Владимир ПОСКАЧИН: Быйыл баһылыктар быыбардарын барыларын ыыттарыахха
Олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийии уопсай принциптэрин туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыы Госдумаҕа бу ый 26 күнүгэр ананан турар. Ол эбэтэр баара-суоҕа икки нэдиэлэни кыайбат кэм хаалла. Үгүс экспертэр этэллэринэн, сокуон ылыллара, олоххо киирэрэ саарбахтаммат.
Онуоха диэри регионнар бэйэлэрин этиилэрин киллэриэхтээхтэр. Биһиэхэ, Саха сиригэр, «ыппыт кыһалҕата» даҕаны сытыырхайан, тымныыбыт даҕаны ытарчалыы ылан, улахан уота-күөһэ суох “дьүүллэһэр” курдукпут.
Муниципалитеттар үлэлэрин ис хоһоонугар, ол аата нэһилиэнньэ олоҕун укулаатыгар быһаччы сабыдыаллаах, ким эрэ этэринэн “төрдүттэн түөрэҥнэтэр”, ким эрэ этэринэн “найылаһыыны, сэлээннэһиини суох гынар, төттөрүтүн, олус көдьүүстээх” сокуон барылын миэстэлэргэ, дьиҥэр, хам-дьаа дьүүллэһии баар быһыылаах гынан баран, Үөһээ Бүлүү улууһун курдук дорҕоонноохтук дьүүллэспит, санаатын аһаҕастык этиммит суоҕун кэриэтэ.
Ол курдук, үөһээ бүлүүлэр ахсынньы 28 күнүгэр нэһилиэктэр баһылыктара, дьокутааттар, дьаһалта эппиэттээх үлэһиттэрэ кыттыылаах киэҥ дьүүллэһиини ыыппыттарын уонна, быһалыы эттэххэ, маннык сокуон Саха сиригэр сөбө суоҕун туһунан быһаарыы ылыммыттарын туһунан социальнай ситимнэр сонно-тута тарҕаппыттара. Саҥа дьыл бырааһынньыгын үгэнэ буолан эбитэ дуу, нэһилиэнньэ баһыйар өттө, бука, ол сонуну соло булан илдьиритэн аахпакка да хаалбыт буолуон сөп. Итинэн тохтоон хаалбакка, аны үүммүт дьыл тохсунньу 8 күнүгэр ньурбалар көҕүлээһиннэрин өйөөн, өссө далааһыннаах кэпсэтиини таһаарбыттара.
Бүгүн улуус баһылыга Владимир Семенович Поскачин Aartyk.Ru хаһыакка санаатын үллэһиннэ.
– Владимир Семенович, бэйэҕит Үөһээ Бүлүү улуускутун холобурдаан, олохтоох бэйэни салайыныы үлэлиэҕиттэн сайдыы барда диэбиккит. Ол курдук, билигин үлэлии турар социальнай обьектар, суол-иис баһыйар өттө барыта кэлиҥҥи сыллар кыайыылара диэн этэҕит. Кырдьыга оннук. Оттон саҥа сокуон чуолаан бу биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр туох содулланыай?
– Бу реформа, биһиги түбэлтэбитигэр, дьоҕус нэһилиэктэр дьаһалталарын суох гынар. Үөһээ Бүлүүгэ, холобура, 21 муниципальнай тэриллии баар. Ону барытын суох гынар, нэһилиэк депутаттарын сэбиэтин тохтотор, муниципальнай сулууспалаах уонна дуоһунастаах сирэй ахсаанын аҕыйатар киин, сайдыылаах, сылаас регионнарга барыстаах буолуо эрээри, биһиги курдук – 60 кыраадыска тиийэ тымныйар, ыарахан суоллаах-иистээх, мөлтөх сибээстээх дойдуга чугастааҕы кэмҥэ бу курдук тиэтэлинэн ылылла охсоро аана суох ночооту оҥорор кутталлаах. Бастатан туран, чуолаан нэһилиэнньэ олоҕун уйгутун тупсарара саарбах.
– 2020 сылга дойду Конституциятыгар уларытыы киллэрэргэ эһиги улуускут өйөөбүтэ. Онно “единая публичная власть” диэн өйдөбүл баара эбээт. Быһалаатахха, былаас тутула уларыйара, бу реформа ыытыллара сэрэйиллэр курдуга.
– Конституцияҕа уларыйыылары үөһээ бүлүүлэр, кырдьык, өйөөбүппүт. Син биир ылыллара биллэр этэ. Биир курдук, Ил Дархан дойдутун дьоно буоллахпыт. Уонна, баары-баарынан эттэххэ, ол “публичнай былаас” чопчу хайдах буолуохтааҕын, тоҕо киллэрэллэрин үчүгэйдик ырытыы да, өйдөтүү да барбатаҕа. Киллэриллэр уларытыылары Путин өссө биирдэ быыбарга барарын эрэ кытта ситимнээһин буолбута.
– Иван Шамаев нэһилиэктэри “хамнаһа суох старосталар” салайыахтара диэн этэр. Дьиҥэ, сокуон барылыгар итинник этиллибэт. Аҥаардас «ким эрэ инньэ диэтэ» диэн таһымынан дьүүллэһии барыах курдук.
– Биһиги бу Клишастаах сокуоннарын иккитэ төхтөрүйэн дьүүллэстибит. Бастакыта ааспыт сыл ахсынньы 28 күнүгэр дьүүллэспиппит. Баһылыктар сэбиэттэригэр. Уонна олохтоох бэйэни салайыныы систиэмэтигэр киирэр уларыйыылары кытта сөбүлэспэппит диэн уураахпытын туһааннаах Департамеммыт аатыгар ыыппыппыт.
Иккис мунньахпытын Ньурба куорат баһылыга А.И. Иванов Бүлүү бөлөх улуустарын нэһилиэктэрин баһылыктарын уонна депутаттарын ыҥыран, сокуону тутан олорон ырытыахха, үөрэтиэххэ, этии киллэриэххэ диэн этиитин өйөөммүт, үүммүт 2022 сыл тохсунньу 8 күнүгэр ыыттыбыт. Сунтаартан, Ньурбаттан, Бүлүүттэн уонна Үөһээ Бүлүүттэн делегаттар кытыннылар. Дьүүллэһиигэ ЗУМ нөҥүө Ил Түмэн депутаттара, атын улуус нэһилиэктэрин баһылыктара, общественниктар кыттыбыттара. Ол иһигэр Ульяна Алексеевна Винокурова, Иван Иванович Шамаев, Феодосия Васильевна Габышева, Михаил Семенович Санников, Павел Васильевич Ксенофонтов, Гаврил Николаевич Алексеев уонна да атын бүтүн өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ ытыктыыр дьоһун толкуйдаах дьоно тус баҕаларынан кыттыбыттара.
Онно Иван Шамаев эрэ буолбатах, элбэх киһи ити “староста” диэнтэн иҥнибитин, депутат Павел Ксенофонтов үчүгэй баҕайытык быһааран биэрбитэ.
– Олохсуйбут укулааты уларытыы, реформа, биллэн турар, хаһан баҕарар дьаахханыыны аҕалар. Эн санааҕар, саҥа реформа сүрүн уратыта туохханый? Саха сиригэр барсар-барсыбат өрүтэ?
– Мин сөбүлээбэтим диэн, гражданскай обществоны үөскэтэбит диэн араатардаан-араатардаан баран, саҥа дьэ өйүн-төйүн булан эрэр олохтоох бэйэни салайыныыны нэһилиэк таһымыгар, ол аата дьонтон саамай чугас публичнай былааһы, биир сокуонунан урусхаллаан кэбистилэр.
Бастаан 2005 сыллаахха икки таһымнаах олохтоох бэйэни салайыныыны тэрийэр 131-с сокуону ылыналларыгар сүрүн куоһурдара дьон былаастан “шаговай” доступностаах буолуохтаах диэн этэ. Ол аата хайа баҕар киһи кини кыһалҕатын быһаарар аналлаах дьаһалтаҕа сатыы хааман кэлэн, сирэй көрсөн, атах тэпсэн олорон кэпсэтэр кыахтаах буолуохтаах.
Билигин, холобура, нэһилиэктэр бэйэлэрин истэригэр баар боппуруостары бэйэлэрэ быһаараллар. Мин кими баҕарар кытта дьүүллэһэргэ, кэпсэтэргэ бэлэммин билэллэр эрээри, улуус баһылыгар быһаччы киирии наһаа элбэх буолбатах, улахан кыһалҕалаахтар эрэ тахсаллар. Ол аата нэһилиэк баһылыктара бэйэлэрэ кыанар боппуруостарын тута быһааран иһэллэр.
Оттон саҥа ылаары олорор сокуоннарын барыла ити өттүнэн биһиэхэ, Саха сиригэр, ханан да барсыбат. Сирбит-уоппут киэҥэ, нэһилиэктэр бэйэ-бэйэлэриттэн, улуус кииниттэн да ыраахтара үөскүүр кыһалҕалары суһаллык уонна сөпкө быһаарыыны, саҥаны киллэриини да атахтыыллара чуолкай. Мин бэйэм салайан олорор улууспун ылан көрдөххө, нэһилиэккэ оннук айылаах кланнаһыы, аймахтаһыы көстүбэт. Баһылыктарынан син үлэлиэ-хамсыа диэбит киһилэрин талаллар. Ол дьон эрэбилин ылбыт киһи үлэтигэр сыһыана эмиэ ордук эппиэтинэстээх буолара өйдөнөр.
Оттон олохтоох бэйэни салайыныы киириэн иннинэ үөһээттэн анаммыт сорох нэһилиэк, улуус да баһылыктара үлэлэрин туох эрэ “синекура” курдук саныыллара мэлдьэх буолбатах. Ол иһин мин гражданскай общество баар-суох биир көстүүтэ – олохтоох бэйэни салайыныы баһылыга хайаан да олохтоох нэһилиэнньэнэн талыллыахтаах диэн бигэ санаалаахпын.
– Саҥа сокуон барыла чуолаан улуус кулубаларын былааһын үрдэтэр курдук. Билигин баһылыктар бары тэҥ статустааххыт – республика, улуус, нэһилиэк буоллун – бары норуотунан талыллыбыт дьоҥҥут. Бу түгэн салайыыга соччото суох өрүттэрдээҕиттэн ити саҥа сокуону ылаары гыналлар. Аны туран, харчыны республика тыырар, улууска түһэр, улуус нэһилиэккэ тыырар. Ол эбэтэр харчы биэрээччи билигин даҕаны син биир «былаастаах». Ити билигин баар суолу сокуонунан бигэргэтии эрэ (формальность) буолар дии санаабаккын дуо?
– Оннук, саҥа сокуон барылынан, улуус, уокурук баһылыгын былааһа, боломуочуйата, эппиэтинэһэ да наһаа улаатар. Быһата, барыта биир киһиэхэ сүктэриллэр. Ити эрэ буолбатах, мин санаабар, нэһилиэк баһылыктарын анааһын буортута элбэх. Баҕар, дьону кытта сатаан үлэлэспэт, уопсай тылы була сатаабат бардам дьоҥҥо үчүгэйэ буолуо, дьэ ол этэр аймахтаһыылара, кланнаһыылара өссө күүһүрэригэр тиийэр. Тоҕо диэтэххэ үөһээттэн анаммыт киһи ол кинини анаабыт тойон аллараа сыҥааҕа хамсыырын эрэ кэтэһэн олороро чуолкай. Онно холоотоххо талыллыбыт, тутулуга суох баһылыктар бэйэлэрэ инициативалаах, сүүрэр-көтөр, дьиҥнээхтик дьон туһугар үлэлиир буолаллара өйдөнөр. Дьонтон тэйбит, урукку сэбиэскэй кэм партократтарын курдук чиновниктарга эрэ туһалаах буолуо. Быһаччы эттэххэ, көннөрү норуоту эрэ былаастан тэйитэр сокуон ылыллаары турар дии саныыбын. Билигин нэһилиэк аайы депутаттар бюджеты кыраҕытык кэтииллэр, туора-маара туттубаттар. Оннук нэһилиэктэр сайдаллар даҕаны.
– Саҥа сокуон сиртэн хостонор баайдаах улуустар промышленнай тэрилтэлэри кытта сыһыаннарыгар туох уларытыыны киллэриэн сөбүй?
– Холобура, “алмазнай провинция” улуустара биирдии бырыһыан акцияларын тутан хаалар буолуохтаахтар. Муниципальнай бас билии быһыытынан. Онтон сиртэн хостонор баайга аны биһигиттэн көҥүл иҥин көрдөөбөт буолуохтаахтар. Сир барыта федеральнай бас билии.
– Онон, эһиги сүрүн туруорсуугутугар тохтоотоххо?
– Сүрүн туруорсуубут диэн, быйылгы баһылыктар быыбардарын барыларын ыыттарыахха. Ону таһынан, ханна кыалларынан, икки таһымнаах олохтоох бэйэни салайыныыны хааллара сатыахха. Биэс сыл билиҥҥи курдук олоро түһэр кыах баар, ону саҥа сокуон көҥүллүүр даҕаны. Уонна Ил Түмэн улуус баһылыгын, муниципальнай уокурук да буолбутун кэннэ, норуотунан быыбарданарын курдук сокуону ылыныахтаах.
Мин тус санаам диэн, маннык тыҥааһыннаах кэмҥэ бу дьону-норуоту барытын таарыйар боппуруоһу көтөхпүттэрэ ситэри өйдөммөт. Хаһан да былааһы утары саҥа таһаарбатах, бэйэлэрин күннээҕи олохторунан олорбут дьону уйгуурдар соччото суох сокуон тахсан эрэр.
***
Кэпсэттэ Майя ДМИТРИЕВА,
Aartyk.Ru
Барыта кини эппитинэн буолуохтаах үһү дуо.
Поскачин сөпкө этэр. Сугэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар. Онон, баһылыктары барыларын сөпкө сүүмэрдээн талларыахха. Олохтоох бэйэни салайаныыны да бэрт өр дирээлэһэн киллэрбиппит курдук анньыһыахха. Москва эттэ дии дии инники сүүрэкэлээмиэххэ.у
Тыаҕа олороҕун дуо? Тыа дьонун кыһалҕатын быһараар сокуон дии… хайдах тугу да өйдөөбөт буолан баран, Поскачин эппитэ диэн суруйаҕын дуо???
Натали, тылбынан “күндү түүлээххин” тыытыам, кычыгылатыам….
Куораттан ананан кэлбит эдэр лоботряс балбес нэЬилиэк кыЬал5атын хаьан ейдеен быЬаарыа дии саныыгыт?!
Таах кып кыра былыргы совхоз фермалара биир икки уорэнэр о5олоох 100-300 киьилээх олороллор. Оссо ону поселок дэнэллэр. Поселок:Чульман Беркакит Чернышевскай Айхал курдуктар. Итинник ойдоох санаалах участактары холбоон. Биир уксэ илин эцэргэ бааллар. Хоту да бытанан олороллор. Кыамматтар тиийиммэттэр. Олору коруц. Баьылыктар уерэх молтох сурэх да суох дьоно. Наьаа элбэх депутат баар.Сарбыйыц.
Вервилам жизненно важно закрепиться на улусно наслежном уровне, ведь ил тумэн вотчина заречных, ил дархан будет назначаться ил тумэном вот и сказке конец догадайтесь для кого
Ха ха ха😁😁😁😁😁