ТИҺЭХ АЛТЫҺЫЫМ ЭБИТ
Бу кэрэ киһини кытта тиһэх алтыһыым бу сыл алтынньы 8 күнүгэр “Эйэни баҕарабын!” кинигэм сүрэхтэниитигэр Киин библиотекаҕа буолбут эбит. Георгий Михайлович Артемьев бэрт сэргэх көрүҥнээҕэ, миигин өйүү кэлиэхтээҕин билэрим, махтана санаабытым…
Кинини кытта бастакы көрсүһүүм 1989 сыллаахха Алексеевскай оройуоҥҥа ССКП райкомун бастакы сэкиритээринэн үлэлии олордоҕуна этэ. Кинини ити кэмҥэ 12 №-дээх Ытык Күөллээҕи быыбардыыр уокурукка Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутатыгар кандидатынан туруорбуттара.
Георгий Михайлович кылгас эрээри олох бары эйгэтин хабар программатын ааҕаат көрдөөн ылбытым. Тоҕо диэтэххэ, араас программалары аахтаҕым, тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, историяны кырдьыгынан сыаналыырга кини тус көрүүлэрэ атыттартан уратылааҕа. Онно бааллара: “Иһэр ууну, салгыны буортулааһыны бопсуу”; “Бөдөҥ тутуулары кичэллээх экологическай уонна экономическай чинчийии, үөрэтии уонна иһитиннэрэн-биллэрэн иһии кэнниттэн тутар буолууну олохтооһун”; “Оройуон историческай – географическай аатын төнүннэриигэ сиэрдээх көрдөһүүлэри бүтэһиктээхтик быһаартарыы”; “Олоҕо суох балыырга түбэһэн репрессияламмыттары салгыы тилиннэрии”. Хайдах курдугуй!? Мин райком бастакы сэкэритээриттэн манныгы күүппэтэҕим.
Кэлин, кини программатыгар киирбит, “Таатта” историческай ааты төнүннэриини уонна балыллан репрессияламмыттары тилиннэриини дьиҥ кыаҕын туһанан олоххо киллэрбититтэн сөхпүтүм. Маны дьон сөбүлүүр, өйүүр уонна үөһээ салалта да сыаналыыр киһитэ кыайыахтааҕа.
“Кыым” суруналыыһа Н.Атласов, Ньурбаҕа үлэлии сылдьан, “Ленининскэй” ааты ууратан историческайы төнүннэриэххэ” диэн кэбиһэн буруйдаммыта биллэрэ. Ол иһин Г.Артемьев кыайыыта сөҕүмэр уонна атыттарга кэлин үтүө холобур буолбута кырдьыктаах. Ити кэнниттэн Ньурба уонна Хаҥалас төрүт ааттара төннөрүллүбүтэ. 1931 сыллаахха тэриллибит Саккырыыр оройуона 1962 сыллаахха икки аҥы хайа тардыллан Кэбээйигэ уонна Үөһээ Дьааҥыга бэриллибитин Василий Васильевич Горохов эмиэ Артемьевтыын туруорсан “Эбээн – Бытантай” национальнай оройуон оҥотторбуттара.
Г.Артемьевы кытта иккис көрсүһүүм Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр солбуйааччы миниистир буолан олордоҕуна этэ. Тыла-өһө олохтооҕо, дьыала ис дьиҥин билэрэ, саҥа кэлбит киһи диэтэххэ иҥнэн-толлон турбата астык этэ. Аньыыбын тугу кистиэмий, “дьэ киһилии салайааччы кэлбит” диэн үөрбүтүм. Радиацияттан куттал суох буолуутугар аналлаах Арассыыйа үгүс специалистара ыҥырыылаах уустук конференцияны бэккэ салайан ыыппыта. Сааһын тухары тыа сиригэр үлэлээбит киһи диэтэххэ, нууччалыы хомоҕойдук саҥарара, учуонайдары кытта иҥнибэккэ быһаарсан, дьаһайсан иһэрэ сөхтөрбүтэ. Хомойуох иһин, кини министиэристибэҕэ өр үлэлээбэтэҕэ, ол бэйэтэ туспа төрүөттээҕэ.
Атын үлэҕэ барбытын да кэннэ, алтыһар, көрсөн санаа үллэстэр буолбуппут. Мин дойдубар – Уус-Алдан Хоротугар, Чараҥҥа эдэркээн кэргэнэ Шура урут кэлэн агрономныы сырыттаҕына тиийбит. 21 сааһыгар партия чилиэнэ буола охсубут, туохха барытыгар наһаа актыыбынай, эрчимнээх киһини ол Чараҥҥа “Маяк” холкуоска биригэдьииринэн анаабыттар. Бу эдэр дьон инники олоххо мантан кынаттаммыттар. Георгий Михайлович маны кэпсээбитин наһаа чугастык ылыммытым. Миигиттэн сааһынан төһө да 5 сыл балыһын иһин үлэлээбитэ элбэҕэ, анаарыыта киэҥэ, чиэһинэйэ, киһиэхэ сыһыана биир тэҥэ, барытыгар принциптээҕэ, кэннинэн кэхтибэт майгыта бэйэтигэр тардар күүһэ ураты этэ.
Айылҕа харыстабылыгар үлэбин билэ-көрө сылдьарыттан сөхпүтүм. Хаһыаттарга суруйууларбын сөбүлүүрүн биллэрбиттээх. Манчаары сырдык аатын көмүскээн хас да ыстатыйалааҕым, ол дьону өһүргэппитэ элбэх, оттон кинини – суох. Төрүөтүн кэлин билбитим: Тааттаҕа уонна Мэҥэ-Хаҥаласка үлэлиир кэмнэригэр үгүстүк туруорсан Манчаарыны норуот дьоруойа оҥотторбут кини эбит.
Ыраахтааҕыны утары турбут Емельян Пугачевка көмөлөспүт, кэлин хаатыргаҕа өлбүт башкир омук чулуу уолун Салават Юлаев аатынан куорат, онно баараҕай памятник, аатырбыт хоккей хамаандата баар; Кинээс кыыһын Волга түгэҕэр быраҕар Степан Разин историяҕа хаалбыта; Англиялар Робин Гудтара баай дьону халыыра, дьадаҥыларга түҥэтэрэ. Бу дьон бары ырыаҕа ылланаллар, тойукка хоһуллаллар, үйэлэр тухары үтүө тылынан ахтыллаллар. Оттон биһиги Манчаарыбыт тоҕо ахтыллыа суохтааҕый, кинини норуот бэйэтэ, кимтэн да ыйыппакка номоххо киллэрбитэ, ырыатыгар холбообута, таптаабыта эбээт. Георгий Михайлович биһиги итини түөһэр эбиппит: кини наадалаах дьаһал ылан, эрчимнээхтик туруорсан, оттон мин – ыстатыйа оҕотунан холуннарааччылары утаран.
Саха Республикатын 5-с ыҥырыылаах Государственнай Мунньаҕын (Ил Түмэн) депутаттарыгар ыҥырыыны суруйарга кини этии киллэрбитэ. 2014 сыл сааһыары (10 сыл ааспыт) ый аҥаара үлэлээн түмүктээбиппит. Сахалыы тылбааһын оҥорооччу мин буолтум. Экономист-учуонай Н.Н.Тихоновы көмөҕө ыҥырбыппыт, кэлин Намтан Е.М.Ларионов кэлэн баҕаран туран үлэлэспитэ.
Георгий Михайлович уонна Егор Михайлович депутаат буолан уурайбыт кэмнэрэ эрээри парламент үлэтин кэтии, сыана быһа сылдьаллара Ыҥырыы суруйарга күһэйдэҕэ. Сурукка бары эйгэ хабыллар уонна ону дьокутааттар өйүүллэригэр ыҥырар ис хоһоонноох. Тыа хаһаайыстыбатын проблемата, промышленность эйгэтэ, туһалаах баай босхону эрэ үрдүнэн атыыланан эрэрэ, о.д.а. Ыҥырыыга киирбиттэрэ. Маннык этиилэр кытта бааллара:
“Томтор” баайа сөптөөхтүк бэлэмнэнии үлэ ыытыллыбытын, научнай чинчийии сиһилии оҥоһуллубутун уонна руданы хостооһуҥҥа, байытыыга харысхаллаах инники технология олоххо киирбитин эрэ кэннэ хостонуохтаах”; “Экологическай быраабы кэһии иһин административнай эппиэтинэс туһунан” Саха Республикатын Үрдүкү Сэбиэтэ 1993 сыллаахха ылыммыт Сокуонун чөлүгэр түһэриэххэ”.
Сурук ис хоһоонун билсэн баран араас биллиилээх дьон илии баттаабыттара (уопсайа 19 киһи) уонна ол Ил Түмэн аатыгар тиэрдиллибитэ, нууччалыы-сахалыы хаһыаттарга бэчээттэммитэ. Салалта уонна депутааттар маны улахаҥҥа уурбатахтара.
Платон Ойуунускай 125 сааһын туолуутугар Орджоникидзе болуоссатын кини аатыгар кубулутууга 2000 буоппус хомуллубута. Серго Дьокуускайга 2 эрэ ый олорбутугар кини аата улахан киин уулуссаҕа иҥэриллибитэ да сөптөөх этэ. Ойуунускай аатын болуоссакка иҥэрдэххэ кини театра баарынан, памятнига турарынан биир кэлим ансаамбыл ситиһиллиэхтээҕэ. “Дьиэтэ баар (театр), бэйэтэ турар (памятнига), арай тэлгэһэтэ (болуоссат) атын киһи киэнэ” диирбит. Манна хомуньуустар лиидэрдэрэ В.Губарев “тыыллан-хабыллан” турбута. Кини суругуттан:
”…Нельзя же, в конце концов, брать пример с властей нынешней Украины или стран Балтии, которые таким путем пытаются разыграть национальную карту и переписать историю”.
Куруутун “националистар” дьаралыктаах таатталары бу да сөп оҥорбута – “хорооҥҥо” түспүттэрэ. Арай, Георгий Михайлович саараҥа суох биһиэхэ кэлбитэ, көмөлөһө сатаабыта, ол аата – салалтатын утарартан туттумматаҕа.
Кыаттарбыппыт – болуоссат аатын уларыппатахтара. Билигин Ойуунускай аатын сүгэр Саха академическай театрын көһөрөр үһүлэр, оччоҕо улуу киһибит памятнига соҕотохсуйбут, тулаайахсыйбыт көрүҥнээх туспа тэлгэһэҕэ тураахтыа буоллаҕа…
Вице-президент Евгения Исаевна Михайлова “үрдүк аатыгар” Георгий Михайлович биһиги бырачыас биллэрбиппит. Ити Саха государственнай университетын Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университетка уларытыынан сибээстээх. Манна ректорынан Е.И.Михайлова ананара үгүс дьону, ордук ветераннары, долгуппута. М.Иванов – Багдарыын Сүлбэ уонна Сэрии уонна педагогическай үлэ ветерана Г.Е.Апросимов утуу-субуу РФ президенин Д.Медведев аатыгар Е.Михайлова ректорынан ананара сыыһатын ыйан сурук суруйбуттара. Биһиги ити ветераннары өйүүргэ быһаарынан Д.Медведев уонна В.Путин ааттарыгар үһүс суругу ыыппыппыт.
Сурукпут текстэ Уххан Уйбаан сайтыгар тахса охсон хаалбыта. Биһиги Е.Михайлова үөрэх миниистиринэн, правительство солбуйар бэрэссэдээтэлинэн, онтон вице-президент дуоһунаһыгар үлэлээбит кэмнэригэр Одьулууҥҥа уонна Сыдыбылга буолбут трагедиялары билэр, онтон саллыбыт аҕай дьон этибит.
Одьулууҥҥа уопсай дьиэ умайан 17 оҕо өлбүтэ, 12 эмсэҕэлээбитэ. Бу 1996 с. кулун тутарга Е.Михайлова үөрэх миниистиринэн үлэлиир кэмигэр тахсыбыта. Силиэстийэ кэнниттэн суут уурааҕар маннык тыллар бааллара:
“Отметить неудовлетворительную работу Министерства образования РС(Я) (министр Михайлова Е.И.)”.
Е.Михайлова ити кэнниттэн, хайа да дуоһунаска олордор, кини үлэтэ үөрэҕириини кытта ыкса сибээстээҕэ, ону хонтуруоллуур, дьаһайсар эбээһинэстээҕэ. 2003 с. муус устарга Сыдыбылга оскуола умайан 22 оҕо уокка умайан өлүүтэ кини хонтуруоллуур үлэтин кытта быһаччы сибээстээҕэ: уот ситимэ куһаҕаныттан баһаар буолбутун силиэстийэ быһаарбыта; бүтүн Бүлүү улууһун үөрэҕин салаатыгар соҕотох электрик үлэлиир эбит; Сыдыбылга баар баһаарынай массыынаны ити эрэ иннинэ ылан барбыттар. Маны барытын Е.Михайлова хонтуруоллуохтааҕа да, буолар буолтун кэннэ, онно тиийэн олохтоохтору сирэйэ-хараҕа суох түүрэйдэтэлээбитин хаһыат суруйбута. Өссө ректор буоллаҕына студеннары быыбарга туһаныа, талбытынан куоластатыа диэн дьиксинии баара (кэлин уопсай дьиэнэн, стипендиянан куттаан суденнары быыбарга туһаммытын хаһыаттар сырдаппыттара). Онон биһиги киниэхэ итэҕэлбит суоҕа төрүөттээх этэ.
Кини ордук биһиги сурукпут Уххаҥҥа тахсан, ону дьон билбититтэн кыыһырбыта уонна үһүөммүтүн суукка биэрбитэ. Эбиитин холуобунай дьыала тэрийтэрэ сатаабытын силиэдэбэтэл С.В.Ефимов өйөөбөтөҕө. Үҥсүүтүгэр Георгий Михайлович биһигиттэн 1 мөл. солк. (500 000 солк. хас биирдиибититтэн) ирдээбитэ, Уххан сайтын сабары, биһиги сурукпутун сотторору, 500 000 солкуобайы төлүүрүн модьуйбута.
Биһиги иннибитинэ сурук суруйбут Багдарыын Сүлбэни уонна Г.Апросимовы суукка биэрбэтэҕин санаатахха, сурук Уххаҥҥа тахсан дьонтон кыбыстыбыт курдук. Үҥсүү эрдэ бэлэмнэммит эрээри Штыров уоппускаҕа барарын кэтэһэн олорон, республикаҕа муҥур былааһы ылаат көҥүл дьаһайаары сууту тэрийбитэ көстөрө. Күнэ-дьыла ыйыллыбатах үҥсүүтэ киирбитин судьуйа биһиэхэ биэрбитэ баар.
Суут бэрт эрийсиилээх этэ, албакаатын бэйэтин муннукка ыкпыппыт. Муҥар ити кэмҥэ Е.Михайлова атын киһи үлэтин сойботторон докторскай диссертацияны көмүскээбитэ, наука доктора буолбута хаһыаттар сирэйдэрин бараабыта.
Тиһэҕэр судьуйа Л.Удалова үҥсүү сорҕотун өйөөн биһигиттэн 20-лии тыһыынча солкуобайы ыларга уурбута. Уххан сайта, албакаата Николай Седалищев бэккэ көмүскээн, сабыллыбатаҕа, бэйэтэ 500 000 төлөөбөтөҕө. Е.Михайлова хайа-хайабытыттан 500 000-ны ылан миллионер буолбатаҕа.
Инники эппитим курдук, “Эйэни баҕарабын”кинигэм сүрэхтэниитигэр кэлбитэ, куруутун буоларын курдук, үрүҥ ырбаахылаах, хаалтыстаах этэ. Бинсээгин устан, иннигэр “Собеседник” (иноагент) хаһыат ыстатыйатын уурунан олорбута. Хаһыат ол нүөмэригэр генерал-полковник Леонид Ивашов “Армия, в которой правят жулики и воры, никогда не победит” диэн ыстатыйата баар. Леонид Ивашов Арассыыйа президенэ Путиҥҥа уонна Арассыыйа Сэбилэниилээх Күүстэрин хамаандаларыгар “байыаннай күүһү Украинаҕа туттар сыыһатын” туһунан аһаҕастык эппитэ суруллубут. Онно өссө “Мечты о взятии Киева за три дня провалились” диэн эмиэ кини тыллара баар.
Георгий Михайлович 2015 сыллаахха “Дьон-сэргэ ортотугар” диэн дьоһун кинигэтин бэлэхтээбитэ.
Онно:
“… бу 70 сааспын көрсө таһаарбыт кинигэбин эрэллээх илиигэ туттарабын. Сурукка киирбит чахчылар бука бары кыларыйан турар кырдьыктаахтарын мэктиэлиибин”, – диэн ырылыччы сурулла сылдьар.
Кинигэҕэ барыта баар: дьон суруга, ааптар санаалара, депутат быһыытынан туруорсуулара, хаһыакка ыстатыйалара, сессияҕа тыл этиилэрэ. Суруктара кыларыйан турар кырдьыктаахтарын саарбаҕа суох итэҕэйэҕин. Туруору майгылаах киһи этэрэ-тыынара да туруору, быһаччы.
“Биир ньыгыл Арассыыйа” уонна “Сиэрдээх Арассыыйа” партиялары утарара кинигэттэн көстөр. Ити партиялар көмөлөрүнэн туһалаах баайбыт атыыланан эрэриттэн кэлэйиитин “Сааппакка норуот салгыы талыа диэн эрэнэҕит дуо? ” – диэн парламеҥҥа тыл этиитэ кини киһи быһыытынан хайдаҕын туоһулуур.
Георгий Михайлович Артемьев ааспыт сайын бииргэ кырдьыбыт тапталлаах кэргэнин Александра Григорьевнаны тиһэх суолугар атаарбыта. Икки сиэннэрэ Украинаҕа киирсиигэ эчэйбиттэрин туһунан хараастан быктарбыта баара. Биир сайыҥҥа сөҕүмэр охсууну ылбытын хайа сүрэх тулуйуой?! Кини аны суох… Киниэхэ эрэ баар хойуу куолаһынан “Дьэ, доҕор!” – диирин аны истибэппин… Атаарыыга кыайан сылдьыбатаҕым…
Ытыс буор оннугар суругум итинник.
***
Иван Бурцев
Хаартыска kyym.ru ситимтэн
Уйбаан, ыстатыйаларгын барытын холбоон кинигэ суруйаргар уолдьаспыт курдук керебун.
Наһаа истиҥник, чаҕылхайдык, аһаҕастык суруллубут ыстатыйа буолбут.