Курс валют
$
93.29
0.04
99.56
0.2
Курс валют
Курс валют
$
93.29
0.04
99.56
0.2
Меню
Поиск по сайту

Сунтаар дьиэ кэргэттэрэ биир кэмнээх көмөнү туттулар

03.06.2020 13:29 1
Сунтаар дьиэ кэргэттэрэ биир кэмнээх көмөнү туттулар

Сунтаар улууһугар Оҕо көмүскэлин күнүгэр Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйааҕынан көрүллүбүт 3-тэн – 16-гар диэри саастаах оҕолоох дьиэ кэргэттэр анаммыт төлөбүрү тутан үөрүүлэрэ үксээтэ.


Алгыстаана Степанова, 5 оҕолоох ийэ:

– 10.000 солкуобай көмө харчыны мин биэс оҕобор ыллым. Улахан үөрүү, дьол. Бу харантыын кэмигэр, үлэтэ, харчыта суох олорор кэмҥэ бу харчы улахан көмө буолла. Иэс-күүс, кирэдьиит төлөөтүбүт, ас-таҥас ылынныбыт. Оҕо көмүскэлин күнүгэр түспүтэ үөрүүнү өссө үксэттэ!

Диана Вячеславовна, 4 оҕолоох ийэ:

– Бэрэсидьиэн Владимир Путин хас биирдии оҕоҕо 10 тыһыынча солкуобайы анаабыта бу билиҥҥи кэмҥэ улахан өйөбүл дии саныыбын. Холобур, отой үлэтэ суох, уустук балаһыанньалаах дьиэ кэргэттэргэ абыраллаах буолар көмө диэн үөрэбин. Өссө үөрүүлээҕэ, Оҕо бырааһынньыгын бэлиэ күнүгэр түһэн бэйэтэ соһуччу бэлэх курдук.

Мария Попова, үс оҕолоох ийэ:

– Биһиги үс оҕолоох улахан дьиэ кэргэн бу хааччахтааһын кэмигэр дьиэҕэ хаайтаран олордубут. Онон элбэх оҕолоохторго, төрөппүттэргэ уустук, түбүктээх кэмнэр буоллулар. Күн аайы элбэх ас астанан, биллэн турар дьиэ кэргэн ороскуоту көрсөр. Бэрэсидьиэммит баар балаһыанньаны билэ, көрө-истэ олорор буолан биир төгүллээх көмө харчытын күн бэҕэһээ 2 оҕобор тутан үөрдүбүт ахан.

Ольга Николаева, 4 оҕолоохтор:

– Бу кризис кэмигэр көмө харчы көрүллэрэ абыраллаах. Билигин аҥардас ас-үөл атыылаһарга үлүгэрдээх харчы барар. Сыана үрдүүр. Ордук бу уустук кэмҥэ элбэх оҕолоохтор үгүс ороскуоту көрсөллөр. Биһиги көрүллүбүт көмөнү үс оҕобутугар ыллыбыт, онон эбии харчы түргэн баҕайытык этиллибитин курдук бэс ыйын 1 күнүттэн түспүтэ олус үөрүүлээх уонна махталлаах.

***

Бэлэмнээтэ Юлия АЛЕКСЕЕВА

Обсуждение • 1

Добавить комментарий
  1. Бэрт дии

    Оголор дэлби уердэхтэрэ

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»