Төрүт майгы уонна аныгы майгы. Уларыйда дуо?
Учууталбыт Баһылай Никиитис Бырдьахаанап, СГУ доцена, хоһоонноох этэ: “Доҕоруом, таптаа даа тыыннаахпар!”. Кырдьыга оннук. Өлбүт киһини таптаан да хайыаххыный. Тыыннаах эрдэҕинэ таптаан, хайҕаан хаалыахха. Кэлин кэмсиммэт курдук, истэригэр этэн-тыынан, баарыгар имэрийэн-томоруйан, тыынарыгар кууһан-убураан.
Күннэтэ аттыгар баар киһигин сыаналаабатыҥ баар, барытын буолуохтааҕын курдук ылынаҕын. Онтон ханна эмэ ыраата бардаҕына, дьэ суохтаан, дьэ сыаналаан барабыт. “Арахсыахха наада ахтыһарга”, – диэбит курдук.
Саха тоҥуй диэн буолар, иһигэр баар санаатын, ордук иэйиитин сатаан таһыгар таһаарбат. Ордук эр дьон. Саҥата суох кэннигиттэн имэрийэ көрүө онон бүттэхпит. Дьүөгэлэрбитин кытары көрсүһүүгэ ити тиэмэни кэпсэтэбит, ким-туох санаалааҕын:
-Хас биирдии омук бэйэтэ ураты майгылаах – национальнай характердаах. Саха билбэт киһитигэр тута аҕылаан-мэҥилээн сүүрэн тиийэн тугун-барытын тоҕо тэбээбэт, ээ. Өөр чуҥнаан, ырааҕынан элиэтээн баран дьэ биирдэ чугаһыыр. Сыыйа-баайа кэпсэтэн барар. Били, булчут хаана таайар быһыылаах, билбэт киһиҥ тугун-ханныгын үөрэтэн баран чугаһыыгын. Ол иһин сахалар Питери сөбүлүүллэр дии, ол дьон эмиэ оннук майгылаахтар. Истэригэр бүгэн баран сылдьаллар, тута аһыллыбаттар, омос көрдөххө тоҥуй курдуктар. Дириҥ уу чуумпу дииллэринии, киһи төһөнөн ис санаата дириҥ, соччонон ыһыахтана сылдьыбат. Онтон билсэн-көрсөн бардахха дьэ ирэллэр. Саха иһигэр киллэрбит буоллаҕына бүттэ, өлүөр диэри эрэллээх доҕор буолар.
-Урукку сахалар уонна аныгы сахалар атын-атыттар. Майгыбыт уларыйда дии саныыбын. Глобальнай ситимҥэ киирбиппит дьайда. Холобур, биһиги көлүөнэ оҕо сырыттахпытына төрөппүттэрбит соччо сыллаабат-уураабат, имэрийбэт-томоруйбат этилэр дии. Хайҕабыл да кэмчитэ. Чыпчыххайданар да этибит. Онтон улаханнык дууһа моруута да буолбат этибит. Мөҕүлүннүҥ – мөҕүлүннүҥ, таһылынныҥ-таһылынныҥ.
Билигин биһиги оҕолорбутун, омуннаатахха, күҥҥэ сүүстэ сыллаан, кууһан, “таптыыбын” диэн салгыбакка этэбит ди. Хайдах эрэ оннук сыһыаны ирдииллэр. Таһыллыахтааҕар буолуох, мөҕүлүннэхтэринэ – иэдээн. Уйан, нарын баҕайылар уонна хата бэйэбитин элбэххэ үөрэтэллэр. Бэйэлэрин санааларын этэллэр, туруорсаллар. Пахыый, холобур, мин кыра сылдьан ийэбэр туорайдаһыам эрэ, тута оройго охсуллабын. Билигин кыыһым: “Тугу сатыырбынан оҥоро сатаатым уонна мин итини оҥорорбун сөбүлээбэт эбиппин. Не мое”… – диэн баран баран хаалар. Аа???… Буттэхпит ол.
-Мин саныахпар, айылҕаттан тэйэн аныгы саха бүтэй буолла. Былыргы сахалар тоҕо аҕыйах саҥалаахтарый диэ? Кинилэр элбэх саҥата-иҥэтэ, токкоолоһуута суох ким-туох киһи буоларын барытын бүк сэрэйэ, билэ сылдьаллара. Эттэрэ аһаҕас буоллаҕа. Били, “Балыксыт” этэ дуо, Н.Неустроев кэпсээнэ? Түҥ тыаҕа олорор оҕонньор киниэхэ ким, хайдах киһи кэлэн иһэрин кутаатын уота умайарыттан, тыаһыттан өтө сэрэйэн олорор дии. Былыргы сахалар айылҕаҕа олорор буоланнар эттэрэ-сииннэрэ аһаҕас, информацияны салгын нөҥүө ыла олороллоро. Ол иһин элбэх саҥата-иҥэтэ суохтар. Тыла суох телепатиянан сыһыаннарын, санааларын сэрэйсэллэр. Ол иһин “таптыыбын” дии-дии саҥа таһааран мэҥийсибэттэр, онто да суох билэллэр буоллаҕа: ким-хайдах туох сыһыаннааҕын. Оттон билигин айылҕаттан тэйбит дьон бүтэйбит, уонча сылы быһа биир киһилиин олоруоҥ да, туох ис санаалааҕын билиэҥ суоҕа. Оннук сабыылаахпыт. Ол иһин ким тыла үчүгэйдик хамсыыр да, соннук киһини ылынаҕын. Баҕар кураанах киһи үчүгэйдик кыһыл тыла кыырарынан эрэ сээн дэтэ сылдьыа. Эбэтэр төттөрүтүн наһаа истиҥ киһи санаатын кыайан этиммэккэ кураанах, тоҥ курдук көстүө.
-Оннук буолуон сөп. Холобур, ити омуктар биһиги кыргыттарбытын чэҥкир кыһыл тылларынан кулгаахтарын таһыйан иирдэллэр. “Уой, аай, маннык таптыыбын диэтэ, итинник сатаммаппын диэтэ”, – диэн. Саха эр киһитэ симик, мээнэ тылынан оонньообот, сатаабат да. Ол эрээри кини курдук уйан сүрэхтээх суох буолуо. Холобур, саха эр киһитэ (80%-ра баҕас чуоккай) дьахтар санаатын наһаа таайар дии саныыбын. Сэрэйэр, син этэ-сиинэ айылҕатыгар чугас буолан аһаҕас. Туохтан хомойбуккун, хоргуппуккун, кыыһырбыккын тута сэрэйэллэр. Оттон омук дьээдьэтэ сирэйигэр пал гына эттэххинэ биирдэ өйдүүр. Бары буолбатахтара буолуо эрээри, үксүлэрэ оннуктар быһыылаах. Мин биир дьүөгэм омук кэргэннээх, саараама ойоҕун санаатын таайбат. Этэ илигинэ ончу өйдөөбөт. Сэрэйбэт. Дьиҥэ киһи быһыытынан үчүгэй баҕайы, ойоҕун, оҕолорун олус таптыыр. Ол эрээри ойоҕо: “Маны гын, итини гын, ону эт, маны саҥар-саҥарыма”, – диэн наар дьаһайа сылдьыан наада. Эрэй буолбатах дуо?
-Аныгы дьахталлар эрдэрин эрэйдииллэр ахан дии. Интернеккэ үчүгэй хартыынаны көрө-көрө эрим ону биэрбэтэ, маны биэрбэтэ, оннук эппэтэ, маннык тыыммата дии-дии. Иллюзия уонна дьиҥнээх олох диэни эдэр оҕолор кыайан араарбаттар.
-Биир өттүнэн, саха уолаттара санааларын сайа этинэр буоларга үөрэниэхтэрин наада дии саныыбын. Дириҥ иэйиини да саҥаран таһаарыахха сөп буоллаҕа дии. Сыллааһын-уурааһын туһунан эттэххэ, ордук оҕону сыллыыр, имэрийэр-томоруйар наада. Кырдьаҕас төрөппүттэргин эмиэ. Тыыннаахтарыгар таптыыбын диэн тылы истэллэрэ кинилэргэ дьол буоллаҕа. Хаһаана сылдьыбакка (баҕар хойутуоҥ уонна кэмсиниэҥ) хайгыыр кэмҥэ хайҕаан, таптыыр кэмҥэ таптаан, санааҕын сайа этэ сылдьарга үөрэниэххэ наада дии саныыбын. Кэм, бириэмэ уларыйара түргэнэ бөҕө. Онон билигин баары баарынан, буолаары буолан үчүгэйи, үтүөнү этэ-тыына сылдьар үчүгэй бөҕө буоллаҕа.
***
Сурукка тистэ Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Фото источник
Где то был мем, когда подростки по громкой связи говорят родителям «Я тебя люблю», родители сразу тревожатся. Что случилось?! Что ты натворил?! Типа🤣
Учугэй анаарыы. Кербетех эбиппин.
Билиҥҥи сахалар , былыргы сахаҕа холоотоххо, дьиҥэ олох атын дьон, омук буоллубут. Долганнар сахаттан атын омук буолбуттарынааҕар, билиҥҥи сахалар сүүс сыллааҕы сахатааҕар өссө улаханнык атын омук, атын дьон буоллубут.
Саха эр кhитин туhунан учугэй багайы зоьоон баара.
Бэртээхэй суруйуу. Кырдьык итинник. Билигин ыччаттарбыт, ордук кыра оҕолорбут нууччалыы бардылар, эмоциялара эмиэ. Санааларын уулуссаны биир гына ыһа-тоҕо кэпсээһин, уоллуун-кыыстыын сатарыччы күлүү. Номоҕон, дуоспуруннаах буолуу аҕыйаата.
Сахалар тымныы дойду дьоно.Гуннар -Хууннар.Ол иьин барыта тымныыттан энергияны харыстаан сылдьар дьон.Со5уруу итии омук дьоно кор кулуу аьа5ас буолаллар.Тургэн сытыы.Биьиги Кун аайы олох охсуьуута.Тоцон хатан ыалдьан тымныйан.Аны куруук сэрии кыргыс айма5а сэрэх толкуй буолар.Ону акаары эбэцкилэр бу Сахалар куттастар бытааннар диэн оссо уо5эллэр.Кинилэр солуута суох бырдацалыы сылдьалар.Кытай дьоно.Пантакриннара элбэх.Сэрии дьоно хатан солуута суох буолбаттар.Куруук мананыы кэтэнии сэрэх хааццар баар.