Дойдубут кыр өстөөҕө – хаалынньаҥ буолуу
Бу күннэргэ Президент Владимир Путин Федеральнай мунньахха эппит Илдьитин ырытыы бара турар.
Егор ЖИРКОВ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун депутата дойду Президенин Илдьитин ис хоһоонун туһунан маннык санаатын суруйан ыытта:
“Путин дьоҥҥо-норуокка туһаайан туох диэтэ?
Биһиэхэ, дойдуга сайдыы наада, дохсун сайдыыны ситиһэр сорук турарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Онуоха төрүөт баарын быһаарда. Холобур да баарын көрдөрдө – самнарар сэрии сэбин айан оҥорон таһаарыыга хайдахтаах балысхан күүстээх-кыахтаах эбиппитин соһуйа сөхтүбүт.
Сайдыы туохха наадата туһаайыыга тоһоҕолоон этилиннэ – чопчу норуот туруктаах буолуутун туһугар; дойду олохтоохторо, бар дьон баардаах, баайдаах буоларын туһугар.
Итиэннэ биир биричиинэ маннык эбит. Атын сайдыылаах дойдулар өссө салгыы киэҥник, олус тэтимнээхтик сайдаллар эбит. Ордук чуолаан технология, сатабыл өттүнэн.
Мин ХХI үйэ сахаҕа сатабыл үйэтэ диэччибин; ону санаатым туһаайыы бу өттүн истэ олорон.
Бүттүүн дойдубут лиидэрэ маны мээнэҕэ эппэтэҕэ чуолкай.
Ким сайдыбат – хааллар хаалан иһэр. Хайа дойду экономиката сайдыбат, өрүттүбэт, ол эстэр суолга киирэр.
Онон, Арассыыйа дьоно туох баар кыахпытын хомунан, дьулуурбутун анаан сайдыыны ситиһэр туһугар күүстээх хамсаныы оҥоруох тустаахпыт диэн Путин этиитин, биһиэхэ – саха дьонугар ордук ураты суолталаах диэн ылынабын.
Итиэннэ дириҥник толкуйдаан киэҥ араҥанан ылыныаҕыҥ диэн ыҥырабын.
Хайдахтаах курдук тыллары бэҕэһээ туһаайыыга иһиттим:
- Өскөтүн күүстээх дьаныарынан, таһаарыылаах, түмүктээх үлэнэн сайдыы суолугар киирэри ситиспэтэхпитинэ – оччотугар, биһиги дойдубут инникитэ суох буолар, үүнэр көлүөнэ кэскилэ быстар.
Бүттүүн дойду сүрүн куттала – салгыы хаалыы, дойду кыр өстөөҕө – хаалынньаҥ буолуу эбит.
Манна киһи күлэрэ да, соһуйара да суох. Экономикабыт туруга, оҥорон таһаарыы тэтимэ мөлтөҕө биллэр, дьиксиннэрэр.
Онтон биһиэхэ, Саха сиригэр балаһыанньабыт хайдаҕый?
Олох-дьаһах тупсан иһэр дуу, туллуох курдук дуу?
Мин көрөрбүнэн, сылтан сыл олохпут туруга, таһыма салгыы мөлтөөн иһэр.
Оччотугар саха араҥатыгар, оҥорон таһаарааччы, дохуоттаах дьарыктаах ахсаана лаппа элбиэх, кэккэтэ кэҥиэх тустаах. Ордук чуолаан – орто көлүөнэҕэ, эрчимнээх эдэр дьоҥҥо.
Ыйытыыга эргиллэн быһаччы эттэххэ, дьиҥ иһигэр киирдэххэ, биһиги өссө хаалынньаҥ балаһыанньаҕа олоробут. Хааллар хаалан иһэбит.
Бүттүүн дойду үөс сирдэрин, Татарстаны, Башкортостаны кытта билиҥҥи кэмҥэ тэҥнэһэ да барбаппыт. Ол урут, үй чиэппэрэ анараа өттүгэр, бастакы бэрэсидьиэн салайарын саҕана кинилэри кытта Саха сирин тэҥник бэлиэтиир этилэр.
Уһук Илин сайдыытыгар балысхан бырагыраама бэриллибитэ, үтүмэн үп көрүллүбүтэ. Ол онтон биһиги өрөспүүбүлүкэ тиксиибит кыра, аҕыйах.
Былырыын Трутнев дойду баһылыгын дьаһалынан, Уһук Илин сайдарыгар 2,1 триллион үтүмэн үп-харчы (ол иһигэр судаарыстыба өртүттэн 600 миллиартан тахса) угуллан, уопсайа 637 бырайыак олоххо киирэр туруктаах, онно үлүскэн үлэ бара турар диэн дакылааттаабыта. Ааспыт 2017 сыл түмүгэр, 85 бөдөҥ саҥа оҥорон таһаарар тэрилтэ үлэҕэ киириэхтээх диэн үөрүүлээх сонуну кэпсээбитэ.
Онтон биһиэхэ, судургутук тоҕуска түҥэттэххэ (Илин Уһук уокурукка 9 регион баар) тахсар ахсааннаах – 70 бырайыак баар буоларын көмүскээтибит, ситистибит дуо?
Суох курдук. Тарбахха баттанар эрэ баар быһыылаах.
Урутуу сайдар сирдэри тэрийиигэ (ТОР) аҥаардас инфраструктура тэрээһинигэр Арассыыйа бүддьүөтүттэн 39 миллиард анаммыта. Ол аата биһиэхэ аччыгыйа 4 миллиард тиксэрин курдук этэ. Онтон төһөнү ситистибит?
Быыкаайык Хаҥалас ТОРугар 200 мөлүйүөн ыллыбыт диэн баарын истибиттээхпин (баҕар, кэлин эбиллибитэ дуу).
Мин тус бэйэм хамаандабын кытта “Базальт саҥа технологиялара” бырайыагы бэлэмнээбиппит. Ол биһирэммитэ буоллар, уонча сылынан 4-5 тыһыынча, үксэ саха дьоно саҥа үлэ миэстэлээх буолуох этэ, 10 миллиард үрдүк технологиялаах бородууксуйаны оҥорон таһаарар хайысха тэриллиэхтээх этэ. Арассыыйа Минфинигэр тиийэ 2 млрд 940 мөлүйүөннээх инфраструктураҕа ороскуоту ааҕан-суоттаан быһаарбыппыт, көмүскээбиппит. Бастаан бэйэбит бырабыыталыстыбабыт өйүүр курдук этэ.
Онтон Трутнев кэлиитигэр, манна ыыппыт мунньаҕар, үс атын бырайыак аата ааттаммыта (“Илин Эҥэр”, “Алмазная долина” уонна “Северная мозаика” туризмҥа). Өрөспүүбүлүкэ салалтата олорго суолта биэрэн биһиги бырайыакпыт үтүрүллүбүтэ, туоратыллыбыта.
Онон мин, биһиги үөрэхтээх ыччаттаах сахалар аан дойдуга тугу эрэ сонуну оҥорон, табаар ырыынагын күрэстэһиитигэр баһыйтарбат бородууксуйаны үөскэтэн тахсыах тустаахпыт диэн оччотооҕу этиим, ылсыым кыаллыбатаҕа.
Ол кэннэ, салалтабыт сайдыыга соччо наадыйбат эбит диир санаам улааппыта.
Ол эрэн билигин даҕаны саха омук кэскилигэр эрэллээхпин. Тус өйдөбүллээхпин.
Тускул туһунан толкуйдаан дьоҥҥо этэрим, туһаайарым маннык:
Ханнык да тосту уларыйыылары эрэллээхтик ааһарбыт, уустук кэмҥэ этэҥҥэ олорорбут – сайдыы суолун тутуһартан тутулуктаах.
Ону баара билиҥҥигэ сайдыы аартыга биһигиттэн туора турар.
Ол да эрээри саха омук сайдыыга суолбутун тобулуох тустаахпыт.
Оннук сыалы ылынан, соругу туруорунан онно дьулуурдаах буолуоҕуҥ.
Сайдары саныаҕыҥ саха дьоно. “Аартыкка” сахалыы-махалыы тустаах санааны үллэстиэҕиҥ!
Дьөгүөр Суркуоп, норуот дьокутаата.
Кулун тутар 2 күнэ, 2018 сыл”.
***
Aartyk.Ru
Таах сибиэ куолу,
Посланич изоляцияза кубулуйбата буоллар!?
Улахан производстваны тэрийэ сатаабыт, саха терут ейе-санаата, культурата тиллэригэр 90-с. утелээх киhини то5о штыкка керсе5ут
Мин санаабар ол хим собуоттарын туттараары харчы көрөллөр буоԓлаҕа дии. Харчынан ымсыырдан.
Егор Петрович хамаандатын былааннарын ылынан, үбүлээһинин өйөөбүттэрэ буоллар, биир тарбахха баттанар тэрилтэлээх буолуо этибит.