Вадим Семенов: «Биһиги, киирсэргэ бэлэммит!»
Бүгүн, биһиги киэн туттар киһибит Дмитрий Петрович Коркин аатынан көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы турнир чэрчитинэн, бу улахан таһымнаах күрэхтэһиини тэрийэн ыытар СР Спорка бэлэмнэнии киинин салалтатын көҕүлээһининэн, хамаанда бэлэмнэниитин билсиигэ суруналыыстарга анаан «аһаҕас аан күнэ» буолла.
Эрчиллии саҕаланыыта Саха сирин көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тренерэ Вадим Семенов дьарык былаанын, инники сыаллары-соруктары иһитиннэрдэ.
Дьэ, ол кэнниттэн эрчиллии сүүрүүнэн саҕаланна. Манна, Д.П. Коркин турнирыгар кыттыахтаах бөҕөстөрбүт уонна Монголия уолаттара кытыннылар. Ол курдук, Константин Капрынов, Александр Авелов, Любомир Ашеин, Федор Постников, Владислав Кривошапкин, Никита Хабаров, Манчаары Ильинов, Владимир Бояновскай, Яков Павлов, Ньургун Сергин, Виктор Яковлев, Владимир Егоров, Арыйаан Тютрин, Айаал Белолюбскай уо.д.а. бааллар.
Эрчиллиигэ тренердэр: Прокопий Петров, Егор Пономарев, Артур Константинов, Иван Дмитриев, Николай Рожин, Василий Уваров, Альберт Макаров, Владимир Кириллин уо.д.а. бииргэ үлэлэстилэр. Биллиилээх бөҕөс Айаал Лазарев эдэрдэри кытта тиритэ-хорута эрчиллибитин көрөн, көбүөргэ төннөөрү гыммыт дуу дии санаатым.
Дьарык кэмигэр хамаанда сүрүн тренерэ Вадим Семеновтан аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүм.
— Дьэ, Коркин турнира чугаһаата, уолаттар бэлэмнэрин хайдах сыаналыыгын, эрчиллии бу күннэргэ хайдах быһыылаахтык бара турарый?
— Уолаттар бэлэмнэр диэххэ сөп. Бу иннинэ В.П. Керемясов аатынан Дьокуускай куорат чемпионата уонна Е.Д. Кычкин кэриэһигэр республика аһаҕас турнира буоллулар. Бу курэхтэһиилэр биһиэхэ көмөлөөх буоллулар дии саныыбыт. Анал үөрэтэр-эрчийэр түмсүүбүт этэҥҥэ түмүктэнэн эрэр. Билигин бөҕөстөргө ыйааһын түһэриитэ, күрэхтэһии иннинээҕи бэйэни бэлэмнээһин (подводка) буола турар.
— Турнирга биһигиттэн төһө киһи кыттыай?
— Саха сириттэн сүүсчэкэ уол кыттыаҕа. Сүрүн састаапка эчэйиилээх Ньургун Сергинтэн уонна аармыйаҕа ыҥырыллыбыт Василий Григорьевтан уратылар бары тустуохтара. Эдэр уолаттары хааччахтаабаккабыт, бэйэлэрин дьиэлэригэр-уоттарыгар туһуннуннар диэммит, киллэртиибит.
— Хаалбыт күннэргэ эрчиллии хайдах ыытылларый?
— Күрэхтэһии саҕаланара үс күн хаалла. Ыйааһын түһэриитэ, тутуута, күҥҥэ биир дьарык, хас биирдии бөҕөс тус тренерин кытта эбии үлэлэһэ сылдьар.
— Түһүлгэ састаабын туһунан тугу этиэҥ этэй?
— Япония, Иран хамаандалара кэлэллэр, бэйэбит дойдубут тустуулаах регионнарыттан биирдиилээн күүстээх бөҕөстөр эмиэ кэлэллэр. Иркутскай, Бурятия, Тыва күүстээх састаабынан кыттыахтара. Биһиги киирсэргэ бэлэммит. Күүстээхтэр кэлэллэрэ үчүгэй буоллаҕа дии.
— Коркин турнирын кэнниттэн сыал-сорук хайдаҕый?
— Кэлэр нэдиэлэҕэ, сэтинньи 28-29 күннэригэр Александр Крылов кэриэһигэр Бүтүн Россиятааҕы турнир ыытыллар. Онно тустуохпут, эмиэ бу састаабынан уонна Красноярскайга анал үөрэтэр-эрчийэр түмсүү буолуохтаах. Онно кыттыахпыт. Ахсынньы 19-20 күннэригэр Д.Г. Миндиашвили турнира баар. Саҥа дьыл кэнниттэн тута Иван Ярыгин турнирыгар бэлэмнэнии саҕаланыа. Ити курдук.
— Буолаары турар Коркин турнирыгар, сэрэйдэххэ, хайдах кыттарга, төһө мэтээли ыларга хамаанда иннигэр сыал-сорук баар буолуохтаах…
— Бэйэбит испитигэр сыал-сорук баар бөҕө буоллаҕа дии. Төһө кыалларынан ситиһиилээхтик кыттарга суоттанабыт. Былырыын холобура, Д.П. Коркин турнирыгар түөрт уолбут бастаабыта, бэһис киһибит Виктор Рассадин кыайбыта. Бу да сырыыга уолаттарбытыгар эрэнэбит, киирсиэхтэрэ.
— Махтал, Вадим Эдуардович! Бөҕөстөрбүт бэйэлэрин дьиэлэригэр-уоттарыгар ситиһиилээхтик кыттан, бар дьоннорун үөрдэллэригэр баҕарабыт!
***
Петр ПАВЛОВ
Ааптар хаартыската
Источник: “Дьулурҕан”
Оставить комментарий