Сахалар тоҕо далааһыннаахтык толкуйдаабаппытый?
Иллэрээ сыллаахха, Кэбээйиттэн сылдьар 1-кы Лүүчүн нэһилиэгин баһылыга Иван Яковлев: Дьокуускай куоракка норуоту харыстыыр, көмүскүүр бэлиэлэри – үс улахан сэргэлэри туруоруохха диэн “Аартыкка” интервью биэрэн турар. Кини 2018 сылтан “этиттэрэллэр”, ол илдьити олоххо киллэрбэккэ сылдьарыттан улаханнык эрэйдэнэрин туһунан кэпсээбитэ.
Интервью тахсыбытын кэннэ Дьокуускай куорат салалтата, чуолаан куорат кылаабынай архитектора Семен Сергеев хаста да Иван Яковлевы, архитектордары, этнографтары, общественниктары кытары көрсө сылдьыбыта. Мин эмиэ бастаан ол мунньахтарга сылдьан дьон санаатын истэн испитим. Биллэн турар, бастаан концепция суруллубута, бырайыак барыла оҥоһуллубута.
Ааҕыллыбытынан киин куоракка тоҕус улахан кольцевой баар диэн буолбута, онно үс хайысханан эйгэҕэ үлэлиир сэргэ туруоруохха, атын кольцевойдарга саха итэҕэлин Тоҕус халлаанын символын оҥоруохха диэн идиэйэ баара.
Сэргэ туохтан оҥоһуллуохтааҕар балайда мөккүөр барбыта. Профессиональнай архитектор-проектировщиктар көстүүлээх уонна үйэлээх буоларын курдук таастан композиция оҥоруохха диэн эппиттэрэ, оттон общественниктар ким эрэ алтантан, ким эрэ мастан. Маһы аныгы технологиянан үйэтин уһатыахха сөп, суон, үрдүк маһы булуохха наада диэн түмүгэр быһаарбыттара. Айылҕалаахтар “мас – натуральнай, экологичнай, тыыннаах, эйгэҕэ үлэлиир кыахтаах” диэн түмүктээбиттэрэ. Чэ, сөп, буоллун.
Бастааҥҥы бырайыак эскиһин архитектор Сергей Лукин оҥорбута. ГИБДД салалтатын кытары кольцевойга төһө улахан уонна хайдах конструкция туруон сөбүн быһаарсыбыттара. ГИБДД ирдэбилэ – уҥуор иһэр массыына көстүөхтээх, суол быраабылата учуоттаныахтаах диэн этэ. Хата диэбиккэ дылы, ГИБДДга үлэлиир кэлии нуучча киһитэ кольцевойдарга сахалыы архитектурнай тутуу былааннанарын истэн биһигиннээҕэр үөрбүтэ: куораккыт национальнай тыына суох, дьэ бэрт эбит диэн.
Мин саныахпар, Лукин идиэйэтэ олус үчүгэй этэ. Кини:
“Оҥоро сорунан баран үчүгэйдик оҥоруохха наада, улахан, көстүүлээх, дьон сүргэтэ көтөҕүллэр гына”, – диэн санаалааҕа.
Холобур, Лукин “Йо-Хо-Хо” маҕаһыын таһыгар турар Бүлүүлүүр аартыкка сэргэ тула сиэллэрэ ытыллан, кутуруктара субуллан, төгүрүк туйахтара күөрэйэн иһэр саха сылгыларын төгүрүччү сүүрдүөххэ диэн эппитэ. Боруонсаттан кутуллубут Дьөһөгөй оҕолоро былчыҥнара оонньоон төгүрүччү сүүрэн иһэллэрэ хайдахтаах курдук өйү өрүкүнэтиэ, сүрэҕи долгутуо этэй!
Столичнай ырыынак кольцевойугар, Дьокуускайга киириигэ, сэргэни тула үс кырыылаах, курдары оһуордаах, былыргы сахалыы руна суруктаах чороонноох быһыылаах монумент туруохтааҕа. Ыраахтыан көстөр ураты үрдүк далааһыннаах буолуохтааҕа…
Оттон Строительнай ырыынакка барар Пирогова аттыгар кольцевойга аттаах саха бухатыыра үрдүк чыпчаалга үөһэттэн сирин-уотун, норуотун көрөн дурда-хахха буолан багдаллан олоруохтааҕа:
“МИН баарбын, бу МИН сирим, норуотум!” – диэн.
Суол түмүллэр сиригэр Тоҕус Халлаан Айыыларын символларын бырайыагын олус бэркэ чочуйан оҥорбуттара. Бастааҥҥы мунньахтарга, кэлиҥҥилэрин билбэппин, бастааҥны дьону ыҥырбат да буолбуттара. Холобур, Хаҥаластыыр аартык саҕаланыытыгар турар сэргэ баһыгар чуучугуруур туус тумустаах, төгүрүк түрбүү кынаттаах сүҥкэн эрэли Хомпоруун хотой олоруохтааҕа. Халлааннар баһылыктара, кинилэр Орто дойду икки атахтааҕар дьайар күүстэрин бэлиэлэрин былыргы суругунан бичийэн бэриллиэхтээҕэ. Ити барыта халлаан хараҥарыыта аллараттан-үөһэттэн прожектордарынан тыктарыллан өссө сүдүтүйэн көстүөхтээҕэ.
Билигин тугу көрөбүт? “Харчы суох…”. Миэхэ биири этиҥ эрэ, ХАРЧЫ хаһан эмэ “баар” буолбута дуо? Ханнык эмэ тойон дуу, хотун дуу “харчы баар” диэбитин олох өйдөөбөппүн. Үйэ тухары “харчы суох”. Наар быстан-ойдон, таппат тараһа, тиийбэт тирии. Өйбүт-санаабыт эмиэ сол курдук тыһа кылгас, быстах-остох, татым.
Икки кольцевойга “эконом-вариант” “сахалыы матыыптаах” тугу эрэ туруордулар. Бүлүүлүүр аартыкка өссө син ама курдук да, “уҥуоҕа” эмиэ сарбыллыбыт. Уопсайынан, сахалар үрдүк миэтэрэни кыайан көрбөппүт быһыылаах. Сиртэн быкпаппыт. Холобур, ити Хаҥалас улууһугар Эркээни хочотугар киириигэ Хотой турар. Постаменын үрдүгэ уонча миэтэрэ баар дуу, суох дуу? Сир кырсын бурҕаалыы тыыра сылдьар “хотой” төһөлөөҕү өтүөй?
Өйдөөҥ эрэ, сахалар: өбүгэлэрбит Хомпоруун Хотойдоро Киҥкиниир киэҥ халлаан килбиэннээх курбуутугар дайан тахсара, Үрдүк күндүл халлаан үрүт мөҥүөнүн миинэрэ! Биһиэнэ сиртэн быкпат, нэһиилэ өнүйэр дуу, суох дуу. Наар кэтэнэн-манан, сэрэнэн-сэрбэнэн…
Оттон Строительнай ырыынакка Саха бухатыырын, Эр Киһитин оннугар бороболуоханан өрүллүбүт… кыталыктар. Ойон тура-тура “кыталыктарбытын” кыбыт да, кыбыт, сыбаа да, сыбаа. Суох, кыталык кыыл бэйэтинэн туох куһаҕаннаах буолуой, кэрэ кыыл. Ол гынан баран “кыталык” – кыыс, дьахтар символа эбээт. Биһиэхэ Эр Киһи эниэргийэтэ, символа тиийбэт. Эр киһи эбээт – Сир хаһаайына, норуот көмүскэлэ, дурдата-хаххата, Куйаартан ыйаахтааҕа! Ол суох. Эр дьоммут айар-тутар, аналларын булар, сүргэлэрин көтөҕөр, сүрдэрин күүһүрдэр символлар наадалар. Бэйэлэрин миэстэлэрин булбатах, аналларын билбэт, иэскэ-күүскэ бааллыбыт, муна-тэнэ, иирэ-итирэ сылдьар саха эр дьоно наһаа элбээтэ. Эр киһи сүргэтин көтөҕүөххэ наада. Эр киһи – норуот, кини хайдах да, норуота эмиэ соннук.
Харчы чааһыгар кэллэххэ, харчыны бытарыппакка сылга биирдии кольцевойу киһилии оҥоруохха сөп. Тоҕус сылынан тоҕус кольцевойу саха барыта киэн туттарын курдук далааһыннаахтык, дириҥ ис хоһоонноохтук оҥорор тоҕо кыаллыа суоҕай? Кэлбит киһи ханна кэлбитин, туох историялаах норуот баарын билэрин курдук, ытыктыырын курдук. Ону кэпсиир символларбыт кээмэйинэн да, суолтатынан да баараҕай, сүдү буолуохтаахтар. Үрүҥ харахпытын өрө таһаара үөрэниэххэ эрэ.
***
Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Сопко суруйар,
Үбү-харчыны хата Дети Азии буолар буолан через это мероприятие выделили. Ол гынан баран саамай тиһэҕэр быһан -быһан копейки досталось на благоустройство кольцевых. Онон быыкаай харчыга ити обьектар турбуттарыгар баһыыба диэбит курдук.
Подрядчик ИП Мандаров, ол иһигэр айылҕалаахтар, уустар оҥордулар.
Үп-харчы көрүллэригэр, олоххо киирэригэр хас да сыллаах үлэ, кэпсэтии барбыта. Архитектор Лукин Сергей үтүмэн элбэх үп көрдөөн кини проега туораабыта. Кини ааҕарынан 1 сэргэ 15-25 млн этэ. Хантан оччо харчы кэлиэй.
Ити икки кольцевойу оҥорбут дьон аны атын кольцевойдары оҥороору сүүрүү-көтүү, ол гынан баран эмиэ харчы суох.
Ол дьон истэригэр үөрэхтээх архитектор суох.. Онон пропорция, дизайн, материал өттүгэр мөлтөһүөрдэр, идэтийбит, үөрэхтээх архитекторадар хайаан да кыттыһыахтаахтар.
Боппуруос: итинник же кыра-кылгас масштабынан барабыт дуу, харчы суох аатыран?
Былаас проегар уонна үбүгэр төбөтүн үлэлэтиэн наада.
А сколько денюжек на ремонт пл. Ленина выделили? Около лярда, точнее 719 млн рублей!!! На эти деньги можно хоть табун лошадей из бронзы отлить!
Насчет лошадей. В Монголии есть курган, где стоит табун лошадей из бронзы. И все скульптуры помечены табличкой в дар от какой-то страны или человека, компании. Спонсоры со всего света.
Биһиэхэ Эр Киһи эниэргийэтэ, символа тиийбэт. Эр киһи эбээт – Сир хаһаайына, норуот көмүскэлэ, дурдата-хаххата, Куйаартан ыйаахтааҕа!
Источник: Aartyk.ru. Бу саамай сөп этии!
Мин эбитим буоллар якт куораты Олонхо дойдута оноруом этэ. Портка дуу, портан кэлэр кольцевойга дуу олонхоһуту олордон, биир развязкаҕа сахалыы иһити – хомуоьу, биир күөлгэ 7 туруйа кыыһы, бииригэр күөл оттотугар 9 кыталык кыыһы, подстветкалаах, туманнаах, өссө биирдэ эмэ хаисанан үнкүүлүүр гына, көрбүт киһиэхэ повезет диэн темаҕа, суол кытыытынан үөр сылгы сүүрэн иһэрин, атын өттугэр табалар, сана материалтан, подстветкалаах ,парк с мамонтами и тд
Мин эбитим буоллар якт куораты Олонхо дойдута оноруом этэ. Портка дуу, портан кэлэр кольцевойга дуу олонхоһуту олордон, биир развязкаҕа сахалыы иһити – хомуоьу, биир күөлгэ 7 туруйа кыыһы, бииригэр күөл оттотугар 9 кыталык кыыһы, подстветкалаах, туманнаах, өссө биирдэ эмэ хаисанан үнкүүлүүр гына, көрбүт киһиэхэ повезет диэн темаҕа, суол кытыытынан үөр сылгы сүүрэн иһэрин, атын өттугэр табалар, сана материалтан, подстветкалаах ,парк с мамонтами и тд
7 туруйа кыыс диэ😂. Дьаабы фантазия.
Бэрт дии. учугэйдик олорорбуолан мечтайдыыбыт
эрдэ буо кэмэ кэлэ илик, кэлиэ да биллибэт, туох эрэ улахан моhолу туораан энин баран ере кетегуллуу буолар,
Олохпут кюнтэн кюн кытаатан иhэр,ыараан эрэр ….
ол да иhин Элиэдьдьин болуоссатыгар 12 Апокалипсис аттарыгар анаммыт тимир сэргэлэр турдулар,иhиттэн ёссё араас ёнгнёёх уот умайар…..
Якутскай куорат наһаа хобдох көстүүлээх.
Сахалар Якутскайга наар бэлэмҥэ, халяваҕа эрэ олоробут. Уулуссаҕа электропроводка монтажтарын оҥорор дьон, силовой кабель монтажниктара, асфальтоукладка, брусчаткаукладка, мостовиктар кэккэлэригэр саха дьоно төрүкү суохтар. Бүтүн куорат үрдүнэн саха сантехнига көстүбэт(зарплата хорошая+левый приработок). Большегрузтарга саха уолаттара -Нету, переправаҕа -Нету, Жатайга судноремоҥҥа-Нету. Сахалар тоҕо наһаа көһүүммүтүй?
Сахалар даже общепиты кыайан баһылаабакка олороллор. Кыайан аһылфк астаабаттар. Астаабыт да буоллахтарына наһаа сыаналаах. Атыыһыттар грубайдар. Биир ыһаарыламмыт собо 500 солк!
Бэрэскилэрин соччото суох арыыга ыһаарылыыллар. Үүт аһылык суох. Ити центрга.
Автобус суоппардара тиийбэттэр. Недокомплект. Саха уолаттара онно үлэлии тиийбэттэр.,Ити эрэ буолуо дуо. Хаалыы наһаа улахан.
Туох ааттаах биһигини улуу сүрэҕэ суох оҥорбутай ?! Ни к чему не приспособлены..Төрүкү салаҥмыт. Сатабыла суохпут. Хаһан сайдабытоҕолоор?
улэhит саха хотонно буо, сыhыыга сыспай сиэллээги сырсар, сайын ходуhага, 5 уйэ уларыйа илик тубукпут
Тыа дьоно барахсттар үлэлээтэхтэринэ эрэ киһи буолаллар. Хомойуох иһин тыа сахалара Якутскайга көһөллөр сыалай түөлбэлэринэн. Хоту дойду балыксыттара Якутскайга массово көһөллөр. Тыа школаларыгар первэй кылаастарга биир-икки оҕо үөрэнэр. Ньурба Аканатыгар биир эрэ первоклассниктаахтар. Үөһээ Дьааҥыга –4 оскуола сабыллыбыт. Даже Уус-Алдан биир нэһилиэгэр соҕотох первоклассниктаахтар.