Үөрүүлээтик аһыллыыта
Бырааһынньыктыы киэргэтиллибит, көрөөччүлэринэн ыып-ыччары туолбут “Триумф” спорт уораҕайыгар, киэһэ биэс чааска, олорор сир буолан, үөһэнэн-алларанан, тырыбыналарга, үс тустуу көбүөрдэрин тула, итиэннэ, бочуоттаах ыалдьыттарга, өрөспүүбүлүкэ салайааччыларыгар, тустуу Федерациятыгар анаммыт VIP, судьуйалар, суруналыыстар сиэктэрдэрин аттынан, олоппостор тиийбэттэринэн, тура, хаама сылдьааччылар элбэхтэр. Оҕолор, ыччаттар, аҕам саастаахтар хото кэлбиттэрэ үөртэ. Ыытааччылар Сардаана Федорова, Алексей Константинов, омук тылын тылбаасчыттара Дария Иванова (Обулахова), Айсен Прокопьев, модератор Петр Говоров арылхай, чуор куоластара сырдыкка, үрдүккэ угуйдулар. Сергей Зверев – Кыыл Уола аатынан саха национальнай оркестрын салайааччыта уонна дирижера Николай Петров салалтатынан үөрүүлээх дьаһал сүрүн түгэннэрин доҕуһуоллаата. Саха эстрадатын үҥкүүһүттэрин, ырыаһыттарын уонна Саха-цииркэтин тэйиэккэлэс артыыстарын толоруулара сүрэхтэри долгута сөхтөрдө. Араас өҥнөөх уоттарынан күлүмнүүр-чаҕылыҥныыр уот-күөс, кэпсии-ипсии турар улахан экраннар түһүлгэни тупсардылар, киэргэттилэр. Иккис этээс көрүдүөрүгэр буфеттар үлэлээтилэр, спорка аналлаах көстүүмнэр үгүөрү буоллулар. Илэ-чахчы, спорт сүдү бырааһынньыга!
Иһирдьэ, күөн-күрэс түрбүөннээх түһүлгэтигэр киирээти кытта Д.П. Коркин уонна чыпчаалы дабайбыт, саха норуотугар дьолу-соргуну аҕалбыт албан аатырбыт олимпиец-уолаттара Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов күлүмнүүр-чаҕылыҥныыр дьоһун мэтириэттэрэ харахха быраҕыллаллар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков, Россия көҥүл тустууга бас-көс тренерэ Хаджимурад Гацалов, Ил Түмэн депутата, Олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин, Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера Александр Иванов Киин түһүлгэҕэ тахсан турдулар, бар-дьоҥҥо туһаайан эҕэрдэлэрин анаатылар.

Кирилл Евгеньевич Бычков улуу тренер Д.П. Коркин 1950-60 сыллардаахха тустуу секциятын үлэлэппитин, спортоскуола тэрийэн, ССРС, Европа, аан дойду, Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрин, призердарын, элбэх норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэр кыайыылаахтарын иитэн таһаартаабытын, тыйыс айылҕалаах хоту сиртэн, Чурапчы курдук тыа сирин кыра бөһүөлэгиттэн аан дойду үрдэллэригэр тиийиэххэ сөбүн бүтүн киһи-аймахха итэҕэппитин, история ити түгэниттэн ыла саха тустуута күн бүгүнүгэр диэри аар-саарга аатыра, киэҥник биллэ турарын, үтүө үгэстэр салҕана туралларын, онуоха, Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов номоххо сылдьар бөҕөстөр буолалларын, саха тустуутун аан дойдуга аатырдыбыттарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Д.П. Коркин норуоттар икки ардыларынааҕы турнира олимпийскай таһымҥа тэҥнээх улахан дьаһал буоларын, турнир тэрийээччилэригэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тустууга Федерациятын президенигэр, өрөспүүбүлүкэ Аҕа Баһылыгар Айсен Сергеевич Николаевка, Федерация 1-кы вице-президенигэр, аан дойду икки төгүллээх чөмпүйүөнүгэр Виктор Николаевич Лебедевкэ махталын биллэрдэ. Турнирга кыттыыны ыла кэлбит ыалдьыттарга эҕэрдэтин тиэртэ.
Салгыы, Кирилл Бычков Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын Ыйааҕынан физическэй культураны уонна спорду, чөл олоҕу пропагандалааһыҥҥа уонна сайыннарыыга киллэрбит уһулуччулаах кылаатын, итиэннэ, утумнаах общественнай үлэтин иһин, “2026 с. физическэй культура уонна спорт эйгэтигэр Д.П. Коркин аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Государственнай бириэмийэтин уонна лауреатын” дастабырыанньатын уонна түөскэ анньыллар бэлиэни Саха Өрөспүүблүкэтин спорка албан аатын Музейын дириэктэригэр, көҥүл тустууга ССРС спордун маастарыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй кудьтураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитигэр, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕор Михаил Егорович Друзьяновка, итини сэргэ, 1976 с. Монреаль Олимпиадатыттан кыһыл уонна үрүҥ көмүс мэтээллэри аҕалбыт П.П. Пинигиҥҥэ, А.Н. Ивановка, Р.М. Дмитриев кэргэнигэр Антонина Софроновнаҕа 500-түү тыһ.солк.сэртэпикээттэри туттартаабыта дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна!
Олимпийскай чөмпүйүөн, Россия көҥүл тустууга бас-көс тренерэ Хаджимурад Солтанович Гацалов бэйэтин эҕэрдэтигэр, Коркин турнира үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыбытыгар махтанна, ситиһиилэри баҕарда
Олимпийскай чөмпүйүөн, норуот депутата Павел Павлович Пинигин элбэх турнирдарга сылдьыбытын тухары, Коркин турнирнирын курдук үрдүк тэрээһиннээх турниры билэ-көрө илигин бэлиэтээтэ уонна бу сылга тиксибит үөрүүлэрин кытта үллэһиннэ. Ол курдук, “Нөмүгү” килиэбин собуотун салайааччыта Вячеслав Анатольевич Нестеров сылгы үөрүн бэлэхтээбитин, Канада Монреаль куоратыгар ыытан, 50 сыллааҕыта тустубут, сылдьыбыт сирэринэн, дьэ, наҕылыччы көрөр кыаҕы үөскэппитин; Виктор Николаевич Лебедев АХШ Лас-Вегас куоартыгар ыччаттарга аан дойду чемпионатыгар командировкалаабытын; “Прогресс” тутуу тэрилтэтин салайааччыта, хаан быраата Алексей Семенович Пинигин мэлдьитин өйүүрүн, биир дойдулаахтара чурапчылар үс убаһа бэлэхтээбиттэрин; Тываттан кэлэ сылдьар доҕоругар, норуоттар икки радыларынааҕы кылаастах спорт маастарыгар, спорка миниистирдээбит, норуот депутата Радислав Николаевич Наважапка дойдутугар ыҥыран сырытыннарбытын; Агинскай-Бурятскай уокурук президенэ, Азия чөмпүйүөнэ, спорт үтүөлээх маастара Жамсо Жалсанович Лхамажапов ыҥыран ыалдьыттаппыттарын, ыраас хааннаах “Формигал” диэн сүүрүк аты бэлэхтээбиттэрин, булчут сахалар аты таптыылларын, үөрүүлээх түгэннэриттэн үллэһиннэ.
Олимпийскай оонньуулар үрүө көмүс призера, ССРС спордун үтүөлээх маастара Александр Николаевич Иванов Д.П. Коркин уонна Р.М. Дмитриев сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн биир мүнүүтэ сүһүөххэ турарга көрдөстө.
Хапсыһыылар
Икки күн устата үс көбүөрүнэн сытыы бырахсыылардаах хапсыһыылар, олор истэригэр, ыйааһыннар аайы сахалар бааллара, болҕомто киинигэр турдулар. Элбэхтэн элбэх, аҕыйахтан аҕыйах оҕунна. Туоратыһан туоратыһан, бастыҥнар финалларга тиийдилэр.

57 кг биһи тарбахха баттанар күүстээх бөҕөстөрбүт, аан дойду уонна Европа призера 33 саастаах Арыйаан Тютрин уонна Коркин турнирын икки төгүллээх кыайыылааҕа, эдэрдэргэ Европа чөмпүйүөнэ, Россия призера, 23 саастаах Лев Павлов иэмэх талахтыы эрийсибиттэригэр, баай уопуттаах Арыйаан Тютрин 6:4 баһыйда. Тываттан Аяндай Ондар, Кежик Седен үһүс буоллулар. 61 кг Акито Мукаида (Япония) бастакы, Баир Баяндуев (Бурятия) иккис, Яков Павлов (Саха), Бато Сультимов (Бурятия) үһүс миэстэлэннилэр; 65 кг Чаян Монгуш (Иркутскай уобалас), Кежик Монгуш (Иркутскай уобалас), Владимир Кривошапкин (Саха), Юлиан Григорьев (Саха), туһааннааҕынан, бастакы, иккис, үһүс миэстэлэннилэр. 70 кг Игорь Матвеев (Саха), Константин Топшиноев (Иркутскай), Алик Хадарцев (Московскай уобалас), Алибек Осмонов (Кыргызстан);

74 кг Анзор Закуев (Крым), Владимир Бояновскай (Саха), Резуан Кажаров (Адыгея), Алексей Вензель (Саха); 79 кг Никита Сучков (Красноярскай), Дмитрий Куприн (Красноярскай), Ахмед Магомедов (Македония) Дмитрий Будажапов (Иркутскай); 86 кг Артур Найфонов (Ханты-Мансийскай), Азрет Улимбашев (Красноярскай), Буянто Шадапов (Бурятия), Баир Бурцев (Саха); 92 кг Азамат Хадзарагов (Запорожскай уобалас), Азамат Закуев (Крым), Никита Софронов (Саха), Абубакр Абакаров (Азербайджан); 97 кг Бады-Маадыр Самдан (Тыва), Юрий Иванов (Иркутскай уобалас), Константин Пшеничников (Кемеровскай уобалас), Александр Гуштын (Белорусь);

125 кг Мухамад Гантемиров (Азербайджан), Никита Хабаров (Саха), Остап Пасенок (Кемеровскай уобалас), Харысхан Баппаҕай (Хотугу Осетия – Саха) бастакы, иккис, үһүс миэстэлэннилэр. Туһааннааҕынан, 300-200-100тыһ.солк. өйдөбүнньүк мэтээллэринэн биһирэннилэр. Уолаттарбыт 11 мэтээллэннилэр, о.и. икки кыһыл көмүс, икки үрүҥ көмүс, сэттэ боруонса. Тустуулаахпытын итэҕэттибит.

Турнир сүрүн бирииһэ – “үрүҥ көмүс борцовка” Токиотааҕы Олимпийскай оонньуулар боруонса уонна аан дойду боруонса призеругар, Европа үс төгүллээх чөмпүйүөнүгэр Артур Найфоновка туттарылынна.
Санаалар
Кыһыл көмүс хаһаайына Арыйаан Тютрин (Уус-Алдан):

“Турнир этэҥҥэ ааста. Көрөөччү элбэҕиттэн астынным. Белоруссия сүүмэрдэммит хамаандатыгар бигэтик сылдьабын. Сыл устата Ярыгин, Медведь, Саркисян турнирдарын, Европа чемпионатын мэтээллэрин ылаттаабытым. “Объемум” элбэх. Алталыы ый буола-буола дойдубар кэлэн сынньанан, бултаан-алтаан, күүс-уох ылынан барабын. Айылҕаҕа сылдьарбын, бултуурбун сөбүлүүбүн, төрүттэрбит үгэстэрин тутуһабын. Лев Павловтыын бииргэ эрчиллэбит. Тыҥааһаннаах финал буолара биллэрэ, оннук да буолла. Ярыгины көтүтэрим буолуо. Белоруссия чемпионатыгар, рейтинговай турнирдарга кыттыахтаахпын”.
Үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситиспитВладимир Бояновскай (Чурапчы института):

“Хоттордум, туох да диэбэппин. Өссө күүстээх үлэ күүтэр. Санныбын эчэппитим балтараа сыл буолла, эпэрээссийэм үчүгэйдик оһо илик. Закуевы оҕо эрдэхпиттэн билэбин, сымнаҕас үчүгэй уол. Тустуу табыллардаах-табыллыбаттаах. Кыайыам дии саныыбын. Кими баҕарар кытта киирсиэххэ сөп. Толлубаппын. Чурапчы спортоскуолатыгар Иннокентий Семенович Посельскайга эрчиллибитим. Билигин Артур Константинович Константиновка дьарыктанабын. Коркин турнирын үрдэлигэр турар баҕа санаа уруккаттан баара. Былырыын төрдүс буолбутум, быйыл иккис буоллум. Онон эбиллии баар”.

Саамай ыарахан ыйааһыннаахтарга үрүҥ көмүс мэтээл хаһаайына Никита Хабаров(Муома): “Дьиҥинэн, бастыахпын баҕарбытым. Өр бэлэмнэммитим. Турнирга бэйэлэрин кыахтарыгар эрэнэр, күүстээхтэр уолаттар кэлэллэр. Мөлтөхпүн дэнэр тустуук суоҕа буолуо. Күүс өттүнэн үлэ наада. Манна, “Триумфка” дьарыктанабын. Мин ыйааһыммар уолаттар бааллар. Бу турнирга утарсааччыларым хайдах тусталларын көрбөтүм. Ханна ыыталларынан баран кыттааччыбын. Уопут ылар наада. Билигин Крылов турнирыгар кыттыам. Ярыгиҥҥа путевка баар буоллаҕына кыттыам. Тренердэрим тугу дииллэринэн. Күн аайы дьарыктанабыт, көтүппэппин. Инникитин тустар санаалар ааллар. Дойдубун ахтабын, сылдьыбатаҕым сылтан орто. Ситиһиибин ыстаада табаһыта убайбар Юрий Яковлевич Слепцовка аныыбын, миэхэ ыалдьар, наар сибээскэ баар. Тустууну көрүҥ, сэргээҥ, уолаттары өйөөҥ, барыта табыллыа”.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүүмэрдэммит хамаандатын бэлэмниир Киин дириэктэрэ Михаил Дмитриевич Пахомов: “Коркин турнирын тустууну таптыыр көрөөччүлэрбитигэр, спортсменнарбытыгар, ыалдьыттарбытыгар анаан тэрийдибит, оҥордубут. Кыһалла сатаатыбыт. Көрөөччү элбэҕэ үөртэ. Үчүгэйдик ааста дииллэр, онтон биһи тэрийээччилэр астынабыт. Бөҕөстөрбүт 10 ыйааһыҥҥа барытыгар туһуннулар. Левтээх Арыйаан киирсиилэрэ кэтэһиилээх буолла. Баай уопут кыайда. Лев инникитин өссө күүскэ дьарыктанан, Арыйаантан реванш ыларга дьулуһуохтаах. Бэйэ бэйэлэрин кытта киирсэр диэн буолбатах. Биһи сүрүн сорукпут саха уолаттара аан дойдуну, олимпиаданы кыайалларыгар. Ол иһин үчүгэй хапсыһыы буолла дии санаатым. Үчүгэйдик кииристилэр. Игорь Матвеев, Никита Хабаров бэккэ туһуннулар. Билигин Ярыгин турнирыгар бэлэмнэнии саҕаланар. Красноярскайга эрдэ сбордарга ыыталыахпыт. Сорохтор манна хаалан дьиэлэригэр-уоттарыгар дьарыктаныахтара. Спорду көрүҥ, таптааҥ, саха тустуута инникилээх буоллун, инники сырыттын диэн баҕа санаалаахпын. Дмитриев, Пинигин, Иванов курдук олимпийскай чөмпүйүөннэр Сахабыт сиригэр баар буолалларыгар баҕарабын”.

Коркин турнира үтүө санаалары сахта.
***
Баһылай Посельскай
Ааптар: Спорт Якутия
Оставить комментарий