Курс валют
$
98.06
0.51
106.89
0.75
Курс валют
Курс валют
$
98.06
0.51
106.89
0.75
Меню
Поиск по сайту

Николай МЕСТНИКОВ дьыалата ханна тиийдэ?

30.07.2018 01:11 11
Николай МЕСТНИКОВ дьыалата ханна тиийдэ?

Саха сиригэр ыраах айантан кэлбит киһиэхэ төрөөбүт дойдуга эргиллии аэропортан  саҕаланар. Дьиҥнээхтик төрөөбүт дойдубар, Сахам сиригэр кэллим диэн Дьокуускай пордугар түһэн баран санаммыппыт  аҕыйах сыл буолла – 2014 сыллаахтан. Сахалыы сурук-бичик аахпыппыт, саха үлэһиттэрин көрбүппүт, төрөөбүт тылынан биллэрии истибиппит баара-суоҕа 4 эрэ сыл буолла. Ити барыта Николай МЕСТНИКОВ аэропорт генеральнай дириэктэрин дуоһунаһыгар ананыаҕыттан саҕаламмыта.

Ол иннинэ бэйэбит биир уолбут олорбута даҕаны сахатытыы үлэтэ барбатаҕа. Хата төттөрүтүн кини миэстэтигэр кэлбит киһини утары үөннээн-күрдьэҕэлээн кыттыста диир дьон саҥата элбэх.

Николай МЕСТНИКОВ, Иркутскайга илдьиэхтэрин аҕай иннинэ, пресс-конференция биэрбитэ. Онно аэропорт реконструкциятын туһунан суруналыыстарга кэпсииригэр,  2020 сылга аэропорт полосатын реконструкцията бүтэн, Докуускайга туох баар сөмөлүөт көрүҥэ барыта түһэр-тахсар кыахтаныаҕа диэн эппитэ. Полоса реконструкциятыгар федеральнай хааһынаттан барыта 6 млрд кэриҥэ харчы көрүллүбүтүн, ону барытын федераллар бэйэлэрэ тендер ыытан бэдэрээччиттэри талбыттарын, республика да, порт да ити харчыга кыттыспаттар диэбитэ.

Биллэн турар, ханнык баҕарар порт сүрүн харчы киллэрэр сирэ – кэлэр-барар сөмөлүөттэр тохтоон ааһалларыттан. Төһөнөн элбэх сөмөлүөт порка түһэр-тахсар, чаардыыр да, соччонон барыс киирэр. Иккис улахан барыс киллэрэр салаата – таһаҕас таһыы.

Федераллар барыһа суох салааҕа харчы укпаттар. Уопсайынан инвестордар, хаһан баҕарар, укпут харчыларын хас да бүк өҕүтүннэрэн эрэ ылар проектарыгар угаллар. “Аартык.ру” суруналыыһа пресс-конференцияҕа Николай МЕСТНИКОВТАН “федераллар харчы угар буоллахтарына, Дьокуускай аэропорда кэнэҕэс стратегическай суолталаах, айан төрдө буолар чинчилээх эбит, дьон, таһаҕас бөҕө хотоҕостуу субуллууһу” диэн сылыктаабытагар “оннук” диэн сөбүлэспитэ уонна “билигин даҕаны күнүстэри-түүннэри араас сөмүлүөт кэлэн барар” диэн эппитэ.

Араас сөмүлүөт, араас таһаҕаһы таһара сааскы “көмүс ардаҕа” да туоһулаан эрдэҕэ. Биһиги дьоммут ким да билиэ суохтаах таһаҕаһын “бассааптаан” кэбиһэн федеральнай ханаалларга кытары тиийбитэ. Итиниэхэ генеральнай дириэктэри “чээн” диэбиттэрэ биллибэт. Хата уларыта охсоллоругар сорудахтаабыт буолуохтаахтар.

Порт үлэһиттэрэ киһилэрин харыһыйаллар. Аараттан биһиги эмиэ харааһынныбыт. Кэм да биһиги сахалар барахсаттар киирэн биэрэн истэхпит.

Сорох дьон этэринэн, порду реконструкциялыыр генподрядчиктар генеральнай дириэктэри кытары бэрдэ суох сыһыаннаахтара үһү. Биһиги дьоммут үлэни хонтуруоллуур эбээһинэстээх буолан, итиччэ миллиардынан сыаналаах үлэни үчүгэйдик оҥотторо сатыыллара өйдөнөр. Туох эрэ буолар түбэлтэтигэр бастакы уочарат кинилэр бастара көтүөҕэ. Онон технология, проект ымпыга-чымпыга барыта тутуһулларын ирдээн, анарааҥҥылары кытары айдаарсар этилэр диэн кэпсииллэр. Ити эмиэ МЕСТНИКОВЫ туоратарга ытаһа буолбута саарбахтаммат.

Саҥа терминал дьиэтэ үс сылы быһа айдааннаахтык-куйдааннаахтык тутуллубутун  умна иликпит. Бу терминал 2012 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. ООО “Кинг-98” диэн тэрилтэ (салайааччыта Сос Варжапетян) сүүһүнэн мөлүйүөннээх тутууну  халы-мааргы туппутун, ону аэропорт оччотооҕу салалтата илии баттаан испитин туһунан элбэх хаһыат суруйан турар.

Терминал тутуутугар чэпчэки сыаналаах атын маркалаах бетон туттуллубутуттан саҕалаан, иһинээҕи отделката, миэбэлэ эмиэ бастааҥҥы проегыттан олох атын, чэпчэки сыаналаах матырыйаалынан солбуллубутун туһунан хонтуруоллуур уорганнар экспертизэлэрин түмүгэ баара да, кэлин ол дьон болҕомтотуттан сүтэн-иҥэн хаалбыта. Тоҕо эрэ сүүһүнэн мөлүйүөн суумалаах тутууну холтууралаан кэбиспит омук тутааччыларын ким да харытыттан харбаабатаҕа. Ол оннугар саха сүүс да солкуобайы “сүтэрдэҕинэ” үөрэ-көтө кыттыһан туран хаайыы сирэйдиэхпит. Кыһыыта онно сытар.

Саҥа терминал дьиэтин сылга көрөргө-истэргэ 300 мөл. солуобай орускуоттанар. Ама хаачыстыбалаахтык тутуллубут диэҕэ киһи тыла өҕүллүбэт. Хата ол оннугар канадскай технологиянан тутуллубут урукку терминал аһара ичигэс, көрүүтэ-истиитэ хаппырыыһа суоҕун бэлиэтииллэр.

…Тоҕо эбитэ буолла, ол пресс-конференцияҕа Николай МЕСТНИКОВ Дьокуускай порда сайдар кэскилин кэпсээбитин кэннэ, тэһэ баран ытырыктатан”оо, оччотугар дуоһунаскын былдьыыр эбиттэр” диэн саҥа аллайбытым. Ону “сатахха хара үлэтин оҥотторон баран туораталлар ини” диэбитэ. Ол тыла сойо илигинэ ити буолла.

Николай МЕСТНИКОВ тутуллаатын кытары араас сурах-садьык бөҕө халыйа түспүтэ. Ким эрэ ити тутуу-хабыы, өссө атын куоракка илдьии, хаайыы – Ил Түмэн быыбарыттан сылтаан буолла диэн “сылыктаабыта”. Биллэн турар, дьыала оннук судургу буолбатаҕа хара маҥнайгыттан биллэрж, өтө көстөрө. Бу барыта дириҥ, иһэ-истээх дьыала буоларын, “Аартык.ру” ааптара Александр ВЫСОКИХ «КРОКОДИЛ» НАЧАЛ РВАТЬ ЯКУТИЮ?” ыстатыйатыгар суруйда.

Транспорт, суол-иис, таһаҕас таһыытын ситимин былдьаһар улахан адьырҕалар Саха сиригэр киирдилэр.  Онно көмө-тирэх буолан биһиги дьоммут илин-кэлин түһэллэр. Харчы иннигэр кими баҕарар күрдьүккэ күрдьүһүөхтэрэ, тумулга таһаарсыахтара. Итинник дьылҕа “Якутия” авиахампаанньаны эмиэ күүтэр. Тоҕо эрэ кэлиҥҥи кэмҥэ “Якутия” атын куораттартан наар тардыллан көтөн кэлэр буолла.

***

Билигин биллэринэн, Дьокуускайдааҕы куорат суута, балаҕан ыйын 5-гэр, Иркутскай СИЗОтугар хаайылла сытар Николай МЕСТНИКОВЫ силиэстийэ кэмигэр салгыы ханна аарыска тутуоҕун быһаарыахтаах. Санатар эбит буоллахха, СИЗОҕа олордор эрдэтээҥи быһаарыыны эмиэ Дьокуускайдааҕы суут ылбыта.

***

Туйаара НУТЧИНА,

Aartyk.Ru

Обсуждение • 11

Добавить комментарий
  1. Эн сөбүлүүр Үөһээ Бүлүүгүттэн

    Туйаара, ити этэр “кини иннинээ5и биир уолбут…” эн землягын этэ дии, Күөх Ньурба уола Ил Ларионов диэн.
    Земляктаргын олох абааһы көрөҕүн дуу тугуй дуу, эбэтэр харчы төлүүллэр дуу куһаҕаны суруй диэн?

    • Ээ, халытыма

      Или Андрей Аркадьевич мэлдьи «дьиннээх тердум Уус-Маайа, эбэнкибин» диир этэ дии, умна огустугут дуо?
      НаЬаа аргылыыр сурахтаага дии, итирик сылдьан хамнаЬын кердуу киирбит нууччаны маатырылаан, быЬахха кэтиллибитэ дии, бэйэтэ провокациялаабытын билинэн, дьыаланы тыаЬа-ууЬа суох саптарбыта дии?
      Хаачыктаар ханньаах кутан биэрдилэр да илии баттаан иЬэринэн сурагырбыт тонус дииллэр дии?

  2. Александра

    ханнык да улуустан теруттээх буоллун, Кини САХА эбээт!!!

    То5о бэйэбит дьоммут хайаан да бэйэлэрин омуктарын хараарда сатыыллара, сэтэрииллэрэ буолуой?…

    КиЬи хомойор…

  3. Зина

    Илларионов терде багар улуустан буолуо гынан баран русскоязычнай сахалыы билбэт даже истибэт этэ буолуо. Кэргэнэ атын омук инин, онон конечно менталитет атына чуолкай

  4. Тэтим

    Барытын бугун кэлэн соьуйан-омурэн туьэн да5аны.Саха сирин атыылан сиэн-аьаан бутэрэн баран ол биир аэропорт хаалбытын аьынан да.Речной порт барда.НВК САХА кордорор Ирк.обл. ЛЭП опоратын маьын а5албыттар ууннан- а/м-ууннан-а/м тиийэр уьу Уус-Майа5а дьэ комус сыаналаах мастар буолан тахсаллар Якутскэнерго туьугар абыраммыт дьон.Бу маны этэллэр куьа5антан ас таьаары диэни.

  5. ЯКУТ

    Все таки якута очень жалко! И жаль якутов вообщем! своего так легко сдали!

  6. Нигилист

    Күллүм. Местников олус принципиальнай, көнө, патриот киһи үһү. Кини итиннэ алҕаска анаммытын, ити эйгжҕэ туох да сысыана суоҕун, БЕА харчыны хайыттаран тусанаары эрэ анаабытын киси барыта билэр. Аэропортанан айгыстыбакка сасан сылдьыбыта буоллар, хаайыыга сытыа суох этэ. Кини хаайыллыбыта — БЕА суобасыгар. Ити кини быыбарын харчытыттан хаайылынна

  7. Страшно?!

    Смеется тот кто смеется последним..

  8. Петр

    Нигилист саха акаарыта эбиккин, туох да толкуйа суох киьигин

  9. Петр

    Ити суруллубут ыстатыйаны ааҕан да баран уонна эрдэтээҥҥи крокодил туһунан бэрт дириҥ ис хоһоонноох ыстатыйалары ааҕан киһи араас түмүккэ кэлэр. Ол эрэн чопчу аэрэпэртка Сахатытыы хамсаһыына барбыта киһи хараҕар тута быраҕыллар. Николай Афанасьевич үлэтин-хамнаһын киэҥник сырдатар буолан сүрүн үлэтин таһынан туох үлэни ыыппытын, кимиэхэ көмөлөспүтүн, кыһалҕалааҕы өйөөбүтүн истэн, көрөн билэбит. Барыта этэҥҥэ буоларыгар эрэллээхпит.

  10. с

    Саха сахага должен помогать и поддерживать хотя бы словами, какой он ни был, а где его друзья, коллеги почему молчат, когда нюрбинского главу посадили столько шума было, даже народ выходил на митинги,

Оставить комментарий