Курс валют
$
91.11
0.16
100.39
0.35
Курс валют
Курс валют
$
91.11
0.16
100.39
0.35
Меню
Поиск по сайту

Саха сахатынан кэрэ

13.09.2023 07:48 4
Саха сахатынан кэрэ

… диэхтиибит ээ. Дьэ, кырдьыгынан кэпсэтиэҕиҥ! Һуу-һаа, омун-төлөн үйэтигэр саха барахсан балачча уларыйда. Туораах сыыһа толкуйбутуттан туох да ордубата. Суоч-чымыйанан араадьыйа-тэлэбиидэнньэ тухары эҥинэ бэйэлээхтик этинии-кэпсэнии, дьыалатыгар киирдэххэ, дьиҥ иһигэр кураанах куолу!

Ити саҥа үйэ дьалхаана кыра норуоту эмсэҕэлээх өттүнэн эһэригэр тиийдэ. Өйү-төйү булунан, барыны кэмнээн, сүрдээх-куттаах дьон быһыытынан, туттуна-кэтэнэ соҕус эккирээбит буоллар ньии!!! Суох, чэ, саас-сааһынан этиим, ааҕан иһэн аахсарга бэлэм олордоххут. Дьэ, киирсиэҕиҥ!

Араадьыйа диэтим, тэлэбиидэнньэ диэтим. Истэр тухары “сахалыы тылбыт сүтээри гынна, мэлийдибит, илии соттор бу кэллэ” дэһэ-дэһэбит, уопсастыбаннаска тиийэ тэринэммит, туох баар сириэстибэнэн араатардыырга айахпыт хам буолбат. Бүлүүйээнэ Никитина куолутугар баран хаалла, аан дойдуну түмээри тугу да ситиһэрэ көстөөхтөөбөт буолан иһэр. Алыс элбэҕи саҥарар, дьоҕустук, сытыытык, олохтоохтук—туруорсуу тыла-өһө судургу уонна сэниэлээх буолуохтаах эбээт!

Оччотугар араадьыйаҕа саҥарааччы тылын-өһүн көрүммэт, барыта күөрэ-лаҥкы. Тэлэбиидэнньэ оҕо тойоно Олег Марков Ил Түмэҥҥэ киирэр буолла. Бу үүнэр 5 сылга дьокутааттыыр болдьоҕор саха норуотун аатыттан көрдөһөбүн. Олус уустуга суох буолуо ээ, ити дэҥҥэ суруйар тылгытыгар-өскүтүгэр сахалыы буукубалары киллэрэн, кыратык өнүйүөҕүҥ эрэ! Туох сорой? “Сөрү-сөп” диэни “сору-соп” диэн ааҕар аньыы ээ. “Үүппүт”–“уут”, “көрөбүт”—“коробут”, “үтүөлээх”—“утуолээх”, “үөс”—“уос”… дьэ, эрэй. Бу маны ааҕаат, биллэр: “Ол ханна инньэ диэбиппитий, дакаастааҥ”,–диэхтээххит. Доҕоттор, сымыйа буолбатах, кыларыйар кырдьык! Итиэннэ, сахаҕа “Ҥ” буукуба сордоох эрэйи-муҥу көрдө! Илин эҥээрдэр, уус-алданнар ити дорҕоону сүтэрбиттэрэ бүтүн саха норуотун тунуйарыгар тиийдэ. Саха тылын учууталлара, төннөрүҥ эрэ “Ҥ”-мытын, “тииҥ”, “Булуҥ”, “кэлиҥ, сылдьыҥ, ыалдьыттааҥ” диэҕи соҕотох “н” муҥмутун аахтарда. Биир да дииктэр ити дорҕоону сатаан саҥарбат. Бары “Н”-ынан саҥараллар, сор?

Саха тылын симэлийиитэ кыраттан ээ. Киһилии кэпсэтимэ, сурукта суруйума, кинигэтэ ааҕыма. Бүттэҕэ ол. Этиҥ эрэ, төһө дьокутаат хас кинигэни сахалыы сылга атыылаһан ааҕарый? Төһө учуонай туох сахалыы тахсыбыт саҥа кинигэни ырытта, толкуйдаата, дьону сирдээтэ? Суох! Омун буолбатах! Төһө дьокутаат сокуону туруорсарыгар сахалыы тылынан тылын этэрий? Саарбахтыыбын, нууччалыы доҕолоҥнотор буолуохтаахтар. Кинилэр төлөпүөннэригэр сахалыы буукубалардаахтар дуо? Дьэ, икки тииспин биэрэбин, суох буолуохтаах! Ол иһин нууччалыы буукубанан табыгынатан суруйаахтыыллар. Оччотугар бу бассааппытыгар күүлэйдиир хаартыска ис хоһооно сотору биһигинэн да диэлийэр ини???
Аны бу саҥа үйэҕэ эстэр быабытыгар соччото суох ньүкэн быһыыбыт, омсолоох өрүппүт дьиэгинийэн тахса турар. Өһүргэниҥ, ол эрээри ааҕыҥ!

Аһаҕас айах буоллубут. Тугу да тулуппаппыт, истэ-истэ дуона суоҕу күүркэтэн бассаап устун ыһан кэбиһии сиэрэ суох элбэх. Ким да аахтын, онно кыһалҕа кыра. Өссө ол сонуну тарҕатабыт ээ, саараан, тохтоон, алҕас буолаарай диэбэппит, хонуопканы баттаан кээһэбит. Кэннэ кэтинчэ да буоллун, кыһаммаппыт.

Киһиргэспит кыайда. Тугу сиэбиппитин-аһаабыппытын, хайдах симэммиппитин, төһө отону-сугуну кыайбыппытын булгуччу аан дойду биллэҕинэ эрэ сатанар буолбут. Саха муҥнааҕы былыргыттан ким да сээн диэбэтэх муҥар буоллаҕа дуу, билигин оннооҕор хат кыргыттарбыт сыгынньаҕын истэрин килэтэн хаартыскаланар буолбуттара сүөргүтүүн! Ону харахтаах бары кини киинин кыҥаатаҕына эрэ астынар буолан хаалбыта хобдоҕун!

Сымыйаччы буоллубут. Киһи киһини харыстаабат, хараардар эрэ, күлүк түһэрэр туһуттан өйтөн булан таһааран сымыйаны сыбааччы, баһааҕырдыы бэйэбит киэнэ. Быыбарга көрдүгүт дии, “күлэ-күлэ үчүгэй аҕайдык күллэрин таптайдыбыт”, көрүлээтибит. Ол аата, бу муҥнаахтар, бэйэбит олорор лабаабытын бэрт бэйэлээхтик быһа эрбэннибит.
Сирэй-көрбөх диэнтэн өһүргэниҥ. Ити бу кэмҥэ аһары барбыт итэҕэспит буолла. Ким эмэ (наадалаах, сололоох, ханнык эрэ эйгэҕэ суолталаах киһи буоллар эрэ) үтүктэн киирэн барабыт. Аҕала сатыы-сатыы, ууну таһыйар хоһоонньуттары хайҕаан халлааҥҥа таһаардыбыт, ол түмүгэр бассаап хонуута бөх буолла! Биллэн турар, биир эмэ хоһоонньут, сылы быһа сыбаалка буолбут хонууга соҕотоҕун быкпыт ньургуһуннуу, тахсыа ини дуу? Ол эрээри ити саарбах хоһуйааччыларыҥ сахалыы тыллааҕы бутуйар, таһымын кээмэйин кээрэтэр, ааҕар култуураны иҥэринэн үөрэнэ сатыыр ыччакка куһаҕан дьалы (вкус поэзии) иитийиэхтиир диэн өйдөөбөттөр.

Тар мэйиигэ кубулуйдубут. Тооромос да толкуй ордубата. Биирдэ эмэ көмүскэл тирээтэҕинэ, хороон иһигэр дьылыс гынан баран, тугу да билбэтэҕэ, көрбөтөҕө буола сытабыт.
Саха санаатынан күүстээх, толкуйунан улуу буолара хааныгар тыгыалыы сытара “тоҥон”, устунан симэлийэн эрэр. Өһүргэниҥ! Саатар субу уоттаах хонууттан эргиллибит барахсаттарбытын, дьоруойдарбытын, киһилии омук эбиппит буоллар, сир түгэҕинэн сибигинэһэн, тыллаах сыҥаахха арыылаан олордубакка, арбаабакка, бары күүһүнэн кистэниэхтээх да этибит! Барбыттарын-кэлбиттэрин хаһыатынан-араадьыйанан араатардаабакка, дьонун-сэргэтин сиик кэриэтэ саһыаран, ылы-чып… Суох буоллаҕа, онуоха эбии аны тэлэбиидэнньэ күүстээхтик кэтиир.

Саатар эдэркээн кыыһы интервьюга ыыталлар, онтулара омун-төлөн (эмоция) эрэйэр, соһуччу иһитиннэрии (шок) көрдүүр, оруобуна “саһархай хаһыат” киэбинэн, “ити ытыалаһыыга тугу санаабыккыный, төһө долгуйбуккунуй” диэтэҕэ үһү! Итинтиҥ субу кыргыһыылаах сиртэн кэлбиккэ, сотору онно төннүөхтээх буойуҥҥа бобуулаах ыйытык, доҕоттор! Киһи киһини кытта күөнтэһэрэ туох аанньа буолуой, сэрии дии! Хайа буолбут киһи сирэйи быһа охсордуу итинник кэбилэммит ыйытыгы биэриэй?! Хата уол барахсан “сорудах кэлбитин толорор эбээһинэстээхпит” диэн устаабынан саптан, бэркэ куотта эрээри, ыйытар кыыс өссө да “акаарыта” тахсыбыта, элбэҕи түөспүтэ киһини хомотор, дьиксиннэрэр… Саатар Аҕа дойду Улуу сэриититтэн кэлбит биһиги өбүгэлэрбит эрэйдээхтэр 20-чэ сыл саҥата суох сылдьыбыттарын историяттан да билии суох, тар мэйиилэр буоллахпыт.

Онон субу кэмҥэ “саха сахатынан кэрэ” буолбакка, “саха сахатынан аҥалытыйан иһэр, тохтооҥ, өйгүтүн булуҥ!” диэн хаһыырыаҕы баҕарыллар. Хайааҥ даҕаны…

Итиэннэ ол-бу бассаапка онно суох хаартыскалары ыытаргытын тохтотуҥ, сымыйа айдааны таһаарымаҥ. Төрдүттэн тыллаах буоларга киһилии турунуоҕуҥ, ааҕыаҕыҥ-билиэҕиҥ, ыччаппытын иитиэҕиҥ. Алгыһы кытта.

***

Алаас кыыһа Алааппыйа

Обсуждение • 4

Добавить комментарий
  1. Массагет (мас сахата)

    Сөрү-сөп” – можно писать c использоваием английского серY- сеп, “Үүппүт”–“YYт”, “көрөбүт”—“керебYт”, “үтүөлээх”—“утуелээх”, “үөс”—“Yeс”…
    Туох да диэбит иhин сахалар сайдыылаах со5ус норуоппут уерэххэ, культура5а, цивилизация5а тардыhыыбыт. Наhаа не5уелээмэ, уопсай процеhы тохтоппоккун

  2. Ымыы

    уопсай процесс сахалыы буукубаны туһаныах, англ буолбатах диэтэххэ тохтоон хаалар дуо? бүгүҥҥү ситиһиини утарбаккын эрээри итэҕэстээх сиргин этиттэрэри тоҕо утардыҥ, сахалыы саҥарарга, тылы тыыннаах хаалларарга билиҥҥи ситиһииҥ итэҕэс

  3. Дьэ, диэ

    Тэлэбиидэнньэ “ого тойоно” О. Марков депутат да буолан тугу тусалыыра буолла. Тэлэбиидэнньэгэ ити “ого” эрдэгинэ саха тылын таба туттуу олох буорайбыта. Ити “огону” буруйун исин тоттору спордун нууччалыы – сахалыы баасынайдаан кэпсиир улэтигэр уурэн кэбисиэхтээгэр аны Ил тумэннэ тасаардылар. Дьэ, эгин эгин “оголорунан” ханна – ханна тиксээхтиибит буолла..

  4. Кугдаров

    Саха тылын алдьатыы нвк-н тахса турар.
    , ханнык эрэ тылдьытка аахпыппыт дии дии саха тылын харса суох бутуйа туравр ыытааччылар кун-туун аайы элбии тураллар. Онноо5ор морошка отону эриэхэлээх болбукта5а бутуйаллар.

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»