Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Курс валют
Курс валют
$
99.42
3.96
106.3
3.48
Меню
Поиск по сайту

Оҕолорбут сахалыы саҥарбаттар. Тоҕо?

07.02.2023 08:35 3
Оҕолорбут сахалыы саҥарбаттар. Тоҕо?

Саха оҕото бэл кытыы сытар түгэх нэһилиэктэргэ сахалыы саҥарбат буолла. Тоҕо? Бу ыйытыыга дьон санаата:

Алексей Амбросьев, читатель Aartyk.Ru:

-Төрөппүттэр бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэппэттэр, телефон хаһан тахсаллар. Оҕолорун кытта кэл, бар, аһаа, мэ, сиэ диэнтэн ураты кэпсэтии суох. Оҕолоругар телефон ылан биэрэн баран төрөппүт быһыытын иэстэрин толорбут курдук сананаллар. Ити бытовой өттө.

Дьиҥ дириҥэ саха тыла историческай оруолун билбэт буолуу. Саха тылын кыра омук, аҕыйах киһи саҥарар, инники кэскилэ суох диэн санаа баар. Оскуолаҕа былыр саха тыла (древнетюрский язык) уонунан үйэлэргэ баһаам элбэх киһи кэпсэтэр тыла, Аральскай муораттан Сахалиҥҥа диэри араас норуоттар бэйэ-бэйэлэрин кытта кэпсэтэр тыллара этэ диэн кэпсэммэт.

Мин санаабар саха тылын грамматиката аһара сатабыла суох, ол эбэтэр сатаан быһаарыллыбатах. Саха тылын грамматикатын оҕо өйдөөбөт, өйдүүр, билэр да төрөппүт ахсааннаах. Ол иһин ону өйдөөбөккө оскуолаҕа эрэйдэммит төрөппүттэр оҕолорун нууччалыы үөрэтэллэр. Мин санаабар саха тылын грамматикатын саҥалыы көрөн сөргүтэр кэм кэллэ.

Билигин цифровой гаджет үйэтэ, ону кытта тэҥҥэ хардыылыахха баар этэ. Араас омук, оҕолор сөбүлээн көрөр мультиктарын сахалыы переводтаан киэһэ телевизорга (оҕо утуйаары көрөрүн курдук) уонна интернет ресурсаларыгар көстөрүн курдук ирдиэххэ. Омук мультиктарын саҥардарга үчүгэй диктордары (мин санаабар славянскай хааннаах, кинилэр куолайдара. бэлэстэрэ былыргы сахалыы саҥаҕа ордук барсар, дорҕоон ис түгэҕэр буолбакка таска иһиллэр) булан эрчийэн иитэн таһаарыахха. Кыра акцент баара омук мультиктарын саҥарарга ордук табыгастаах буолуо дии саныыбын. Мультиктары сахалыы саҥардарга анал хамыыһыйа тэрийэн, талааннаах ыччаты түмэн, бюджеттан үбүлээн государственнай программа оҥорон тэрийиэххэ. Биирдиилээн энтузиастар ону кыайар кыахтара суох.
Сахалыы саҥарар ол эбэтэр ыллыыр омук дьонугар анал бэлиэ толкуйдуохха.

Любовь ВАСИЛЬЕВА, 30 сыл ыстаастаах саха тылын уонна литературатын учуутала:

-Оҕо сүрүннээн иитиллэр, сайдар сирэ – дьиэтэ, дьиэ кэргэнэ буолар. Сорох төрөппүттэр оҕолорун кытта атах тэпсэн олорон сахалыы кэпсэппэттэр, күннээҕинэн баар-суох икки ардынан  кэпсэтэллэр.

Кыра оҕоҕо  миигин бааспатын эрэ диэн телефон туттараллар. Оҕо кыратыттан кэпсэтэн үөрэннэҕинэ эрэ сахалыы саҥара үөрэнэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн мэниктиэхтээх, сүүрүөхтээх-көтүөхтээх оннук гынан кини  тулалыыр эйгэтин, Аан дойдуну кытары билсэр. Дьиэтин  иһинээҕи дьонун майгытын кытары билсэр, мал-сал, таҥнар таҥаһын аатын-суолун билэр. Онтон саҕаланар оҕо тыла сайдыыта, төрөөбүт тылынан саҥарыыта.

Телефоҥҥа олорбут оҕо дьыссаакка бардаҕына телефон көрбөккө кыйахана сылдьар буолар. Ол иһин төрөппүт “оҕом дьыссааты сөбүлээбэт, дьиэтигэр да соҕотоҕун сатаан олорор ээ” дииллэр. Былыр да, сэбиэскэй да саҕана кыра оҕону дьиэҕэ соҕотохтуу хаалларбаттар этэ, куттаналлара. Онтон оскуолаҕа бардаҕына, сорох учуутал эмиэ оҕону салгыы сайыннарга холоммот: хоһоон аахтарбат, остуоруйа кэпсэттэрбэт. Учуутал элбэх оҕону үөрэтэр, оннук дьарыкка  тиийиммэт. Оҕо эбии дьарыкка сылдьар буоллаҕына, эмиэ киһи быһыытынан сайдар, сахалыы да саҥата тупсар.

Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону кытта элбэхтик сахалыы кэпсэтиэх кэриҥнээхпит, ол аата тэҥҥэ илдьэ сылдьан үлэлээтэххэ. Оттон тыа сиригэр үлэ эрэ үгүс. Үлэлии сылдьан оҕо туттар мал-сал аатын, үлэлиир ньыманы билэр, үөрэнэр, толкуйдуур – мэйиитэ үлэлиир.

Билигин сорох тыа оҕолоро тылы билбэттэр: саҕа ( воротник) тыа, ыллык, ходуһа, дал…  “Тыа саҕатыгар тиийэн, ойуурга киирэн ыллык устун бара турда”, – диэн этиини хайдах өйдүөхтэрин киһи сэрэйэр эрэ.

***

Aartyk.Ru

Обсуждение • 3

Добавить комментарий
  1. Билэр

    Саха тылын оскуолаҕа үөрэтэр кинигэлэрэ да баара. Дьиҥэр саха тылын була сатыы-сатыы нуучча тылын үтүктэн (кинилэр бэйэлэрин тылларынан сыыһа суруйаллар, онно ананнаҕа дии, ону да үөрэтэн сөпкө суруйаллара көстүбэт) быраабылаҕа симэ сатыыр төһө сөбө буолла? Төһө да быраабылалаа, быраабылалаама сөпкө суруйар, саҥарар киһи бэйэтэ оннук суруйар, саҥарар, оттон оннук суруйбат, саҥарбат киһи суоҕу суоруо дуо? Суох аата суох, атыҥҥа дьоҕурдаах буо.

    Саха тыла -КӨҤҮЛ тыл, кини сыыһа суруллубат, быраабылаҕа симиллибэт.

    Оскуола оҕоҕо БИЛИИни тиэрдэр ньыматын ханнык баҕарар үөрэх көрүҥэр төрдүттэн уларытыах тустаах. Оҕону үөрэтэ сатаан оҕо сайдар суолун сабардаан турбакка, билиитинэн, сатабылынан УМСУГУТАН үөрэтиигэ, угуйууга көһүөхтээх.

    Хоһооннору, өс хоһооннору, оҕоҕо сөптөөх кэпсээннэри, чабырҕахтары, Олоҥхоттон быһа тардыылары учуутал өйүттэн элбэхтик ааҕыахтаах, тугу эмит иистэнэ, уһана, оҥоро олорон.

    Өйдүүргүт дуу, суоҕа дуу диэххэ.

  2. Ньургун

    Ирдээбэппит бэрдэ сытта5а.

  3. arsen

    дьокускайга саха тылын билбэт сиэн элбээтэ

Оставить комментарий