Курс валют
$
92.59
0.02
100.27
Курс валют
Курс валют
$
92.59
0.02
100.27
Меню
Поиск по сайту

Үлэ тыын боппуруос

20.09.2022 22:46 0
Үлэ тыын боппуруос

Балаҕан ыйын 19 күнүгэр «Бириэмэ ирдэбилэ» доруобуйаларынан хааччахтаах дьон үлэлээх буолуутун форумун чэрчитинэн ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ 200 киһи кэриҥэ сырытта. Олортон доруобуйаларынан хааччахтаах дьон 150 киһи үлэ көрдөннө.

Тэрээһиҥҥэ доруобуйаларынан хааччахтаах дьон үлэлиир квоталаах тэрилтэлэр Алмаасэргиэнбанк, ООО Хоту-Ас, Почта России,ООО Перспектива Саха, Дьокуускай куорат уокуруктарын дьаһалталара, МКУ «Главстрой» ООО «Аэропрот Севера» уопсайа 13 тэрилтэ кыттыыны ылла.

“Мой офис” куораттааҕы үлэлээх буолуу киинин үлэһиттэрэ кэлэннэр психологическай көмө, профориентацияҕа көмө уонна үлэ көрдөнөөччүгэ резюме оҥорууга үөрэттилэр.

Ону таһынан, бэйэ дьарыктаах доруобуйаларынан хааччахтаах дьон быыстапкаларын көрдөрдүлэр. Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 35000 кэри4э киһи үлэлиир саастарыгар сылдьаллар, 28000 тиийэ киһи араас тэрилтэлэргэ үлэлииллэр. Биллэн турар, хас биирдии киһиэхэ үлэлээх буолуу – тыын боппуруос буолар.

***
Ньургуйаана Скрябина

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»