Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга кыралаан хаардыыр, оттон хотугулуу-илин өттүгэр хаар түһэрэ күүтүллэр. Нэһилиэктэринэн туманнаах. Тыал күүһэ — орто, оттон хоту диэки сөкүүндээҕэ 9-14 м. тиийэр. Анаабыр уонна Булуҥ оройуоннарыгар тыал күүһүрэн 15-18 м/с диэри күүрүөн сөп.
Салгын температурата түүн: -35…-40° тымныы, хотугулуу-илин уонна былыта суох буоллаҕына 43…-48°С тиийэ тымныйар. Арҕаа уонна соҕуруу оройуоннарга -25…-30°С.Күнүс -30…-35°С, намыһах сирдэринэн -35…-40°С, соҕуруу -22…-27°С, оттон соҕуруулуу-арҕаа диэки сылаас соҕус — -13…-18°С кыраадыс.
Дьокуускайга бүгүн сөҥүүтэ суох. Сарсыарда өттүгэр туманнаах, тыал соҕуруу-арҕааттан 1-3 м/с түргэннээх. Салгын температурата түүн -37…-39°С, күнүс -31…-33°С.
***
Ааптар: Василий Прокопьев
Ааптар: Василий Прокопьев
Хаартыска: ЯСИА
Оставить комментарий