Сэрии кэмигэр үрүҥ харахтарын өрө көрбөккө тыылга үлэлээбит дьоммутун ахтан-санаан ааһыаҕыҥ…
Евдокия Андреевна, бэйэтин көлүөнэтин дьонун курдук, сэрии ыар сылларыгар оонньоммотох оҕо сааһа саспыта. Сэрии кэмигэр борбуйун көтөҕөн эрэр кыыс оччотооҕу алдьархайы умнубат. Ыал ыалынан хоргуйан өлөллөрүн санаатаҕына, сүрэҕэ ыарыылаахтык тутар, тыына кылгыыр. Бу да сырыыга долгуйан, уоскуйан ыла-ыла суруйда. Кини, ол сору этинэн-хаанынан билбит киһи, аны бу алдьархай хатыламматын, кэлиҥҥи көлүөнэ ону билбэтин, ол эрээри умнубатын туһугар суруйуохтаах. Бу туһунан кинигэ, ыстатыйа элбэхтик тахсар. Ону эдьиийим Дуунньа бэрткэ билэр. Оттон бу — кини олоҕо, кини билиитэ, кини чахчыта.
I
«Биһиги холкуоспут «Кыһыл өтүйэ» диэн этэ, Үөһээ Бүлүү оройуонун Ороһу нэһилиэгин, Тамалакаан сэлиэнньэтигэр баара. Оччотооҕуга холкуоспут бэрэссэдээтэлинэн Иэпсиэйэп (бу киһи аймахтарын санаан аатын уларыттым, эдьиийим дневнигэр толору суруллубут, — ааптар) диэн киһи үлэлиирэ. Кини холкуоска кыайан үлэлээбэт дьоҥҥо, сүрэҕэ суохтар диэн, кымаах бурдук да сыыһын бэрдэрбэт этэ. Ол түмүгэр дьон хоргуйан өлүүтэ тахсыбыта. Былатыанаба Ольга диэн дьахтар муҥнаах ыксаан кутуйах хасааһын аҕыйах куолас бурдугу хомуйбутугар, милииссийэнэн туттаран улахан айдааны таһаарбыта. Хоргуйан, тыын быстыбатынан эрэ сылдьар дьахтары үлтү мөҥөн-этэн, түүрэйдээн, хас да сылга хаайыыга ыыттарыам диэн куттаан, ол эрэйдээх бэйэтигэр тиийинэн өлбүтэ… Икки оҕото тулаайах хаалбыттара…» Билигин кэлэн санааттахха, олус да толоос, сиэрэ суох сыһыан! Син биир туһаҕа барбат, кутуйах хасааһын туһуттан ити айылаахха дьону тэбии диэн тугуй?! Оччолорго кини оҕо да сылдьан ити суолтан улахан охсууну ылбыта, хайдах ити аайы киһини итинниккэ тиэрдиэххэ сөбүй диэн өйүгэр батарбатаҕа. Кини ол дьахтары көрөн билэр этэ.
«…Николаев Гавриллаах, Хапсыылалар диэн ыаллар, ийэлэрэ кыыстаах уолун кытта хоргуйан өлбүттэрэ. Гольдеров Федор-Хоохон эмиэ тыына быстыбыта. Ийэлэрэ Суоппуйа үс кыыһын батыһыннаран ыалы кэрийэрэ, имии имитэн, дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөн, тыыннаах хаалбыттара. Кинилэр биһиги чугас ыалбыт этилэр. Кыргыттар биһиэхэ киирдэхтэринэ оонньуур этибит. Кыра кыыстара аас-туор олоҕу тулуйбатаҕа… Аҕабыт сэбиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлии сылдьан, Гольдеровтар икки улахан кыргыттарын интернакка ылларбыта, онно олорон оскуолаҕа үөрэммиттэрэ. Кэлин Бүлүү педучилищетын бүтэрэн, учуутал буолбуттара.
Аччыктаан, сирэйдэрэ сүллэччи иһэн хаалбыт дьону дьулайа көрөр этим. Дьулаан да этэ… Биирдэ Тонуулаах диэн сиргэ улахан баһаар турбутугар биһигини, оҕолору, ыыппыттара. Уонтан тахса буолан уот умуруора барбыппыт. Онно атыыр үөрэ хаайтаран, уокка былдьанан элбэх сылгы, кулунчук хоруоран, маска өйөнөн туралларын күн бүгүҥҥэ диэри умнубаппын, хаартыска курдук харахпар хатаммыт…
Оҕолор холкуос бары үлэтигэр улахан дьону кытта тэҥҥэ сылдьарбыт. Ийэбит фермаҕа үлэлиир буолан, үүт аһы аҕалар этэ, турунуопустаах хааһыны сиирбит. Оччолорго Ю Ван Жег диэн кытай баара, биһиги кинини Миша диэн ааттыырбыт. Кини Муоһааны киэҥ нэлэмэн бааһынатыгар оҕуруот аһын үүннэрэрэ. Оҕолор уһун сайыны быһа ол бааһынаҕа хаппыыста, хортуоппуй үлэтигэр мөхсөрбүт. Борбуйбун көтөхпүтүм кэннэ 12 сааспыттан аны от мунньуутугар, сиилэс кырбааһыныгар үлэлээбитим. Ыһыкпытыгар 200 г лэппиэскэ биэрэллэрэ».
Дуунньа бу олорон ол аймалҕаннаах кэмҥэ аҕата сэриигэ ыҥырыллан барбытын санаан, эмиэ көхсө кыараата. Ол саҕана олохторо бэбиэскэ кэлэриттэн тутулуктаммыт курдуга. Ким эмит сэриигэ баран өлбүтүн, сураҕа суох сүппүтүн эбэтэр хомуурга ыҥырыллыбытын туһунан бэбиэскэ кэллэҕинэ, аймалҕан турара. Сэриигэ атаарыы ордук дьулаан этэ. Киһи куйахата күүрэр ытааһына-соҥооһуна, баттык санааҕа ылларбыт, фроҥҥа аттанаары хомуммут эр дьон сирэйдэрэ бу көстөн кэлэргэ дылы. Оҕо сылдьан ылбыт охсууҥ ааспат, арахпат буолар эбит. Кинилэр эмиэ аҕаларын Андрей Даниловиһы атаарар күннэрэ тиийэн кэлбитэ.
«Аҕабыт холкуоска үлэлии сылдьан 1943 сыллаахха бэбиэскэ туппута. Дьиэбитигэр ыарахан чуумпу сатыылаабыта. Ийэбит барахсан төһө даҕаны ыар санаалаах атаардар, оҕолорун куттаамаары улаханнык аймамматаҕа. Ол да буоллар аҕабыт барарыгар кэриэс-хомуруос тылын эппитигэр, долгуйан, ытаабыта, оҕолор бары ытаспыппыт. Ийэм бырааттара Василий Федорович, Петр Федорович Сухановтар уоттаах сэриигэ баран, Баһылай улаханнык бааһыран, баттыктаах нэһиилэ сылдьар киһи төннүбүтэ, Бүөтүр буоллаҕына сураҕа суох сүппүтэ. Эдьиийбит Дария кэргэнэ Турунов Алексей Николаевич сэриигэ өлбүтүн туһунан биллэрии туппуппут. Онон сүрэх баастаах дьон, аҕабытын улаханнык аһыйан атаарбыппыт.
Сэриигэ барар дьон оскуола иннигэр мусталлара. Онно тиийбиппит, дьон бөҕө тоҕуоруспут. Аттаахтар элбэхтэр. Ордук икки эмээхситтэр энэлийэ-энэлийэ ытаһалларын киһи тулуйан истибэт этэ. Кинилэри биир дьахтар өйөөн илдьэ сылдьара. Биирдэһэ Иванов Максим диэн киһи кэргэнэ этэ, иккиһэ — Буораахаптар ийэлэрэ. Буораахаптары кытта биһиги ыаллыы олорбуппут. Кинилэр оҕолоро: Тэрэппиин, Баһылай, Эҥиэнтэй, Чускуудай, Ньукулай, Ыкынаачай, Бүөтүр (кинини Туораахылар диэн ыал ииппиттэрэ), Абрам (Ороһуга Антоновтарга иитиллибитэ), кыргыттара Ульяна, Христина, Аана. Ийэлэрэ Огдооччуйа орто уҥуохтаах хатыҥыр эмээхсин этэ. Аҕалара Буораах Мэхээлэ диэн үһү, эрдэ өлбүт. Буораахаптар түөрт уоллара сэрииттэн төннүбэтэхтэрэ. Огдооччуйа муҥнаах оҕолорун аһыйан уһаабатаҕа. Фронтан оннук кутурҕан бэбиэскэ кэллэҕин аайы сүтүк аһыыта хам ылан, түргэнник ууллубута. Буораахаптар уолаттарын сырдык ааттара «Память» бастакы кинигэтигэр киирбиттэрин ааҕаммын олус долгуйубутум.
ххх
Сэрии кэмигэр нолуок арааһын түһэрэллэрэ: байыаннай, холостуой, оһох, эт, арыы нолуога. Оборона пуондатыгар булгуччулаах заем сурутуута буолара. Бэйэҥ сүөһүгүн, аскын өлөрөн сиириҥ кытаанах бобуу, хонтуруол этэ. Нолуоктан куотунан ынах сүөһү ахсаанын аҕыйатыахтара диэн, хотоҥҥо киирэн ааҕаллара.
Аҕабыт сэриигэ барбытын кэннэ, ийэбит биһигини иитээри эр киһи кытаанах үлэтигэр — от тиэйиитигэр сөбүлэспитэ. Онон үс кыра оҕотун батыһыннарбытынан Орто күөл ферматыгар көспүтэ. Онно тиийэн биир кыра дьиэҕэ үс ыал дьукаахтаһан олорбуппут. Бэтчиитэбэ Маарыйа диэн бааһынайдыы кыһыл хааннаах, сытыары сымнаҕас майгылаах ыанньыксыт дьахтар баара. Иккис дьукаахтарбыт — Бөтүрүөп Бүөтүр-Таҥастыйа кэргэнинээн Харытыаналыын, кинилэргэ сиэннэрэ кэлэ-бара сылдьаллара. Биһиги ыал түөрпүт. Харытыана аҕыйах саҥалаах, үтүө майгылаах эмээхсин этэ. Сүүһүгэр улахан урдааҕа, онтун саптаран куруук былааттаах сылдьара. Кини ардыгар оһох иннигэр иттэ туран эмискэ ыһыытаан-хаһыытаан мэнэрийээччи, оччоҕуна биһиги, оҕолор, куттанан орон анныгар симиллээччибит. Уоскуйан баран биһигини орон анныттан таһаартыыра уонна: «Аны куттаммат буолуҥ», — наҕыллык диирэ. Ол эрээри, ыарыыта киирдэҕинэ киһи эрэ дьулайар көстүүтэ буолара. Харытыана, кэлин санаатахха, ураты баардаах киһи эбит. Кини оҕо көтөҕөөччү, ыалдьыбыт да дьону эмтиирэ.
Таҥастыйа Бүөтүрү кытта ийэм хастыы да көлөнөн фермаҕа от тиэйэллэрэ. Бүөтүр аатын курдук наһаа сымнаҕас майгылаах этэ, ол иһин да «таҥас» диэн ааттаатахтара буолуо. Кинилэр ийэбин кытта икки хараҥаны ыпсаран үлэлииллэрэ. Киэһэ хойут кэлээт, таһыардьаттан хаар киллэрэн таммах охсоллоро. Хаары солуурга уулларан таммалаталлара. Ол ууну иһэрбит.
Бүөтүр муннугар табаҕы уктан тардарын муодарҕаан көрөрбүт. Сэбирдэх табаҕы бурдук курдук мэлийэн баран, кыра хаппахтаах иһиккэ укта сылдьара, онтун муннунан сыҥсыйара. Табахтаары оҥосторун көрдүбүт да, оҕолор эргиччи туран көрөр буоларбыт.
Ийэбит сайынын ыанньыксыттыыра. Мин ийэбэр көмөлөһөн саах күрдьэрим, ынаҕы этэрсэрим. Былыргы саха ынахтара барахсаттар бөдөҥ-садаҥ этилэрэ, элбэх үүттээх буолаллара. Мин биир оннук эриэн ойуулаах, кугастыҥы өҥнөөх, сымнаҕас эмиийдээх ынаҕы сөбүлээн ыырым. Сэрии иннинээҕи тутуу диэтэххэ, хотоммут бэрт үчүгэй этэ: улахан, уһун, бэрэбинэнэн тутуллубут. Ортотунан ынах сааҕа түһэр уһун дьаамалаах, ынахтар икки өттүнэн сэлэлии туран, күкүртэн аһыыллар. Хотон ортотунан улахан көрүдүөр барар, онон киһи сыарҕаны оҕуһунан состорон, киирэн ынах сааҕын тиэйэн таһаарар. Икки өттүнэн аһыллар утарыта ааннардааҕа, өстүөкүлэ түннүктээҕэ. Хотон биир өттүгэр субай сүөһүлэр уонна ньирэйдэр тураллар.
Манна үс—түөрт ыанньыксыт, ынахтары эмтиир Барчахова Настаа уонна үүтү сэппэрээтэрдиир Түүлээхэбэ Аана үлэлииллэрэ. Ферма оҕолоро иһиппитин, ньуоскабытын туппутунан сэппэрээтэрдиир кэмҥэ кэлэн үүт күүгэнин баһан сиирбит. Биирдэ ол кэнниттэн мин сүрэҕим эриллэн, ыалдьыахпар диэри хотуолаабытым. Ол кэннэ аны үүт күүгэнин сиэбэт буолбутум.
Фермабытыгар үс дьиэ баара. Уһук дьиэҕэ биһиги, ортокуга ыанньыксыттар эмиэ дьукаахтаһан олороллоро. Биир сэнэх соҕус дьиэҕэ үүт эрийэллэрэ, арыы арыылаан сыахха туттараллара. Ол дьиэҕэ кыһыл муннук баара.
Биирдэ кыһын күрдьүккэ кып-кыра хортуоппуйу аҕалан, тарбыйахтары аһатыҥ диэн куппуттар этэ. Ону ыанньыксыттар ыраастаан, сууйан саха оһоҕор солуурга буһарбыттара. Оскуолаттан хам аччык кэлэн ол хортуоппуйу сиирбин өйдүүбүн. Олус да минньигэс этэ! Ферма үлэһиттэригэр ыйга биирдэ бурдук бэрсэллэрин харыстаан, хааһылаан сиирбит уонна үүт аннын ылан суораттаан сиэн үссэнэрбит. Саас биһигиттэн биир оҕону оскуола интернатыгар ылбыттарыгар өрүү бөҕөтө буолбуппут. Интернакка бырааппынаан Илларионнуун солбуһа олорор этибит. Онно арыый да тото-хана аһыырбыт.
Ийэбит бу фермаҕа үс сыл устата үлэлээбитэ. Үһүс сыл сааһыгар биир киэһэ отун нэһиилэ тиэйэн кэлбитэ. Улаханнык тымныйан ыалдьыбыта. Устунан ферматтан уурайан, тапталлаах Тамалакааммытыгар көһөн кэлбиппит. Биһиги дьиэбитин бурдук кутар ыскылаат гынан тураллар этэ, онон абаҕам аахха Мэхээлэлээххэ дьукаах олорорго күһэллибиппит. Талар суоҕа. Абаҕам сиэнэ Мотя диэн кыыс баар, биһиги оҕолор оҕолор курдук үлэттэн быыс буллубут да оонньуурбут. Мотялыын хоонньоһон утуйарбыт.
Биир түүнү умнубаппын. Арай түүн ортото кулгаахпын эмискэччи быһаҕынан кэйиэлиир курдук сытыы ыарыы киирэн, уһуктан кэллим. Төбөбүн хам туттан баран, дьону уһугуннарымаары олордум. Амырыын ыарыыттан этим сааһа аһыллан, көлөһүнүм сар тохтор. Арай саҥаһым Өкүлүүнэ туран чүмэчи уматар тыаһа иһилиннэ, мин аргыый аҕай суорҕаммын бүрүнэн тыынарбын да кистии сыттым. Таһырдьа таҕыста, сотору киирээт, хаһыытаабытынан мин үрдүбэр сууллан түстэ. Мин наһаа куттанным. «Ийээ, ийээ!!!» — дии-дии ытаатым, соһуйаммын уҥуоҕум халыр босхо баран, сап-салыбырас буоллум. Ийэм туран, миигин көтөҕөн илдьэн бэйэтин кытта сытыарбыта. Эмиэ наһаа куттаммыт этэ. Сыыйа уоскуйан утуйбутум. Дьиктитэ баар, били кулгааҕым ыарыыта ааһан хаалбыта. Оннук киһи наһаа улаханнык куттаннаҕына, ыарыыта эмиэ «соһуйан» ааһан хаалар эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Өкүлүүнэ оннук мэнэрийэр ыарыылаах этэ. Ол кэнниттэн оннук буоларын көрбөтөҕүм. Былыргы олоххо дьикти түбэлтэлэр бааллар.
Ол дьыл үөрэх бүтүөр диэри оҕолору кытта үөрэммитим. Саас ыһыы үлэтэ бүтэн, холкуоспут биһиги дьиэбитин босхолообута. Ийэбит барахсан хас да күн дьиэбитин сууйбута. Түннүкпүт сабыытын ыйаатыбыт, сибэкки олортубут, ороннорбутун, остуолбутун, малбытын-салбытын орун-оннугар туруортаан, дьэ ыал курдук буолбуппут. Дьиэбит киэҥэ, ырааһа, сырдыга диибин диэн, оҕолор үөрүү бөҕөбүт. Хас да сылы мэлдьи ыал муннугар кыбыллан олорбут дьон, дьиэбитигэр төннөн дьолломмуппут. Сарсыарда тиэргэҥҥэр таҕыстаххына, күөрэгэй ырыата көрсөр, кэҕэ этэр, бөтүүк хаһыытыыр, чыычаахтар эгэлгэ ырыаны түһэрэллэр… Оо, үчүгэй да этэ!
Ол олордохпутуна аҕабыт суруга кэлбитэ. Кэтэһиилээх сурук. Бары остуолга олорон, суругун аахтыбыт. «Мальта станциятыгар кэллибит, Монголияҕа ыыталлар. Нууччалыы билбэт куһаҕан да эбит. Ас-үөл мөлтөх, онон ырдым» диэн суруйбут. Суругун ааҕан, бары да уку-суку буоллубут. Ийэбит санаата түһэн, тугу да саҥарбатаҕа. Тыыннаах эрэ буоллун дии санаабытым мин.
Ийэм холкуоска эр киһи үлэтин толороро. Сайыны быһа от охсоро. «Мунньарбынааҕар охсорбун ордоробун», — диирэ. Кини күн саҥа суһуктуйан эрдэҕинэ хотуурун сүкпүтүнэн барара, киэһэ күн киирэн сиик түспүтүн кэннэ кэлэрэ. Күн аайы гааттан ордук сири охсор этэ. Ардыгар атаҕа ыалдьан, нэһиилэ хаамара. От охсуута бүттэҕинэ, аны кэбиһиитигэр ыыталлар. Кыһынын ыскылааты харабыллыыра. Аны бэйэтин дьиэтин үлэтэ, маһа-мууһа, ас булуута-талыыта барыта кини санныгар. Кыһын оттор маһы ойуурга баран кэрдэр, оҕуһунан тиэйэн аҕалар. Мас мастаан тоҥон-хатан кыыкынаан киирэрэ. Олорон турбат түбүктээҕэ. Онуоха эбии хам аччык буолаахтаатаҕа. Ийэбит барахсан хайдах ити айылаах үлэни тулуйан сылдьыбытын сатаан санаабаппын. Биирдэ эмит «айа, сылайдым» диирин истибэтэхпит. Биһиги ийэбит Суханова Татьяна Иннокентьевна 1941—1945 сылларга Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
(“Улахан олох” сэһэнтэн быһа тардыы)
***
Айталина Никифорова-Шадрина
Оставить комментарий