Сиһик урэх
Былыр биир эбээн уонна саха бииргэ аргыстаһан айаннаан иһэн, бу биһиги аллараа өттүбүтүгэр Тулаайах Хайа кэтэҕэр Сиһик Үрэх диэн сиргэ кэлэн баран, эбээнэ: «Сиһии! Үрэх баар эбит дуу?» – диэбит. Онуоха анараа киһитэ: «Аата! Бачча улахан үрэҕи көрөн туран эттэххин. Хата, хайдах туоруубут?» Айылҕа үрэҕи туора чиргэл синньигэс маһынан далаһа уурбут. Ол маһынан тахсан иһэн: «Сиһи-ии! Үрэх баар», – диэбит эбээнэ, сиһин бүлгү түһэн өлбүт. Онуоха сахата эппитэ үhү: «Эйигин сэнии сылдьан, айаным аргыһа хаалла манна. Онон эн аатын Сиһик Үрэх буоллун».
***
Оставить комментарий