Курс валют
$
103.95
0.68
110.48
1.92
Курс валют
Курс валют
$
103.95
0.68
110.48
1.92
Меню
Поиск по сайту

«Саллаат сүрэҕэ» уонна «Рядовой Чээрин» киинэни көрбүттэн санаалар

27.04.2021 09:05 0
«Саллаат сүрэҕэ» уонна «Рядовой Чээрин» киинэни көрбүттэн санаалар

Соторутааҕыта «Лена» киинэ тыйаатырын аччыгый саалатыгар «Саллаат сүрэҕэ» диэн Руслан Тараховскай режиссердаах киинэни суруналыыстарга, блогердарга маҥнайгынан көрдөрдүлэр. Киинэ улахан экраҥҥа муус устар 29 күнүттэн көстөрө былааннанар.


«Саллаат сүрэҕэ» киинэни Тимофей Сметанин 2019 сыллаахха 100 сылын туоларыгар анаан режиссер Руслан Тараховскай устар санаалааҕа. Ол эрэн хамсык уонна да атын күчүмэҕэйдэр баар буолан, киинэ сүрэхтэниитин 2021 сыл муус устарыгар көһөрөргө быһаарылыбыта.

Айар бөлөх кэпсээбитинэн, бу киинэлиэнтэни оҥорууга, чочуйууга хас даҕаны сыл барбыт. Руслан Тараховскай мустубут дьоҥҥо туһаайан этиитигэр, киинэҕэ икки кэм дьүөрэлэһэр, икки дьоруой олоҕо ойууланар – окуопаттан суруйааччы Тимофей Сметанин уонна биһиги кэммититтэн скрипкаҕа оонньуур устудьуон Марк. Кини Тимофей Сметанин айымньыларын нөҥүө бэйэтин санаатынан сэриигэ баар буолан хаалар. Оттон суруйааччы Тимофей Сметанин сэриилэһэ сылдьан хоһоон суруйар, төһө даҕаны уоттаах сэрии толоонугар сырыттар айар-тутар, иэйиитин, санааларын хоһоон гынан көтүтэр.

Режиссер эппитинэн, скрипач – искусство үлэһитэ, оттон кинилэр киһи дууһатын тутан, оҥорон таһаарар дьон, син эмиэ «инженер-конструктордарга» тэҥнээхтэр.

Хас биирдии киһи олоххо көрсөр ыарахаттарын – сэриигэ өлөр өстөөҕү кытта киирсии буоллун, сирдээҕи олоххо бэйэ миэстэтин булуу, сырдык-хараҥа, кырдьык, көҥүл, таптал иһин бэйэ иһигэр охсуһуу буоллун – хайдах ылынарыттан, онно хайдах хардарарыттан тутулуктааҕа ырылхайдык көстөр. Тоҕо эрэ көрө олорон, Пауло Коэльо «Книга воина света» диэн айымньытын саныы биэрбитим, син эмиэ онно курдук сырдык иһин охсуһар буойуннар тустарынан киинэҕэ кэпсэнэр.

Руслан Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын сүрүн режиссера буолан эбитэ дуу, киинэҕэ испэктээкил элэмиэннэрин туттубутун бэлиэтээтим. Ол курдук, скрипач уолбут сарсыарда аайы хаар күрдьэр идэлээх эбит. Ити ньыма «Учуутал» диэн испэктээкилтэн кэлбитигэр саарбахтаммат. Сахалартан собус-соҕотох ССРС норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев Үөһээ Бүлүү өрөспүүбүлүкэтээҕи гимназиятыгар үлэлииригэр сарсыарда эрдэ оскуолаҕа кэлэн, хаар күрдьэҕин ылан, оскуола тиэргэнин күрдьүбүтүнэн барара үһү. Онтон пансиоҥҥа олорор уолаттар утуу-субуу кэлэн учууталларыгар көмөлөспүтүнэн бараллара үһү. Ити курдук, сарсыарда аайы уолаттар түмсэн учууталларын кытта хаар күрдьэллэрэ үгэскэ кубулуйбут. Ити сааһыланыы, ырааһы, сырдыгы саҕыы, өйү-санааны уһугуннарыы диэн өйдөбүлгэ туттуллар ньыма. Руслан гимназияҕа үөрэммит буолан, бу ньыманы ордук чугастык ылынара биллэр суол. Оттон маны билбэтим буоллар, бу скрипач күн аайы хаар күрдьэр эбит диэн көннөрү көрөн эрэ кэбиһиэм этэ. Онон, мин санаабар, элбэх киһи итини болҕомтоҕо ылбата буолуо. Тыйаатырга итинник хатыланар көстүүнү көрдөххүнэ, мээнэҕэ буолбатын тута сэрэйэҕин, тоҕо итинник хаар күрдьэрин толкуйдаан да таһаарыахха сөп.

Киинэҕэ таптал тиэмэтэ эмиэ ураты миэстэҕэ турар. Сүрүн дьоруойдар нөҥүө олоххо, дойдуга, норуокка, кыыска, кэргэҥҥэ тапталы көрдөрөр. Бу киинэ тапталы харыстыырга, олох иһин охсуһарга, мэһэйдэри туоруурга, санааны бөҕөргөтөргө, чугас дьоҥҥун сыаналыырга үөрэтэр. «Хаһан даҕаны бэйэҕэр саарбахтаама» диэн тыллар хайдахтаах курдук күүс биэрэллэрин, олоххо тардыһыыны күүһүрдэллэрин көрүөххэ сөп.

Скрипач Марк (Олег Уларов) тыйаатыр режиссерун (Тамара Обутова) уонна суруйааччы Тимофей Сметанин айымньыларын кытта билсиитэ кини бу иннинээҕи, уопсай хоһун иһинэн муҥурдаммыт, олоҕун тосту уларытар. Кини олоҕо урут хаһан даҕаны билбэтэх иэйиилэринэн, кыраасканан, көҥүллүк айыы уонна бэйэ кыаҕын толору таһаарыы үөрүүтүнэн туолар, дьиримниир. Ол эрээри туох барыта толуктаах буолара көстөр. Олох төһөнөн ыарыыр да, соччонон кэрэҕэ тардыһыы уһуктуохтаах… Искусство ол туһугар үлэлиэхтээх.

Оттон Тимофей Сметанин диэн кимий? Кини олус кылгастык да олорон аастар (баара-суоҕа 27 сааһыгар күн сириттэн барбыта), үгүс айымньыны норуотугар суруйан хаалларбыта – литература үс көрүҥэр тэҥинэн айар ураты дьоҕурдаах суруйааччы этэ. Кинини талааннаах поэт, драматург уонна прозаик быһыытынан, оҕолорго анаммыт остуоруйалар, «Лоокуут уонна Ньургуһун» драма, «Егор Чээрин» сэһэн, «Күөрэгэй», «Куоска олоҥхото», «Кыhыл былааттаах кыыс» пьеса, «Уол уонна эhэ», «Мэхээлэчээн булчут кэпсээннэрэ» уонна да атын элбэх айымньы ааптарын быһыытынан биллэрэ.

Сэрии кэнниттэн Тимофей Сметанин баара-суоҕа икки эрэ сыл уһаабыт, онно ылбыт бааһырыыларыттан өрүттүбэтэх. Киинэҕэ сотору-сотору хоһоонноро иһиллэллэр. Онно маннык ис хоһоонноох строкалар киһини олуһун долгуталлар: «Төһө даҕаны сэрииттэн бааһыран, эчэйэн кэллэрбин сирдээҕи дьолу билбиппин хатылыырбыттан хаһан даҕаны сылайыам суоҕа…» Биһиги маннык эйэлээх олоххо олорорбут туһугар олохторун олук биэрбит саха саллааттарын санаалара итинник этэ. Оттон биһиги бүгүн тугу санаан олоробутуй, олоххо сыһыаммыт хайдаҕый, чугас дьоммутугар, доҕотторбутугар, үлэбитигэр? Туохтан санаабыт түһэрий, мунчаарабытый, «истириэһирэбитий»?

Дьыл-хонук аастаҕын аайы Улуу Кыайыы суолтата өссө дириҥээн, кэҥээтэр-кэҥээн иһэр. Манна даҕатан эттэххэ, киинэ устата классическай музыка иһиллэрэ эмиэ итини кытта ситимнэһэргэ дылы. Классическай музыка курдук сэрии тиэмэтэ киһи-аймах өйүгэр-санаатыгар иҥэн үйэлэри уҥуордуо турдаҕа, өлбөөдүйбэт, сүппэт өйдөбүл буолан мэлдьи баар буолуоҕа…

Киинэ литература, тыйаатыр уонна музыка өтө киирсэр айымньыта буолла диэххэ сөп. Оннук кини араастык дьэрэлийэр, көрөөччү бэйэтэ толкуйдаан таһаарарыгар ыҥырар. Операторскай, техническэй, тыас-уус өттүнэн кыра итэҕэстэр баалларын аахсыбатахха.

«Рядовой Чээрин».

Биллэрин курдук, бу сэһэни фронтовик-суруйааччы Тимофей Сметанин суруйан хаалларбыта.

Бүттүүн норуот ытыктабылын, тапталын ылыан ылбыт, сүрүннээн көрдөөх киинэлэргэ уһуллубут артыыс уонна режиссер Аркадий Михайлович Новиков Тимофей Сметанин «Егор Чээрин» диэн сэһэнин киинэ устан дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүөн олус баҕарара. Хомойуох иһин, киинэ сценарийыгар үлэ бара турдаҕына, Аркадий Михайлович бу орто дойдуга суох буолбута. Инньэ гынан, 2015 сыллаахха саҕаламмыт устуу матырыйаалыгар үс сыл буолан баран биирдэ төннүбүттэрэ. Хартыына продюсера Ньургун Иванов Дмитрий Кольцовка этии киллэрбитигэр, дьэ, үлэ хаамыыта сыҕарыйан барбыта.

Дмитрий Кольцов бэйэтэ бу киинэ режиссера, продюсера уонна киинэ дьоруойун – лейтенант Лобода – оруолун толорооччу. Дмитрий бэйэтэ реклама эйгэтигэр үлэлиир, режиссер быһыытынан кини бу бастакы холонуута буолар.

Киинэни көрө олорон, «Ама, бу биһиэннэрэ устубуттар дуо?!» диэн сөҕө-махтайа саныыгын. Олус элбэх үлэ барбыта тута сэрэйиллэр – ньиэмэстии диалогтартан саҕалаан окуопаларга, дэлби тэптэриигэ тиийэ. Бу диэн эттэххэ, актерскай састаабы киһи хайҕыан эрэ баҕарар – быстах эпизоттарга тиийэ бары оруолларын олус астыктык табыллан оонньообуттар. Дмитрий Кольцов интервьюга кэпсээбитинэн, кастиҥҥа кэлбит артыыс идэтэ суох дьону түмпүттэр. Онон киинэҕэ уһуллар баҕа санаа хайдах курдук чыпчаалга өрө таһаарыан сөбүн көрөн итэҕэйиллэр. Холобура, Рюллих, снайпер Шульц, лейтенант Лобода (Том Харди артыыска олус майгынныыр), Чээрин оруолларын бэртээхэйдик арыйаллар. Киинэ бүддьүөтэ баара-суоҕа 5,5 мөл. солк. Киинэ 70% CGI-графика көмөтүнэн оҥоһуллубут. Артыыстар халлаан күөх пуоҥҥа худуоһунньук-постановщик даачатыгар үксүн уһуллубуттар.

Сүрүн дьоруой оруолугар Аркадий Новиков Федот Львову ыҥырбыта биллэр, ол эрэн кини атын бырайыактарга кыттар буолан уһуллубатах. Инньэ гынан, кастиҥҥа бастакынан кэлбит Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар тыйаатырын артыыһа Айтал Степанов бу оруолга тутатына бигэргэммит. Режиссер көрдө-көрөөт, Чээриҥҥэ бу эдэр киһи барсарын билбит.

Манна даҕатан эттэххэ, «Рядовой Чээрин» уонна «Саллаат сүрэҕэ» киинэлэргэ Гернот Гримм быһаччы кыттыспыта таһымы өссө үрдэтэр. Гернот Саха сиригэр олорор ньиэмэс. Кини Рюллиҕы ньиэмэстии саҥардыбыта уонна «Саллаат сүрэҕэ» киинэҕэ эмиэ көстөр. Онон дьиҥнээх ариец оонньообута бэртээхэйдик ылыныллар.

Бу сэһэн экранизацията буолар эрээри сорох түгэннэр эбиллэн биэрбиттэрин өйдүүр тоҕоостоох. Киинэ быраабылаларыгар сөп түбэһиннэрэн сюжекка уларыйыылар киирбиттэр, сорох түгэннэри сытыырхатан биэрбиттэр. Онон «сэһэҥҥэ отой да итинник буолтабах этэ» диир табыгаһа суох)

Оператор уһулуччу үчүгэй үлэтин ордук бэлиэтиир тоҕоостоох. Каадырдара, былааннара уус-уран киинэҕэ буоларын курдук сөрү-сөптөр, туох даҕаны быһаҕас-итэҕэс суох. Хараҥаҕа уһуллубут каадырдар сырдатыылара үгүс үптээх улахан киинэлэргэ туруоруллубутун курдук бэртээхэйдик турбут. Чээрин уонна Шульц киирсиилэрин каадырдара олус табыллан уһуллубуттар.

Оператор-постановщик Айтал Никитин Култуура колледжын бүтэрбитэ, «Сахафильм» биир тутаах үлэһитэ. Кинини кытта Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлигэр 2017 сыллаахха Сочига көтөн иһэн сөмөлүөккэ билсибитим. Киинэ туһунан олус элбэҕи кэпсэппиппит. Ол саҕана кини иккис оператор быһыытынан ордук биллэр эбит буоллаҕына, билигин бэйэтэ устар буолбутуттан олус үөрэбин. Араас бырайыакка үлэлээн, онно-манна харса суох сүүрэн-көтөн уопутурбута тута биллэр. Айталга инникитин өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын!

Киинэҕэ Кэнкэмэ, Покровскайдыыр, Бүлүүлүүр уонна Маҕанныыр трактар көстөллөр. «Снайпер саха» киинэҕэ анаан хаһыллыбыт окуопалар манна эмиэ туттуллубуттар.

Бу киинэни ордук уолаттар көрөллөрө буоллар. Идеология, өй-санаа, бутуллуу-булкуур кэмигэр маннык хабааннаах киинэлэр олус наадалар. Тэлэбиисэр холбоотоххо, дьон бэстилиэтинэн ытыалаһар, өлөрсүү, өһөрсүү… Эдэр киһи олоҕу көрүүтэ, олоххо сыһыана бу маннык халбаҥ кэмҥэ, эйгэҕэ олоҕурар. Оҕолорбут омук киинэлэрин, араас аралдьытар биэриини көрөн үтүктэллэр. Ыччат дьоммутугар тус олоҕу көрүү, сахалыы өй-санаа, сиэр-майгы, дойдуга таптал диэн баар буолуохтаах. Онуоха бу киинэ сүрүн дьоруойа олус үчүгэй холобур. Киниттэн элбэххэ үөрэниэххэ сөп.

Киинэ ис хоһооно – хас биирдии киһи дьоруой буолуон сөп, онуоха туох эрэ ураты дьоҕурдаах төрүүр наадата суох. Уустук кэмҥэ хорсун санааны уонна булугас өйү тутуннахха кыайыылаах тахсыахха сөбүн бу киинэ кэпсиир.

Маны таһынан, бу киинэ олоххо киирэригэр үбүнэн көмөлөспүт «Синет Сахавуд» киинэ уонна анимация сайдыытын пуондатыгар (сал. Арсен Томскай) махтаныаҕы баҕарыллар. Кинилэр өйөбүллэринэн, олохпут эргиирэ сырдык диэки эргийэр.

Дмитрий Кольцов эппитинэн, баҕар, киинэ салҕыыта кэлин уһуллуо. Онон бу курдук ыччакка туһуламмыт иитэр-үөрэтэр суолталаах киинэ иккис чааһын көрүөхпүт диэн эрэнэ күүтэбит.

Сэһэни Национальнай библиотека сайтыгар булан ааҕыахха сөп.

***

Оксана МАНЧУРИНА

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»