Дьэ, буолар да эбит!
«Буордарын буккуйа сырыттыннар!»
Дьүөгэм И. быйыл Дьокуускайга дьиэ ылла. Ону ремоннатаары Азамат диэн киргиһи наймыласпыт. Ол киргиз дьиэ ис бараанын өрөмүөнүн кичэйэн оҥорбутун батсаапка көрөн хайҕаатыбыт. Онтон арай сотору буолаат, хаһаайка «Азия» ТК ылбыт хрусталь люстрата таҥнары ыйаммыт хаартыската кэллэ. Азамат ыйаабыт диэн буолла. Хаһаайка эппитигэр киһитэ өссө: «Мин ол иһин туох ааттаах уһун, ньалбыйан турар люстраный диэн санаабытым» диэннээх үһү.
Онтон дьүөгэбит Домвент систиэмэтин эмиэ Азамат сыыһа оҥорбутун көрөн туһа суох эбит диэн электриги көннөттөрөөрү ыҥырдым диэн суруйда. Онуоха ол электрик нуучча: «Вентиляция хаппаҕа таҥнары ыйаммыт, салгын хамсааһына табыллыа суоҕа, аллараа этээстэр сыттара, салгыннара эн квартираҕар киириэ» диэбит.
Онон ол киһи Азамат эмиэ таҥнары оҥорбутун көннөрдө диэн буолла. Дьүөгэм батсааппыт бөлөҕөр кыыһыран суруйда:
«Ити өрөмүөннүүр омуктарбыт олох туох да мындыра суох омуктар эбит. Билигин аны Азамат вааннабын сыыһа олордубутун бэйэм билэр саха киһитигэр оҥотторон эрэбин. Кэлии омуктар истиэнэлэри, муостаны эрэ өрөмүөннүүргэ үчүгэйдэр эбит. Бу дьиэ өрөмүөнүн саҕана олохтоохтор – саха да, нуучча да – мындыр толкуйдаах дьон эбиппит диэн өссө төгүл итэҕэйдим. Онтон кэлии өрөмүөннүүр омуктар буордарын буккуйа сырыттыннар!» -диэн буолла.
Бэлэми мээтиргээччилэр
Үйэ уларыйан киһи эрэ буолбакка, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр майгыта эмиэ уларыйбытын бары билэбит. Куорат хас биирдии бөх кутар иһиттэрин тула мустар кыракый чыычаахтар, бырадьаах ыттар, батсаапка аахтахха свалкалары сүргэйэр тыатааҕылар, куорат тулатынааҕы дэриэбинэлэр свалкаларын кэрийэн аһыыр ынахтар, дэриэбинэ, куорат устун сүүрэр-көтөр тайахтар, туртастар, киистэр уо.д.а. баалларын билэ-көрө олоробут. Сылгылар билигин хаһан аһыыллара мөлтөөн, киһиэхэ эриллэн ынах курдук аһыыр буолбуттар диэн сылгыһыттар кэпсэтэллэрин ардыгар истэбит. Онтон хаһыы баар сылыгар кинилэри толоонтон көрдөөн булаҕын. Ол аата Айылҕабыт уларыйыыта кинилэргэ охсуута улахан буоллаҕа. Кинилэр эмиэ Икки атах курдук кыһалҕаттан бэлэми мээтиргээччилэргэ улам кубулуйан истэхтэрэ.
Никита Аржаков киинэтэ – уот харахха!
Бу күннэргэ телевизорга истэр тухары Кыргыстааҥҥа айдаан. Дьэ сатамматах омуктар диэх курдук. Урут икки президеннэрин Аскар Акаевы уонна Курманбек Бакиевы хаайаары гыммыттарыгар, икки эр бэртэрэ атахха биллэрбиттэрэ. Онтон салайбыт президеннэрин Алмазбек Атамбаевы билигин хаайыыга симэ-симэ төттөрү-таары таһаараллар, киллэрэллэр. Билиҥҥи президеннэрэ Жээнбеков айдаан тахсаатын кытта эмиэ сүппүт, ханна куоппута биллибэт диэтилэр. Онтон эмиэ да дуоһунаһыттан аккаастаммытын манньатыгар өрө тутуллубут диэн буолла.
Бу дьон долгуйуутун айдаанын төрдүн билэр дьон, кыргыстар кланнарын киирсиилэрэ диэн суруйаллар. Биир да бастааҕы билиммэт, сотору-сотору өлөрсөөрү-өһөрсөөрү күрдьүөтэһэр омук диэн хайдаҕый? Кыргыстар ахсааннара 6 мөл. үһү, олортон дойдутугар олорооччута 4 мөл. кэриҥэ дииллэр.
Онтон кинилэр ыаллара Казахстан төһө да истэригэр ар-бур дэстэллэр, син бэйэлэрэ кыахтарынан сайда тураллар, оннук улахан айдаарсыы суох курдук. Билигин казаахтар ахсааннара 16 мөл., олортон Казахстааҥҥа 12 мөл. олорор дииллэр. Мантан сэдиптээн биһиги, сахалар, хас эмэ мөлүйүөн элбээтэхпитинэ диэн ыралана санаатахха, хайа сценарийынан сайдыахпыт этэй? Кыргыстар курдук сотору-сотору бас-көс дьоммутун кыйдыы, хаайыыга симэ, эккирэтэ сылдьан үөҕэ-түрүйэ олоруохпут эбитэ дуу? Казаахтар курдук төһө да «сиэбитин-аһаабытын» иһин Аҕа баһылыкпытын син тыыппакка олоруохпут эбитэ дуу?
Онтон сэдиптээн маннык санаа киирдэ. Хаһан эрэ саха биир суруйааччытын айымньытыгар «туман курдук элбэх тумат омук былыр Саха сиригэр олорбута үһү» диэн аахпытым. Ол туман курдук элбэх тумат омуктар муҥнаахтар бэйэ-бэйэлэрин кытары үнтү кыргыһан имниин сүппүттэр¸ сиик буолан симэлийбиттэр. Кинилэр курдук хорсун-хоодуот буолан нуучча ыраахтааҕытыгар суос-соҕотох дьаһаах төлөөбөтөх чукча курдук улуу омук билигин баара-суоҕа 16000 ахсааннаах дииллэр. Онтон урут халлааҥҥа баар сулус курдук элбэх ахсааннаах дьүкээгирдэр тоҕо билигин 1600 ахсааҥҥа тиийбиттэрэ үгүс киһини толкуйдатар.
Дьылҕа хаан ыйааҕа тыйыс, кытаанах, кими да аһыммат. Куруук күрсэ, бэрт былдьаһа, аньыыгын-хараҕын аахсан сэриилэһэр буоллаххына, уһаабатыҥ биллэр. Омук тыыннаах хаалар туһугар түмсүүлээх, уһун санаалаах, киэҥ ыырдаах буолуохтаах дииллэр. Биһиэхэ оннук улахан судаарыстыбаннай өй-санаа саха ыраахтааҕыта Тыгын Дархан саҕаттан баара – дьолбут буолар.
Былыргы үһүйээннэргэ этиллэр Тыгын Тойон сахалары түмэр үлэни ыыппатаҕа буоллар хайдах-хайдах дьаһанан олоруохпут эбитин ким да билбэт. Итинник санааҕа «Тыгын Дархан» диэн киинэни көрөн баран тиийдим. Норуот тыыннаах хаалар туһугар түмсүүлээх буолуохтаах диэн санааны саха норуотун чулуу режиссера Никита Аржаков «Тыгын Дархан» диэн киинэтигэр уот харахха эппитин көрөн астынным, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр сырдык санаа сахаларга тыыннааҕар махтанным.
Сырдык икки, хараҥа икки
Сырдык баар буоллаҕына куруук хараҥа сэргэстэһэр. Түүн уонна күнүс, төрөөһүн уонна өлүү, дьол уонна сор сиэттиспитинэн сылдьалларын курдук. Билигин үйэ уларыйан дьон-сэргэ Таҥара дьиэтигэр сылдьара элбээтэ. Урут сэбиэскэй эрдэҕинэ аҕам саастаах дьон сылдьар эбит буоллахтарына, бүгүн эдэри кытта эмэни, дьахтары биитэр эр киһини, оҕону-урууну элбэхтэ көрөҕүн. Олохпут да түһүүтэ-тахсыыта элбээбитэ, сотору-сотору уларыйар кэм-кэрдии, араас сыстыганнаах ыарыылар уо.д.а. боростуой киһи өйүгэр- санаатыгар күүскэ дьайаллар. Ардыгар көмүскэтэриҥ, харыһыйтарарыҥ эрэ сирдээҕи былаас буолбакка Үрдүк Таҥара, Айыылар, Аанньаллар эрэ үгүс киһиэхэ буолаллара баар суол. Билигин киһи үксэ ханнык да итэҕэли билиммитин иһин Үрдүк Айыы Тойон таҥара ханнык да омук тылынан ааттаннар БИИР диэн билинэр. Биһиги сахалар үгэс быһыытынан хас эмэ хаттыгастаах халлааҥҥа олорор Айыыларбытын, сирбит-уоппут, өрүспүт, күөлбүт, хайаларбыт, алаастарбыт о.д.а. иччилэри билинэн айах тутан алгыыр буоллахпытына да, аан дойдуга биллэр Иисус Киристиэһи эмиэ билинэрбит былыр былыргыттан кэллэҕэ. Дөрүн-дөрүн да буоллар сыаркапка сылдьар идэлээх буоламмын биири бэлиэтии көрдүм. Кэлиҥҥи сылларга куруук аһыы ууну утахтанар, түптээх дьиэлэрэ-уоттара, үлэлэрэ суох сылдьар дьон (норуот ааттыырынан «бичтэр») Таҥара дьиэтигэр мусталлара элбээбит. Кинилэр үҥэ-сүктэ, таҥараттан көрдөһө буолбакка, дьонтон харчы умналаһа кэлэллэрэ көстөр. Муҥнаахтар эмиэ туһугар туспа, ыарахан олохтоох буоллахтара. Билигин тыыннаах харчы суох буолан үгүс төлөбүр каартанан буолар. Онон «каарталаахпын, харчы суох» диэтэххинэ кинилэртэн үөҕүллэн-мөҕүллэн да хааларыҥ баар. Үтүө уонна Мөкү, Сырдык икки Хараҥа икки кэрэһиттэрэ буолан ол муҥнаахтар Таҥара дьиэтин таһыгар тураахтыылларын көрдөххө киһи эрэ хараастар…
«Муударай» СХПК дьаһала
Быйыл сүрдээх улахан баһаардар тураннар сир-сир аайы от бөҕө умайан, онуоха эбии хаһыс эмэ сылын уот куйаас сатыылаан дьон иитэр сүөһүтүн аччатар турукка киирдэ. Бары билэрбит курдук, саха сүөһүлээх, сылгылаах буолан бу томороон тымныы дойдуга киһи сатаан олорор хоту сир цивилизациятын үөскэппитэ. Дьэ билигин былыргытааҕар олохпут сайынна диибит да, тыа сирин олохтоохторун кыһалҕаларынан эргинии тохтообот. Билигин аан дойдуга Икки атахтан ордук сыаннас буолбут Харчы тойон дьаһайыытынан олохпутун салайынабыт. Ол «үтүө көстүүтүнэн» соторутааҕыта биир улуус иһигэр идэһэ өлүүтүнэн сибээстээн биллэрии тахсыбытын аахтым. Онно сурулларынан, бэйэҥ сылы быһа ииппит- аһаппыт, көрбүт-харайбыт идэһэҕин тэлгэһэҕэ өлөрдөххүнэ ол эт атыыламмат, справка бэриллибэт диэн дьаһал тахсыбыт. Онон эттэрин атыылыан баҕалаах дьон хайаатар да СХПК тиийиэхтээхтэрэ ыйыллыбыт. Ол курдук, СХПК биир ынаҕы 3500 солкуобайга, убаһаны 3000 солк. астаан өлөрөн биэрэллэр диэн сыа-сым курдук суруллубут. Оттон ол өлөттөрөн баран харчы биэрэр кыаҕыҥ суох буоллаҕына, ол өлөттөрбүт эккиттэн 8-9 киилэни кинилэргэ түһээн төлүүр эбиккин. Кыайан эккин батарбат буоллаххына, СХПК атыылаттарарыҥ көҥүл диэн суруллубут. Онно биир киилэ үрдүк суортаах ынах этэ – 400 солк, убаһа гиэнэ 370 солк. буолар диэбиттэр. Билигин эт баһаарыгар, маҕаһыыннарга сибиэһэй эт сыаната 500- 700 тиийэн турар. Оччоҕо бу дьон кыһалҕатынан туһанар (атыннык ааттыыр кыах суох!) СХПК хас солкуобайы дьонтон соролуур былааннааҕый? Дьэ, дьикти. Сыл ахсын үрдүк тырыбынаттан, батсаап ситимигэр ынах сүөһү аччаата, сылгы төбөтө кыччаата, ону утары үлэ наада диэн айаҕаланабыт да, олоххо киирдэххэ сүөһү, сылгы иитэр ночоот курдук буолар. Эбэтэр алыс «муударай» СХПК маннык ньыманан «сүөһүгүтүн, сылгыгытын аччатымаҥ, босхону үрдүнэн атыылаамаҥ» диэн хааччахтаан, сыананы итинник быһара дуу? Билбит суох.
Сырдык тыыны элбэтээри
Билигин учуонайдар Орто дойдуга баар барыта тыынар тыыннаах эбит диэн дакаастаабыттарын суруйаллар. Тыыннаах харамайдар эрэ буолбакка туттар сэптэн-сэбиргэлтэн саҕалаан киһи тугу айбыта-туппута барыта тыыннаах дииллэр. Айылҕа, кыыллар, сүөһүлэр уо.д.а. туһунан этэ да барбаппын.
Соторутааҕыта Харачаан диэн биир оҕус үөрүн көмүскээн тыатааҕыны кытары өлө-тиллэ киирсэн кыайбытын, ыараханнык бааһыран баран тиллибитин туһунан кэпсээн батсаабы тилийэ көттө. Ону таһынан батсаапка сылгылар Икки атах курдук тапталларыгар бэриниилээхтэрин туһунан суруйбуттарын киһи эрэ долгуйа ааҕара баар суол. Төһөнөн кыыллар-сүөллэр өйдөрүн сөҕө-махтайа ааҕабыт да, интернеккэ баар кэрээннэриттэн тахсыбыт Икки атах сорох дьулаан быһыыларыттан куттанабыт, кэлэйэбит. Холобура, аныгы баай-талым үйэҕэ Ростовскай уобаласка олорон дьону сиир дьахтардаах эр киһи, төрөөн баран оҕотун хоргутан өлөрөөрү шифоньерга хаайбыт эдэр дьахтар уо.д.а. киһи үөйбэтэх-ахтыбатах түбэлтэлэрэ буола тураллара киһи өйүгэр баппат. Онон арааһа, бу Орто дойдуга киһи да буоллун, кыыл да буоллун, бэл, дьиэлэр, уулуссалар, куораттар, күөллэр, өрүстэр, массыыналар уо.д.а. барыта тыыннаах атомнартан, клеткалартан уо.д.а. тураллар диэни итэҕэйэн эрэбин. Кинилэри барыларын тугунан да араарбакка тыыннаах харамайдар курдук көрөр буоллахпына араастаһаллара биир эрэ дии санаатым. Мөлүүк барыларын бииргэ ылан көрөн баран кинилэри биир эрэ суолунан араараҕын эбит.Биир өттө куһаҕан тыынтан, биирэ сырдык тыынтан турар диэн этэр дьону кытары сөбүлэһэргэ тиийэҕин. Онон бу Орто дойдуга баар хамсыыр харамайдар, хамсаабат эттиктэр, уларыйа-тэлэрийэ турар кэм-кэрдии уо.д.а. барыта куһаҕан эбэтэр сырдык тыыннаахтар диэн этэллэрэ олохтоох быһыылаах. Ол да иһин киһи-аймах ханнык баҕарар эйгэтин өркөн өйдөөхтөрө куһаҕан тыыны утаран, сырдык тыын элбиирин туһугар олорон, үлэлээн-хамсаан ааһаллар эбит.
Дьэ, буолар да эбит!
Бу дьыл балаҕан ыйыгар Саха сирин үрдүнэн киин куоракка, улуус кииннэригэр, нэһилиэктэргэ баһылыктары, дьокутааттары талыы уочараттаах быыбардара буолан аастылар. Билиҥҥи быыбардар ханна даҕаны урукку курдук уоттаах-күөстээх, улахан айдааннаах буолбаттар. Буолар да буоллахтарына дьон урукку курдук улаханнык сэҥээрбэт, интэриэһиргээбэт буолла. Сөп ээ, хас сыл ахсын буолар быыбардартан дьон хал да буолан эрдэҕэ. Ол эрээри онон-манан оһута-тоһута киинтэн ыраах сытар нэһилиэктэргэ айдааннаах быыбардар түөлбэ иһинэн буолаллар дииллэр. Ол курдук быйыл биир нэһилиэккэ быыбарга сылдьыбыт киһи этэринэн, сахалар даҕаны «сайдыы быһыытынан» күрэстэһэн кыайбыт дьоннорун ситэри самнарар үгэһи тутталлара сөхтөрбүт. Икки кандидат өлө-тиллэ киирсибиттэрин түмүгэр дьаһайан олорбут администрация киһитэ кыайбыт. Икки атах сорох харамайдартан уратыта диэн хайа да түгэҥҥэ киһилии толкуйдуура, сиэрдээхтик быһыыланара буолар. Онтон ол кырыы сытар, киинтэн ыраах баар нэһилиэккэ быыбар түмүгүнэн сахалыы майгы, сиэр-туом умнуллубут. Арҕааҥҥы баһымах майгыны батыһан, аҕыйах куолаһынан кыайбыт кандидат дьоно кыайтарбыт муҥнаахтары эккирэтэ сылдьан төлөпүөҥҥэ уста-уста күлсүү-салсыы бөҕө буолбуттар, үөстэрэ тэстиэр диэри күлүү гыммыттар. Аан бастаан быыбарга кыттан баран кыайабыт дии сылдьан кыайтарбыт эдэр дьон хамаандата сирэйдэрэ уһаабытын, соһуйбуттарын омунугар эппэт кэлэҕэй буолбуттарын көр оҥостубуттар, батсаап устун араас комментарийдаан тарҕаппыттар. Кандидаттара кыайтаран сир-буор сирэйдэммит эдэр дьон хата туттуммуттарын, омуннарыгар ол күлүү гынааччылары таарыйбатахтарын киһи сөҕөр! Туох буолар барыта биэс биэтэстээх, сэттэ хаттыгастаах. Этэргэ дыды, төһө да утарытынан кыһыылааҕын иһин, кыайтарбыттар ол охсууну тулуйбуттара бэйэлэригэр кэлин тулуурдаах, киил буоларга улахан үөрэх буолара саарбаҕа суох. Онтон ол быыбар диэн ааһар дьыалаҕа эдэр дьону күлүү-элэк гыммыт саастаах дьон сааһырыахтарыгар диэри өйдөрүн туппатахтара, сахалыы майгылара суоҕа киһини сөхтөрөр. Дьэ, буолар да эбит!
***
«Мантан сэдиптээн биһиги, сахалар, хас эмэ мөлүйүөн элбээтэхпитинэ диэн ыралана санаатахха, хайа сценарийынан сайдыахпыт этэй? Кыргыстар курдук сотору-сотору бас-көс дьоммутун кыйдыы, хаайыыга симэ, эккирэтэ сылдьан үөҕэ-түрүйэ олоруохпут эбитэ дуу?» – уот харахха суруллубут! Арыыйда тахсаары сайдаары гыммыт ыччаттарбытын урун харахтарын ере кербет онороллор! Ол оннугар албын келдьун, нууччалыыта «приспособленец», сирэй салааччылар эрэ былааска кэлбиттэрэ хомолтолоох, сайдыыга а5албат!
Тугу элбэ5и суруйдугут? Наадалаах дуу, таах дой5охтооьун дуу? Икки-ус тылынан борубуоттээн эрэ.
Саамай баппат тыллаах этиһиик кмнс дьоно.Ыһыы хаһыы истерика сахалыыны түһэрии.Итирии криминал саатар сырайдарын харахтарын арааран көр.Дьахтар курдук ньаҕыйан.Биһиги күтүөппүт кэбээйи нама.Намҥа бары кэбээйилэр.Тыла диибин диэн хас да киһини баһыйар.Дьоно эмиэ күнү быһа этиһэн тахсаллар үһү.Араары түһэрии сиэһин атыылаһын атыыланыы балыктар уус алдан мэҥэ хаҥалас кэмэлдьитэ.Аҕыйах хаамайы инникитэ суох дьон кэмэлдьитэ.Наар куһаҕаны көрүү хааһах хостоһуу.Ханна да баппаттар саатар карантин кэмигэр паромҥа эмиэ.Кытыйга ол иһин ҥьүдьү балай дьоҥо анаан сокуон кытаанах кэпсэтии кылгас.
Саха омук элбээтэҕинэ кыргыс хааммыт өтөн тахсара биллэр суол. Улуустаһыы күүһүрэр, мин бэппин, эн баҕайы дэһии элбиир. Куоракка көр, саха элбэх ол гынан баран көрдөххө атын киһиэхэ тыйыс сыһыан илэ көстөр. дьадаҥы буоллаххына, дуоһунаһа суох киһи буоллаххына бэйэлэригэр чугаһаппаттар. Чоочо баай майгыта илэ көстөр.