Курс валют
$
97.24
0.29
106.51
0.09
Курс валют
Курс валют
$
97.24
0.29
106.51
0.09
Меню
Поиск по сайту

Суор хараҕын суор оҥпот

22.05.2018 11:47 2
Суор хараҕын суор оҥпот

“Аартык.ру” Дьокуускай куоракка сири сүүлүктээһин туһунан хас да ыстатыйа таһааран турар. Киһи улаханнык бэккиһиир, дьаахханар дьыалалара тахса турар. Биир үтүө күн дьон көрөн туран үйэ саас тухары олорбут дьиэлэриттэн, сирдэриттэн ытыс соттон хаалаллар. Абаккалаах.

Кырдьыктарын көрдүү сатаан баран суорума суолламмыттар да бааллар, олоххо итэҕэллэрин да сүтэрбиттэр бааллар. Оттон кинилэр сирдэрэ-уоттара хаста да атыыланан, хаһыс эрэ хаһаайыннарыгар тиксэн, туох да буолбатаҕын курдук барыта мэлдьэһиллэн, суутунан-сокуонунан ыпсарыллан хаалар.

Киһи кырдьыгын булбат үйэтэ кэллэ дуо?

“Кырдьыгы көрдөөбөт баҕайыта. Кырдьыгынан хардарсыахха наада”, – диэн бөлүһүөк доҕорум этэр.  Хардарсыы да араастаах. Өскөтүн сүүлүктэр илиилэригэр суут-сокуон, быраап күтүр систиэмэтэ үлэлиир буоллаҕына, кыра киһи кыаҕын ылан кыайан хардарсыа дуо? Тоҕо эрэ олус саарбахтыырын ааһан, итэҕэйбэппин.

***

Дьокуускай куорат суутун саалатыгар улахан уһун-унньуктаах киирсии буола турар. Бу суут саалата тутуллуоҕуттан элбэх харах уутун иҥэринэн, кыраҕа кыйыттыбат майгыламмыт аналлаах. Туох буолуой биир киһи олоҕо алдьанара, ыал дьылҕата үрэллэрэ, ыччат дьон бүдүрүйэрэ… Урут да баар этэ, аны да баар этэ. Туох буолуой ол, өскөтүн кыра киһи кырдьыгын көрдөөн аймалҕан тардан халыҥ хаһалаахтар, үрдүк өһүөлээхтэр олохторун уйгуурда, харыларыттан хам туттара сатыырыгар, туох буолуой?!

…Хаһан эрэ Нам уола Олег Олесов долгуйар Дьокуускай куораты булан, киһи тэҥэ сананан быр-бааччы дьыала тэринэн үлэлээн-хамсаан, син сахаҕа холоотоххо, кыаҕыран испиттээҕэ.  Сахалар сууту-сокуону, кумааҕыны-докумуону үөрэппэппит, билбэппит. Син ол тэҥэ Олесов атын киһини наймылаан сирин арендатын кэтэх бас билиигэ көһөттөрбүт. Мэрияҕэ сир кэмитиэтигэр тиийбитигэр аламаҕай баҕайытын “наһаа билиилээх, грамотнай юриһы” сыыттаабыттар. “Олох түргэнник барытын бэрийэн, оҥорон бириэҕэ”, – диэн буолбут.  Ол “оҥотторбут” аньыытыгар билигин кэлэн суут ыскаамыйатыгар хараҕаланан олорор.

Былыр үйэҕэ эстэн хаалбыт “Амгинское БТИ” бэчээтин кыбына сылдьыбыт “юристар” ким харчылаахха сир, дьиэ-уот, тутуу бөҕөтүн атыылаан харчы бөҕөнү күрдьэҕинэн баспыттарын туһунан суруйан турабыт. Сир афератыгар ити “юристартан” саҕалаан Дьокуускай куорат дьаһалтата, Росреестр, Кадастровай палата, милииссийэлэр, силиэдэбэтэллэр, судьуйалар  кыттыгастаахтарын туһунан элбэх киһи тылыттан иһиттибит. Ол иһин да буоллаҕа, сирдэрин-уоттарын былдьаппыт дьон үҥсүһэ сатыыллар эбит да, олох аҕыйах киһи кырдьыгын булан ылбыт. Атыттары, хата, бэйэлэрин утары дьыала тэрийэн хаайталаары сорго тэппиттэр.

Олесов дьыалатыгар эмиэ биир оннук хартыына. Бэйэлээх бэйэтин сирин арендаттан кэтэх бас билиигэ көһөрөргө Шкляр (мэрия үлэһитэ, сууттанан хаайыыга уураахтаммыта) диэн сүүлүк юрист, “Амгинское БТИ” бэчээтин туһанан сып-сап оҥорон биэрбит.

“Бу, сабыллыбыт, атын улуус тэрилтэтин бэчээтэ” диэн мэрия да үлэһиттэрэ, Регпалата да үлэһиттэрэ – ким даҕаны “уорбалыы” санаабатах. Тоҕо диэтэххэ, оччолорго ити тэрилтэ бэчээтинэн сымыйа докумуоннар оҥоһуулара конвейерга турбут. Туох да үлүгэрдээх элбэх уһаайбалар, дьиэлэр, гаражтар атын киһи аатыгар оҥоһуллубуттар. Дьиҥнээх хаһаайыннарын үүртэлээн туран атыылаан куугунаппыттар. Ол атыылааччылартан сорохторо кэлин дуоһунастара үрдээн билигин правительствоҕа олороллор.

Олесов буоллаҕына хайдах-туох суолунан докумуона оҥоһуллубутун билэ да, үөрэтэ да сатаабатах. Онтон кэмниэ-кэнэҕэс сүүлүктэри хачыгыратааһын буолбутугар, “Амгинсое БТИ” айдаана сотору-сотору күөрэйэн тахсыбытагр, кыттыгастаах дьон бэйэ куомуннаахтарын быыһаары “буруйдааҕы” көрдүүргэ быһаарыммыттар. Сорго ол оруолга Олесов түбэспит. Кини оннугар атын кими баҕарар булуохтара эбитэ буолуо. Ол саарбахтаммат даҕаны.

Инньэ гынан, Олег Олесовы Дьокуускай куорат  сирин түҥэтээччи баандатын баһылыгынан “анаан” силиэстийэлээн барбыттар. Саамай кыһыылааҕа диэн, “силиэстийэни” Каркавин диэн “Амгинское БТИ” өҥөтүнэн туһанан, буор-босхо куорат ортотугар  гаражтары былдьаан,  ийэтин аатыгар суруйтаран ылбыт ИДьМ силиэдэбэтэлэ ыыппыт.  Бэйэтэ өҥөтүнэн туһаммыт ахан тэрилтэтин дьыалатын “силиэстийэлээн”  буруйдааҕы “булбут”. Ол – Олег Олесов диэн түмүктээн баран дьыаланы суукка ыыппыт.

Сууппут буоллаҕына, силиэдэбэтэл Каркавин ити дьыалаҕа “интэриэстээх сирэй” буоларын тоҕо эрэ олох “таба” көрбөт. Ольга Канаухова диэн куорат олохтооҕо дьахтар суукка кэлэн туоһулуур: “Бу, Каркавин силиэдэбэтэл, мин уолум аҕата өлбүтүн кэннэ гаражпытын былдьаан ылбыта, “Амгинское БТИ” бэчээтинэн оҥоһуллубут сымыйа докумуонунан ийэтин аатыгар оҥотторон баран!” – диэн суукка кэлэн туоһулуур. Каркавины ити суукка эмиэ ыҥыраллар. Өлөрсүү тахсыбатаҕар махтал.

Карнаухова “ИДьМ силиэдэбэтэлэ Каркавин, оҕонньорум өлбүтүн кэннэ гаражпын былдьаата, өссө атын погоннаах дьон дьиэбин, сирбин былдьаатылар” диэн СМИгэ айдаан тардан турар. Сууттаһа сатаан баран хотторбут абатын суруналыыстарга ыһа-тоҕо кэпсээбитэ. Ол СМИгэ айдаарбытын кэннэ, дьахтары подъезка киирэн истэҕинэ кэнниттэн кэлэн битанан төбөҕө сырбаталлар. Өйө суох сытарын ыаллара кэлэн быыһыыллар.  Күрүлүүр күнүс!

Бэҕэһээ Карнаухова суукка кэлэн Каркавин “Амгинское БТИны” кытары сибээстээх, онон Олесовы “Амгинское БТИ”  дьыалатыгар буруйдаан силиэстийлиирэ сыыһа  диэн туоһулаабытын кэннэ,  судьуйа бүгүн быһаарыы ылар: Каркавин интэриэһэ суох, онон син биир Олесовы сууттуубут диэн…

Фемида хараҕа бааллыбыта сүрдээх диэтэҕиҥ…

Каркавины тыыттахтарына төһө тойон-хотун төһө сири-уоту, дьиэни-гараһы сүүлүктээн ылбыта барыта тахсыа. Ол кэриэтин кимиэхэ да биллибэт Олег Олесовы сууттуур, буруйдуур, хаайар дөбөҥ буоллаҕа. Суор хараҕын суор оҥпот.

***

Aartyk.Ru

 

 

Обсуждение • 2

Добавить комментарий
  1. Бродяга

    Ну что, господа присяжные заседатели..!!! Заседание только начинается..???

  2. саха

    Лед тронулся, господа присяжные! Сейчас судить будем мы! ******

Оставить комментарий