэйэлэринэн быһааран ырыппыт суруктарын бука барыларын, дьарыктыыр ньымаларын туһунан киин институттар ылсан үөрэппиттэр. Оҕолоругар хапсаҕай туһунан 32 ыйытыылары биэрбитэ, онуоха хайдах хардарбыттара экспонат быһыытынан көрдөрүүгэ сыталлар. Хапсаҕай албастара, ол албастары хайдах туттуохха сөбө, ханнык приемнары туттан кыайыахха сөбө бааллар. Ол иһин Коркин уолаттарын төбөлөрүгэр барыта тустуу. Араас паапкаларга угуллубуттар. “Быыстапкаҕа кэлбит дьоҥҥо тустуу хайысхаларынан төһө баҕарар кэпсиэххэ сөп”, – диир Егор Пудов.
Егор Васильевич уһуннук сыралаһан, спорт музейын көҕүлээн тэрийбит учууталларын Роман Романович Абрамов, Константин Сергеевич Постников үтүө дьыалаларын салгыыр, тренерин, Д.П. Коркин айымньылаах үлэтин, сырдык аатын үйэтитиинэн утумнаахтык дьарыктанар. Аар-саарга аатырбыт спортивнай оскуола-интэринээт иитиллээччилэрин, үлэһиттэрин, биллиилээх бөҕөстөрү сырдатыынан умсугуйан дьарыктанара кэрэхсэбиллээх.
***
Баһылай Посельскай
Оставить комментарий