Курс валют
$
92.26
0.33
99.71
0.56
Курс валют
Курс валют
$
92.26
0.33
99.71
0.56
Меню
Поиск по сайту

Сунтаарга тутуу үлэтэ кэминэн барар: саҥа дьыл иннигэр ханнык эбийиэктэр улэҕэ киириэхтэрэй?

30.11.2022 21:21 0
Сунтаарга тутуу үлэтэ кэминэн барар:  саҥа дьыл иннигэр ханнык эбийиэктэр улэҕэ киириэхтэрэй?

“Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагынан  Уһун Күөлгэ биэксэр пууна тутулла турар. Манна чугастааҕы нэһилиэктэри кытта ааҕан, барыта 1200 кэриҥэ киһи көрдөрүнэр буолуоҕа. Амбулатория толору хааччыллан, саҥа оборудованиелар туруохтара. Онон хаан онтон да атын анализтары ылар усулуобуйа тэриллиэҕэ.

Оттон хаарбах дьиэттэн көһөрүү программанан тутулла турар икки элбэх квартиралаах дьиэ баар. Саҥа дьыл иннигэр барыта 98 квартираҕа 169 киһи тупсаҕай дьиэҕэ көһөн киириэхтэрэ. Бэдэрээччигинэн Сунтаарга хас да эбийиэги тутан улэҕэ киллэрбит уопуттаах тэрилтэлэр. Онон бары ирдэбилгэ эппиэттиир таас дьиэлэр арылларга бэлэмнэр.

Күндэйэ нэһилиэгэр тутуллан тумуктэнэн эрэр оҕо саада «Тыа сирин биир кэлим сайыннарыы» федеральнай программанан тутулла турар. 50 миэстэлээх, толору хааччыллыылаах таас эбийиэккэ кырачааннар уһуйуллуохтара.

Бу курдук, тутуу эйгэтигэр быйылгы былаан туолан, саҥа эбийиэктэр үөрүүлээх быһыыга арыллыахтара.

***

Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата 

 

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»