Китджа киэһэтин кэнниттэн санаалар
Ардыгар бэйэм бэйэбин хайҕанабын: саҥаны, сонуну көрүөх-билиэх баҕам уҕараабатыттан. Эмискэ тэһэ кэйдэрэн киирбит санаабын наар өйүүр биир киһилээхпин – Любовь Васильева. Хаһан да буоллун: “Дабаай!” – диир уонна хомунан барар. Кини оҕо сааһым эрэллээх доҕоро уонна саха тылын уонна литературатын учуутала, онон биир эйгэлээх, тиэмэлээх буолан кэпсэтэрбит, ырытыһарбыт элбэх.
Эмиэ: “Дабаай!” – диэн баран биир күһүҥҥү киэһэ Хаҥаластыыр суол 15-с биэрэстэтигэр Китджа тэрийбит ырыа түһүлгэтигэр бардыбыт уонна итии чэй иһэ-иһэ, кулуһун уотугар иттэ-иттэ, тэтимнээх музыкаҕа битийэ-битийэ туох да дууһалыын, өйдүүн-санаалыын сынньанан-дуоһуйан, элбэҕи көрөн, үөрэн, ылынан кэллибит.
Баран иһэн кэпсэтэбит:
-Китджа ырыатын кыра оҕолор олус сөбүлүүллэр, тоҕо дии саныыгын? – аргыспыттан ыйытабын.
-Мин санаабар, билиҥҥи оҕоҕо хамсаныы тиийбэт. Дьыссааттан, оскуолаттан кэлэн баран төлөпүөҥҥэ сыталлар дии. Уонча сыллааҕытыгар диэри таһырдьа оҕо оонньуура көстөр этэ, ээ.
Дьыссаакка, оскуолаҕа хамсаныы эмиэ суох. Ордук оскуолаҕа, ким эмэ сүүрээри-көтөөрү гыннаҕына “мэниктиир” диэн барахсаттар мөҕүллэр буоллахтара. Оттон оҕо этэ-сиинэ айылҕатынан хамсаныан, сүүрүөн-көтүөн, эккириэн, ыстаҥалыан баҕарар. Китджа музыката олус тэтимнээх, буор куттарын уһугуннарар быһыылаах.
Оҕо этэ-сиинэ хамсаннаҕына, өйө хойдор. Холобур, оҕо саҥарыан иннинэ бастаан оронугар эргийэр, сыҥаһалыыр, үнэр, хаамар. Илиитин-атаҕын билиннэҕинэ эрэ биирдэ тылланан барар. Кыайан атаҕын, илиитин салайа үөрэннэҕинэ – саҥата чуолкайданар. Ол иһин дьыссаакка “уҥа-хаҥас”, “түргэн-бытаан” диэн бастаан илиитин-атаҕын араара үөрэтэллэр, күүскэ атаҕар үктээн хаамтараллар, эрчийэллэр.
Мин саныахпар, атах – бастакы сайдыахтаах. Атаҕар үчүгэйдик тирэннэҕинэ, тирэхтэннэҕинэ дьэ илиитэ, онтон өйө сайдар. Баҕарбытын баран ыларыгар атаҕа тиэрдэр буоллаҕа. Оҕо атаҕар туран тирэхтээх буолла даҕаны, сорук-боллур гыналлар этэ өбүгэлэрбит. Ол иһин “Оҕо атаҕа – ыт атаҕа” диэн уос номоҕо баччааҥҥа диэри тиийэн кэллэҕэ.
-Мин кыра уолум подростковай кэмигэр буолан-хаалан истэҕинэ убайбар тыаҕа окко ыыппытым. Күһүн букатын атын киһи кэлбитэ.
-Ити дии, баран илиитин-атаҕын хамсатан, өйө хойдон кэллэҕэ. Хара үлэ – мэйиигэ саҥаттан саҥа нейроннай ситими үөскэтэр. Этэ аһыйдаҕына хайдах үлэбин чэпчэтэбин диэн толкуйдуур. Китджа тэтимнээх ырыата – оҕо буор кутун иитэр күүстээх, ол иһин оҕолор кини ырыатын сөбүлүүллэр.
Итинник кэпсэтэ-кэпсэтэ тиийиэхтээх сирбитигэр тиийдибит. Эдэр ыччат бөҕө мустубут.
Киэһэни Китджа уонна кини истиҥ доҕоро Инвент, эмиэ тугу да эппитин иһин: “Дабаай!” – диир уола ыытыста. Кэнсиэрт көрөөччүлэри кытары истиҥ сэһэргэһии көрүҥүнэн барда, онон олус ураты тыыннаах түһүлгэ олохтонно. Күһүҥҥү хараҥа, киэҥ халлааҥҥа туолбут ый, кулуһун уота, итии чэй, эрчимнээх музыка, истиҥ сэһэргэһии… ама, хайдах сүрэҕи-быары сылаанньытыа суоҕай?
Аан бастаан Китджа аатын сонуннартан истибитим. “Звезда” телеканал ыытар күрэҕэр саха уола кыттан кыайбыт диэн. Жюрига биллэр продюсердар, музыканнар олороллор уонна кини “уратытын” бэлиэтээбиттэрин этэллэр. Интэриэһиргээн киирэн көрбүтүм сирэйигэр татуировкалаах уол ыллыы турар, регги тэтиминэн сахалыы ыллыыр уонна “сахалыы эрэ ыллыахпын баҕарабын” диэн эппитин көрдөрөллөр.
Оччолорго миэхэ икки санаа охсуллубута: ити улахан продюсердар, Россия эстрадатын тутан олорор дьон, тоҕо чуолаан бу уолу таллылар? Бэйи, ол диэтэх дьон мээнэ дьон буолбатахтар, баардааҕын сэрэйбиттэр быһыылаах. Тоҕо диэтэххэ, “Чолбону” маннааҕылар буолбакка анарааҥҥы продюсердар таһаарбыттара. Талааҥҥа муннулара сыттаах. Иккиһэ, дьиҥэ аатырар туһугар ханнык баҕарар тылынан ыллыырга элбэх ырыаһыт сөбүлэһэр. Оттон Китджа “сахатын” тутан баран турар. Уол боростуой буолбатах быһыылаах, диэн.
Иккис интэриэһиргээбит түгэним – “Аар Саха” диэн ырыатын кэнниттэн. Ис хоһооно, музыката, аранжировката, тэтимэ, куолаһа – энергетиката соһуччу уонна күүстээх. “Эн таптыыгын, мин таптыыбын” диэн эдэр киһи сиэринэн ырыа буолбакка, бүтүн норуот, ону ааһан икки атахтаах дьылҕатын бөлөһүөктүүр таһымнаах, киһи кутун-сүрүн өрүкүнэтэр гимн. Дьикти? Дьикти! Онтон ээр-сэмээр араадьыйанан ырыалара кэллэхтэринэ истэн, сэргээн, тыый, бу уол кырдьык да ураты тыыннаах эбит ээ, диэн сэрэнэн хайгыыр буолбутум.
Кини олоҕо түһүүлээх-тахсыылаах. Син биир сүүһүнэн, тыһыынчанан урукку да, билиҥҥи да ыччат кэриэтэ.
“Бэйэм киирэн биэрэбин. Көннөрүнэ сатыы сылдьабын, сырдыкка дьулуһабын”, – диэн бу киэһэ кини билинэр.
Эҥкилэ суох киһи диэн суох, киһи барыта биир. Киһи иһигэр айыылаах да, абааһылаах да. Бэйэҥ абааһыгын кытары охсуһаҕын, атын кими эмэ кытары буолбатах. Бэйэҥ абааһыгын кыайыы – ол кыайыы буолар, өстөөҕүҥ искэр баар.
“Киһи үтүөтүн булан көрүөххэ наада. Олох куһаҕан киһи диэн суох ээ, син биир түөн саҕа да буоллар үчүгэйдээх буолуо дии. Ону таба көрөн хайҕыы сырыттахха, онто улаатар. Бэйэбинэн билэбин. Мин кэргэним миигин хайгыы сылдьар, онтон кынаттанабын, онтон сырдыкка талаһар баҕам улаатар”, – диэн этэр.
Көрөҕүт, эр киһиэхэ дьахтар хайдах курдук дьайар күүстээҕин?
Любабынаан ол иннинэ олоҥхону ырытыспыппытын санаам кэллим: “Биир да олоҥхоҕо биир да бухатыыр эргиччи эҥкилэ суох (идеальнай) буолбат ээ. “Кугас аттаах Куруубай хааннаах Кулун Куллурустуур”. Майгыта, бэл, аатыгар кытары этиллэ сылдьар. Олоҥхо бухатыыра төрүүрүгэр туох да баараҕай күүстээх (аныгылыы – энергиялаах) төрүүр, Айыылар да саллаллар: бу күүһү көнө, сырдык суолунан ыыппатахха, үс дойду тутулун ыһыа диэн. Ол иһин Ньургун Боотуру төрөөтүн кытары, сыһытаары Аллараа дойдуга абааһы эмээхсинигэр ииттэрэ түһэрэллэр. Куһаҕаны көрбүт биирдэ үчүгэйи сыаналыыр, хараны көрбүт – сырдыкка талаһар”. Уопсайынан, саха олоҥхото – Сиргэ олоруу, Үс дойду тутулун сокуонун илдьэ сылдьар туох да сүҥкэннээхэй билии. Өйбүтүнэн тиийэн ону ааҕыахпытын уонна кистэммит билиитин өйдүөхпүтүн эрэ наада.
Китджа ыллыырыгар турукка киирэн хаалар эбит. Син биир ойуун кыырарыгар турукка киирэрин курдук, син биир худуоһунньук, суруйааччы, поэт, уус, архитектор, иистэнньэҥ айар турукка киирэн тулатын умнан кэбиһэрин курдук. Турукка киирэн айыллыбыт айымньы – күүстээх энергетикалаах, дьоҥҥо дьайар, салгыны хамсатар, тэҥҥэ көтүтэр.
Тута хоһуйуу талаана. Сахалар импровизатордар. Саха оһоҕун иннигэр олордоҕуна – олоҥхоһут, оҕуһун миистэҕинэ – тойуксут диэн истэн-истэн кэллэхпит. Кини турукка киирэн, өйө-сүрэҕэ аһыллан Куйаартан, Айылҕаттан информация ылан тыл, уобарас эгэлгэтин ойуулаан таһаарар. Олоҥхоһуттар аһаҕас уот нөҥүө Куйаарга холбоноллорун туһунан Мандар Уус үчүгэй баҕайытык уруһуйдаан турар. Бу киэһээ Китджа уонна Инвент тута хоһуйар дьоҕурдарын көрдөрдүлэр. Көрөөччүлэр араас тылы этэллэр, ону холбоон, сааһылаан, ис хоһоонноон (!!!) тута туох да киһи: “Ноо!” – диэн саҥа аллайар ырыаларын, субу манна истэн олордохпутуна айдылар!
Айымньы айымньы буолар өскөтүн – тыла-өһө, музыката, тэтимэ, толорооччутун куолаһа, толорор ньымата (харизмата диэххэ) истээччигэ тиийдэҕинэ. Холобур, миэхэ биир абзацтаах ыстатыйаны суруйан аҕалаллар, ону тылын-өһүн көннөрөбүн, эттиибин-сиинниибин, тыын угабын, ситэрэн-хоторон өҥнүүбүн-дьүһүннүүбүн бэйэм ресурсабар таһаарабын. Кыттыгас үлэ диэн ыйабын. Онтон ол бастакы биир абзаһы суруйбут киһи кэлэн “бу мин эрэ ыстатыйам, мин эрэ аатым туруохтаах” диэтэҕинэ хайдах буолабын? Ити таджик аҥаардаах уол Китджа биир хит ырыатын (“Аар Саха”) миэнэ диирин суруйабын. Бээ, ырыаны төрөтөн, оҥорон, күн сирин көрдөрөргө элбэх киһи үлэлиир. Биир абзаһынан толору ыстатыйа суруллубат, санаа ситэ этиллибэт, туочука турбат. Бастаан өһургэниэм эбитэ буолуо, онтон дьоҥҥо туһалаабыт, дьайбыт, санаа укпут буоллаҕына “кимиэнэ да буоллун, сүрүнэ дьоҥҥо тиийдэҕэ ди” диэн үөрүөм этэ. Китджа эмиэ оннук ылынар эбит: сүрүнэ – дьайыыта бардаҕа дии. Ол эмиэ кини киһи быһыытынан хаачыстыбатын көрдөрөр.
Кэлиҥҥи кэмҥэ эдэр дьон саха тылын, култууратын ыччакка тиэрдэр, хаалларар туһунан – өйдөрүн сынньан эрэллэрин көрөр-ааҕар буоллубут. Ол аата көлүөнэ солбуһуута барда. Омук, норуот дьылҕатын – саҥа көлүөнэ тутта, солбук кэллэ. Ити олус үчүгэй.
Китджа:
“Тылбыт сүттэ да – омук, норуот буолан бүтэбит. Тыл оҕоҕо, ыччакка тиийэрин курдук муода оҥоруохтаахпыт, “телефонугар” киириэхтээхпит. Өбүгэлэрим миигиттэн тылгын салгыы тыыннаа эрэ диэн ирдииллэр уонна атыны тугу да ирдээбэттэр”.
Китджа муодунай? Муодунай. Ол аата кини миссията – ыччакка тылы, тыл нөҥүө култуураны иҥэрии. Онон кини уобараһа, таҥаһа-саба аныгы ыччаты бэйэтигэр тардар ньыма диэн сыаналыахха сөп. Уолугар диэри ааҕа тимэхтэммит, ыбылы хаалтыстаах, кырыылаах көстүүмнээх ырыаһыты ыччат истиэ дуо? Саарбаҕым.
Инвент “национальная самоидентификация” диэн тиэмэни элбэхтик таарыйда. Наһаа өйдөөх, ыраас, сырдык ыралаах уолу улаханнык хайгыы иһиттибит.
Оҕону, ыччаты сахалыы эйгэҕэ иитэр ырыаһыты Анатолий Бурнашовы саныаҕыҥ. Наһаа үчүгэй оскуоланы тэрийдэ буолбаат? Сахалыы саҥарбат саха оҕолоро сахалыы сөпкө, сайаҕастык саҥарар буоллулар, сахалыы, ол аата киһилии майгыланнылар, өйдөрө тобулунна диэн төрөппүттэр үөрүүлэрэ элбэх. Соторутааҕыта бассаабынан Өркөн, Анатолий Семенов, Масаха Мэхээс диэн эдэр дьон төрөөбүт тылга сыһыаннаах этиилэрэ тарҕанна. Хайҕаатыбыт. Аан дойду таһымыгар Арсен Томскай, ини-бии Ушницкайдар сахаларын туһугар элбэҕи оҥоро сылдьаллар. Элбэх талааннаах ыччаты иитэн, тирэхтээн, өйөөн таһаардылар. Норуот дьылҕата – эр киһи илиитигэр. Онон Өксөкүлээх эппитинии, маннык ыралаах ыччат биһиги омукка өссө да төрүүр-үөскүүр кыахтаах буоллаҕына, өссө биирдэ быста-быста салҕанан, өлө-өлө тиллэн, тимирэ-тимирэ күөрэйэн иннибит диэки дьулурҕатык хаамсан иһиэхпитин сөп эбээт!
***
Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Фото Aartyk.Ru
🔥🔥🔥