Бырачыас быыбар
Балаҕан ыйын 17-19 күннэригэр Государственнай Думаҕа дьокутааты талаары олоробут. Туох да киһи иилэн ылбат араас элбэх дьон, партия кыттаары сылдьар. Эдэрдэр да бааллар, кырдьаҕастар да бааллар… Боростуой киһи саныырбынан быыбар туһунан санаабын этээри гынабын, баҕар таһаарыахтара, баҕар суох.
Араас суруйуулары быһыта-орута элэс гынан көрдөххө, Госдумаҕа киирбит түөрт партияттан КПРФтары көйгөтүтэн эрэр чинчилээхтэр. Ол төрүөтүнэн – хомуньуустар аан дойдуну барытын аймаабыт оппозиционнай политигы хаайбыттарын сүөргүлээһинэ дииллэр. Уонна оттон президент быыбарыгар улахан киһиэхэ балайда сэниэлээхтик дирээлэспит Павел Грудинин, ону сэргэ санаатын тоҕо этэр төлөннөөх хомуньуустар – Саратовскай уобалас Думатын дьокутаата Николай Бондаренко, Мосгордума дьокутаата Евгений Ступин о.д.а. күүстээх политиктар, норуокка үрдээн иһэр сабыдыаллара былааска улахан мэһэй-таһай буолаллар. Манна даҕатан эттэххэ, Ступин Саха сирин уола, судприставынан үлэлээбитэ.
Бу быйылгы Госдума быыбара – кэлэр РФ президенин быыбарыгар бэлэмнэнии улахан суолталаах түһүмэҕэ. Хайдах Дума таҥыллар да, соччонон аныгыс президент быыбара салайыллар. КПРФ Госдумаҕа испииһэгиттэн Павел Грудинины туораттылар. Николай Бондаренконы сойуолаһа сылдьаллар, Ступины даҕаны тилэх уопса эккирэтиһэллэрин элбэхтик суруйаллар.
Дьону түмэр кыахтаах, кырдьыгы туруорсар, аһаҕастык, харса суох киирсэр дьону былаас Госдумаҕа даҕаны, уопсайынан даҕаны былааска чугаһаппат буола сатыыр. Маннык дьон Госдумаҕа киирэллэрэ билиҥҥи былааска кутталлаах. Холобур, бу Саха сириттэн да Вячеслав Штыровы, Иван Шамаевы, Афанасий Алексеевы Госдума быыбарыгар чугаһаппатылар.
Биир мандаттаах уокурукка Штыров КПРФтан быыбарга кыттаары кэпсэтии ыыта сатаабытын боптулар диэн элбэх СМИ суруйан турар. Кэнники кэмҥэ Штыров Дальнай Востокка, Арктикаҕа РФ ыытар экономическэй, политическэй политикатын күүскэ кириитикэлиир, аныгы салайааччылар бэйэлэрин эрэ иннин көрүнэллэр, государственнай толкуйдара суох диэн ис хоһоонноох сэдэх да буоллар күүстээх интервьюлары биэрбитэ. Штыровыҥ аны уопута, билиитэ-көрүүтэ дириҥэ сыттаҕа. Ол Бондаренконы, Грудинины, Ступины кытары биир политическэй площадкаҕа булустахтарына… былааска төбө ыарыыта буолар.
Иван Шамаев биир мандаттаах быыбартан хайдах туораппыттарын эмиэ суруйан турар. Афанасий Алексеев чып кистэлэҥинэн докумуонун бэлэмнээн партия сийиэһигэр Москваҕа ыыппытын, биир түүн иһигэр түрүлүөн түһэрэн кини аатын одномандатнай уокуруктан сотторбуттарын туһунан эмиэ суруйан турар.
Онон быыбарга куттала суох диэбит хандьытааттарын киллэртээтилэр. Олорбут киһи сонньуйуох биир-биир оппозициябыт диэн мааска кэтэн “эдиинэйдэри” кыайбыта-хоппута буолаллар.
КПРФ салалтата онно да, манна да улугурда, ону киһи барыта көрө-истэ сылдьар. Ис-иһигэр былаас былдьаһыыта бара турар, ханна да оннук. Зюганов да, Губарев да, Саха сиригэр биир мандааттаах уокурукка турбут Аммосов да – биир халыып уу ньамаан дьон буоллаҕа. Ол гынан баран, ити КПРФка аҥаардас Грудинин, Ступин, Бондаренко курдук чаҕылхай, күүстээх политиктар бааллара – норуот КПРФка куоластыырыгар көҕүлүүр дии саныыбын.
Чаҕылхай дьону быыбартан туораталаатылар, онон бырачыас быыбар буоларын быһыытынан, дьиҥнээхтик дьон, дойду туһа диэн этэр-тыынар, туруорсар политиктарбытын өйүөхпүтүн наада. Манна буолбатаҕына федеральнай таһымҥа.
Балаҕан ыйын 19-гар (сол эрэ күн) быыбардыыр учаастактарга тахсан санаабытын этиэх тустаахпыт. Хайа муҥун “кытыым кыһыйбат, тараһам тарбаммат” диэн сылдьыахпытый, санаабытын бары тахсан күүскэ этиэххэйиҥ.
***
Николай НИКИФОРОВ,
Дьокуускай олохтооҕо.
Президеммит наьаа ер олорон диктатор буолбут, утары, сацаны этэр киьини норуот естее5ун курдук керер, наар кини эрэ эппитэ сеп буолар уьу. Ону кини кэннин салааччылар, буоларын курдук, нуучча сиригэр туох да хара баьаамнар. Буолар буолбат сылта5ынан, дьону-сэргэни тутуу са5аланан эрэ. 30-с сыллардаа5ы репрессиялар эргиллиэхтэрин ба5арбат буоллахпытына, Путин единэй партиятын утары куоластаан, парламенца коммунистары а5алтыахха. Оччо5уна эрэ репрессия уоьа-тииьэ, муоьа-туйа5а тостуохтара.
Яблока партия уола сытыытык туруорар проблемалары. Кинини талыаххайын, коммунистар оннуларыгар
За Ноговицина от ЯБЛОКО
КПРФ уруккуттан хаалбыт коммунистар партиялара.ЕР онтон быстан партбилеты сиэн уоттаан хайыта тыытан тахсыбыт дьон түмсүүтэ.Былааска чугас харчылаах дьоннор.Омуктары үтүктэн хайдыһан өстөһөн норуоту сииллэр.Туох да туһа суох.Сокуон барыта дьону утары.Сиир суох имири эһэр эрэ айдаана.Хайдах бу дьадаҥыны аҕыйаппыт киһи диэн өй санаа.Биһиэхэ сааһы сайыны быһа уоттаан тыыннаахтыы сии сыыстылар.Быыбар суоҕа буоллар барбыккыт ырааппыт буолуо этэ.Биир эмит киһилии киһи баарын туоратан иһэллэр.Ол биллэр.Бюллютены албыннаан аахпаттарын курдук бэйэҕит тахсан куоластааҥ.Биһиэхэ дьон тахсыбатаҕа ыраатта хата талыллыбыт депутат эрэ элбэх.Хайдах ааҕаллара буолла.
Быыбарга балыйтарбат наадатыгар, турар-турбат барыта тахсан КПРФ иьин куолаьын биэрэн, единэй уонна Путин монополияларын тохтотуохха наада. Биир мандааттаах уокурукка барыларыттан Егор Жирков ордук курдук. Бука бары быыбарга, учугэй дьону Дуума5а таларга!