Курс валют
$
103.27
3.24
108.56
2.36
Курс валют
Курс валют
$
103.27
3.24
108.56
2.36
Меню
Поиск по сайту

Анатолий ЧОМЧОЕВКА саба түспүт киһи суута саҕаланна

15.06.2023 08:08 3
Анатолий ЧОМЧОЕВКА саба түспүт киһи суута саҕаланна

Сылтан ордук сыһан-соһон, кэмниэ-кэнэҕэс былырыын ыам ыйыгар тахсыбыт улахан айдааннааах дьыала дьэ суут көрүүтүгэр саҥа киирдэ.

Суут бэс ыйын 14-гэр саҕаланна. Чомчоевка саба түспүт дьон иккиэйэх этилэр, ол гынан баран суут ыскаамыйатыгар биир эрэ киһи – Ермолов олорор. Биирэ ханна барбытый?

Кыым.ру суут саалатыттан суруйар:

“Биллиилээх эколог, уопсастыбанньык, Чернобыллааҕы АЭС саахалын туоратыы бэтэрээнэ, саҥаны айааччы, учуонай, 70 саастаах Анатолий Чомчоев дьыалата, сылтан ордук силиэстийэҕэ сылдьан баран, бэс ыйын 14 күнүгэр Дьокуускай к. суутугар бастакытын судьуйа Лена Егорова салайыытынан көрүлүннэ. Киһини бистэлиэттэн ытыалаан, быһаҕынан анньан өлөрө сатаабыт Дмитрий Ермолов буруйун билиммэт, барытын тиэрэ эргитэр санаалаах.

Суут хайдах ааспытын билиһиннэриэх иннинэ былырыын ыам ыйын 12-с түүнүгэр туох буолбутун санатабыт. Биһиги эмсэҕэлээччи Анатолий Игнатьевич көрдөрүүтүгэр олоҕурабыт.

Ол түүн Чомчоевтар дьиэ кэргэн олорор уонна үлэлиир научнай полигоннарыгар – Кэҥкэмэҕэ икки итирик киһи күүс өттүнэн үрэххэ ааһа сатаабыттара. Биллэн турар, көҥүллэммэт сиргэ шлагбаум аһыллыбатаҕа. Түүҥҥү ыалдьыттартан биирдэстэрэ, сөбүлэһэн барбыта буолан баран, төннөн кэлбитэ. Кэтэх санаалаах кырдьаҕас киһини кытта кэпсэппитэ буола туран быарга охсубута уонна куотан истэҕинэ табельнай бистэлиэтинэн ытыалаабыта. Салгыы, Анатолий Игнатьевич дьиэтиттэн саатын таһааран салгыҥҥа ытыалаабытыгар, бэриммитэ буолбута. Онтон хааман иһэн, эмискэ эргиллэ биэрээт, быһаҕынан түөскэ аспыта. Саба түһээччиттэн төһө эмэ кыра уонна кырдьаҕас киһи, тэҥэ суох киирсииттэн кыл мүччү кыайыылаах тахсан, массыынатыгар олорон уруулун куорат диэки туппута. Нэгэй ыччат сиэртибэтин ханна да ыытымаары массыынаҕа утары тахсан кэлбитэ. Онуоха Анатолий Игнатьевич, атаҕын икки ардыгар сиргэ ытан баран, быыһанар суолугар тахсыбыта, куораттааҕы дьиэтин аттыгар бэйэтэ тиийбитэ. Хаана баран өйүн сүтэрээтин кытары, суһал көмө ылан тута эпэрээссийэ оҥоһуллубута.

Ити курдук Анатолий Чомчоев, ыксаллаах быһыыга-майгыга уопуттаах, түргэн төбөлөөх, чөл туруктаах эрэ буолан, тыыннаах ордубута. Кини түүҥҥү ыалдьыттар Росвгардияҕа үлэлииллэрин туоһулуур В946МВ14 нүөмэрдээх УАЗ-Патриот массыыналарын, саба түһээччи киһиргээн көрдөрбүт докумуонун үчүгэйдик өйдөөн хаалан, кинилэр кимнээхтэрэ биллибитэ, дьыала тэриллибитэ. Ол эрээри бу ыар буруйдара көстөн турар, буолаары буолан, Росгвардия аатын киртитэ сылдьар дьону, тоҕо эрэ уопсастыбаҕа куттала суоҕунан ааҕан, хаайбакка дьиэлэригэр ыыппыттара.

Дьулаан түүнтэн биир сылтан ордук кэм ааспытын кэннэ, кэмниэ-кэнэҕэс,  дьыаланы суукка көрүү саҕаланна. Суут аһаҕастык барара быһаарыллан, бүгүн Анатолий Игнатьевиһы өйүү чугас дьоно, доҕотторо, “Кыым” хаһыат суруналыыстара тиийдилэр.

Оттон суут ыскаамыйатыгар түүҥҥү ыалдьыттартан биирдэстэрэ – Дмитрий Ермолов эрэ кэлэн олорор. Кини, бастатан туран, буруйун билиммэтин, быһаҕынан анньыы адьас атын быһыыга-майгыга буолбутун, ону дьыаланы көрүү түмүктэнэрин саҕана билиһиннэрэр баҕалааҕын эттэ. Саба түһээччи дьыаланы атыннык эргитэн таһаарар санаалааҕын бары өйдөөтүбүт. Кини силиэстийэ кэмигэр Анатолий Игнатьевиһы бэйэтин бастаан саба түспүт, ол иһин быһахтаммыт курдук оҥоро сатыырын истибиппит. Ол да иһин бүгүн Ермолов «эмиэ эчэйбитин» туһунан эспэртиисэ түмүгүн ааҕан иһитиннэрдилэр. Тоҕо диэтэххэ, саба түһээччи айдаан тахсыбытын кэннэ, хас да хонон баран,  «Чомчоев ыппытыгар атаҕар доруобунньук кэлэн түспүтүн, онтон сылтаан атаҕа ыалдьыбытын» балыыһаҕа көрдөрбүт уонна анаан эспэртиисэ оҥорторбут. Икки албакаат тухары киниэхэ сүбэ-ама, көмө элбэҕэ өйдөнөр.

Манна даҕатан эттэххэ, Ермоловы урут атын араспаанньалаах, иккитэ холуобунай дьыалаҕа тардылла сылдьыбыт курдук суруйбуттара (Артык.ру телеграм-ханаал). Ол кырдьык буоллаҕына, кини ууттан кураанах тахсарга үөрүйэх киһи буолар.

Ермолов суукка урут холуобунай дьыалаҕа тардыллыбатаҕым диэн этэр. Ол гынан баран кини курдук даннайдаах эрээри атын араспаанньалаах киһи иккитэ сууттана – күүһүнэн дьиэҕэ киирии уонна халааһын ыстатыйатынан – сууттана сылдьыбытын туһунан ыспыраапка баар. Кини эбитэ дуу, атын киһи эбитэ дуу. 

Өскөтүн буруйа толору дакаастаннаҕына, Холуобунай кодекс 111 ыстатыйатын 2-с чааһын З пуунунан – «Бирэдимиэти өлөрөр сэп быһыытынан туһанан киһи доруобуйатыгар ыар эчэйиини соруйан оҥоруу» иһин кини 10 сылга диэри хаайыыга ууруллуон сөп.

Бүгүн дьыаланы суукка көрүү эспэртиисэлэр түмүктэрин иһитиннэриинэн түмүктэннэ. Суут салгыыта бэс ыйын 23  уонна 28 күннэригэр ананна. Онно туоһулары барыларын ыҥырыах буоллулар”, – диэн Кыым.ру суруналыы‘а Күндэли суруйар.

***

Анатолий Игнатьевич эрдэ кэпсээбитинэн, Кэнкэмэҕэ -кинилэр олорор сирдэригэр – икки итирик киһи “ФГУП Охрана Росгвардии” массыынатынан тиийбиттэр. Кэлин быһылаан тахсыбытын кэннэ “үлэтиттэн уурайбыт суоппар билэр киһитин кытары тэрилтэ массыынатынан уоран Кэнкэмэҕэ тахсыбыттар” диэн официальнай комментарий баара. Росгвардия харабылыттан бүтүн массыынаны уоран илдьэ барыахха сөп эбит. Буолаары буолан “урут үлэлии сылдьыбыт киһини” тоҕо да гаражка киллэрэллэрэ буолла, өссө массыына күлүүһүн “уурайан баран” илдьэ сылдьыбыт эбит.

Оччолорго социальнай ситимҥэ уорбаланааччыларыттан биирдэстэрин “тойон суоппара, аймаҕа”  диэн кэпсэтии баара.  Баҕар, ол иһин да икки саба түһээччилэртэн биирэ эрэ билигин сууттана олороро буолуо. Туох да албакаат-той хара баһаам дииллэр.

Аны ол Ермоловпут Чомчоевка бэйэтигэр үҥсүү түһэрбит диэн баар. Бастаан кини саба түспүтэ диэн. Дьэ сүрдээх. Хата Анатолий Игнатьевич эдэр эрдэҕинээҕи эрчиллиитэ баар буолан эдэр, бөдөҥ урдустартан мүлчү туттардаҕа. Мээнэ киһи ити айылаах быһаҕынан анньыллан баран, хаанын тоҕо-тоҕо куоракка диэри 46 км айаннаан кэлбэт. Кинитэ киһи буолан тыыннаах ортоҕо.

***

Aartyk.Ru

Обсуждение • 3

Добавить комментарий
  1. Давид

    Дьиэ5эр, тиэргэннэр итирик дьон кэлэн быhахтаатахтарына, кемускэниэ суохпун дии. О5онньор табардыы ыппыта буоллар чугастан сыыспат буо, куттаталаата5а эрэ дии.

  2. Мин

    Киһитэ кини. Сөпкө суруйуҥ

  3. Мария

    Суут кырдьыгы теЬе булан таЬааран буруйдаа5ы септеехтук уурарын дьэ кэтээн керуехпут. Билинни сууттарга киЬи кырдьыгын булара уустук буолан турар.

Оставить комментарий