Курс валют
$
103.95
0.68
110.48
1.92
Курс валют
Курс валют
$
103.95
0.68
110.48
1.92
Меню
Поиск по сайту

“Кэрэни көрбүт” киинэни көрөн баран…

20.01.2023 12:43 6
“Кэрэни көрбүт” киинэни көрөн баран…

Сахалыы киинэ устааччыларбыт саҥаттан саҥа киинэ устан үөрдэллэр.

Бу күннэргэ хас да сахалыы киинэ премьерата буолла. Онтон биирэ “Кэрэни көрбүт” (“Не хороните меня без Ивана”) дьиҥнээхтик историяҕа төрүү сылдьыбыт Иван Попов – Ванчюра, этнограф, художник, уонна кини доҕоро, көмөлөһөөччүтэ Степан Бересеков туһунан киинэ.

Иван Попов туһунан Суорун Омоллоон маннык ахтан турар: “Он притягивал меня своей душевной мягкостью, сердечностью, доброжелательностью и широтой своих познаний”, – диэн. Онон Иван Попов уобараһыгар олоҕуран киинэ уһуллубута ылбычча буолбатах быһыылаах.

Киинэҕэ Иван Васильевич Германия музейдарыгар саха итэҕэлигэр, олоҕор-дьаһаҕар сыһыаннаах экспонаттары хомуйар биир сайыҥҥы айана көстөр. Кинини кытары уһун ууга (летаргическай) түһэн хаалар Степан Бересеков сылдьыһар. Кини оннук турукка түспүтүн Ванчюра эрэ быһаарар, онон аны тыыннаахтыы көмүөхтэрэ диэн кутталтан Поповы батыһар.

Ванчюра Ытык Күөллээҕи аҕабыыт уола, үөрэхтээх, оччотооҕу кэм прогрессивнай өйдөөх-санаалаах киһитэ. Аҕабыыт уола да буоллар, абааһыны-таҥараны, дууһа диэн баарын итэҕэйбэт, аҕатын сулууспатыгар сылдьыбат. Ол гынан баран кини кэлиҥҥинэн сахалыы – Айыы итэҕэлин ордук сэҥээрэн барара көстөр.

Бастаан Ыстапаан “куппун уоруохтара” диэн куттанарын көрөн Ванчюра күлэр: “Үс куттаах урааҥхай саха этиҥ буолбаат, бииргин уордахтара даҕаны олорор инигин”.  Онтон кэлин Удаҕан: “Уоттаах харахтаах нуучча киһитин ураһаттан таһаарыҥ”, – диэн соруйбутугар Ванчюра: “Эдьиэй, өйдүүн-санаалыын сахабын”, – диэн билинэр.

Киинэ эпизодтарыгар Айыы итэҕэлин сүрүн ис хоһооно, саха майгыта бэриллибит. Үс кут. Попов доҕоро уһун ууга түһэн хааларын эмтэтээри луохтуурга илдьэр. Луохтуур (артыыс Иннокентий Дакаяров) этэ-сиинэ чөл, “сахалыы эмтэтиҥ” диэн сүбэлиир. Бу манна кут эт-сиин туругар дьайыыта көстөр.

Духуобунай баай материальнай баайтан үрдүкү. Айанныы сылдьар олоҥхоһуттартан тыл абылаҥар уһуйуллаары эдэр, саҥа дьарыктанан эрэр уол дьонун хаһаас арыыларын барытын туран биэрэр. Ийэтэ кураанах ампаарын көрөн, абаран талах мас туппутунан уолун сырсар. Хаһаас арыыта суох хаалыы туох аанньа буолуой. Ол эрээри хомолтолоох санньыар түгэҥҥэ арыыга мэнэйдэммит “саҥа ырыа” сүргэлэрин көтөҕөр, санааларын сайҕыыр – Кэрэни көрдөрөр.

Саха киһитэ сиэр-туом толоруутугар эрэ буолбакка, күннээҕи туттар малын-салын эмиэ итэҕэлиттэн тахсар өйдөбүлүнэн оҥорор, оһуордуур. Сахаҕа Кэрэни көрүү (духуобунай баай) харчытааҕар (материальнай баай) үрдүгүн өссө биир эпизод көрдөрөр: мас ууһа талааннаах тарбах харчыга оҥоһугун туох иһин биэрбэт – кини бэлэхтиир, ис сүрэҕиттэн.

Техническэй сайдыы – кут-сүр сайдыытын туоһута буолбатах.   Попов экспонат хомуйарыгар биир киһи (артыыс Федот Львов) сэппэрээтэрин атыылыы сатыыр “тиэхиникэ сайдыыта” диэн. Этнограф көрө да барбат. Техника сайдыыта духуобнай баайы кытары туох да кыттыгаһа, ис дьиҥэ суох.

Дьону харыстааһын сиэрэ көстөр. Ыар ыарыынан ыалдьыбыт дьон өтөхтөрүн аартыгар бэлиэ туруораллар, дьону харыстаан  – чугаһаамаҥ диэн. Ааһан иһэр дьон кинилэргэ аһынан ас ууран ааһаллар. Айыы киһитэ аһыныгас.

Орто дойдуга олох олоруу сокуона. “Өлбүт өлбүтүнэн. Эн тыыннааххын дии!” – диэн олоххо тардыһыы күүһүн дьонун барытын сүтэрбит кыыс тэбэнэттээх күлүүтэ туоһулуур. Күн сирэ биир күнэ күндү, киһи Орто дойдуга кэлбит ытык иэһэ – күрүө-хаһаа, кэргэн, оҕо-уруу тэрийиитэ буоллаҕа.

Сири-дойдуну кытары ситим. Ванчюра саҥа айаныгар турунан иһэн көлүөһэтэ туллан түһэр. Ыстапаан: “Сирбитин аһаппатахпыт, ол иһин”, – диэн быһаарар.  Ыстапаан ас кээспитин кэннэ Аартык иччитэ көмөлөһөр – сүтэрбиттэрин буллалар.

Ону таһынан киинэҕэ дьону куттаан ас таһаарынар “сэбириэйдьиттэр”, анылыгылыы шарлатаннар  (артыыс Дмитрий Шадрин) бааллар. Таҥас-сап, дьүһүн-бодо… Дьиҥнээх КЭРЭ – кутталы кытары туох да сыһыана суох, дьону куттаан, куһаҕаны түүйэн харчы оҥостооччулар билигин олус элбээтилэр. Кэрэ – үөрүү, дуоһуйуу, өрө көтөҕүллүү, үөһээ дайыы, ол ону Ыстапаан турукка түһэн түүл түһүүрүн кэпсииригэр да көстөр.  

Туохха да итэҕэйбэт, тугу да баардылаабат, сыаналаабат, оруо маһы ортотунан сылдьар дьону удаҕан миэстэлэригэр  туруорар. Киһи сиэринэн сырыт диэн бэлиэ. 

Киһи дьылҕатын – бэйэтэ талар. 

Ыстапаан аһаҕас дьулайынан  киирэр-тахсар Салгын кутун суолун бүрүйтэрэн баран – Кэрэни көрөрүттэн матар.  Бу олоххо төбөнү өрө көтөхпөккө, күннээҕи ис туолунар эрэ ыырынан сылдьан эрэйдэнэр, олоҕо эгэлгэ өҥө-дьүһүнэ суох буолар. Ол аата киһи духуобунаһа суох – кута-сүрэ муунтуйар. Били глаукомалаах киһи сырдыгы көрөр хайаҕаһа кыараатар кыараан симэлийэрин курдук, Кэрэни көрөр кыаҕа суох буолар. Үдүк-бадык.

Киһи бэйэтин олоҕун (дьылҕатын) бэйэтэ оҥостор. Киһи иннигэр биэс суол баар, онтон  биирэ – Кэрэни көрүү, Кэрэни батыһыы.  Ким ханан барарын бэйэтэ талар.

***

Любовь Борисова (режиссер) уонна Сардаана Саввина (продюсер) бу иккис киинэлэрэ. Бастакылара – “Мин үрдүбэр Күн киирбэт”, иккис – “Кэрэни көрбүт”. Бастакы киинэ омугуттан тутулуга суох киһиэхэ бары сөбүлэттэ, аан дойдуну тилийэ көттө. Ол аата киинэ сүрүн идиэйэтэ – “биһиги эмиэ эһиги курдукпут” диэн икки атахтаахха илдьит бардаҕа. Иккискэ – сахалары билиһиннэрии иккис түһүмэҕэ барда – биһиги итэҕэллээхпит – Кэрэни көрөбүт.

Бу икки хартыына ситимнэнэр символа – Күн. Саха итэҕэлин сүрүн идеята – Үрүҥ Күн. Айыы итэҕэлэ – Сырдык Итэҕэл. Онон автордар дьоҥҥо-сэргэҕэ киинэ нөҥүө саха төрүт итэҕэлин сүрүн өйдөбүлүн көрдөрдүлэр диир дьон санаатыгар сөпсөһөбүн.

***

Туйаара НУТЧИНА,

Aartyk.Ru

 

Обсуждение • 6

Добавить комментарий
  1. Светлана

    Олус учугэйдик ырыппыккын, Туйаара. Махтал!

  2. Уоллес

    Киинэни астынным. Саха сирин историятыттан билбэт түгэннэрбин көрөн сэргээтим. Кыра нюанстар бааллар: илин эҥэр дьоно кэлиий, барыый диэн саҥарбаттара буолуо ди, аны массыына суола, колеята көстөн ааһар эбит)))

  3. Слава

    Уоллес, Бересекевы оонньообут Александр Чыычаахап Сунтаар Сиэйэтэ…. Барыый, кэлиий диэн санара уерэммитин хайыай.

  4. Лэгэнтэй сиэнэ Лэгэнтэй

    Мин кыра о5о сылдьан ити Поповтар дьиэлэригэр эбээлээх-эhээбин кытта сылдьар этим. Отой музей диэбиккэ дылы билигин кэлэн санаатахха барыта – маллара-саллара, танастара-саптара, туттар тэриллэрэ, иhэттэрэ-хомуостара барыта орун-оннугар турар, баар этэ, сайын киирдэххэ серуунэ бэрт учугэй буолааччы. Онно олорор кырдьа5ас баабыска отой нуучча этэ, ып-ыраастык сахалыы санарар этэ, хомойуох иhин эhээлэрин ейдеебеппун. Ол баабыска биhиэхэ эмиэ ыалдьыттыы, кэпсэтэ-ипсэтэ эмиэ кэлээччи этэ. Олбуордарын биир ааннарынан та5ыстахха Ытык-Куеллээ5и танара дьиэтэ турар этэ, хомойуох иhин биир уот-кураан сайын кердерен туран умайан хаалбыта. Кыhыыта диэн суол ненуе баhаарнайдар бааллара да сатаан быыhаабатахтара, чугастаа5ы ыаллары быыhаабыттарыгар баhыыба, оннук кердерен туран умайан хаалта, чугас олорор буолан барытын суурэн тиийэн кертум. О5олор испиискэнэн оонньоон умаппыттар игин диэн сурах баара, туохтан умайбытын билии суох. Киинэни дьиэ кэргэммин кытта бары кербуппут, учугэй ба5айы, астына-сынньана керен киинэ онорбут дьонно махталбын тиэрдэбин!

  5. Лэгэнтэй сиэнэ Лэгэнтэй

    Ити киинэ5э ол Поповтар Ыытк-Куелгэ баар дьиэлэрин устубуттар дуу дии санаабытым, ис кестуутэ уонна туннуктэрэ майгынныр курдук киинэ5э керубутм. Киинэ5э оонньообут дьон быыhыгар Таатта олохтоохторо, артыыс буолбатах билэр дьонум баалларын эмиэ керен уердум.

Оставить комментарий