Курс валют
$
97.55
0.11
106.14
0.3
Курс валют
Курс валют
$
97.55
0.11
106.14
0.3
Меню
Поиск по сайту

Саха тыла суут-сокуон эйгэтигэр хаалыа дуу, эбэтэр күрдьүккэ быраҕыллар дуу?

27.04.2021 10:52 3
Саха тыла суут-сокуон  эйгэтигэр хаалыа дуу, эбэтэр күрдьүккэ быраҕыллар дуу?

Климов суругун” тула кэпсэтиини “Кыым” хаһыат салгыыр.

Суруналыыс Владимир СТЕПАНОВ суруйуутуттан:

-Бу күннэргэ СР ИДь миниистирин солбуйааччы полковник В.Климов оройуоннарга баар уорганнарын начаалынньыктарыгар ыыппыт суруга тарҕанна. Онно улуустар бэлииссийэлэригэр Арассыыйа ИДьМ-ын дуогабар-быраап дэпэртээмэнин 2019 с. балаҕан ыйын 5 к. 1/3-3994№ быһаарыыта төһө да баарын үрдүнэн, сорох тыа ИДьМын уорганнарыгар процессуальнай матырыйааллары сахалыы, РФ судаарыстыбаннай нуучча тылыгар тылбааһа суох ыыта олороллоро буойуллубут. Омос көрдөххө, хайдах тылбаастаныа суохтааҕый? Судаарыстыбаннай тыллар тэҥҥэ туттуллуохтаахтар диэн бары билэбит.

Ол эрээри, сурук төһө да РФ Төрүт сокуонун 68 ыст. 2 чааһыгар өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тыллара РФ судаарыстыбаннай тылын кытта тэҥҥэ былаас, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар туттуллар диэн саҕаланнар, араас сокуон оннук-маннык нуормаларыгар олоҕурдахха диэн трактовкалаан, “холуобунай дьыалаҕа хайаан да нуучча тыла туттуллуохтаах” диэн түмүккэ аҕалар.

Суут-силиэстийэ өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тылларынан ыытыллыан сөп ЭРЭЭРИ, хайаан да нууччалыы тэҥҥэ ыытыллыахтаах диэн ыйыллыбыт. Онон былыр “сокуон хараҕа мэкчиргэ баһын курдук эргийэр” дииллэрэ бу сайдыылаах XXI үйэҕэ кур бэйэтэ кубулуйбакка кэлбит диэххэ сөп. Өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тыллара суут-сокуон тылыгар туттуллара, биир өттүнэн, көҥүллэнэр курдук да, тиһэҕэр син биир бобуллар буолан тахсара дьикти.

Полковник Климов суругунан үөһэ этиллибит департамент быһаарыыларыгар олоҕуран (юристар “ити сокуон буолбатах” дииллэр) улуус полицияларын салайааччыларыттан ирдэммит:

“1. Силиэстийэ иннинээҕи матырыйааллары хомуйуу, холуобунай дьыала тэриллэрэ аккаастанар уураахтара, тахсыбыт матырыйааллар, административнай сокуону туттууга анал номенклатурнай дьыалаларга холбоммут матырыйааллар, уопсайынан эттэххэ, дьыаланы оҥоруу барыта РФ судаарыстыбаннай – нуучча тылынан ыытыллыахтаах, саха тылынан барыан сөп, өскөтүн тэҥҥэ нууччалыы тылбаастанар буоллаҕына. Ис дьыала үлэһиттэрэ толорор бары араапардара, силиэстийэҕэ толорор боротокуоллара, түмүктэрэ – барыта нууччалыы толоруллуох. Оттон СӨ судаарыстыбаннай тылынан бэрэбиэркэҕэ ыытыллааччылар сайабылыанньа, быһаарыы биэрэллэрэ көҥүллэнэр.

2. Оройуоннар таһымнарынан ИДьМ уорганнарын начаалынньыктарын РФ Төрүт сокуонун, “Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай тылын туһунан”

Федеральнай сокуону, РФ Холуобунай-процессуальнай кодексын үлэлэрин толороллоругар тутуһуохтаахтар, ону таһынан бу үлэни хонтуруоллаабатахтарына, тус бэйэлэрэ эппиэтинэс сүгүөхтэрэ диэн сэрэтэбин”.

Омос көрдөххө сурукка холуобунай дьыала саха тылынан ыытыллара бобуллубатах курдук.

 

РФ Төрүт сокуона тоҕо кэһиллэрий?

Билигин уулуссаҕа кимтэн баҕарар ыйыттахха, РФ Төрүт сокуона мэктиэлиирин быһыытынан, Саха сиригэр суут икки тылынан ыытыллар диэхтэрэ. Ити – ааспыт үйэттэн олохсуйбут, үгэс буолбут өйдөбүлбүт. Онон боростуой киһи ити суруктан “тыа полициятын начаалынньыга туох иһин улахан эппиэтинэһи сүгүөн сөбүй?” диэн дьиктиргиэн эрэ сөп.

Бары да оннук саныахпыт. Тоҕо диэтэххэ, былырыын ылыллыбыт, “буруолуу” сылдьар саҥа уларытыылардаах Арассыыйа Төрүт сокуонун 68 ыстатыйатыгар этиллэр:

1. РФ судаарыстыбаннай тыла – Арассыыйа сиригэр-уотугар судаарыстыбаны төрүттээбит, РФ тэҥ бырааптаах норуоттарын сойууһугар киирэр нуучча норуотун тыла.

2. Өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрин судаарыстыбаннай тылларын ылар бырааптаахтар. Былаас, олохтоох салайыныы, судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ РФ судаарыстыбаннай тылын кытта тэҥҥэ туттуллар.

3. РФ кини састаабыгар киирэр норуоттарга барыларыгар төрөөбүт тылларын харыстыыр, үөрэтэр уонна сайыннарар быраабы мэктиэлиир.

Көрөргүт курдук, өрөспүүбүлүкэ тылын Арассыыйа Төрүт сокуона көмүскүүр, долгуйарга төрүөт суох курдук. Аны “РФ суутун систиэмэтин туһунан” диэн 1996 с. ахсынньы 31 к. ылыллыбыт федеральнай конституционнай сокуонунан нуучча тылынан хайаан да РФ Үрдүкү уонна байыаннай сууттара ыытыллара ирдэнэр.

Уопсай юрисдикция сууттарыгар, силиэстийэлиир уорганнарыгар өрөспүүбүлүкэлэр судаарыстыбаннай тыллара киһи төрөөбүт тылынан ыытыллара көҥүллэнэр. Ол эрээри, ааһыныы (апелляция) суута иллэрээ сыл Владивостокка көспүтүн кэннэ, Саха сиригэр суут-силиэстийэ уорганнарыгар холуобунай дьыала барыта нууччалыы барыахтаах диэн ирдэбил быраабы араҥаччылыыр уорганнар, сууттар салалталарын өттүттэн күүһүрэн барбыт.

Ол кэннэ, биир-биир аҕыйатан, билигин Саха сиригэр холуобунай дьыаланы, сууту сахалыы ыытыы 4 эрэ улууска хаалбыт, – диэн “Кыым” суруйар.

Салгыы автор Владимир СТЕПАНОВ итинник саха тылын көйгөтүтүү бара турарын ким да (чиновниктар, депутаттар, дьон-сэргэ) улаханнык билбэт диэн этэр. Климов сигэнэр Департаменын быһаарыыта  2019 сыллаахха ылыллыбыт, оттон РФ Төрүт сокуонугар уларыйыы киирбитинэн сибээстээн, дьиҥэ тохтуохтаах да этэ диир.

“Кыымҥа” юрист үөрэхтээх дьон санаатын эппит.

– Бу сурук кэлиэр диэри эмсэҕэлээччи уонна буруйданааччы иккиэн саха буоллахтарына, суут саха тылынан барара. Оттон билигин барыта нууччалыы барар буолар. Тоҕо? Сайабылыанньа сахалыы киирэр, онтон ыла туох баар докумуон барыта нууччалыы толоруллар. Суукка нууччалыы толоруллан тиийэр. Оччотугар суукка нууччалыы мөлтөхтүк саҥарар,  юридическай тиэрмини кыайан өйдөөбөт киһи сокуон мэктиэлиир быраабынан кыайан көмүскэммэт, атаҕастабылга түбэһэрэ чахчы. Холуобунай-процессуальнай кодекс 18 ыст. чуолкайдык РФ ¥рдµкµ апелляция уонна кассация сууттара эрэ нууччалыы бараллара ыйыллар. Онтон атын ирдэбил суох. Дьыаланы икки тылынан тэ²²э ыытыы диэн ханна да суох. Урут силиэдэбэтэл дьыала са±аланыытыгар “суут тыла” диэн нуорма±а оло±уран, ханнык тылынан ыытарын быһаарара. Соҕуруу бэрэбиэркэҕэ барар дьыалалары тылбаастаан ыыталлар. Онон ИДьМ суруга сокуоҥҥа олоҕурбатынан, сокуону сыыһа трактовкалаан, кµµс ³ттµнэн со²ноон киллэрии диэххэ с³п.

2000-с сыллартан “национальнай кланнар өрөспүүбүлүкэлэргэ сокуону кэһэллэрэ элбээтэ” диэн, ону сымнатаары улахан дуоһунастарга атын эрэгийиэн дьонун аныыр буолбуттара. Оттон билигин кэлии өттө аһара бараары гынна. Аны олох уларыйан, хамнастаах үлэ иһин күрэстэһии күүһүрдэ. Онон суут, силиэстийэ, борокуратуура үлэлэриттэн олохтоох дьону туоратыыга холонуу суох буолбатах. Итинник салҕанан бардаҕына, быраабы араҥаччылыыр уорганнарга төрүт олохтоохтору чугаһаппат буолан барыахтарын сөп.

Дьиҥэр, суут саха тылынан барарын хааччыйар уопут Саха сиригэр баар. Урут борокуратуура үлэһиттэрэ Никонов уонна Алексеев холуобунай бырассыаска туттарга анал мэтэдьиичэскэй тылдьыттары таһаарбыттарын тутталлара. Саха тылын туттууга иккис сүрүн боппуруос, холуобунай дьыала дьайыытын эрэ буолбакка, эчэйии туруга кытта сахалыы суруллуохтаах.

П.С. Тумусов сахалыы “Киһи Аан Туома” диэн кинигэлээх. Онно киһи эчэйиитин сахалыы ааттаан ыйарга уорганнар бары тылбаастана сылдьаллар. Каадыр билиитин үрдэтэр итинник мэтэдьиичэскэй босуобуйаны борокуратуура оҥорторуохтаах. Аны УПК ыйарынан, тылбаасчыт – туһунан процессуальнай сирэй, биир дьыаланы элбэх киһи тылбаастыа суохтаах. Ол аата, хамнастаах үлэһит баар буолуохтаах. Онон тылбаас федеральнай дуу, өрөспүүбүлүкэ боломуочуйата дуу буоларынан, үп-харчы көрүллүөхтээх.

“Аартык.ру” саха тылын суут-сокуон тылыттан туоратыыга аналлаах суруйуутугар биир эспиэр “холуобунай дьыала сахалыы барар суутугар киһи төрөөбүт тылынан уонна нууччалыы барар суукка тылбаас ноҥүө көмүскэнэрэ сирдээх-халлан курдуктар” диэбитин кытта сөбүлэһиэххэ сөп. Тылбаасчыт эн курдук толкуйдаабат, эн хараххынан көрөн быһаарбат, санааҕын, тылгын толору тиэрдибэт – формалист. Онон, дьиҥэр, биир тыллаах омуктар олорор сирдэригэр төрөөбүт тылларынан ыытыллар суут тугу да кэспэт.

Аны, тылбаасчыт Үрдүкү суукка эрэ көрүллэр. Оттон силиэстийэ алын таһымыгар, полицияҕа буруйданааччыны, эмсэҕэлээччини батыһа сылдьар үрдүк кылаастаах тылбаасчыт көрүллүбэт. Сахалыы-нууччалыы тылбаастааһын кыһалҕата силиэдэбэтэл үрдүнэн барар. Ким икки хос үлэни босхо толоруон баҕарыай? Тылбаас – уустук дьыала. Онон буолуо, атын өрөспүүбүлүкэлэргэ быраап чуолкайа суох өрүттэринэн киирэн, төрөөбүт тыллара суут-сокуон эйгэтиттэн туоратыллыбыт, – диэн ааптар суруйар. Уонна Саха өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ  100 сыла туолаары турдаҕына,  суут-сокуон эйгэтигэр саха тылын туттууну букатын тохтотуу буолан эрэр диэн түмүккэ кэлбит.

“Саха тыла суут-сокуон эйгэтигэр уонунан сылларга үлэлээн, туох эмэ куһаҕаны оҥорбута, судаарыстыбаны куорҕаллаабыта суох. 400-чэкэ сыл устата дойдуну бииргэ түмүүгэ сөҕүмэр  кылааттах саха норуотун тылын таах күрдьүккэ элитэн кэбиһиини төһө cөп дии саныыгытый?” – диэн ыйытыынан ааптар Владимир СТЕПАНОВ ыстатыйатын түмүктээбит.

***
Aartyk.Ru

 

Обсуждение • 3

Добавить комментарий
  1. Мда

    Теоретическай куолулаасын уонна практика ирдэбилэ алтысыыта буолар бу полиция началтнигын дьасала уонна журналист суруйуута. Конституция диэн уопсай гарант. Ол аата, холобур, торообут тылы тутууну асагастык куомчулээсинтэн комускээсини хааччыйыы. Но Саха тыла уонна нуучча тыла ханна барытыгар тэннэ туттуллуохтаах диэн модьуйууну, ирдэбили олохтоосун буолбатах. Ити полиция ведомственнай суруга тылы тутууну бобуу буолбатах, тотторутун государственнай нуучча тылын федеральнай дьыалага толору туттууну хааччыйын диэн ирдэбил. Полиция, следствие, суут бу федеральнай былаас структурата. Онно хайдах силиэстийэ, суут сокуон протоколугар, Дьыалатыгар Саха эрэ тылынан, нууччалыы переводу хааччыйбакка оносуллуой? Оччотугар тотторутун нуучча тыла уонна федеральнай былаас куомчулэнэр. Онон бу проблема, нууччалыы, перевода суох эттэххэ – из пальцев высосано. Сахалыы хайдах багарар тылбаастаан. Тарбахтан оборуллубут диигит дуу, салгынтан ылыллыбыт диигит дуу, бэйэгит билин.Конституция РФ ол тусунан тугу да модьуйбат.

  2. Юрист

    Бу юридическай – правовой норма, правоприменение тусунан суруйуу буолбатах. Бу политтическай суруйуу. Саха тыла курдьуккэ бырагыллар дуу диэн ыйытык асара тусуу, провокационнай даганы диэххэ соп. Саха тылын курдьуккэ бэйэбит бырагыах курдукпут. Ол буолбатын тусугар сахалыы нууччалыы тэннэ тутта, санара, билэ сатыахтаахпыт. Суут, сокуон, силиэстийэ Дьыалатыгар албакаат диэн баар. Саха, нуучча тыла сопко алтысыыта итинник дьыала – гражданин уонна албакаат тус бэйэлэрин проблемата. Тылы сатаан туттубатахтарына – бэйэлэрин итэгэстэрэ.Суут оруттэр курэстэсиилэрэ. Онно кимиэхэ да нууччалыы санаатын ситэ тиэрпэт диэн преференция бэриллибэт. Хайдах хаачыстыбалаах переводчик баарынан хааччыйыага государство, онон бутэр.

    • Тамалакаан

      Юрист алҕаһыыгын. Бу политическай суруйуу буолбатах. Бу- бэйэ быраабын көмүскэниигэ РФ сокуонун уонна Россия Конституциятын нуорматын иһинэн суруллубут. “Саха тыла” кырдьык “күрдьүккэ” быраҕыллар кутталлаах.

Оставить комментарий