Курс валют
$
100.03
0.66
106.2
1.1
Курс валют
Курс валют
$
100.03
0.66
106.2
1.1
Меню
Поиск по сайту

Газовай промышленность ветеранын ахтыыта

03.12.2022 00:05 2
Газовай промышленность ветеранын ахтыыта

1972 сыллаахха Коми АССР Ухта куоратыгар  нефтяник -газовик үрдүк үөрэҕин бүтэрэн  “Горнай инженер” дипломунан  “Технология и комплексная механизация  разработки  нефтяных и газовых месторождений” диэн  специальность ылан, “Якутское управление добычи и транспорта газа”  диэн  тэрилтэҕэ үлэҕэ киирбитим. Миигин кытары Борисова Вера  (Чурапчы), Николаев Владимир (Сунтаар, Дьаархан), Черемкин Максим ( Уус-Алдан)  үлэлии кэлбиттэрэ.

Павлов  Ананий ( Мэҥэ-Хаҥалас), Оконешниковыа Аня (Чурапчы), Федотова Сареда (Иза) (Үөһээ Булуу) Якутнефтегазгеологияҕа  үлэҕэ киирбиттэрэ.  Николаев В., Черемкин М., биьигиттэн ордук тахсыылаахтык үлэлээбиттэрэ.

Мин үлэбин Таас Тумуска (Кэбээйи) Усть- Вилюйскэй месторожденияҕа (гаастаах сир) саҕалаабытым. Сууккаҕа 40-65 тыһ. м3 айылҕа гааһын үөс турбанан (магистральнай) Якутскайга, Мохсоҕоллооххо ыытар этибит.  Уу-чуумпу олох.

Мастаахтан (Кэбээйи) гааһы түргэнник куоракка ыытар сорук турбута. Онно тылламмытым. Иннилэрин ылан онно баран үлэлиир буолбутум. Якутскайга гаас  тиийбэт буолан күнүстэри-түүннэри үлэлээбиппит. Однокурснигым Николаев В. уонна Гавриченко В.П. буолан “Якутгазпромтан” аҕыйах үлэһити  салайан үлэлэтэ сылдьар этилэрэ. Валентин Павлович Крымтан кэлэн үлэлии сылдьара. Володяҕа, миэхэҕэ сыһыана олус үчүгэй этэ. Сэнээбэккэ сүбэлии-амалыы сылдьара.

СМУ -2 Мастаахтан  Бэргэҕэ диэри 98 км үөс турбаны уонна месторождения территориятын иһигэр хас да  сүҥкэн объектары туппута. Экспедиция (Орто Бүлүү нефтегазоразведочнай) сиргэ туруору үүттээбит скважиналарын, биһиэхэ, төһө гааһы биэрэрин быһааран баран туттараллара. Бириэмэни аахсыбакка  үлэлээбиппит. Уопуттаах, билэр-көрөр дьону кытта үлэлиир интэриэһинэй этэ. Онон Якутскайга гааһы болдьоҕун иннинэ тиэрдибиппит.

Володялыын бэртээхэй уопуту, билиини-көрүүнү ылбыппыт. Володяны кыратык үлэлии түспүтүм кэннэ “Якутгазпромҥа” Управленияҕа ылбыттара. Мин хаалан өссө 10-ча сыл Мастаахха рабочайынан, маастарынан, геологынан, инженеринэн үлэлээбитим.

Проект быһыытанан сууккаҕа  куорат диэки үөс турбанан 3 мөл. м3 кээмэйдээх айылҕа гааһын ыытыахтаах этибит. Таас Тумус (Усть Вилюй) гааһа кыччаан Мастаахтан кыаҕын таһынан 5,5 мөл. м3 айылҕа гааһын ыытар буолбуппут. Месторожденияны  кыаҕын таһынан үлэлэтэн сордообуппут.

Эбии сири үүттээбэккэ  гаас кыччаан уустугуран барбыта. 1978сыллаахха гааһы хостоон ыытарга  маастарынан үлэлии сырыттахпына,  куораттан гаас  транспорын дьахтара улаханнык кыйахаммыт куолаһынан “гааскытын эбии хостоон ыытыҥ” диэн сорудахтаабыта. Анал үөрэҕэ суох киһи. Рациянан “Якутгазпром”  кылаабынай инженеригэр хаһан үөрэхтээх дьону олордоҕут диэн ыйыппытым. 10 мүнүүтэ буолбата диспетчер ыга кыыһырбыт быһыылаах:

-Маннык буоллаххына  үлэлээн уурайыаҥ! -дэтэлээтэ.

Мин:

-Кылаабынай геолог илии баттааһыннаах телефонограммата ыытыҥ. Оччоҕо бэйэҕит эппиэттиэххит –диэтим.

Оччолорго кылаабынай геолог Беседин Александр Алексеевич диэн  фронтовик, улаханнык убаастыыр киһим этэ. Сымыйалыыр диэни билбэт киһи. Сэриигэ ыарахан  бааһырыылаах. Кини 17 саастааҕар тылланан барбыт. Кыратык киҥир-хаҥыр саҥарсан баран 10 мүнүүтэннэн телефонограмма ыытыах буолла. Барытын быһааран биэрдэ. Саха  Обкомун суругун куопуйатын ыытыах буолла. Онон технологическай режимы уларыттыбыт. Кэлин пенсияҕа  барарыгар бэйэтин оннугар кылаабынай геологынан “Якутгазпромҥа” хааллара сатаабыта.   Аккаастаммыппар, судургутук нууччалы “дурак” диэбитэ.

Ол  кэнниттэн гаас-нефть отделын салайааччыта  Фазянев З.Х. отделын миэхэ туттара сатаабыта. Онон уопутуран сыаналыыр буолбуттар дуу, дии санаабытым. Онон Мастаахха 1978 сыллаахха сорум саҕаламмыта. Гаас куруутун тиийбэт.  Суукканы тохтообокко эргиччи куорат диэки барыахтаах. Онно сыыр намыһахтыы барытын маастарга сүктэрэн кэбиспиттэрэ.

Сорох сууккаҕа 2-3 эрэ чаас утуйан ылар этим. Сороҕор куораттан билбэт дьонум (үрдук  соҕус дуоһунастаах) рациянан консультациялаһар буолар этилэр. Кырдьыгы этэр буоламмын, Мингазпоромтан (Москва) кытта эрийэр түбэлтэлэрэ баара. Оччолоорго Мастаах соҕотох базовай месторождение этэ. Орто Бүлүү (Кыһыл-Сыыр) бэлэмэ суоҕа.

Бэлэм  скважина  аҕыйах, гааһы  бэлэмниир технологическай установкалар, Орто Бүлүүттэн  Мастаахха кэлэр үөс турбалар тутуллан бутэ иликтэр. Газопровод устун Орто Бүлүү –Мастаах 87 км., суолунан -100 км. Сир анныттан гааһы  кытта  конденсат гаааһа диэн убаҕас тахсар. Бензиҥҥэ, соляраҕа  майгынныыр, бэркэ диэн  умайар, эстэр.

Гааспыт сир анныттан тахсан иһэн (ирбэт тоҥҥо-Кэбээйинэн халыҥа  600 м буолар) тоҥор. Онон суукканы  эргиччи метиловай испиир хачайдыыгын улахан баттааһыннаах насоһунан. Испиирин эмиэ умайар. Аны умайдаҕына  сорох киһи умайарын көрбөт. Гааһын, конденсатын, испиириҥ умайар, эстэр.

Пожарнай депо баар эрээри хас да сыл пожарнай  массыыната  суох үлэлээбиппит. Күүгэнинэн саба ыстарар стационарнай установкалар суохтар. Огнетушителлар, кошма, кумах уонна уу эрэ баар. Онон улахан авария  буоллаҕына,  куорат гааһа суох хаалыан сөп этэ.

Ордук аһаҕас уот кутталлаах, холобур, электросварка. Киһи  дьиктиргиэх, итинник  үлэлэр миэхэ тиксэр этилэр. Быһааралларыгар, миэхэ эрэ көҥүл (допуск) баар үһү. Миэхэ соруйдахтарына, киһи  олоҕор кутталлаах буолан, үчүгэйдик, олус ыксаабакка, бэлэмнэнэн баран ылынар этим. Салалтам, ыксыыр,  буолар этэ. Ыксаттаххытына, оҥоруом, үлэни салайыам суоҕа диэтэхпинэ, уоскуйбут курдук буолар этилэр. Кыйаханналлар да, тулуйарга күһэллэллэрэ.  Тылларын минньитэн, сатыыр, уопуттаах үлэһит үһүбун.

Кылаабынай  технолог  Семенов  П.Н. бэйэтигэр Мастаахтан “Якутгазпромҥа” Управленияҕа ылаары  гыммытын 2 сылы быһа  сөбүлэспэтэхтэрэ. Хамнаскын улаатыннарыахпыт диэн кытта  мэҥиэлии  сылдьыбыттара, ыытыымаары.

1980 сыллаахха быһыылаах этэ. Салалтам хонтуораҕа  ыҥыран ылан технологическай объект дьиэтин иһигэр сварочнай үлэ оҥоруохха наада диэтилэр.  Өссө “суһаллык” диэн эбиилээхтэр. Ол иһин 3-4 күнүнэн саҕалыам диэтим. Маатырылаан киирэн бардылар. Итинник үлэни алдьархай  таһаарымаары ыксаабаппын. Бэлэмнэнэн баран биирдэ саҕалыам диэтим. Пожарнай  депо баар да, умулларар массыына  суох диэтэҕим. Билигин хантан булабыт диэн куоһурданнылар. Пожарнай массыына наадатын 1973с. ыла билэҕит диэбиппэр  тохтоотулар.

Бэйэбин кытта  8 киһи  буолан оҥорор буоллубут. Дьоммор улэлиир сирбин көрдөрдүм, тугу гыныахтаахтарын быһааран биирдиилэригэр инструктаж аахтым.   5 киһи –эдэр дьон, 2 киһи –сааһырбыт дьон диир буоллаҕым.  Сварщигым Лупиняк  Евгений Алексеевич 60-чатыгар чугаһаабыт, старшай слесарым Лысенко Иван Ильич эмиэ 60-гар быһыылаах сылдьар. Иккиэн Украинаҕа       төрөөбүт дьон. Сэрии сылыгар Лупиняк букатын оҕо сылдьан байыаннай  собуокка Сибииргэ үлэлээбит. Лысенкаттан ыйыталаспатаҕым. Сэрии сылыгар-эмиэ оҕо.

Лупиняк сваркалыы сылдьар. Үлэ барар сиригэр  кумах бөҕөнү ыспыппыт. Биирдэ көрбүтүм кэтэспэтэх сирбититтэн конденсат чаалыйан тахсан эрэр эбит. Умайан эрэр эбит. Сварщик илиибин садьыйан кэбистэ. Кэлин быһаарсыбыппыт миигин сварщик, кэпсэтии баарын үрдүнэн, өйдөөбөтөх. Конденсат курдук умайар убаҕаһы уунан кыайан умулларбаккын. Уонна  бириэмэтэ кыһын этэ. Онон кумаҕынан, кошманан (боолдьох) умулларан бардыбыт.

Пожарнай массыынанан пенанан саба ыстарбыппыт буоллар түргэнник  кыайыахтаах этибит. Аны кэннибин хайыһан көрбүтүм көмөлөһүөхтээх, түөстэрин хайыта  тыытынар, эдэр дьонум суохтар. Ыксаатым, түргэнник 3 буолан тыын быстарынан хамсанныбыт. Үс оҕом  харахпар күлүм гынан аастылар. Умуллардыбыт. Оҕонньотторум барахсаттарага  тылбынан махтанным.

Лысенко киэһэ бу дьыаланы  сууйуохха наада диир. Бу иннинэ сороҕор Иван Ильичкэ кыйаханар этим. Сарсыарда үлэтигэр сороҕор арыгы сыттаах кэлэр этэ. Киэһэ иһэр буолуоххун диэн сэмэлиир этим. Үлэбит миэстэтин куоппут дьонум төттөрү кэлэн хомуйан, ыраастаан установкалары  үлэҕэ киллэрэн куоракка үөс турбанан гааһы ыыттыбыт.

Дьэ онтон хонтуораттан салалта аҕылаан-мэҥилээн  кэллэ. Үлэ кэнниттэн дьоммун мунньан куоппут дьону сэмэлээтим. Сварщик Лупиняк уолаттары, аҕа саастаах буолан, көмүскэстэ. Бу дьыала куоппуттар суобастарыгар хааллын – дьиэтэ. Лысенко И:

-Маннык дьыалаҕа тиһэҕэр диэри туруох кэриҥнээхпит, ол гынан баран биһиги инчэҕэй эттээх дьон куттанар, саллар бырааптаахпыт. Онон көрдөһөбүт –салалтаҕа элбэҕи кэпсээмэ. Биһиги көрөрбүтүнэн –эйигин кытта  киһи разведкаҕа барыан сөп, -диэн кэбистэ.

Бу түбэлтэни суруйаммын Орто Бүлүү гаастаах сириттэн (Кыһыл-Сыыр, Бүлүү) үөс турбанан Мастаах (Кэбээйи) гааһыгар куорат диэки (кэлин Бүлүү, Үөһээ Бүлүү диэки) эбии тиийдэ. Ити 1987сыл этэ. Онон арыый холкутук үлэлээн киирэн барбыппыт.

***

Орто Бүлүүттэн  Өлүөхүмэ Хоротуттан Голомарев  Густав рабочай-оператор туһунан ахтыахпын баҕардым. Онно биирдэ 5000 м3 туруору  цистерна тыынар клапанын куолайынан умайан киирэн барбыт. Онно дьон уолуйан турбут, куоппут да баар үһү. Арай Густав Иннокентьевич үрдүк баҕайы цистернаҕа түргэн  баҕайытык өрө сүүрэн тахсан цистерна куолайан (горловина дэнэр буолуохтаах) сонуна  саба быраҕан умулларар. Сахаҕа улахан чиҥ эттээх –сииннээх ыарахан киһи  түргэнник хамнаммыт. Кини суоҕа буоллар атын цистерналар, установкалар, гаастаах конденсааттаах турбалар киһи сатаан кэпсээбэт  алдьархайыгар тэбиэхтээх этэ. Бырайыагы кэһэн, куттал суох буолуу быраабылатын тутуспакка, салалта өттүттэн боростуой рабочай, мээнэ киһи санаммат хорсун быһыытын, оҥорон месторожденияны, Бүлүүнү, Кэбэйини, Намы, Хаҥалас улууһун  (Покровскайы, Мохсоҕоллооҕу), Якутскайы быыһаан турар. Ити кыһын этэ.

Густав Иннокентьевич армияттан кэлэн баран Орто Бүлүү нефтегазоразведочнай экспедицияҕа рабочайынан үлэлээбитэ. Кэтэхтэн Уфимскай (Башкирия) нефтяной институту бүтэрбитэ. Салалта бырайыагы кэһэн үлэлээн Голомарев Г. И. хорсун быһыыта  биллибэккэ хаалбыта. Аны 10-ча сыл иһинэн куорат (Якутскайга) иннигэр  уустук боппуруостар туруохтара. Билиҥҥэттэн бэлэмнэниэххэ наада.

Якутскайга “Якутгазпром” Управлениятыгар көспүтум кэннэ, дьон ахтара үһү. Кутталлаах дьыалаҕа мээнэ дьону уган биэрбэт, толкуйдаан баран оҥорор дииллэр эбит. Перестройка саҕаламмытыгар рабочайдар делегациялара  кэлэн: “Биһиэхэ төннөруҥ буоллар” –дии сылдьыбыттара.

Иван Ильиһи ол кэнниттэн атыннык көрөр буолбутум. Хам –түм көрсөн кэпсэтэр этибит. Сүүрүүгэ спорт маастара. Украинаҕа миэстэлэһэр эбит. Кэргэнэ, 2 кыыһа Украинаҕа хаалбыттар. Кыһыл –Сыырга  (Бүлүүгэ) Орто Бүлүүтээҕи  нефтегазоразведочнай экспедицияҕа  “Якутгазпромтан” буровой вышкомонтажнай сыахха  көспүтэ. Дойдутугар кыайан барбатаҕа. Кэргэнэ, кыргыттара  похоронатыгар харчы суох буолан кыайан кэлэ сылдьыбатахтара. Билигин кини көмүллүбут уҥуоҕун көрөр киһи суох буолуохтаах.

Араас дьылҕалаах дьон кэлэн, төннөөччү төннөн, хаалбыт өттө нефть, гаас сиригэр 2 м дириҥнээх сири булан утуйдахтара. Сороҕор аһары “аһаан “ кэбиһэ-кэбиһэ неби, гааһы булан биэрдэхтэрэ. Разведчиктар, геологтар оһуобай дьоннор. Бэйэм Чурапчыга төрөөбүтүм, 79 сааспар сылдьабын. Араас омуктары кытта  сулууспалаан, үөрэнэн үлэлээн кэллим. Билигин Сир көхсө кыараан аны сэрииилэһэ сылдьабыт. Ол иһин сиэнин кыыска бэлэхтээбит кинигэттэн нуучча улуу поэта Николай Некрасов (1821-1877) хоһоонун киллэрэбин:

Внимая ужасам войны,
При каждой новой жертве боя
Мне жаль не друга, не жены,
Мне жаль не самого героя.
Увы! утешится жена,
И друга лучший друг забудет;
Но где-то есть душа одна —
Она до гроба помнить будет!
Средь лицемерных наших дел
И всякой пошлости и прозы
Одни я в мир подсмотрел
Святые, искренние слезы —
То слезы бедных матерей!
Им не забыть своих детей,
Погибших на кровавой ниве,
Как не поднять плакучей иве
Своих поникнувших ветвей…

… 1965 сыллаахха дойдубар армияттан уоппускаҕа кэллим. Кыра сыыры дабайан тахсыбытым аймаҕым Даарыйа Макарова (Элянова) сүүһүгэр чугаһаабыт кырдьаҕас уулаах туос ыаҕыйаларын сиргэ ууран миигин көрө тураахтыыр.

-Мин уолбун Хабырыыһы көрдүҥ дуо? – диэн  ыйытар.

Өйдөөбөтүм, онтон “суох” диэтим. Кэлин ийэбиттэн  билбитим –сэриигэ баран өлбүт уолун ахтар эбит. 1965 сыллаахха – сэрии бүппүтэ 20 сыл буолбут кэмэ. Ити хайдаҕый? Тоҕо итиннигий?

***

Петр МАКАРОВ,

Саха Сирин газовой промышленнаһын ветерана.

 

 

Обсуждение • 2

Добавить комментарий
  1. Алексей

    Петр Васильевич хорсун коно майгылаах киhи. Элбэзи билэр-коро субэлиир.

  2. Константин Фёдоров

    Пётр Васильевич ити суруйбутун курдук, мин билэрбинэн сахалартан биир, гаас үлэтин ымпыгын чымпыгын үчүгэйдик билэр, грамотнай инженер, баары баарынан кэпсиир киһи көнөтө.

Оставить комментарий