Курс валют
$
98.37
0.41
104.29
0.04
Курс валют
Курс валют
$
98.37
0.41
104.29
0.04
Меню
Поиск по сайту

Аал Луук Мас дуу Ала Ук Мас дуу?

17.12.2022 12:08 2
Аал Луук Мас дуу Ала Ук Мас дуу?

Руна – уурунуу суругунан дьарыктанар, үөрэтэр, чинчийэр, ону сэргиир, анаарар дьон бөлөҕүн кэпсэтиититтэн быһа тардыыны бэчээттибит.

Батай Көстөкүүн (сахалыы оһуор сурук буоларын аахпыт киһи) суруйар:

-Аал луук мас диибит да, саха өйдөбүлүгэр Ала Ук мас диирбит ордук.
Омуктарга барыларыгар тарҕаммыт символ. Сүрүн өйдөбүлэ Древо жизни.

Сака-скифтэр да, саха олоҥхотугар да Ала Ук мас Айыылар халлааннарын, киһи сааһыран истэҕин аайы өйө сайдан тахсан иһиэхтээх таһымнарын көрдөрөр.

Сактар мас лабааларын төгүрүк ( эргиир) быһыылаан бириэмэ эргиирин ( цикл) көрдөрбүттэр.
Бириэмэ эргииригэр эргиллэн кэлэ турар ийэ куппут эрэ баар.

Өбүгэбит ол иһин киһи уҥуоҕун ЭРГИИР диэбит.
Орто дойдуга аньыыта-харата суох. Айыы суолун тутуһан, оҕолонон-урууланан сиэрдээхтик олорон ааспыт киһи ийэ кута эргиллэн кэлэр аналлаах.

Политсыылынайдары саха өлөртөн куттамматын сөҕөн суруйбуттара баар.
Бу эргиир өйдөбүлүнэн билэллэриттэн.
Саха киһи бу дойдуга уларсык кэлэн барар диир.

Дойду иччитэ Аан Алахчын Ала Ук маска олохсуйар.
Ала – харалаах, маҕаннаах диэн. Ол аата хатыҥ.
Хатыҥнаах салама ыйыыллар, Айыылардыын алтыһаллар, өбүгэлэрдиин истиһэллэр, дойду иччитиниин сипсиһэллэр.
Дойдугар, өбүгэн алааһыгар, аар хатыҥы талан алтыһар буол.

Саха тылын ис өйдөбүлэ тылын дэгэтигэр, дорҕоонноругар, биир тыл хас да өйдөбүлү этэригэр баар.
Илин кэбиһэр, кэлин кэбиһэр диибит.
Кэбиһэр диэн тылы окко үлэлээбит барыта билэр.
От кэбиһилиннэҕинэ сытыйбат-ымыйбат, буорту буолбат.
Ити өйдөбүлү илин-кэлин кэбиһэрдэргэ аҕалан толкуйдаан көрүҥ.
Кэбиһэр-харыстыыр.

– Кийиит атын симэҕэ икки кычымнаах.
Оһуора икки аҕа ууһа уруурҕаһарын этэр.
Кычым ыҥыыр икки өттүгэр ыйанар.
Кийиит атын мииннэҕинэ кычымнары кыпчыйар.
Кыпчыйар кычым.
Нууччалар муж голова, а жена шея дииллэр.
Сахалыы өйдөбүлэ кыпчыйар кычым.

***

Aartyk.Ru

Хаартыскаҕа скифтэр көмүүлэригэр булуллубут оҥоһук. 

Обсуждение • 2

Добавить комментарий
  1. Хайдах ба5арар этиэххэ соп.

    Аал Улуу Мас ордук барсар курдук.

  2. дожили

    били кыым хаhыат ыарыыта сыстыганнаах дуу, саха былыргытын барытын уларытыахха сана киhи саналыы уларытыахтаах диэн идеология баар, сахалыы украинизация диэх курдук, аал диэн кэрэ, луук диэн улуг(улуу), мас диэн туурдэргэ тыа, кэрэ улуу тыа диэн,

Оставить комментарий