Клим ФЕДОРОВ: Аан дойду кэрэтэ элбэх
Клим ФЕДОРОВ аата бэйэтэ “бренд” буолбута ыраатта. Дьону куттуур, хомотор судургу. Үөрдэр, күллэрэр уустук. Туспа талаан наада.
Клим Семенович инньэ 90-с сыллартан дьон сүргэтин көтөҕөр, күллэрэр, үөрдэр үлэлээх. Кэлиҥҥи сылларга “Уонна хаһан?” диэн аҕам саастаах дьону араас сирдэринэн айаннатар бэрт кэрэхсэбиллээх суолу тэллэ. Сорохтор үйэ саас тухары ойохторун хотонтон ыраатыннарбакка гынан баран “баабыскалар өйдөрүн сүүйэр” диэн хообурҕаһаллар. Ийэлэрин-аҕаларын күүлэйдэппэккэ олорон тылбай-өспөй ыыталлар. Мин саныахпар, Клим Семенович олус туһалаах дьыаланан дьарыктанар. Саастаах дьон бэйэлэрин үөлээннээхтэрин кытары күлэ-үөрэ сынньанан кэлэллэрэ туох куһаҕаннаах буолуой?
-Клим Семенович, дьону сынньатан, аралдьытан, көрөн-харайан күүлэйдэппитиҥ хас сыл буолла?
-Аан бастаан 2016 сыллаахха 16 киһини Таилаҥҥа илдьэ сылдьыбытым, онтон барыта аа-дьуо саҕаламмыта. Билигин 2023-2024 дьылга барыта 21 дойдуга сылдьан кэллим.
-Туристарыҥ айан устата уларыйаллар дуо? Майгы-сигили, сыһыан өттүнэн?
-Туристар улаханнык уларыйаллар. Киһи бэйэтэ илэ хараҕынан көрдөҕүнэ, сыттаан-сыллаан ыллаҕына, илиитинэн тутан-хабан тыытан чахчы ис дууһатыттан уларыйар. Мин үлэм диэн – киһи иһигэр үөрүүнү угуу, эрэли олохсутуу. Өскөтүн киһи иһигэр наар куһаҕаны илдьэ сылдьар буоллаҕына, эбэтэр наар кутталы тута сылдьар буоллаҕына, кини иһигэр куһаҕан олохсуйан – бу киһи ыарыһах буолар. Ол ону суох оҥорорго кинилэр истэригэр үчүгэйи киллэрэҕин. Кинини күллэрэҕин-үөрдэҕин оччоҕо куһаҕан барыта тахсан барар.
Дьон үчүгэйи көрдөҕүнэ сирэйдиин-харахтыын сырдыыр. Аан дойду кэрэтэ элбэх. “Үчүгэйтэн да мата сылдьыбыт эбиппи-ин”, – диэн толкуйдаан, аны эһиил онно барыам, манна сылдьыам диэн сыал-сорук туруорунан барар. Олох олорорго, үөрэргэ-көтөргө, кэрэҕэ тардыһарга төрүөт үөскүүр. Ол буолар киһи ис туруга уларыйара.
-Эйигин кытары үксэ саастаах дьон сылдьар. Ким эрэ умнуган, бытаан-татаан буолуо, ыарахана суох дуо, кырдьаҕас дьону илдьэ сылдьар?
-Мин оҕо эрдэхпиттэн наар ийэбин кытта сылдьыбытым. Наар ийэбэр киирэр кырдьаҕастары (билигин санаатахпына олох эдэр дьон эбит) кытары кэпсэтэр-ипсэтэр этим. Мин ийэм 58 сааһыгар өлөөхтөөбүтэ. Кини ыарыһах этэ. Бэл, бөһүөлэкпитигэр баар кулууп иһин көрбөккө бараахтаабыта. Ол иһин мин ийэм ситэ көрбөтөх, олорботох олоҕун атын ийэлэргэ биэрэ сатыыбын. Мин ийэбин элбэхтик үөрдүбэккэ хаалбытым, атын ийэлэр үөрэллэрэ – ийэбин үөрдүбүтүм тэҥэ. Ол иһин адьас ыарырҕаппаппын, хас биирдиилэрин кытары тапсабын, куустуһа, сыллаһа сылдьабыт. Ол наһаа үчүгэй. Ийэ таптала, ийэ истиҥ сыһыана, ийэ үөрэрэ, ийэ аттыгар үөрэ-көтө сылдьара, “оо, манна кэлбитим үчүгэйэ, оҕом Килиим махтанабын” диирэ миигин кынаттыыр, күүспэр күүс эбэр, сэниэбэр сэниэ биэрэр. Онон кырдьаҕастары кытары сылдьар олох ыарахана суох. Кинилэр партия ииппит дьоно бэрээдэк бөҕө, бачча чааска диэтэхпинэ бары чаһы курдук баар буолаллар. Эйиэхэ сүктэрэ сылдьыбаттар, ээ. Бары наһаа үчүгэйдик холкутун сылдьабыт.
– Туристарыҥ бөлөҕө бэйэтэ таҥыллар дии саныыгын дуу? Холобур, биир соҕус майгылаах дьон түбэсиһэн хаалаллар?
-Оннук баар. Өбүгэлэрим дуу, үрдүкү күүстэрим дуу эбэтэр миигин арыаллыы сылдьыбыт эдьийдэрим дуу көмөлөһөр курдуктар. Бастаан элбиэ-эх баҕайы киһи суруйтарар. Онтон сыыйыллан-сыыйыллан, ким эрэ субу бараары сылдьан туга эрэ табыллыбат, ким эрэ кыаллыбата диэн буолар. Тиһэҕэр көрбүтүҥ, аттарыллан-аттарыллан бэйэлэригэр сөп түбэсиһэр майгылаах дьон кэлбит буолар. Быһа эфирдэри сурутааччыларым көрөн олороллор. Онно талыллыбыт курдук таҥыллан кэлбиппит диэччи олус элбэх.
Мин сөптөөх суолу тутуһа сылдьабын дии саныыбын. Айылҕам хаһан да мэһэйдээбэт. Куруук ыраас халлаан, чаҕылхай күн туран биэрэр.
-Наар кэлии-барыы, айан доруобуйаҕар биллибэт дуо?
-Мин ыраах айаннары тулуйарга эттэммитим ыраатта, араас тургутууну ааспытым. 1993 сылтан гастрол бөҕөтүн айаннаан, сырыы бөҕөтүн сылдьан… Саха сирин суолун-ииһин бэйэҥ билэҕин. Түһүү-тахсыы, суолга быстарыы, үлүйэ сыһааһын, тоҥ хаһааҕа хонуу, күндү маанылаах остуол, сылаас оһохтоох мас дьиэ… барыта баара. Аны айаммыт – сатыы да хаампыппыт, атынан да айанаабыппыт, сөмөлүөт бэртилиэт, водовоз, вездеход, мотордаах тыы, “Ракета”, катер… – ону барытын ааспыт дьоммут. Ол ону тургутуу диибин. Оттон билиҥҥи айаным букатын комфорт: улахан сөмөлүөт, ас-уөл арааһа, мааны бэйэлээх автобус, сабыс-саҥа утуйар таҥас…
- Психолог курдук санаммаккын дуо? Эйигин дьон санааттан-онооттон таһаарар, аралдьытар диир эбит.
-Бэйэм психолог үөрэҕэ суох эрээри Айылҕам маанылаабыта баар. Миэхэ олоҕор табыллыбатах элбэх дьон кэлэр. Чугас киһитин сүтэрэн хоско ытыы-ытыы сытар ийэни аҕалбыттарын аҕыйах хонугунан сыанаҕа тахсан ыллыы сылдьар киһини оҕолоругар туттарбытым. Икки арахсыбыт ыалы холбообутум. Ити киһиргэнии буолбатах, баар чахчы. Барыларын кытары биир тылы булабын, барыларыгар истэригэр үөрүүнү угабын, өйдөрүн-санааларын сааһылаан күүс-уох биэрэбин. Сэргэхсийэн бараллар. Түөспүн тоҥсуммаппын эрээри, кырдьык, психолог курдуккун дииллэр. Итинник түгэннэр элбэхтэр.
16 сыл устата сайын аайы лааҕыр тэрийэн үлэлэттим. Манна араас майгылаах, санаа муунтуйуулаах, дьылҕалаах оҕолор төрөппүттэрин кытары кэлэллэр. Бэйэлэригэр тиийинэ сатаабыт оҕолор кытта бааллара. Олору оонньотон-көрүлэтэн, күллэрэн-үөрдэн, санааларын сайҕаан барыларын сыанаҕа таһаарбытым. Дьэ, ол кэнниттэн бэйэҕит сыаналааҥ.
-Араас хообурҕааччыларга сыһыаныҥ?
-Ким үлэлээбэт, ким “сээн”, “чээн” дэппэтэх дьону үөҕэр адьынаттаах. Дьиэҕэ дьыбааҥҥа төлөппүөн тутан баран тиэрэ түһэ сытан дьону үөҕүөхтээҕэр, тахсан тэлгэһэҕин сиппий, дьиэҕин-уоккун өрө тарт, оҕолоруҥ-сиэннэриҥ үтүө киһи буолалларыгар күүскүн-уоххун бараа. Ол миигин үөҕэн уһун сонноммоккун, үрдүк хамнастаммаккын, ньиэрбэҕитиҥ сиэмэҥ. Үөхсэр киһини кытары иирсэр, этиһэр, сууттаһар, охсуһа барар наадата суох.
Эдьийим көрбүөччү Наталья Дмитриевна Иванова этэр этэ: “Килиим, дьон киһини үс эрэ күн ырытар. Онтон бэйэлэрин кыһалҕалара сүүс төгүл эбиллэр. Онон төбөҕүн олох сынньыма”, – диирэ. Хас биирдии киһи кэннигэр өбүгэтэ турар, хас биирдии киһи көмүскэллээх, кинилэр оҕолорун мээнэ тыыттарбаттар, куһаҕаннык саҥаттарбаттар. “Дьыаланы бэйэлэрэ быһаараллар, онон олох куттаныма”, – диэбитэ. Онон мин холкубун. Сэттэтэ да үөхтүннэр, ырыттыннар, үлэлээбитим курдук таптыыр үлэбинэн үлэлии сылдьабын.
-Анжелика Протодьяконованы сыанаҕа таһаардыҥ. Биир өттүнэн, концеркын көрбүт дьон сэргээтэ, оттон көрбөтөх дьон сиилээтэ. Бэйэҥ туох дии саныыгын?
-Анжелика эмиэ ыал оҕото эбээт, оҕо ийэтэ. Ону бас-баттах үөҕүү, күлүү гынааһын сыыһа. Уопсайынан, оҕолоох-уруулаах дьон тыл сэтин өйдүөхтээхтэр. Бүгүҥ сиилээбитиҥ бэйэҥ бэдэргэр тиийиэ суоҕа дуо? Бэйэҥ оҕоҥ, сиэниҥ сарсын туох, хайдах буолан туруон ким билэрий? Соччонон киһини үөҕэллэр, соччонон бэйэлэригэр куһаҕаны оҥороллор.
Анжелика кими да тыыппат ээ, бэйэтэ бэйэтигэр, таптыырынан сылдьар. Сырыттын, кини – олоҕо. Мин киниэхэ көмөм диэн, бэтэрээ, үчүгэй өттүгэр кэл диэн, итиччэ элбэх сурутааччыгын үчүгэйгэ туһан диэн. Оҕоҕун санаа, сэнэттэрбэт курдук сырыт, сыыһанан барыма диэн сүбэ-соргу. Ол иһин кинини ыытааччы быһыытынан сыанаҕа таһаарбытым. Ким уонна кинини тыһыынчанан дьон иннигэр таһаарыай? Санаан да көрүҥ, бары күлүү гына, сиилии сылдьаллар, туох эрэ куһаҕан ыарыылаах дуу, кыыл дуу турарын курдук сыһыаннаһаллар. Сиилиир дьон арыгы истэхтэринэ кинитээҕэр дьаабы буолуохтара…Кини эмиэ киһи. Кини эмиэ ыал оҕото, оҕо ийэтэ. Билигин кини ырыаҕа дьарыктана сылдьар. “Переображение” бырайыакпытын тохтоппоппут, аргыый итинник баран иһиэхпит.
***
Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Климентий эппиэттэригэр, брытыгар себулэьэбин. Киьи биирдэ олорор. Бэйэбитигэр туьалаахтык кыайан сынньаланмытын аттарбаппыт. Тускутугар туьанын! Утуе буолун! Сурэхтээх буолун! Толкуйдаах буолун! Дьоллоох буолун!
Климиннэ махтал улаханын аныыбын,65 сааспар дылы ханна сылдьыбакка сылдьан эмискэ биир дьуегэм Анчык Амма5а барыахха диэбитигэр ойон туран Аммалаан хааллым,онтон аны тууьу салаабыт ынах курдук ,аны Байкаллаан хаалым
Быйыл эмиэ бараары чымыдаан хамынан сылдьабын
Клим харахпын аьан аны сыл аайы барар буолан эрэбин
Кытаатын киьи биирдэ олорор диэн баран
Климнэ,о5обор Вася махтал бастына буоллун,улэ5ит хаинаскыт ессе сайда турдун
Дьон махталын еруу ыла турун! Доруобай буолун !!!
Клим киьини кэрэ5э тардар урдук айыылартар бэриллибит киьи эбит диэн этиэххэ сеп!
Хата ааган баран санаам уларыйда. Солуута суох курдук керер этим.
Атын омуктар дойдулара сылааьын, уунээйилэрэ элбэгин, хоргуйуу диэни билбэтэх омуктар эбит.
Шведскэй остуолга да кестер, биьи барытын сии сатаан, омуктар остуол анарын хаалларан наар дии. Биьи ебугэлэрбит куотан саьан, куттас буолан маннык иэдээн дойдуга агаллахтара эбит
Акаары диэтэххэ өһүргэниэ уонна.
Одило сёпкё этэр:туох эрэ биричиинэлээх эбит сахалар маннык экстремальнай дойдуга кэлэн олохсуйбуттара …или сюгюн тула омуктары кытта олорботохпут дуу? Ююрюллюбюппют дуу? Куоппуппут дуу?-Туох да билбэт…. история умалчивает…ютёёбют диэн син ёлбётёхпют: саах сыбахтаах балаган туттан ынахтары кытта кыстаан тыыннаах хаалбыппыт….
Эмиэ Саханы туьэрии буолла.Саха кимин тугун билбэт буоллаххына.Улуу олоцхону Ньургун Боотуру аах.Саха тордо Одун Хаантан оцоьуулах Чыцыс Хаантан ыйаахтаах Атилла Бич божий гунн-хуун омук са5аттан тар5аммыт кыргыстар.Ол кэмэ кэрдиитэ туолан сутэн оьон эрэр.Бу тымныы Сири дойду оцостон Саха Сирэ дэттэ.Буолар буолбат дьиикэй Кытай маньчжур биистэрин Кун бугуццуэ диэри тутан олорор.Ол акаарылар куруук пособия бэлэм о5уруо арыгы эрэ кордууллэр.Сиэмэх сурэ5э суох биистэр.Саха сирин Сиэн атыылан уоттаан ууга ыытан бутэрдилэр.Якут дэнэн арыгылаан аатыраллар.Акаары сурэх суох кыыллар.Кытайга площадка таьаараллар.