Курс валют
$
97.24
0.29
106.51
0.09
Курс валют
Курс валют
$
97.24
0.29
106.51
0.09
Меню
Поиск по сайту

“Шахта уута ханна барарый?” – диэн ыйытыыга АЛРОСА хоруйа

11.08.2017 13:13 2
“Шахта уута ханна барарый?” – диэн ыйытыыга АЛРОСА хоруйа

Эколог Уйбаан Буурсап: “Мир” рудник шахтатыгар киирбит сир аннынааҕы минераллаах уу ханна хачайданарый?” – диэн ыйытан бэҕэһээ түрүлүөн тардыбыта.

Онуоха итинник ыйытыыны “Аартык.ру” Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр туһулаабыта, анарааҥҥылар АЛРОСАҕа ыытан маннык харданы туттубут:

“По факту прорыва воды из карьера в рудник “Мир” введен период чрезвычайной ситуации. По состоянию на 10.08.2017г. продолжаются поисково-спасательные операции.

Данное  происшествие не оказало негативного воздействия на окружающую среду:

-сброс воды на рельеф местности и/или в поверхностные водные объекты отсутствуют;

-загрязнение прилегающей территории и/ил рельефа местности грязевой массой отсутствует.

Откачка воды производится по ранее предусмотренным проектным решениям, через водоводы до бессточного накопителя минерализованных вод Тымтайдах. Наземный комплекс водоотлива функционирует в штатном режиме. Данная система полностью обеспечивает исключение попадания минерализованных вод в поверхностные водные объекты.

В ходе проведения поисково-спасательной операции, по мере необходимости расчистки площадок (участков), селевые массы (водогрязекаменные) перемещаются внутри рудника, без выноса на поверхность.

Главный инженер А.Н. Черепнов”.

***

Уйбаан Сэмэнэбис эппитин курдук сүлүһүннээх ууну Тымтайдаахха быраҕаллар эбит.

Буурсап этэринэн, Тымтайдаах накопителэ 17,5 мөл. кубометр иэннээх. Тутуллубута ыраатта, 70-с сылларга.

“В Якутии.ру” хаһыакка Александр Сергеев диэн горняктар тутулуга суох профсоюзтарын председателэ эппитинэн, “Мир” карьер хаһылларыгар, аллараа түһэн иһэн сир аннынааҕы минераллаах уу тымырын таарыйбыттар. Ол иһин карьерга  уу күрүлгэннии киирэ турбут. Ону, кини этэринэн, карьер үлэлии турдаҕына сууккаҕа 30 000 кубометр ууну хачайдыыллар эбит. Ыйга 1 мөл. кубометр кэриҥэ туустаах уу Тымтайдаахха хачайдаммыт.

Өкөтүн Тымтайдаах накопителин иэнэ 17,5 мөл. кубометр буоллаҕына уонна карьертан сууккаҕа 1 мөл. кубометр хачайданар буоллаҕына – былыр үйэҕэ быччары туолан таһынан барбыт буолбатах дуо?!

Ол иһин Миринэйдээҕи коллегабыт Тымтайдаах атта барыта баллыр бадараан, оборчо, сир аннынан халыйан уу тарҕанна диирэ оруннаах буолан тахсар. Сир аннынан ханан-ханан тарҕанан, сүлүһүннээх уу тиийэрин айбыт таҥара бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Айылҕа министиэристибэтэ чугаһынааҕы өрүстэри, күөллэри кэтээн, уутун анаалыһын ылан чинчийиэх тустаах буолбаах дуо?

Ити биирэ. Иккиһинэн, “Саха”  НКИК бэҕэһээ “Мииринэйи өйүүбүт!” диэн аһаҕас эфиригэр кэлбит дьон үксүлэрэ “айылҕа күүһүн кыайбатыбыт, эрдэттэн итинник алдьархай тахсыа диэн ким да кыайан өтө көрөн билэр кыаҕа суох” диэн эттилэр.

Айылҕа айылҕанан эрээри, итинник алдьархай тахсар сибикитэ инники биллибитин, ону специалистар, шахтердар үрдүкү салалтаҕа тиэрдэ сатаабыттарын туһунан докумуоннар эмиэ дьон-сэргэ көрүүтүгэр тарҕаналлар.

Холобур биирдэстэрэ бу. Алдьархай тахсыан иннинэ Вл.Путинна суруллубут сурук.

“Саха уола бу иннинэ эрэ, эмиэ бу рудникка шахта сууллан улаханнык эчэйэн билигин искусственнай тыыныыга сытар”, – диэн коллегабыт кэпсиирэ эмиэ сэрэтии буолбатах этэ дуо?

…Онон тустаах салайааччылар дьалаҕайдарыттан маннык алдьархай таҕыста, булгуччу эппиэккэ тардыахха диэн модьуйуу оруннаах дии саныыбыт. Билигин ити содула өссө хайдах буолуо биллибэт. Сир аннынааҕы дьааттаах уу, 1978 сыллаахха курдук, Бүлүүгэ быраҕылыннаҕына  эбэбит, ону кытары түөрт улуус дьонун олоҕо улаханнык огдолуйар кутталлаах, диэн Уйбаан Буурсап сэрэтэригэр сөбүлэһэбит.

***

Aartyk.Ru

Обсуждение • 2

Добавить комментарий
  1. В.С. Винокуров ЕР. к.э.н

    Уопсайынаан боппуруоһу наһаа сытыырхаппакка толкуйдаан баран дьон дьүүлүгэр таһаарыахха баара. Саанабар Мир рудник шахтнай методка киириитэ саамай сөптөөх ньыманан ааҕабын. Өссө эрдэ киириэххэ баара. Экологическай өттүнээн улахан айылҕаҕа охсууну оҥорор “рассыпной” диэн метод. Оноон бу боппуруоска Аартык биир өттүнээн көрөн улахан сыыһаны таһааран эрэҕит. В. Винокуров ЕР

  2. Уоһук

    Бүлүү, Марха өрүстэр тардыыларыгар сиэрэ суох улахан антропогеннай (чуолаан сир баайын хастооһун) ноҕурууска үөскэттилэр. Биири хостоон бутэрэн оннун булларан (рекультивациялаан) эрэ баран атыны саҕалыылларын ирдиир тоҕоостоох. Аан дойду итинник ньыманы туттубута ыраатта. Биһиги Накыыммытыгар эмиэ ууларын сир хайаҕаһыгар кутабыт дииллэр эрээри, ол эмиэ ханан диэлийэн тахсыаҕын билэр киһи суох. Оннооҕор лицензиябыт бүтүөр диэри хостонон бүппэт диэн рекультивация бырайыактара суох, бүттэҕинэ ыытыллыахтаах рекультивация үлэтигэр кыттар убу мунньуу эмиэ суох. Дьиҥэр билигин, саамай сүөгэйин баһа сылдьар кэмнэригэр анал рекультивация фондатыгар мунньуохтарын сөп этэ. Кэлин тиһэх хостооччу ким буолара биллибэт, ханнык эмэ авантюристка аахсыйаларын батаран баран ол киһини сууттаабыта буолуохтара. Ночоокко дойдулаахтар биһиги хаалыахпыт. Бары көстөхторүнэ һрэх уутун ким хачайдыай, туолан баран өрүскэ киирбэккэ ханна барыай.

Оставить комментарий