Иннокентий МАКАРОВ: Ким да киһитэ буолбатахпын, бэйэм – Киһибин!
Икки сыллааҕыта эмискэ "Үс түмсүү" диэн общественнай тэрилтэ дьон кулгааҕар иһиллибитэ. "Тугуй ол, кимий ол?" - диэн сураһыы кэннэ - "салайааччылара Иннокентий Макаров, урут "Дыгын оонньууларыгар" үстэ субуруччу кыайа сылдьыбыта, Чурапчы, милииссийэлээбитэ эҥин" диэн харда иһиллибитэ. Онтон кэлин түүҥҥү рейдэлэри оҥорон саха кыргыттарын рестораннартан, бартан "хостотолоон" бэрээдэктииллэрин туһунан видео социальнай ситиминэн тарҕаммыта. Ол соһуччу соҕус хамсаныылары ким эрэ сэргээбитэ, ким эрэ сэтэрээбитэ.
-Билигин да сылдьабыт, кэрийэбит, – диир Иннокентий Макаров. – Тардыммыттар, аҕыйаабыттар.
-Ким кимниин хоонньоһоро бэйэтин дьыалата буолбатах дуо?
-Мин элбэх атын омуктар аксакалларын кытары кэпсэтэбин. Онно этэллэр “кыргыттаргыт олус босхо сылдьаллар, хайдах итиннигий” диэн. Биһиэхэ кыргыттар сыгынньах эттэрин көрдөрбөттөр. Ыччаттарбыт манна кэлэн баран сыгынньах аҥаардаах кыыһы-дьахтары көрөн иирэн хаалаллар. Итэҕэлллээх өттүлэрин тута, өйдөтө сатыыбыт. Туттуналлар. Ол гынан баран барыларын кыайан хонтуруоллуур кыахпыт суох. Эһиги эмиэ бэйэҕит кыргыттаргытын буойуҥ диэн.
-Ол аата “буойуу” буолар дуо, ити түүҥҥү рейдэлэргит? Оттон тоҕо видеоҕа уста-уста социальнай ситимҥэ быраҕаҕыт?
-Суох, биһиги биир да видеоны уһулбатахпыт! Араас провокатордар бааллар. Туораттан кэлэн, сыстан уста-уста быраҕаллар.
-Кимнээҕий?
-Элбэхтэр буоллаҕа. “Экстремистэр”, “одиознайдар”, “радикаллар”, “националистар” диэн дьаралык бөҕө буолаллар эбээт. Бу сотору-сотору МВДлар, ФСБлар, Экстремизми утары охсуһар киинтэн кэлэн кумааҕыга илии баттаталлар – дьону уулуссаҕа таһаарбаппын диэ диэн.
-Оттон онто да суох бачча тымныыга дьон тахсыбат да ини, эбии дьаҥ бөҕө.
-Таһаарар буоллахха таһаарымына!
-Дуо?!
-Былырыын “Триумфу” биһиги тэрийсибиппит. 7,5 тыһ. киһи кэлбитэ. Дьокуускайга аҥаардас 7 тыһ. “Үс түмсүү” чилиэнэ баар. Улуустарга филиаллардаахпыт. Бу мин соҕотох буолбатахпын, миигин эрэ көрүмэ. Элбэхпит.
– Һм… Хайдах тэрийбиккитий?
-Миэхэ Комсомольскай болуоссакка дьон мустубутун кэннэ АГИП [Ил Дархан уонна правительство дьаһалтата] салайааччыта төлөппүөннүү сылдьыбыта. “Дьон үүнэ-тэһиинэ суох баран улахан айдаан тахсыа, онон сарсын “Триумфка” кэлиҥ, кэпсэтиэххэ диэн эттим”, – диэн. Ол кэнниттэн биһиги социальнай ситиминэн дьону “Триумфка” кэлиҥ диэн ыҥырбыппыт, улуустарга баар дьоммутугар эппиппит. Туох да аһара элбэх киһи кэлэн испитэ, дьиҥинэн. Ону Дьокуускайга киирэр суоллары сабан кэбиспиттэрэ. Өссө элбэх киһи кэлиэхтээҕэ. “Үс түмсүү” баар буолан “Триумф” кэнниттэн дьон салгыы айдаарбакка этэҥҥэ тарҕаспыта.
-Оттон ол түүн тыһыынчанан киргиз Дьокуускайтан суһаллык тэскилээбитэ диэн кэпсэл баара.
-12 тыһыынча диэн ГИБДД постарыгар аахпыт этилэр. Киргизтэр өрө туруу, буун диэни эттэринэн-хааннарынан билбит дьон. Ош айдааныгар – узбектар уонна киргизтэр кыргыһыыларыгар – хаан бөҕө тохтубута. Оннук буолуо диэн сэрэхэдийэн куоттахтара.
-Сахалар наһаа хаанымсаҕа суох норуот инибит.
-Оннук буоллаҕа. Ол итирик биир-икки уол оҕуруот аһынан тамнаммыта диэн аахсыллыбат. Ол барбыт 12 тыһ. киһиттэн сайын 8 тыһ. төннүбүтэ.
-Эн билигин “Модуҥҥа” тренердиигин?
-Мас тардыһар кыргыттары эрчийэбин. Саина Седалищева, Туйаара Орлова курдук аан дойду чемпионнардаахпын. “Бэлэм дьарыктаах кыргыттары ылан баран аат-суол оҥостор” дииллэр. Кырдьык, үчүгэй бэлэмнээх кэлбиттэрэ ону мин туох да диэбэппин, урукку тренердэрин өҥөлөрүн букатын соппоппун. Билигин “тренер” диэн көннөрү эти-хааны эрчийэр киһи эрэ буолбатах, ону ааһан күрэхтэһиилэри тэрийсэр, онно кытталларыгар айаннарын-суолларын үбүн-харчытын булар-талар киһи.
-Менеджер курдук?
-Сол курдук.
-Эһиги түмсүүгүт спорду эрэ тула мустубат, өссө итэҕэлгэ сыһыаннааххыт?
-Аар Айыы итэҕэлин [Владимир Кондаков] тутуһабыт. Ити арҕаа мыраан анныгар Аар Айыы итэҕэлин дьиэтэ баар, ону тутан, көрөн-истэн олорор далбар хотуннары “эдьийдэрбит” диэн ааттыыбыт. Кинилэри кытары элбэхтик алтыһабыт, кэпсэтэбит, сүбэлэһэбит. Өрөбүл аайы эр дьоҥҥо анаан алгыстары ыытабыт. Аармыйаҕа барар уолаттары алгыстаан атаарабыт, кэлбиттэри алҕаан көрсөбүт. Улуустарынан сылдьабыт.
-Ыччат итинник сиэргэ-туомҥа наадыйар буоллаҕына, ол аата духуобунаска наадыйар буоллаҕа?
-Ити култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ баар. Аата-ахсаана суох киһи үлэлиир. Култуураҕа үлэлииллэр быһыылаах, оттон духуобунай сайдыыга тугу гыналлара буолла… тугу сайыннараллара буолла? Частушка ааҕан тахсаллар. Ити аата “духуобунас” диэн буолар үһү дуо?!
-Түмсүү ол аата идеологиялаах. Спортка эбии итэҕэл… Оттон политика?
-Итэҕэл уонна политика дьүөрэлэспэт. Ойуур Байбал диэн эдэр депутат баар. Кини итэҕэли талар буоллаҕына “Единэй Россияттан”, уопсайынан партияттан тахсыахтаах. Мин инньэ диэн бэйэтигэр эппитим.
-Оттон бэйэҕит быыбарга “единэй” кандидатын өйөөбүккүт дии?
-Биһиги бэйэбит кыыспытын – саханы өйөөмүнэ, ол ханнык эрэ сымыйа дипломнаах киһини тоҕо өйүөхтээхпитий?
-“Сахатын иһин” диир хайдах эрэ буолуо, “киһи быһыытынан көрөн” диэххэ баара.
-Ханнык да түгэҥҥэ саха саханы өйөөмүнэ!
-Холобур, хаһан эрэ Тумууһабы “саха” диэн өйөөбүппүтүн курдук?
-Тумууһабы мин өйөөбөтөҕүм. Тылыгар турбат киһи!
-Оттон саха дии?
-Эн, соруйан миигин үктэтэн тылбыттан хабаары итинник ыйытыылары биэрэҕин?!
-Хайа, оттон ыйытар идэлээх киһи ыйытымына! “Сахатын иһин” өйүүбүн диигин буолбаат? Тумууһап саха буолбатах дуу?
Өһүргэнсэн түҥнэри-таары хайыһааһыннаах, куолас сонооһуннаах-үрдээһиннээх эҥин буолла. Уххан күөгэйэр күнүгэр “Сахаадаҕа” ойо-тэбэ сылдьара харахпар көстөн ылла. Бруталлары кытары сэлэспэтэх ырааппыт эбит, бурҕатыһан ыллыбыт.
-Дьахтар наһаа сайынна, үөрэхтэннэ, эр киһини сэниир буолла.
-Оттон дьахтар сайдыытын эр дьон ситэн, сайдан баһыйдаҕына? Дьахтары намтата сатаабакка эрэ? “Үс түмсүү” эргиччи сайдыылаах эр дьону иитэн таһаарара буоллар олус көдьүүстээх дьыала буолуох этэ.
-Эр киһи наһаа аҕыйах. Сэрии кэнниттэн ахсаанын чөлүгэр түһэриммэккэ турар. Ону ааһан куһаҕан дьаллыкка – арыгыга ылларыы, хаайыыга киирии туох да баһаам. Ити итэҕэл суоҕуттан эмиэ тахсар. Кыргыттарбыт даҕаны итэҕэллээхтэрэ буоллар балайда сэмэйдик тутта-хапта сылдьыах этилэр.
-Оттон “Үс түмсүүгэ” кыргыттары ылаҕыт?
-Улуустарга сырыттахпытына эр дьону, уолаттары мунньан кэпсэтэбит. Онно кыргыттар (алдьархай сытыылар) кэлэн “биһиги эмиэ киириэхпитин баҕарабыт” диэн ааны өҥөйөн тураллар. Ону “бэйи-бэйи, кыргыттарга анаан эдьийдэр кэлиэхтэрэ” диэн алы гынабыт. “Уҥа кынат” диэн кыргыттарга, дьахталларга анаан түмсүүбүт иһинэн тэриллии баар эрээри, билигин хотуулаахтык үлэлии илик. Син сыымайданан-сыымайданан сүнньэ түмүстэ, мантан бэттэх сыыйа-баайа үлэлиэхтэрэ дии саныыбын.
-Чэ, сөп. Эһиги тула араас сурах-садьык баар буоллун эрээри, бу эһиги курдук эр дьон түмсүүтэ баар буолуохтаах диэн санаа эмиэ баар. Холобур, Тургун Попов “урааҥхайдара” дьиэтэ-уота суох, быралгы сылдьар сордооҕу күлүү гынан сирэйин баахсанан бистэрэн баран видео устубуттарыгар, ол дьону бэйэлэрин кырааскалаан баран бырастыы гыннарбыттара. Онно үгүс киһи “көмүскүүр дьон баар эбит” диэн хайдах эрэ һык гыммыта.
-“Урааҥхайдары” кытары биһиги биирбит, бары бэйэ-бэйэбитин билсэбит, өйдөһөбүт. Кыра ол-бу боппуруоска санаабыт атын-атын буолуон сөп эрээри, улахан тирээн кэллэҕинэ бииргэбит. Биһигини “мээр дьоно”, “Айсыан дьоно” дииллэр үһү. Мин ким да киһитэ буолбатахпын! Көҥүл, санаам хоту олорор киһибин!
…Ити соторутааҕыта саха кыыһын көмүскээбиппит. Ону сорохтор “омугу кытары бэйэтэ барсыбыт, тоҕо көмүскээтиҥ” дииллэр. Хайдах көмүскүөхпүт суоҕай?! Хайдах да түстүн, быһыннын-ойуннун бэйэбит кыыспыт саха кыыһа буоллаҕа! Ити киһи сокуон да өттүнэн, сиэр да өттүнэн эппиэккэ тардыллыбыта. Оннук да буолуохтаах. Ити быһылаан кэнниттэн кыыс даҕаны өйө-санаата уларыйда, олох атын киһи буолла диэн чугас дьоно этэллэр.
Бу төлөппүөнүм нүөмэрин хаста да уларыттым, син биир булаллар. Көмүскээ диэн эрийэллэр, түүннэри-күнүстэри. Сороҕор наһаалыыллар. Бэйэм милииссийэҕэ, бастаан участковайынан Чурапчыга, онтон Дьокуускайга “Белый медведь” спецназка сулууспалаабытым, ханнык түгэҥҥэ дьыала тэрийэллэрин-тэрийбэттэрин билэбин. Өскөтүн үҥсүүгэ дьыала тэриллэр кыах суох буоллаҕына көмөлөһөбүт.
Ити кэнниттэн Макаров хас да түбэлтэлэри кэпсээтэ. Хайдах-туох быһылаан тахсарын, хайдах буруйдааҕы булалларын, эппиэккэ тардалларын. Милииссийэҕэ үлэлээбит киһи ирдиир үлэ ымпыгын-чымпыгын билэр.
-“Тыгын Дархаҥҥа” уһулуннуҥ? Артыыстыыр хайдах эбитий?
-Дыгын сэриитин баһылыга Хотоҕой Боотур оруолугар уһулуннум. Никита Аржаковка мин туспунан ким эрэ эппит быһыылааҕа, кэл, боруобалаа диэн ыҥырбыттарыгар тиийбитим… Киинэ диэн сүрдээх унньуктаах, сыралаах хара үлэ эбит.
-Иннокентий, кэпсэтиибитин түмэн түмүктээ эрэ.
– Кэлии дьон биһиги итэҕэлэ суохпутун көрөн сэнииллэр, бас-баттах сылдьарбытынан туһаналлар. Ол иһин төрүт итэҕэлбитигэр ыччаты иитэ сатыыбыт, батыһыннара сатыыбыт, такайа сатыыбыт. Сүбэлии-амалыы, күүс-көмө буола сатыыбыт. Сөптөөх суолунан барарга, сөптөөхтүк олорорго. муммакка-тэммэккэ, көмүскэллээх, сирдьиттээх буолалларыгар баҕарабыт. Бастатан туран, бэйэбитин билиннэхпитинэ – атын омук билиниэҕэ.
Аҕа саастаах доҕорум этэн турар: “Маннык киһи баар буолаары бааргын, дьону, ыччаты батыһыннарар киһи баар буоллуҥ. Таарыйтарбыттар баар буолуохтара, онно кыһаллыма. Дириҥ ууга киирдиҥ, кыталы буларга дьоҥҥун сирдээ. Бары хайдах тоҥхоҥноһо сылдьыахпытый. Биир көнө сүрүннээх, биир сөһүргэстээбэт киһи баара эрэли, бөҕөх санааны саҕар. Кыыһырбыккын биллэримэ, алы гынары тутус. Бастатан туран, бэйэбитин иитиэхтээхпит, дьэ, ол кэннэ атыттары”.
-Сөөп, махтал.
***
Кэпсэттэ Туйаара НУТЧИНА,
Aartyk.Ru
Андаатар киьитэ да
Борисовка тоҥхороҥнообото ини Киэсэ. Бэйэтэ бастаах киһи.
ментов бывших не бывает, ментам верить себя не уважать мудрость взятая из жизни
Пишешь как будто под зеками стелишься.
Саха саарына. Туох баарынан, кыайарынан дойдутун дьонугар кыЬалла, кемускуу сатыыр киЬи. Маннык дьоннор баар буоланнар Сир Ийэ тутуллан турда5а
бу макаров курдук эр дьонноох буоллахпытына сахалар өлөн охтон биэрбэппит. маладьыастар ,,үс түмсүүлэр,,
Бэртээхэй киhи . Саха чулуу уола . Доруобуйаны , бары учугэйи ба5арабын Кеша5а .
Федя тэрийбит хамсааһына , Сулустаана Сомоҕотун утары.
Бастакы сыаллара оннук.
Онтон кэлин сыал уларыйар буоллаҕа , хаһан баҕар буоларын курдук
Ханнык федя
федор борисов будущий ил дархан преемник беа
Тупой мамбет. Что еще можно сказать.
Дьин,нээх саха дьуьуннээх, эдэр ыччат туьунан толкуйдуур, уолаттары тумэр, кыргыттары к8мускуур киьи эбит.
Кырдьыгы этэр, сорох кыргыттар аьара харахха быра5ыллар курдук тутталлар, онтон ханнык эрэ иирээки саба тустэ диэн буолар. Общество5а араас ыарыьах, агрессивнай, иитиитэ суох дьон баалларын билиэхтээхтэр. Киирэн биэриэ суохтаахтар.
Молодец, саха мужчина должен быть сильным, крепким, раньше хозяинами мужчины были. И вера обязательно должна быть, для девочек со школы должны обучать скромности, чести. Насчет министерства культуры точно сказал, кому нужны частушки итд, поддержать нужно таких людей,
Пустышка.Тылыгар турбат мэнээх киhи.Никакого уважения к нему.Корякина диэн акаары сэлээччэх дьахтары сахалар ааттарыттан кемускэhэн сахалары позорга киллэрдэ.
И. Макаров бэйэтин коннору Кисибин (личноспын) диир уонна атын Кисилэргэ(личностарга) хайдах туох сылдьалларын модьуйар, ыйытар бырааптаах курдук сананар эбит. Хантан ылбыт бырааба? Депутат Ойуур Байбалга бэл бэйэтигэр эппитим диэн депутаты дьасайар курдук эппит. Ойуур Байбал законнай статустаах, онтон Макаров? Итэгэл уонна политика дьуорэлэспэттэр диир, бу улугэр аан дойду урдунэн итэгэл политика биир буолбут кэмигэр. Ус тумсуулэр хайа эрэ политтгы ойууллэрэ ойооботторо, общественнай миэстэгэ рейдэ онороллоро, Триумф событиетыгар кыттыылара политика буолбакка тугуй? Аны сахатын кыргыттарын тусунан атын омук аксакалларын истэн дьууллуур эбит. Саатар Саха аксакаллара этэллэр диэбэтэх. Ол аата бу киси атын омук дьонун санааларынан сылдьар дуо? Уопсай ойо санаата дьинэ кусагана суох буолан баран улахан общественнай хамсаасыны салайара ситэ хото, булкулуута элбэх киси курдук.
“Кеннеру” дьикти киьи быьылааххын Уранхай уолаттара Ус Тумсуу эр бэртэрэ эн биьи курдук мелтех сахалары кемускууллэрин туохха утардын, сирдин. Уолттар круто кэпсэтэллэр