Курс валют
$
104.24
1.95
110.2
1.82
Курс валют
Курс валют
$
104.24
1.95
110.2
1.82
Меню
Поиск по сайту

Былчыҥы оонньотуу

16.03.2019 11:15 12
Былчыҥы оонньотуу

Национальнай республикалар үрүҥ харахтарын өрө көрдөрбөт гына хам баттыыр ытарчалаах кэм бүрүүкэтэ. Онно, бастатан туран, элитэтин, бас-көс дьонун, күүһүн-уоҕун хам баайталаан, “миэстэбитин” буллартыыр дьайыылар оҥоһуллан эрэллэр.

Былырыын сааскыттан саҕалаан Саха сиригэр федеральнай былаас өттүттэн күүстээх хампаанньа  саҕаланна. Сылы кыайбат кэм иһигэр салалта барыта уларыйда. Ил Дархантан саҕалаан Ил Түмэн спикеригэр, дьокутааттарыгар, бэл улуус, тэрилтэ салайааччыларыгар тиийэ.

Москваттан төрүттээх дьон салалтаҕа кэбэҕэстик өтөн киирдилэр. Кэнэҕэс өссө да элбииллэрэ күүтүллэр. Прокурордар, Силиэстийэлиир кэмитиэт республикатааҕы салалталара уларыйдылар. Губернатордары туппут-хаппыт погоннаах дьон Саха сиригэр ананнылар. Туох сыаллаах-соруктаах дьон кэлбитин сэрэйиэххэ эрэ сөп. Саха киһитэ Ил Дарханынан ананнаҕына Дагестан ороҕун батыахпыт суоҕа диэн кэтэх санаа баара күн-түүн симэлийдэр симэлийэн иһэр.

Егор Борисов кэнниттэн Александр Жирков – икки  сис дуоһунастаах, ис политикаҕа дьайар, сабыдыаллыыр кыахтаах дуоһунастартан туоратылыннылар.  Сайын, күһүн, кыһын икки ардыгар бэриккэ, уорууга, хорон сиэһиҥҥэ уорбаланан Уаров, Саввин, Местников, Федоров, Попов, Ноговицын, Чичигинаровтар – кэнникилэр бары биир улуустан төрүттээх дьон – дьыалаҕа эрилиннилэр, хаайыыга тутулуннулар.  Сир-буор аннынан иһиттэххэ, тутууга, сир баайыгар сыһыаннаах, ханан эмэ харчы хамсыыр салааларга үлэлиир саха дьонун үгүстэрин кууһунан доппуруостарга ыҥырталаан эрэллэр.

Бу хабыр тутууну-хабыыны көннөрү Ис дьыала министиэристибэтин үлэһиттэрэ  буолбакка Дойду куттала суох буолуутун федеральнай сулууспата ыытар. Ол аата дьыала политическай ис хоһоонноох диэн этэллэригэр сөбүлэһиэххэ эрэ сөп. Көннөрү холуобунай буруйу, диҥэр, полициялар ирдэһиэхтээх этилэр.

Күн бэҕэһээ Чурапчы улууһун баһылыгын Андрей Ноговицыны 150 т. солкуобайы сиэбиккин диэн уорбалаан СИЗОҕа тутан илдьэ бардылар. Дьон бастаан утаа “уоруйахтары” куолаан сэтэрээн ураатыйан иһэн тутуу-хабыы үтүмэннээн барбытыгар, кэлин кэлиҥҥинэн дьар гынан дьаахханыах курдук буолан эрэллэр.  Итинник уорбалаатахтарына 35 улуус, куораттар кулубулара, баһылыктара, дьокутааттара, сүүһүнэн тэрилтэ салайааччылара  бары дьыалаланыахтарын сөп. Ол бары – сахалар.

Сахалар сүүс бырыһыан кэриэтэ бары бюджеттан аһаан-сиэн, таҥнан олоробут. Атынтан ас таһаарынар кыахпыт суох. Ол аата итинник “сиэһиҥҥэ-аһааһыҥҥа” кими баҕарар түбэһиннэриэххэ сөп буолбатах дуо?

“Айсен Николаев сахатын дьонун көмүскээбэт, угуталаан биэрэ олорор, Дьөгүөр саҕана биир да госсулууспалаахха дьыала тэриллибэтэҕэ”, – диэн буруйдуур киҥир-хаҥыр саҥа иһиллиэх курдук буолуталаан эрэр. Сорох-сорохтор ити тутуу-хабыы урукку дарханнарга эрэ буолбакка, бастакы уочарат, Айсеҥҥа бэйэтигэр сыһыаннаах, киниэхэ уонна кини эргимтэтигэр былчыҥы оонньотуу буолар диэн тойоннууллар. Буолуон сөп. Үс дархан үһүөн бииргэ үлэлээбит, элбэхтик бииргэ алтыспыт, силлибэттик баайылла сылдьар дьон буоллаҕа эбээт. Онон кинилэри утары туруортаан, кинилэр дьоннорун бэйэ-бэйэлэригэр харсыһыннартаан саханы араартааһын буолар.

Дьокуускай куорат мээрин уонна республика салайааччытын төһө эмэ үчүгэй, дьыалабыай сыһыаннаахпыт диэн мэнэрийбэттэрин эрэ үрдүнэн күн тура-тура бэйэ-бэйэлэрин “сакаастаһалларын” ырытан бурҕаҥнатыы. “Араартаа уонна дьаһай” бириинсибкэ киирэн биэрэбит?

Эмп дьыалата оронно. Уонча сыллааҕыта “Рослек” индийскэй хампаанньа Илин Уһук эҥэр эминэн хааччыйыыны барытын ылан баран, Саха сиригэр киирэ сатыыр айдаана элбэхтик бэчээккэ суруллубута. Эмп оҥоруу, хааччыйыы миллиардынан, триллионунан дуоллары эргитэр балысхан бизнес. Киһи баарын тухары ыарыы-дьарҕа баар.

Саха сирин эминэн хааччыйар ырыынагын баччаҕа диэри саха хампаанньалара тутан кэлбиттэрэ.  Билигин кэм-бириэмэ уларыйан, ол ырыынагы баһылыах баҕалаах бизнес адьырҕалара иҥсэлэрэ көппүтэ саарбаҕа суох. Ол иһин айдаан тоҕо тардыллыбыта саарбахтаммат даҕаны.

Аны ити эмп дьыалатыгар киһи бары кыттыгастаах буолан эргийэн, кутуруга-сиэлэ хас биирдии поликлиника кылаабынай бырааһыгар тиийэ диэлийэн, дарбайан тахсыан сөп. Оттон онно кимнээх олороллоруй? Биллэн турар – сахалар.

Тутуу-хабыы федеральнай сулууспалар, хаһыаттар арыаллаах бараллар. Саха сирин имиджэ диэбиккэ дылы, сахалар ааттара-суоллара аар-саарга алдьанна.  Билигин хас биирдии үп-харчы докумуонугар илии баттыыр бырааптаах үлэһит бары ньыкыс гынан түүрүллэн олоро түстэ. Сарсын кими хачыгыраталлар, хандалы кэтэрдэн  хаайыы сирэйдииллэрэ биллибэт.

Кэлэр Ил Түмэн парламентскай мунньаҕар саҥа прокуроры дуоһунаһыгар аныылларыгар кырдьык-хордьук правовой судаарыстыба киэбинии, дьокутааттартан сөбүлэҥ ылыахтаахтар. Ити айылаах буола турдаҕына биир эмэ дьокутаат утары тыл этэн былдьаныа дуу? Ким эмэ күн өйүнэн суор-тураах аһылыга буолуон баҕарыа дуу?

Федераллар хаһан да, кими да кытары торгууйдаспаттар. Кинилэр усулуобуйа эрэ туруораллар. Онон бүтэр.

***

Прасковья НИКАНОРОВА,

“Аартыкка” анаан. 

 

Обсуждение • 12

Добавить комментарий
  1. Үлэһит

    “Прасковья Никанорова” диэн никтээх суруналыыс, спецслужбалар үлэлэригэр претензиялаах буоллаххына бэйэбитигэр кэлэн эт. Онон-манан таайан, сэрэйэн көрө-көрө, аналлаах сулууспалар үлэлэрин омугунан атааннаһыыга күтүрээбиккэр эппиэттиэххин сөп. Сахалары диэн подчеркивайдаабыт буола-буола.

  2. Хамса

    Бэлиэр уим да куттанан комментарий да супуйбат дуу? Бассаапка ол эрэн ырытыы беге.

  3. Маппый

    Ыстатыйага сыыьалар бааллар. Холобура биирэ: БЕА Ньурба улууьун салайааччытын Попову уураппыта. Суукка биэрбитэ. Ленскэй, Нерюнгнри тойонноро эмиэ быьыылаага.

  4. Лиза

    Ол иьин сахалар олох кыккыраччы чиэьинэй буолуохтаахпыт. Тойотторбутунан киэнэ туттар буоларга ситиьиэхтээхпит!

  5. Тыа уола

    Киьи куннээх балык ыамнаах Нюрба главатын оруобуна маннык сордообуттара…

  6. Алаас

    Попов бывший зам. министра Образования

  7. уйбан

    уукчу либерал олигархтар – ходорковскай, березовскай уо.д.а. улахан уголовнай дьыалага тардылынналлар эрэ “политическай эккирэтиигэ” тубэстибит, антисемитизм содула эгин диэн хасыытаса тусэллэрин курдук бу суруйуу “сахалары сиэтилэр !” диэн хасытыы сатыыр. сахалары буолбатах, туокуттэри диэххэ баара. коррупция, бюджеты уоруу-сиэсин бисиэхэ алыс сурдэннэ. саха уруккута уоруйага суох омук этэ. билигин онноогор быыкаа нэсилиэктэргэ быыкаа тэрилтэлэргэ, детсадтарга тиийэ бюджеты сии сатаасын олус элбэх, тубэсэллэр даганы, араас ыал ийэлэрэ , били далбар хотуннарбытыгар тиийэ. Арассыыйа урдунэн, сир-сир аайы маннык, онон бисиги эмиэ того хаалсыахпытый диэн “ыраастанар” сыыса буолуо. бастаан бэйэ тэлгэсэтин корунуоххэ наада. тойотторбут бары да москва хаччытын, бюджетын араастаан сымыйа да согусунан, приписканан, бэйэ сатаан дьасамматагын буруйэн того хорон агаллларын, республика иэсин миллиардынан урдэтэ туралларын улаханы кыайбыт курдук кэпсэнэллэр. бэриисэп оннук этэ. бу айсен николаев ил дархаммыт бэгэсээ телевизорга республика бюджетыттан эми атыыласыга киксиилээх уоруу, 3 миллиардка тиийэ уоруллубут диэн буолбутун туох дии саныыгын диэн ыйыттылар. Ону мин москва иннигэр эми атыыласыыга 6 миллиарды ылыыга этиммитим, туруорсубутум. онтон анаарыгар тиийэ атын сиргэ, атын дьон тусатыгра барбыта олох сыыса, силиэстийэ бысаарыа диэн эппиэттээтэ. Айсен Сергеевич уосээ салалтага ор эргийбит киси ама маннык дьыаланы билбэтэ, сосуйара -абарара тосо оруннаагый, ис сурэхтэн буоларый диэн ыйытык уоскуур. бука бэркэ билэр дьыалата буолуо ээ. ону ол дьыала арыллан. омурбутэ-сосуйбута буолар буоллахпыт. Уопсайынан эттэххэ коррупцияны утары улэни политическай охсусууга туттулар ньымалара. урут тумусов дьонун сойуолуур этилэр. билигин кыайбыт, уосээ буолбут болох дьон урукку куннээбит-куонэхтээбит ЧК дьонун убахтаан эрдэхтэрэ. Хайдагын да исин туокун-уоруйах тутуллара, ким да буоллун, уопсай норуот ологор, кэскилигэр утуону эрэ агалар дии саныыбын.

  8. оптимист

    Война миров,пока…начало было и конец будет человечеству

  9. БАРЧА

    Cымыйаннан дьону буккуйан суруйаллар.3-млрд. солк. ол тугуй эмиэ сымыйа дуо?!Дьону олох мас акаары курдук саныыллар.Оннук бас баттах сэнииллэр.Сири дойдуну атыылан беа байда барда.Онон тумустар айахтарын буолээбитэ.Аны биир оннук киьи хаамайы дьону а5алан норуоту эьэр былааннаах сылдьар.Муцур ыраахтаа5ы буолаары.Атыыланар сиэмэх ыттар дьону сиири эрэ билэллэр.Оссо сымыйа буруйга эрийдилэр диэн ытыыллар.Сааппакка сацата суох олорон биэрбэттэр.

  10. Петр

    БЕА кими сойуоласпат этэ диир сыыһа. Киһи бөҕөнү хаайыыга уктарбыта дии. Дмитриев, Пансихе, Төгүрүк, Попов – барыта ньурбалар. Итиэннэ А.Максимов.

Оставить комментарий