Николай МЕСТНИКОВ суута саҕаланна
Муус устар 11 күнүгэр, Дьокуускайдааҕы куорат суутугар Николай Местников утары тэриллибит холуобунай дьыала дьүүлэ саҕаланна.
Транспорт прокуратуратын бэрэстэбиитэлэ Эверстов икки чаас курдук аэропорт урукку генеральнай дириэктэрин туохха буруйдуулларын иһитиннэрдэ. Буруйдуур өрүт этэринэн, Николай Местников 2014-2018 сылларга уопсайа 27 мөлүйүөнү багаж упаковкалыыр дьонтон бэрик ылбыт диэн. Бэриги Синявскай диэн киһи биэрбитим диэн этэр эбит.
Суут бастакы мунньаҕа кулун тутар 12 күнүгэр буолбут. Онно Местников оһуобай бэрээдэктээх сууттан аккаастаммыт. “Оһуобай бэрээдэктээх суут” диэн уорбаланааччы киһи буруйун барытын билинэр эрэ буоллаҕына ананар уонна суут хаамыыта судургу, боростуой буолар. Итинник суут куһаҕана диэн – буруйданар киһи көмүскэнэр кыаҕа суох, уураах таҕыстаҕына хайдах да ааһынара кыаллыбат. Эрдэ, силиэстийэ кэмигэр, Местников оһуобай бэрээдэктээх суукка сөбүлэһэбин диэн Иркутскайдааҕы СИЗОҕа хаалла сытан илии баттаабыт.
Былырыын от ыйын 6 күнүгэр транспортнай полиция үлэһиттэрэ Местниковы тутаат даҕаны Иркутскайга илдьэ барбыттара. Дьокуускайга оҥоһуллубут буруйга уорбаланар киһини атын регион түрүмэтигэр илдьэн уголовниктары кытары хаайбыттара элбэх киһини муодарҕаппыта. Сокуон быһыытынан, буруй тахсыбыт да буоллаҕына, ханна оҥоһуллубут сиригэр силиэстийэлэниэхтээх уонна экономическай буруйга уорбаланар дьон уголовниктары кытары бииргэ хааллыа суохтаахтар.
Местников анараа хайдах усулуобуйаҕа сылдьан “оһуобай бэрээдэктээх суукка” сөбүлэҥин биэрбитин сэрэйиэххэ эрэ сөп.
Бу дьыаланы кэтээн көрөр экспердэр, “Местников дьыалата” – таһаҕас таһар транспортнай ситими былдьааһын диэн ааттыыллар. Дьокуускай аэропорда Местников саҕана туох да улахан сууммалаах реконструкцията саҕаламмыта. Бу кэнниттэн аэропорт туох баар араас уйуктаах сөмөлүөтү түһэрэр кыахтаах баараҕай транспортнай ситимҥэ кубулуйуохтаах.
Соторутааҥҥа диэри Дьокуускай аэропорда таһаҕас таһар кээмэйинэн Москва, Питер куораттар аэропордарыттан үһүс-төрдүс миэстэҕэ турара. Ол барыта, биллэн турар, туох да үтүмэн харчыны хамсатар. Бэл, билигин даҕаны түүннэри-күнүстэри сөмөлүөт субуллан олорор, дэлэҕэ даҕаны халлаантан көмүс ардах саккырыа дуо? Арктиканы баһылыыр дьалхааҥҥа миллиардынан ааҕыллар суума субуллуохтаах.
Уопсайынан, бу кэлиҥҥи айдааннаах тутуулар-хабыылар бары экономическай сыаллаах баран эрэллэр – былаас уларыйан “передел” саҕаланна дииллэрэ оруннаах курдук. Аны тутуллубут тойотторбутун-хотуттарбытын ааттарын-суолларын, дуоһунастарын ааттыы-ааттыы туох баар ханаалларанынан ыһа-тоҕо көрдөрөллөрө – олохтоох дьоҥҥо, ордук омуктарга, “саха буолла да уоруйаҕын, сиэмэҕин, саха былааска сүгүн олорботун” курдук санааны бэлиэр иҥэрдэ. Онон элбэх омук олорор улуустарыгар уустук балаһыанньа үөскээтэ. Холобур, аны күһүн буолар быыбарга сорох сиргэ омугунан куоластааһын сытыырхайыа диэн билгэлииллэр. Дьиҥинэн суут эрэ киһини буруйдаах диэн уураах таһаарар кыахтаах, ол иннинэ уорбаланааччы аатын-суолун барааһын бобуллар этэ. Ону тоҕо эрэ ол тутуһуллубат буолла.
***
Местниковы буруйдуур буруйдара – бэрик. Суумканы, чымыдааны салаппааҥҥа суулуур предпринимателлэр мөлүйүөнүнэн бэрик биэрдибит диэн погоннаахтарга “үҥсүбүттэр”. Билиҥҥитэ Местников дьиэ хаайыытыгар Дьокуускайга кэлэн олорор. Улахан айдааннаах-буккуурдаах буруйдааһын буолар, суут да оннук айдааннаах буолара сабаҕаланар.
Бастатан туран, Местников оһуобай бэрээдэктээх суутунан буолбакка, уопсай аһаҕас суутунан барбыта табыгастаах. Син ама да буоллар, көмүскэнэн көрөр кыахтаах. Манна суут-сокуон киирсиитэ кытаанах буолара күүтүллэр. Туох да диэбит иһин кини билигин стратегическай объектан туоратылынна.
***
Aartyk.Ru
Хос быһаарыы:
Бүгүҥҥү суукка Синявскай диэн буруйдуур өрүт сүрүн туоһута (бэрик биэрдим диир киһи) доппуруостанна. Кини, аэропорка үлэлээбит суумканы суулааччылар тэрилтэлэрэ –”Север сервис” ХЭТ, ИП Попова уонна ИП Чепина атын дьон тэрилтэлэрэ (подставные) буолалларын адвокат боппуруоһугар билиннэ. Синявскай ити тэрилтэлэр “боппуруостарын” буор босхо быһаарар (решала) үлэлээх эбит. Довереннаһа кэлиҥҥи ыйынан-күнүнэн оҥоһуллубут.
Дьиктитэ диэн, буруйдуур өрүт туоһулара бары аймахтыылар. Сарсын сарсыарда Синявскай ойоҕо суукка ыҥырыллар. Ити үөһэ ааттаммыт подставной тэрилтэлэр нолуок төлөөбөтөхтөрө суукка билиннэ. Онон туоһуларбыт саарбахтар.
Местников невиновен!
Местников буруйа суох!
Mestnikov is innocent!
Конечно невиновен. Аэропорт курдук улахан тэрилтэттэн саханы туораттахтара
Сахалары тэпсии саҕаламмыта,салҕанар
Туйаара идэтинэн, Борисов кадрын көмүскэһэр да көмүскэһэр.
борисов сагана маннык элбэх тутуу хаайыы суох этэ. билинни ил дархаммыт кэлии дьону анаталаата сахаларын хаайыы сирэйдээтэ.
Местников портка кэлиэ5иттэн, аэропорт саха сирэйдэммитэ кистэл буолбатах. Онноо5ор регистрацияны, посадканы сахалыы санарар буолбуттара, аэропорт улэьиттэригэр саха элбээбитэ. Бу салаппаан суулааччылар подставалара.
Оннук. Быыбаргар кемелеьебут диэн картатыгар харчы быраган баран унсэн биэрбиттэр вымогал диэн.
быыбарга кемеге штаб счетугар хаччы ыыталлар
Туоратар сыалтан уголовнай онорбуттара диэн сымыйа буоллага дии. Быыбарнай должность буотах. туоратыахтарын багардахтарын акционер (республика) начаас контрагын тохтотор кыахтаах. Холобур Тарасовы якутскэнерготтан суох гыннылар, Федорованы АК Якутияттан уо д.а.
Онон бу ыстатыйа защита заказной статьята буолуохтаах, норуокка местниковы аьыннарар. быыбарнай дуоьунаска улэлээбэт дьону уголовнай ненуе туоратар улэтэ эрэйэ да бэрт.
ааа,если вы незнали, что любой каприз за ваши деньги!
Хоть заказной не заказной , но есть факт что аэропорт давно стал кормушкой для отдельных людей , даже ИП все подставные лица и тянется дальше. Ни конкурса ни ничего. Так что Местников может хотел порядок навести. Простые рабочие по бортовому питанию говорят что возят домой продукты, разные соки сладости корчености и прочее. Жены говорят радуются. А начальники тогда сколько возят из бортового питания и ресторана не известно. Авксентьева не смогла говорят таки там порядок делать
Прилетевшие рейсы списывают бортовое питание. За всё оплачивает пассажир. Обратно рейсы загружают новое бортовое питание. Так, что все эти соки, воды, продукты и прочее делят между собой работники борт питания.
это не частное питание наверно, хотя граждане платят, а распоряжаться должен Аэропорт. Если законно было бы то не прятались бы за домами или где нет камеры, зимой когда темно и прочее. Сколько с ресторана хапают не известно
да-а, не хило . по более пяти лимонов в год брал мужик сверхурочно на “карманные” расходы. а зарплата, наверно, как скучноватый довесок к основным доходам. как в том анекдоте про новобранца в полиции, который приятно удивился при первой получке ” а здесь еще и зарплату выдают ?! а я думал, дали пистолет и крутись сам !”.
Учитель физкультуры с этим всё сказано.