Сунтаарга алмаас таас бастакы көстүбүт сиригэр чиир балык ыаматын ыыттылар
Айылҕаны харыстыыр уопсай сомоҕолоһуу үлэтэ Саха сирин өрүстэригэр салҕанан барар.
Ол курдук Бүлүү Эбэбит балыгынан баайын хаҥатар сыалтанАлроса хампаанньа улахан бырайыагар биһиги учуонайдарбыт, экологтарбыт, республиканскай, муниципальнай структуралар бииргэ үлэлээн Кириэстээх нэһилиэгин Соколинай Коса сиригэр Чернышевскай балык собуотугар иитиллибит 1 мөл. устуука чиир балык ыаматын Бүлүү Эбэҕэ ыыттылар.
Санатар эбит буоллахха инники сылларга Сунтаар улууһугар Күндэйэ улахан күөллэригэр балык ыамалара ыытыллан, биһиэхэ балык үөскүөн сөбө научно үөрэтиллэн, дакаастанан турар.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, Кириэстээх нэһилиэгин баһылыга Александр Григорьев, улуустааҕы айылҕа харыстабылын управлениетын начаалынньыга Сергей Николаев, Алроса хампаанньа экологическай киин уу ресурсатын кэтээн көрөр бөлөҕүн салайааччыта Алена Дьяконова, Чернышевскай балык собуотундириэктэрэ Василий Черепанов уонна олохтоох нэһилиэнньэ кыттыыны ыллылар.
Дьон-сэргэ Алроса хампаанньа салалтатыгар Сергей Ивановка уонна айылҕа харыстабылын миниистиригэр Сахамин Афанасьевка махталлара муҥура суох.
***
“Сунтаар улууhа (оройуона)” муниципальнай оройуон дьаһалтатын пресс – сулууспата
Чыыр ини
Махталлара муҥурасуох..хахаха. хараҥа, билбэтчэй дьон.
Чыыр ыраас ууга эрэ үөскүүр. Оттон Бүлүүгэ уу дьэбин курдук.