Туймаада ыһыаҕар ньурбалар түһүлгэлэрин сөргүтэр кэм кэллэ
Өбүгэлэрбит барахсаттар самаай сайын саҕаланыыта Аан дойдуну арчылаан турар Айыыларга сүгүрүйэр улуу сиэри-туому толороллоро. Ыһыах – саха түҥ былыргы итэҕэлин муҥутуур силигэ, көстөр көстүүтэ, сүмэ суолтата.
Ыһыах – саха сахатынан эрдэҕинээҕи дириҥ ис хоһооно күн-дьыл ыгыытыгар кыбыттардар да, сүрүн суолтатын билигин да илдьэ сылдьар. Бу – Айыыларга сүгүрүйүү, төрүт итэҕэлбит сиэрэ-туома ыччат дьоҥҥо утумнанар сүрүн тэрээһинэ.
Ыһыах хаһан-ханна үөскээбитэ, ыһыллыбыта чуолкай биллибэт. Ол гынан баран, V-с үйэ саҕаланыытыгар олоро сылдьыбыт хууннар ыраахтааҕылара Аттила (Атыллаах, АтТыллаах) Күҥҥэ сүгүрүйэр сиэрин-туомун туһунан былыргы Римскэй империя суруксуттара бэлиэтээн хаалларбыттара Франция музейдарыгар харалла сытар.
Түүр хааннаах Атилла 20 сыл иһигэр Рейн өрүстэн саҕалаан Волгаҕа диэри сүдү империяны олохтообут улуу полководец. Кини маҥан таҥастаах жрецтара (ойууттара) биэ үүтүттэн көөнньөрүллүбүт утаҕы мас хамыйаҕынан халбыйан халлааҥҥа ыһалларын, дьоно тоҥолохторуттан ылсан күн эргииринэн төгүрүччү үҥкүүлүүллэрин, ыллыылларын, мас кубоктааҕын, аҕыс кырыылаах мас, туос “дьиэтин” туһунан суруйбуттара история чахчытын быһыытынан ахтыллар. Онон саха ыһыаҕа түҥ былыргыттан силис тардара саарбаҕа суох.
Ыһыахха ыраахтан-чугастан, соҕурууттан-хотуттан, илинтэн-арҕааттан дьон түмсэр. Ыһыах ыалдьытынан ааҕыллар. Ханнык ыһыах ыалдьыта элбэҕэ ол аатырар. Бастатан туран, ыһыах- итэҕэл сиэрин-туомун толоруу кэмэ. Иккиһинэн, бас-көс дьон көрсөн кэпсэтии ыыталлар, кырдьаҕас, орто саастаах дьон кыһыннары мунньуллубут сонуну, санааны үллэстэр, ыччат дьон күүстэрин холонор, көрсөр-билсэр, көрү-нары көҕүлүттэн тутар, күрэстэһэр кэмэ. Син ол курдук, Улуу Туймаада ыһыаҕар урукку курдук сахалар эрэ буолбакка, араас омук дьоно бары түмсэр сүдү түһүлгэлэригэр кубулуйда. Аан дойду ааттаахтарыттан саҕалаан, ыраах нэһилиэктэртэн тиийэ Туймаада ыһыаҕар ыалдьыттыы кэлэллэр.
Үс хатыҥҥа хас биирдии улуус, улахан тэрилтэ анал түһүлгэлээх. Биллэн турар, ким баарынан-суоҕунан, төһө кыахтааҕынан түһүлгэтин киэргэтэ, симии, тута сатыыр. Эдэриттэн-эмэниттэн ыһыахха киһи туох баар тупсаҕайын көрдөрөр үгэстээх.
Ньурбалар түһүлгэбит тутуулара инньэ 2004 сыллаахха хайдах тутуллубуттарынан тураахтыыллара киһини сонньутар. “Ама да алмаастаах түөлбэ аатырбыппыт иһин, дьон сиэринэн биһиги да түһүлгэбит дьүһүнүн сөргүппэппит тоҕо сүрэй”, – диэн элбэх киһи ыһыахха кэлэн баран хомойон төннөрө баар суол.
Сааһыран баран оҕолорбутун батыһан төрүт сиртэн арахсан Дьокуускай куоракка көһөргө күһэллибит кырдьаҕастар дойдубут дьонун көрсөөрү сылын аайы улууспут түһүлгэтигэр муста сатыыбыт. Эмэҕирбит, дьүһүнэ барбыт, түннүк-үөлэс кураанах тутуулар киһи кутун-сүрүн үргүтэллэрэ сһрдээх. Абына-табына кээкэйдэһэн баран тарҕаһабыт, атын улуустар уурбут-туппут курдук балаҕаннарын, ураһаларын ымсыыран кыҥастаһабыт. Сиэр-туом, алгыс , ырыа-тойук, оһуокай – тэрээһиннэрэ ымсыырбыт санаабытыгар туох да дьаһаллаах, саталлаах.
Түһүлгэбитин киһилии оҥостуоҕуҥ диэн тыл көтөхпүппүт ыраатта. 2010 сылтан землячестволар общественнай түмсүүлэрэ туруорсабыт да, биллэр-биллибэт төрүөтүнэн “кэлин” диэн буолан испитэ. Улуу Туймаада Үс Хытыҥын туонатыгар сороххо билэр сирэйбитин көрөр да улахан дьол буолар, тото-хана сонун-нуомас истэр даҕаны сүрэҕи манньытар. Ол таһынан бас-көс дьаһалталарбыт да ыалдьыты ыҥыран, тэҥ муостаҕа туран кэпсэтии да ыыттахтарына улууспутугар туһа, түмүктээх буолуох этэ эбээт. Оҕо-ыччат Дьокуускайга Ньурбаттан эмиэ элбэхтик кэлэр-барар. Хаһан баҕарар киһи киһини кытары кэпсэтэригэр, ыалдьыты хайдах көрсөрүттэн да тутулуктаах буолара мэлдьэҕэ суох. Онон бу сайын Үс Хатыҥҥа Ньурба улууһун түһүлгэтэ, кэмниэ-кэнэҕэс биһиги тылбытын ылынан, улуус дьаһалтата саҥардар үлэни көҕүлээбит диэн сонуну улаханнык үөрэ-астына иһиттибит.
Саха уутуйан олохсуйбут Ньурбабыт барахсан былыр-былыргыттан устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах, көмүс күөмэйдээх, үс түүннээх күнү оһуокайы дьиэрэтэр аатырбыт үҥкүү этээччилэрдээх, өркөн өйдөөх, чаҕылхай бас-көс дьону, салайааччылары уһааран таһаарбыт, талааннаах тарбахтаах уустардаах, туруу үлэһит дьонунан аатырбыт ураты тыыннаах-салгыннаах, дириҥ историялаах улуус этибит буоллаҕа. Ону туоһулуур курдук тупсаҕай оҥоһуулаах түһүлгэни оҥороллоругар, истиҥ-иһирэх ис хоһоонноох, бөҕө-таҕа буоларын курдук тутууну ыыталларыгар баҕа санаабытын этэбит.
Дьокуускайга олорор Ньурба улууһуттан төрүттээх куорат олохтоохторо, “Баай Тиит”, “Ньурбакаан” общественнай түмсүү чилиэттэрэ.
М.П.Лыткин,
Е.И.Петровf,
(Барыта 16 киһи илии баттаабыт).
***
Aartyk.Ru
Оставить комментарий