Курс валют
$
103.95
0.68
110.48
1.92
Курс валют
Курс валют
$
103.95
0.68
110.48
1.92
Меню
Поиск по сайту

Иван ШАМАЕВ Александр Жиркову тоҕо сойуоласпыттарын туһунан суруйда

28.08.2021 08:06 13
Иван ШАМАЕВ Александр Жиркову тоҕо сойуоласпыттарын туһунан суруйда

Общественник Иван Иванович Шамаев, Ил Түмэн бэһис ыҥырыылаах мунньаҕын дьокутаата, бу соторутааҕыта буолан ааспыт уонна билиҥҥи буола турар политическай быһыы-майгы туһунан аһаҕастык суруйан дьоҥҥо тарҕатар.

Ааспыт сырыыга Егор Афанасьевич БОРИСОВЫ кимнээх, тоҕо былаастан туораппыттарын туһунан суруйбута.

Политика – кирдээх дииллэрин, барыта иһэ истээх, түгэх санаалаах буоларын Шамаев аһаҕас суруйуулара туоһулууллар. Бу сырыыга Иван Иванович Александр ЖИРКОВ туһунан суруйар. Дьиҥнээхтик норуот туһугар туруулаһар дьону билэрбит хайаан да наада диэн бассааптан ылан бу суругу бэчээттибит.

НОРУОТ КӨМҮСКЭНЭР КУЙАҔЫН БЭЙЭТЭ УҺАНЫАХТААХ!

19 олук. Александр Жирковы тоҕо сойуоласпыттарай?

Санатар буоллахха, 2004 сыллаахха В.Путин регион баһылыгын нэһилиэнньэ бүттүүнэ быыбардыыр сокуонун көтүрбүтэ уонна регион парламенынан талларар сокуону киллэрбитэ. Баһылыгы маннык талыыны “үөһэттэн анабыл” диэн ааттыыр буолбуттара. 2011 сыллааҕы Болотнай миитинин кэнниттэн Д.Медведев Путин 2004 сыллаахха киллэрбит сокуонун көтүрэн регион баһылыгын нэһилиэнньэ быһа талар бэрээдэгин сөргүппүтэ. 2012 сыллаахха үһүс болдьоҕор президенинэн талыллыбыт В.Путин итини кытта сөбүлэспэтэҕэ. 2013 сыллаахха кулун тутар бүтүүтүгэр кини “регион парламена баһылыгын бэйэтэ куоластаан талар сокуону ылынар бырааптаах” диэн ис хоһоонноох сокуону госдумаҕа ылыннарбыта. Атыннык эттэххэ регион парламена “баһылыгы анааһын” сокуонун бэйэтэ киллэрэр “бырааптаах” буолбута.

Путин баһылыгы анааһын туһунан 2013 сыллааҕы сокуона ылыллаатын кытта дойду үрдүнэн һуу-һаа буола түспүттэрэ. Бурят депутата А.Скосырская, Тыва хуралын вице-спикера О.Кольчикова, Дагестан депутата М.Абрамкина уо.д.а. бэйэлэрин регионнарыгар анааһын сокуонун киллэрэри биһирииллэрин биллэрэ охсубуттара.

2013 сыл тохсунньу ыйга В.Путин Р.Абдулатиповы Дагестан Республикатын баһылыгын эбээһинэһин толорооччунан анаабыта. Бука ол манньатыгар буолуо, Р.Абдулатипов муус устар 1 күнүгэр Дагестан быһа быыбартан аккаастаныан сөп диэн биллэрбитэ, Дагестаҥҥа анааһын сокуона киирбитэ. Ити кэнниттэн Ингушетия, Карачаево-Черкесия, Севернай Осетия норуот быыбарыттан аккаастаммыттара (эбэтэр аккаастанарга күһэллибиттэрэ).

Оруобуна ити сыл Ил Түмэн быыбара буолбута. Республика политическай олоҕор болҕомтолоохтук сыһыаннаһар киһи федеральнай киин Саха сиригэр эмиэ Путин 2013 сыллааҕы анабыл туһунан сокуонун киллэрэргэ туруммутун өйдөөн көрөр кыахтаах этэ. Үрдүк дуоһунастарга сылдьан федеральнай киин бары сорудахтарын Саха сиригэр улгумнук киллэрэн иһэр политик, кинини N диэххэ, быыбарын кампаниятын өссө 2012 сылга саҕалаабыта. Кини быыбарыгар анаан бүтүн хаһыаты наймыласпыттара. Бу хаһыат политическай “экспертэри” түмэн ый аайы республика политиктарын рейтинин таһаарар буолбута. N рейтинг аллараа кэрдииһиттэн саҕалаан улам-улам үөһэ ыттан испитэ уонна түмүктүүр түһүмэххэ рейтинг саамай үрдүкү кэрдииһигэр “тахсыбыт” буолбута. N түмүк “рейтинигэр” Саха сирин бары политиктарын, ол иһигэр урукку президеннэри уонна салайа олорор Ил Дарханы барыларын “куоһарбыта”. Биллэн турар, N сыччах депутакка эрэ дураһыйбыта буоллар итинник айылаах бэлэмнэнии барыа суоҕа этэ. N 2013 сыл сайын интервью биэрбитигэр “Егор Афанасьевич миигин спикерга тур диэн өссө сэтинньигэ эппитэ” диэн бэйэтин ис былаанын толору арыйбыта. Барыта былааннаммытын курдук баран истэҕинэ биир хаһыат N урут оҥорбут сааттаах дьайыыларын туһунан хас да ыстатыйаны субуруччу бэчээттээбитин түмүгэр N спикерынан талыллар кыаҕа суох буола түспүтэ. Өскөтүн N спикер буолбута буоллар Путин 2013 сыллааҕы анабыл туһунан сокуону киллэрэргэ бары күүһүн ууруохтаах этэ.

Быыбар агитацията бара турдаҕына республика биир биллиилээх политическай анаарааччыта В.Иванов “Ил Дарханы нэһилиэнньэ талара олус ороскуоттаах, онон парламенынан талларыыга киириэххэ” диэн эмискэ куолулаан турбута. В.Иванов агитацията Путин сокуонун олоххо киллэриигэ дьону бэлэмнээһин этэ.

Быыбар түмүктэммитин кэннэ спикерынан А.Н.Жирков талыллыбыта. Саҥа спикеры Россия президенин дьаһалтатыгар ыҥыран: “Ил Дарханы Ил Түмэнинэн талларар сокуону ылынар наада”, – диэн модьуйбуттарын мас-таас курдук аккаастаан кээспитэ. Биллэн турар, регион парламенын лидерэ маннык быһыытын Старай Болуоссат бырастыы гымматаҕа.

Ил Түмэн бэһис ыҥырыыта 2018 сылга үлэтин түмүктээбитэ. Саҥа быыбар саҕаламмытыгар биир мандааттаах Бороҕон уокуругар турбут А.Жирковы устар туһугар хаһан да буолбатах күүстээх үлэ барбыта. Манна барыта үс киһи турбута: ньыгыллартан А.Жирков, сиэрдээхтэртэн А.Алексеев уонна бэйэтин туруоруммут А.Пухов. Атырдьах ыйын 9 күнүгэр А.Пуховы Саха сирин Верховнай Суута быыбартан устан кээһэр. Балаҕан ыйын 9 күнүгэр сиэрдээх А.Алексеев “доруобуйам туругунан быыбартан туоруубун” диэн биллэрэр, ол гынан баран ыыппыт суруга тиийиэхтээх болдьоҕор тиийбэккэ хаалар. Онон сибээстээн А.Алексеев быыбартан уһуллубакка хаалар, А.Жирков депутатынан талыллар.
Айхаллааҕы биир мандаттаах уокурукка ньыгыллартан Ю.М.Николаев уонна сиэрдээх О.Усов маҥнайгыттан иккиэйэҕин турбуттар. Сиэрдээхтэр манна эмиэ Уус Алданнааҕы тактиканы тутталлар. О.Усов: “доруобуйам туругунан быыбартан устунабын”, – диэн сайабылыанньа суруйар. Бу да сырыыга ньыгыллар сиэрдээхтэр кимиилэриттэн мүччү түһэллэр, Ю.Николаев депутат буолар.

“Миигинниин биэс хааһах” диэбиккэ дылы 2018 сыллааҕы быыбарга сиэрдээхтэр миигин эмиэ күүскэ атаакалаабыттара. Дохуотум туһунан ыспараапканы Ил Түмэн форматынан буолбакка республика лицей-интернатын директора толорор форматынан оҥорон киллэрбиппин Үөһээ Бүлүү территориальнай быыбардыыр комиссиятын рабочай группата от ыйын 25 күнүгэр буолбут мунньаҕар сыыһа оҥоһуллубут докумуон быһыытынан боротокуоллаабыта.

Дьэ ыксал буолар. Республика КБК-та (ЦИК) миигин быыбартан устан кээстэҕинэ сууттаһыы саҕаланар. Аны биһиги уопуттаах юриспыт суох. Бэһис ыҥырыыга сиэрдээх партияттан талыллыбыт, Ф.С.Тумусов бииргэ төрөөбүт балта, М.С.Филиппованы кытта элбэх боппуруоска бииргэ үлэлэспит буолан, Ф.С.Тумусовы кытта босхо гектар сокуонугар эмиэ куомуннаһа сылдьыбыт курдук сананаммын Марфа Семеновнаттан: “эһиги штабкыт юристара миэхэ көмөлөһүөхтэрэ дуо?”, – диэн ыйыттым. Юристар: “докумуоннары ыыттын” диэбиттэригэр электроннай почтанан ыытан кээстим.
Элбэх иэхсии кэнниттэн Үөһээ Бүлүүтээҕи УоБК (ОИК) миигин кандидат быһыытынан регистрациялыыр. Ол оннугар били “миэхэ көмөлөһүөхтэрэ” дии санаабыт сиэрдээхтэрим бэйэлэрэ үҥсэн саайаллар. Сиэрдээхтэр юристара А.В.Яшинов Саха Республикатын Үрдүкү Суутугар үҥсэн хотторон баран Россия Үрдүкү Суутугар ааһыммыта да эмиэ хотторбута. Сууттаһыыга кыайбыппыт эрээри элбэх бириэмэбитин, сырабытын уонна үппүтүн сүтэрэн, быыбарга хотторуулаах тахсыбыппыт.

От ыйын 23 күнүгэр сиэрдээхтэр штабтарын юриһа Яшинов республика премьер-министрын В.В.Солодовы кытта куорат тас өттүгэр турар рестораҥҥа бүөмнээн көрсүбүттэрин дьон көрбүтэ. Анаммыта ый да буола илик премьер-министр тоҕо “оппозицияҕа сылдьар” партия штабын юриһын кытта куодарыста? 2019 сыллаахха алтынньы 22 күнүгэр Якутскайга В.Солодов кыттыылаах төгүрүк остуол тэриллибитэ. Түгэнинэн туһанан В.Солодовтан быыбар кампанията үгэннээн турар кэмигэр кини А.В.Яшиновы туох сыаллаах көрсүбүтүн ыйыппыппар В.Солодов маннык эппиэттээбитэ: “Я встречаюсь с очень многими людьми. И еще иногда память подводит. Понятия не имею кто такой Яшинов, потому этот вопрос мне не понятен” (dnevniki.ykt.ru/ivanshamaev, 06.11.19, фейсбук, 06.11.19).

2018 сыллаахха күһүн үлэбитин түмүктээбит бэһис ыҥырыы депутаттара “7-с халлааҥҥа” көрсүбүппүт. Мин онно А.Н.Жирковтан “Яшинов уонна Солодов көрсүбүттэрин билэҕин дуо?” диэн ыйыппыппар улаханнык соһуйбутун өйдүүбүн.

Ил Түмэн алтыс ыҥырыыта үлэтин саҕалаабыта. Биллэрин курдук А.Жирковы спикер дуоһунаһыгар чугаһаппатахтара – Старай Болуоссат Александр Николаевич 2013 сыллаахха тутуспут кытаанах позициятын умнар былаана суоҕа.
Онон 2018 сыл бэс ыйын 26 күнүгэр Ю.Трутнев көмөтүнэн премьер буолбут В.Солодов уонна “сиэрдээх” партия регионнааҕы салаата (Ф.Тумусов) бэһис ыҥырыы үс депутатын Ил Түмэҥҥэ аһарбат туһугар туох баар өйдөрүн, күүстэрин барытын түмэн мөхсүбүттэрэ. Ол гынан баран А.Жирков, Ю.Николаев кинилэр бойбурдааһыннарын мүччү көтөн депутат быһыытынан норуот интэриэһин салгыы көмүскүүр кыахтаммыттара.

***

Иван ШАМАЕВ,

Атырдьах ыйын 27 күнэ, 2021 сыл

Обсуждение • 13

Добавить комментарий
  1. Барытын коро олоробун

    ЖАН сурдээх киитэрэй, былааьы собулуур (властный) киьи. 30-чча сыл депутаттан туспэккэ сылаас кириэьилэ5э тиэрэ туьэн олорон, киэптээн-хааптаан, аьаан-сиэн кэллэ. Тороппут уолун да сатаан ииппэтэ5э, кини айдаанын-куйдаанын угустэр ойдууллэр. Кинини Шамаев баттаммыт-ата5астаммыт курдук суруйара тус бэйэтин интэриэьигэр (в интересах Шамаева) дьиэн сыаналыахха соп.

  2. Алексей

    Ким норуотун туһугар кыһаллара, ханнык политиканы тутуһара уонна Киин былааһы кытта сыһыаныттан көстөн турар индикатор. Киин былаас батталлаах политикатын утарар буолла да, бу норуотун диэки өйдөөх-санаалаах политик! Ону арааран өйдөөбөт киһи бэйэтэ марионетка өйдөөх. Оннук интриган буолан дьону хараардар, тиксиһиннэрэр идэлээх киһитэ көстөр. Шамаев да Жирков да норуоттарын туһун туруулаһар дьоннор! Ону үлэлэринэн дакаастыыллар. Оннооҕор Аммосовы, Ойуунускайы норуот өстөөҕө оҥортообуттара. Киин былаас ыытар политиката хаһан баҕарар региоҥҥа батталлаах буоларын хаһан өйдүүргүт эбитэ буолла!.

  3. Мда

    Шамаев суруйуутуттан биир ойдуоххэ соп. Шамаев да, Жирков да, кырдьык Саха норуотун туса диэн санаалаахтара буолуо да.. реал политикага ааспыт кэм методатынан, тактикатынан сылдьаллар. Автомат саа кэмигэр чокуур саалаах сылдьыы курдук. Бугун Ойуунускайдаах Аммосов, саатар М. Е. Николаев да саганаагы куннэр буолбатах. Тоньше, тооньше и гибче надо работать во имя народа. Если есть такая сверх задача..

  4. Я

    Каждый имеет право на свое мнение. Только таким может быть свобода. Такие статьи нужны для размышления.

  5. Кысылбаиков

    N диэн политик Николаев диэнтэн дуо?

  6. Иван Шамаев

    N Николаев диэн буолбатах.

  7. Панаат

    Жирков маладьыас киьи! Эдэр сылдьан саха студеннарын баттаабыттарыгар кини сахалары ере туруорбута! Онтон ылата сахалары убаастыыр буолбуттара!

  8. Надежда

    Интересная сатья, честная, народ должен знать кто есть кто

  9. Надежда

    Александр Жирков-патриот, олоҕун дойдутугар, норуотугар анаабыт киһи

  10. албас

    Статья со слов ЖАНа написана, видимо. Но по факту как обычно было? Самый бесхребетный, самый бесполезный, а может и вредный спикер. Простой пример: Тайным голосованием не утвердили назначенного прокурора, в итоге БЕА и ЖЖАН потребовали провести открытое голосование повторно сразу же, в итоге почти все голосовали за. Второй пример: продажа госпредприятий, депутаты голосуют против, беа и жан берут перерыв, вызывают депутатиков и дают по шапке, проводят в тот же день повторное голосование и уже другое решение. То есть всё что там сидят и голосуют депутаты – мишура, ни о чем, бесполезная трата времени и денег. ЖАН и БЕА были настолько бесхребетны против федералов и олигархов, что готовы были давить любого, на кого укажут из центра. А тут в статье “Ил Дарханы Ил Түмэнинэн талларар сокуону ылынар наада”, — диэн модьуйбуттарын мас-таас курдук аккаастаан кээспитэ” ох уж эти сказочки, ох уж эти сказочники. это моё личное мнение и субъективная оценка на основании открытых источников информации, и не более.

  11. Кугдаров

    Шамаев отрабатывает строительство своей гимназии, только не надо стараться показать ЖАН страдальцем за якутский народ. Все видели, как развивали республику с друганом БЕА, не надо таких защитников республики. Иван Иванович вроде был честным человеком, но видимо все имеет свою цену.

  12. Катана Гантимур

    После выхода художественно исторического фильма “Дыгын Дархан” постановка реж. Аржакова из головы не выходит три рода Саха:-Дыгын и его предатели (по сценарию фильма) Лөгөй и Мыымах. И как следили за каждым годом Дыгына его противники. С установления Новейшая России формат Ил Түмэн неизменно стал чьим Логовом, какого улуса? Прошу слово “улус” применять по назначению, как административно территориальное деление самоуправления по закону созданному Ил Түмэн.

  13. Катана Гантимур

    Может И.И. Шамаев и есть спонсор и меценат финансирующий строительства ОЛОНХОЛЕНД ?

Оставить комментарий