Бэтэринээрийэ учаастагын үлэһиттэрэ Мария Саввинова, Раиса Иванова уонна Лена Прокопьева сүөһүлэри көрөн-истэн, хаан ылан, быһыы биэрэн туруктарын бэрэбиэркэлээтилэр. Бэлиэтээн эттэххэ, бу биэс сүөһү Саха сирин тыйыс тымныытын тулуйан, таһырдьа бэйэлэрэ хайдах кыстаабыттара сөхтөрөр. Кинилэр күнүһүн далга кэлэн от аһаан баран, салгыы ойуурга хахха сири булан хоно сылдьаллар эбит.

Саха сүөһүтэ кыра уҥуохтаах, киппэ көрүҥнээх, кылгас атахтаах, олус уһун уонна хойуу түүлээх. Бу хойуу түүтэ сүөһү этин-сиинин бүтүннүү, ол иһигэр эмиийин уонна уорҕатын кытта саба бүрүйэн, томороон тымныыттан халыҥ хахха буолар. Онтон сылтаан саха сүөһүтэ үчүгэй туругун сүтэрбэккэ, -60 °C кыраадыска диэри тымныыны тулуйар ураты кыахтаах. Учуонайдар чинчийиилэринэн, маннык тулуурдаах буолуута киниэхэ “NRAP” ген мутациятын түмүгэр үөскээбит буолуон сөп диэн быһаараллар.
Элгээйиттэн кэлбит сонун саха төрүт сүөһүтэ төһө тулуурдааҕын уонна айылҕатын уратытын өссө төгүл туоһулуур. Өрөспүүбүлүкэбитигэр бу генофонду харыстааһын, көрүү-истии уонна тэнитии үлэтэ салгыы барар.

***
Ааптар: Саха Сирэ
Оставить комментарий