Курс валют
$
103.95
0.68
110.48
1.92
Курс валют
Курс валют
$
103.95
0.68
110.48
1.92
Меню
Поиск по сайту

Барбыты сайыһан ытаама…

21.02.2021 08:50 2
Барбыты сайыһан ытаама…

Саха бассаабыгар олус иһирэх хоһоон тарҕанна. Ааптара Харача диэн суруллубут, сурукка киирбит аатын билбэппит, онон бэчээттииргэ көҥүл ылар кыахпыт суох. Баалаабат инигит.

***

Доҕоччуок, кырдьаргын санаама
Барбыты сайыһан ытаама,
Кэмигэр кэлбити сирэҥҥин
Маҥхайбыт баттаххын ааҕыма.

Төһө да чанчыкпыт кырыардар
Кырдьар саас туһунан кэрэлээх,
Өй-сүрэх бүппэтэх мөккүөрэ
Ардыгар күүппэтэх кэһиилээх.

Ардыгар эдэри эргитэн
Сулустар үөһээттэн күлсэллэр,
Ааспыты, барбыты бэрийэн
Утуйбат түүннэрбит уһууллар.

Оччоҕо эдэркээн кэмнэрбит
Эмискэ эргиллэр эбиттэр,
Кэлиэхтээх кэрэни кэтэспит
Оҕотук саастарбыт төннөллөр.

Оччоҕо түүллэрбин өҥөйөр

Кыыс оҕо туманы быыһынан,
Кэхтибэт кэрэмэн бэйэтэ
Эдэр саас тапталын санатан.

Ол кэмҥэ барыта кэрэтэ
Сардаана атыннык тыллара,

Сардаҥа быыһынан сэгэйэ

Кэрэ кыыс кырдалга хаамара…

Ол сырдык түүллэргэ бигэнэн
Бардарбыан бүтэһик айаммар,
Эйигин эрэнэ күүттэрбиэн
Тиийиэхтээх аннараа дойдубар

Күөх сайын күлүмнээн ааһыаҕа
Кырдалга атын кыыс хаамыаҕа,
Атын уол сүрэҕин эппэтэн
Күһүҥҥү ньургуһун тыллыаҕа.

ХАРАЧА.

***

Мин куруук түһүүбүн дойдубун
Кыракый, төгүрүк алааспын,
Түптэбит ньүөл сыттаах буруотун
Тиэргэҥҥэ үөр сүөһү айдаанын.

Ол ыраах урукку дойдуга
Сүрэҕим курдаттыы таттарар,
Ахтылҕан минньигэс тумата
Ааспыты, барбыты тупсарар.

Үрүҥ күн чаҕылхай сырдыга,
Күөгэйэр күөх халлаан үрдүгэ,
Тулалыыр аламай айылҕа
Мичээрдээн кэпсэтэр курдуга.

Өйдүүбүн оҕо саас киэһээтин
Оһохпут сылааһын, сырдыгын,
Ийэккэм сымнаҕас ньилбэгин
Оргууйдук сүүспүттэн сыллыырын.

Сааһырбыт ырабын сааһылаан
Оҕо саас сылларын эргиттим,
Кэм-кэрдии хатыллар ситимин
Хараҥа муннуктан хостоотум.

Ахтылҕан туос тыытын бэрийэн
Олоҕум хомотун өксөйдүм,
Кэччэгэй дьылҕаны албыннаан
Үйэлээх кэрэҕэ бигэнним.

ХХАРАЧА,

2017 сыл.

***

Сахалар аҕыйах хааллыбыт
Сахалыы саҥалаах кэлбиттэр,
Ийэбит эмиийин үүтүнүүн
Ийэ тыл сүмэтин испиттэр.

Сыл-хонук туманын быыһыгар
Суураллан баранар ыйаахпыт,
Саҥабыт сахалыы дорҕоонун
Сүтэрбит кэрэгэй дьылҕабыт.

Биир үйэ иһигэр алдьанна
Сахалыы саҥабыт отуора,
Эйээрэр, эҥээркэй бэйэтэ
Кэллэҕэ сириллэр үйэтэ.

Өйдөөбөт үһүлэр үгүстэр
Сайдыбыт, аныгы сахалар,
Өрөгөй үөскэппит ,,өөбүтүн”
Үөрүүттэн үксээбит ,,үүбүтүн”

Аны суох Өксөкү Өлөксөй
Өкүүчэ, Өрүүнэ, Өкүлүүн,
Бу бүгүн Иралар, Линалар
Хайы сах папалар, мамалар.

Бу бүгүн этэбин хоҥкуйан
Быраһаай туйгун кыыс Өкүүчэ,
Өлүөнэ биэрэгэр умнуллан
Хааллылар Өкүлүүн, Өрүүнэ.

Кыынньыбыт кымыстыы кырылыыр
Кылыһах ырыабыт ылламмат,
Эйээрэр элэккэй эһиэкэй
Киэһээҥҥи чуумпуну аймаабат.

Атын тыл дорҕоонун ордорон
Омуктуу ордоотоон эрдэхпит,
Сахалыы саҥаны сирэммит
Олорор мутугу кэртэхпит.

Бу бүгүн хара күн, дьааһык күн
Бэйэлээх бэйэбит тылбытын
Утаран сахалар турдулар,
Көмүллэр ииннэрин хастылар.

Көмтүлэр сахалыы дорҕоону
Сахалыы саҥабыт кэрэтин,
Дорҕоон суох, тыл суох, омук суох
Умуллуу, умнуллуу, уһун уу.

Бу бүгүн айаммыт түмүгүн
Көрөллөр туруук таас очуостар,
Аны дьэ төттөрү айаммыт

Түргэтиир эрчимин сөҕөллөр.

Аллараа суккуллар кэм кэрдии
Сүүрүгэ байҕалга кутуллар,
Кытылга бүтэһик өтөхтөр
Хараастан аймана хаалаллар.

Ол онно өбүгэ күлүгэ
Төбөтүн төҥкөтөн атаарар,
Олоҥхо бүтэһик дуораана
Үйэ саас боругар суураллар.

 

ХАРАЧА,

2019 с.

 

***

Көҥүл санаам, бырах санаам
Босхо баран көҥүл көтөр,
Хороҥ оттоох чэлгиэн кэйээр
Кэтит иэнин кэрийэр.

Аттаах, сатыы айан дьонун
Аргыстаһан айанныыр,
Бүппэт уһун, добун тойук
Долгунугар олорсор.

Халыҥ аймах омук дьоно
Күнү көрсө көһөллөр,
Улуу дьаалы ойуун киһи
Ыйар тылын истэллэр.

Көрүүлэнэр дүҥүр охсон
Тула өттүн олоотуур,
Иннин-кэннин хайыҥ охсон
Былаайаҕа күөрэҥниир.

Үгүс элбэх эҥин биистэр
Кыргыс омук, тоҥ уустар,
Кэтит кэйээр, киэҥ Сибиир
Киэлитигэр киэптииллэр.

Ааспат бүппэт атаан-мөҥүөн
Хабырыйсыы, хапсыһыы,
Олох иһин, көҥүл иһин
Өлөр-тиллэр охсуһуу.

Аалсыһан онтон алтыһан
Үгүстэри аастахпыт,
Хоро, моҕол, тоҥ уустар
Сыдьааннара буоллахпыт.

Ол эрэн түспүт төлкө
Түөрэхтэрэ төннүбэт,
Тутан хаалбыт төрүт тылбыт
Төрүттэрин мэлдьэспэт.

Түҥ түүр, түлүк үйэлэр
Түгэхтэрин билбиппит,
Буруо буолан тыалга көппүт
Урааҥхайдар этибит.

Мэлдьэспэппин тугу да
Ордук буола сатаабаппын,
Хадьар өһөс кырдьыгы
Кистии тутан саспаппын.

Аар Айыы таҥаралаах
Күн улууһун оҕотобун,
Көҥүл тыыннаах күрүө хааннар
Удьуордара буолабын.

Бырах санаам, көҥүл санаам
Ыран-быстан төннөн кэлэр,
Хардаҥ оттоох бүтэй далым
Хаайыытыгар сынньанар.

Сарсын эмиэ дьэллик санаам
Мэник тыаллыын сыссыаҕа,
Сабыллыбыт урут хойут
Халҕаннарын тоҥсуйуо.

ХАРАЧА.

***

Ол таптал баара дуу, суоҕа дуу
Олорбут сирдээҕи олохпор,
Эбэтэр туолбатах ырабын
Оҥоро сатаабыт быһыым дуу?

Арааһа оҥорон, тупсаран
Баҕарбыт баҕабын туойбуппун,
Халлаантан аанньалы түһэрэн
Ырабар хаамтарбыт эбиппин.

Ол аанньал алааспар хаампатах
Хатыҥмар салама хаалбатах,
Ыраахтан кэлэрбин кэтэһэн
Олбуорум ааныгар турбатах.

Бааллара олохпор атыттар
Сирдээҕи судургу аанньаллар,
Олоҕум күннэрин киэргэппит
Айаным суолугар аргыстар.

Биллэҕим кинилэр баар буолан
Олоҕум аһыытын-ньулуунун,
Ардыгар хабархай да буоллар
Эр киһи дьахтарга тапталын.

Ол эрэн баара дии соҕотох
Маҥнайгы ып-ыраас тапталым,
Бу сиргэ соругун сиппэтэх
Куоттарбыт сирдээҕи аналым.

Эргиллэн көрөбүн олохпун
Киирэр күн бүтэһик күлүмэр,
Сүрэхпэр күндү да эбиккит
Олохпор көрсүбүт дьүөгэлэр.

Махтанабын барыгытыгар
Сирдээҕи кэрэ аанньалларга,
Быыллаах, буордаах суолларбар
Аргыс, доҕор буолбуттарга.

Харача.

***

Үөлээннээҕим Өлөксөй,
Көрсүбэтэх өр буолла,
Соргу дугуй, Нөрүөн нөргүй
Үтүө киһи Өлөксөй.
Хаамса түһүөх оргууй аҕай
Уруккуну санаһыах,
Ылан ааһыах лааппыттан
Үгэс буолбут аспытын,
Уоттаах аһыы утахта
Уонна кыра сокууска,
Эдэр-сэнэх эрдэххэ
Мааны аспыт камбала
Адьас дэҥҥэ селедка,
Биллэн турар, хайаан да

Умнуллубат Беломор.
Итигирдик тэринэн
Бэлэмнэнэн оҥостон
Күөлбүт хоту сыырыгар
Үрдүк быллаар быыһыгар
Эрэстэрээнниир этибит,
Эдэр-чэгиэн ыччаттар
Үөрэр-көтөр буоларбыт.
Аччык сыллар ааһаннар
Олох көнөн барбыта,
Көммүт олох бэлиэтэ
Эйээрбитэ ырыа-тойук,
Уонна дэлэй-холой арыгы,
Испирдиэнтэн саҕалаан
Араас кыһыл, буокка, сампаан…
Саҕаламмыта
Омоллоон олоҕо
Дьэргэстэй ыһыаҕа,
Үгүс малааһын,
Үбүлүөй, банкет, сыбаайба…
Үөрүү-көтүү, үҥкүү-битии

Онтон айдаан, араллаан
Арыгыга ылларыы.
Хомнообоппун кими да
Кэмэ оннук буоллаҕа,
Сэрии кэннэ урусхал
Чөлүгэр түһэр кыһалҕата,
Үгүс үп, халыҥ харчы
Наада күнэ тирээбитэ.
Хантан ону ылыаҥый?
Арай баара… хара норуот.
Үрүүмкэлэр, ыстакааннар
Үмүөрүһэн баартара,
Хара норуот хамнаһа.
Хаһааныахтаах харчыта
Хаардаах халаан уутунуу
Халдьыгырыы сүүрбүтэ
Хааһынаҕа киирбитэ.

Тохтуох эрэ, Өлөксөй
Доҕоттору саныахха,
Биһи эмиэ, эн биһи
Уохтаах утах боруонун
Бэтэрээннэрэ этибит,
Күүстээх үлэ, хара үлэ
Биһиэннэрэ буолара,
Хотон араас үлэтэ, хачыгаар
Отчут-масчыт, сылгыһыт…
Аһыы-утах аргыстаах
Үлэлэнэр буолара.
Ааспыттара ол кэмнэр
Умнан-тэмнэн эрэбит,
Үөлээннээхтэр кырдьаммыт
Уруккуну саныыбыт.
Ханналарый ол дьоннор
Сүүрбүт-көппүт уолаттар?
Этэр курдук тиксибит
Кимҥэ албан аат,
Кимҥэ үтүө өйдөбүл…
Атыттарбыт бүгүн суохтар,
Алаас үрдүк сыырыттан
Биһигини көрөллөр.
Үлэ, үлэ, үлэ
Билбэтэхпит атыны,
Арай эрэ ардыгар
Арыгыһыт аатыран
Сэмэ-суҥха, мөҕүллүү,
Кирдээх үлэ, кыра хамнас
Барылара биһиэнэ…
Аһыйбаппын, ытаабаппын
Ааһар олох аастаҕа,
Аһыйабын, суохтуубун
Эрдэлээбит доҕотторбун,
Бииргэ кырдьыах буоламмыт
Эн-мин дэспиттэрбин.
Аһыйдынар уруккуну
Хонтуораҕа олорбуттар,
Хомуньууһуму тутаннар
Тириппиттэр-хоруппуттар,
Билигин кинилэр бэтэрээннэр
Үтүөлээх үөһээ үтүөлээхтэр,
Саҥа даҕаны былааска
Сылаас сири булбуттар…

Кэлбит кэллэҕэ,
Барбыт бардаҕа…
Үрдүк халлаан сууллуо суоҕа
Ийэ сирбит ытыа суоҕа…
Оннук буолбаат, Өлөксөй,
Үтүө киһи Өлөксөй.

ХАРАЧА.

***

Доҕоруом, ыйытар буолума
Мин курус тапталбын таайыма,
Күһүҥҥү хабархай ардахтар
Түүллэрин тойоннуу сатаама.

Түһэллэр күһүҥҥү ардахтар
Үгүс да санааны саҕаллар,
Эдэр саас таптала,ырата
Урукку суолларга хаалбыттар.

Эн билэ сатаама, доҕоруом
Ол кимин, маҥнайгы тапталым,
Саптаҕа үгүс сыл күдэнэ
Оспута сылдьыбыт ыллыгым.

Ол ыраах тоҕойго хаалбыта
Эдэр саас туолбатах ырата,
Ааспатах ахтылҕан чараҥар
Куоппута таҥара табата.

Киирэр күн сарыала өспүтэ
Сүрэххэ ахтылҕан сүппүтэ,
Кыыс оҕо угуйар мөссүөнэ
Мин чуумпу түүллэрбэр көспүтэ

Дууһабар билигин нуһараҥ
Айанныах иннинэ сынньалаҥ,
Чугаһыыр инники тоҕойго
Күүттэҕэ бүтэһик уоскулаҥ.

ХАРАЧА,

2018 сыл.

***

Aartyk.Ru

Обсуждение • 2

Добавить комментарий
  1. Маган баттах

    Былыр Саха огусун мииннэгинэ ырыасыт диэбиккэ дылы, бугун сыта олоро, иллэнсийэ туспут барыта хосооньут..Уоруох исин, угустэрэ хоп курдук тыллаахтар, суруйаллар.
    Но, бары кэриэтэ саастаах дьон. Урукку литературага иитиллибиттэр.
    Барбыты сайыса олордохпут.. Эдэрдэргэ туох эмэ инэн, тиксэн хаалаахтыыра дуу..

  2. Василий

    Саха тыла баайа үчүгэйэ бэрт буоллаҕа, дьэ онтукпут сүтэр симэлийэр атын сир диэки иэҕиллэр дьылҕаланна бадахтаах ону оннугар хаалларары толкуйдуох баара…

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»