Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Курс валют
Курс валют
$
103.43
0.52
109.01
1.47
Меню
Поиск по сайту

Кумааҕы хаһыаты, сурунаалы суруйтарыы икки төгүл түстэ

11.06.2020 09:15 8
Кумааҕы хаһыаты, сурунаалы суруйтарыы икки төгүл түстэ

Сыл иккис аҥаарыгар кумааҕы хаһыакка уонна сурунаалга суруйтарыы, бэс ыйын 10 күнүнээҕи туругунан көрдөххө, букатын мөлтөх. Барыллаан ааҕааһынынан, туох баар хаһыат, сурунаал сурутуута икки төгүл түспүт. Бу төрүөтэ биллэр – интернет сибээс сайдан дьон интернет нөҥүө сонуну ааҕар буолла.

Иккиһинэн, “Почта России” нөҥүө барар сурутуу олус бытаан-татаан, былыр үйэҕэ сонуна сойбутун кэннэ хаһыат дьоҥно тиийэр. Үcүһүнэн, сурутуу сыаната сыллата ыараан иһэр,  оттон дьон дохуота кыччыы турар. Ордук тыаҕа – ааҕааччы халыҥ араҥата олорор сиргэ – харчы кырыымчык. Төрдүһүнэн, быйыл дьаҥ туран эбии атахтаата. Бэсиһинэн, хаачыстыба түстэ.

Саамай элбэх ааҕааччылаах – “Ситим” медиагруппа. Таһаарыыта да балайда. Үс сурунаалыгар (Байдам, Күрүлгэн, Хатан) барыта холбоон 2 961 киһи суруйтарбыт. Былырыын буоллаҕына – 4 835 киһи этэ. Хаһыаттарыгар (Кыым, Бэлэм буол/Будь готов, Спорт Якутии) былырыын 12 761 сурутааччылааах буоллаҕына, билигин баара-суоҕа 9 486. “Ситим” медиагруппаны Мария Христофорова иилээн-саҕалаан үлэлэтэр.

Судаарыстыбаннай хаһыаттары көрдөххө өссө быстарбыттар. Мария Христофорова салайар “Ил Түмэн” сахалыы уонна нууччалыы таһаарыыта барыта холбоон 319 эрэ сурутааччылаах. Былырыын – 752 эбит. Менеджер уларыйбыта балаһыанньаны тупсарбатах, курулаччы түспүт.

“Кэскил” Издательскай Дьиэ (салайааччыта Ольга Семенова)- “Кэскил” уонна “Юность Севера” хаһыаттара 708 уонна 185 сурутааччылаах. Былырыын баччаларга – 1 644 эбит.

“Сахабэчээт” САТ (сал. Нь.Стручкова): “Забота-Арчы” – 1 101, былырыын – 1 355; “Илкэн” – 537, былырыын – 352.

“Сахамедиа” холдинг (сал. Алексей Чертков): “Саха сирэ” – 1 338, былырыын – 3 184; “Якутия” – 571, былырыын – 1 390. “Она+” (ИП Левина) – 380, былырыын-654.

Муниципальнай хаһыаттар (сал. Мария Иванова): “Эхо столицы”, “Киин куорат” – 34 уонна 4 сурутааччылаах. Былырыын 212 уонна 239 эбит. Кинини кытары бииргэ тахсар чааһынай хаһыат “Якутск вечерний” – 246, былырыын – 797. Быйыл “ЯВ” бас билээччитэ уларыйда, Левиннар хаһыаттарын Карапетян диэн киһиэхэ атыылаатылар. Саҥа хаһаайын кимэ-туга биллибэт, сураҕа ДП-1 сорудаҕынан атыылаһылынна диэн кэпсээн тарҕаммыта.

Өссө кэтэхтэри  аахтахха “Жизнь Якутска” – 67, былырыын – 68, “Криминальная Якутия” – 73, былырыын – 79. Городецкай сурутааччытын ахсаана улаханнык уларыйбат эбит. Атын суруналыыстар суруйбуттарын интернеттэн ылан кумааҕы хаһыакка таҥан таһааран бизнес оҥостор.

“Туймаада” – 1 712, былырыын – 2660. Тэрийээччитэ Александр Яковлев, Дьокуускай куорат Думатын дьокутаата, хомуньуус. “Аар Тайҕа” – Геннадий Бечеряков, быйыл – 1 353, былырыын –  2 045.

“Коммунист” хаһыат хата сурутааччыта – 181, былырыын 606 эбит.

Инньэ гынан, туох баар сурутууга баар хаһыаты аахтахха, барыта сыл иккис аҥаарыгар 18 317 киһи суруйтарбыт. Былырыын баччаларга 28 843 сурутааччы баара. Быйылгы сурутааччыттан 15 542-тэ сахалыы хаһыаттарга суруйтарбыттар.

***
Сурунааллары ылар эбит буоллахха, сурутуу өссө түспүт. “Байанай” (“Илгэ” ИДь, сал. Юрий Борисов) 821, былырыын – 1 218. “Ситим” МГ: “Байдам” – 1331, “Күрүлгэн” – 1206, “Хатан” – 424.

“Сахабэчээт”: “Далбар Хотун” – 949, “Полярная звезда” – 99, “Чолбон” – 543.

“Кэскил” ИДь: “Колокольчик” – 308, “Чуораанчык” – 1213.

“Илин” (Олег Сидоров) – 0, “Үйэ” – 99, “Журфикс” – 246.

Барыта сурунаалга 7239 киһи суруйтарбыт, былырыын – 11797 эбит. Сахалыы сурунаалга 6586 киһи суруйтарбыт.

Оройуон хаһыаттара урут 10 079 сурутааччылаах буоллахтарына, билигин 7 770 буолбут.

Сурутааччы уопсай ахсаана – 33 326.  Онтон 25,5 тыһыынчата сахалыы тылынан тахсар хаһыакка уонна сурунаалга суруйтарар. Ити аата төрөөбүт тылынан тахсар периодиканы дьон ордук сэргиир эбит. Биллэн турар, тыа дьоно ордук элбэхтик суруйтараллар. Куораттар киоскалартан атыылаһар кыахтаахтар, онон улаханнык суруйтарбаттар быһыылаах.

Оҕо, ыччат хаһыатыгар, сурунаалыгар барыта 3 193 киһи суруйтарбыт.

Редакцияларга, ордук быһаччы бюджеттэн үбүлэнэр хаһыат-сурунаал редакцияларыгар бэрт бөрүкүтэ суох тыын олохсуйда. Улахан салайар уопута суох, үрдүнэн-аннынан билиилээх менеджердэр ананан сахалыы суругу-бичиги улаханнык буоратан эрэллэр. Профессиональнай таһым ханна да аахсыллыбат буолбут кэмигэр, ордук төрөөбүт төрүт тылы, култуураны пропагандалыыр, харыстыыр, тарҕатар улахан миссиялаах, дириҥ, баай силистээх-мутуктаах сахалыы хаһыаттарбытыттан көрө матан эрэбит. Салалта, тустаах министиэристибэ манна улахан болҕомтону уурара хайаан да ирдэнэр.

***

Aartyk.Ru

P.S.: Саха сирин хаһыаттарыттан саамай элбэх сурутааччылаах “Сахаада” хаһыат этэ. 1995 сыллаахха 52 700  тиийэ сурутааччылана сылдьыбыта. Ол рекорду кэлин хайа да хаһыат хатылаабатаҕа, хатылыыра да саарбах. 

 

Обсуждение • 8

Добавить комментарий
  1. Буолумуна

    Кумаа5ы диир оннугар кумаахы диэн суруйар «суруналыыстар» дуомнара элбээбиттэрин кэннэ сурутуу а5ыйаабакка хайыай?

    • Буолар да эбит

      Оннук ээ, сахалыы киьи ойдообот гына суруйар буолбуттара ыраатта. Кумаахы диэни эмиэ харахпын хаста-хаста кордум, бэйэм сыыьа коробун дуу диэн.

  2. Сүрүн ааҕааччы уруккута

    Сурутуу түһүүтүгэр Саха сирэ, Забота-Арчы, Далбар Хотун, Чолбон, Илкэн, Кэскил, Юность Севера, Чуораанчык, Колокольчик, улуус хаһыаттарыгар барыларыгар журналист үөрэҕэ суох дьону олоппутарын содула эмиэ биир төрүөт.

  3. Серафим

    Журналистар,оттон, доҕоттор оччотугар хамнаскыт төһөнүй?
    Орто хамнас.

  4. Подписчик

    Наследие Чокуура. Теперь пожинаем его плоды. Бесплатизация ускорила процесс. Отсутствие кадровой политики. Отсутствие журналистского образования свели на нет все старания всех журналистов.

  5. билбит

    Сурутуу бүтэ илик. Бүтүө ыраах. Онон бу ырытааччылар эрдэлээбиттэр.

  6. Бэтэрээн журналист

    Кыым хаһыат 1988-89 сс. тираһа 60-тан тахса тыһ. этэ, биир кэмҥэ өссө 73 тыһ. тиийэ сылдьыбыттааҕа үһү.
    Сахаада 55-тэн элбээбэтэх буолуохтаах

  7. Халан

    Маны ааҕан баран Почта России саайтыгар киирэн сурутуҥ ээ.
    Сахалыы суруналыыстыканы өйөөҥ.
    Бэйэҕитигэр эрэ буолбакка, холобур, балыыһаларга сурутуҥ.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»