СААС ЧУГАҺААТА
Кулун тутар сахаларга Дьөһөгөй Айыы ыйа. Бу ыйтан сылгы үөрүгэр биэ төрүүр. Саас кэлиитин кытта кулун төрөөһүнэ сахаларга ураты, күүтүүлээх күндү кэм буолар.
Кулун тутар ый билгэтинэн күнү-дьылы кэтээн көр:
Кулун тутар 1 күнэ.
Хотой кэлэн уйатын хаардыыр, көмнөх хаар түһэр. Ымыы көстөр.
Кулун тутар 2 күнэ.
Кыһын ортото. Киргил төрүүр. Эһэ биир өттүгэр эргийэн баран, салгыы утуйар.
Кулун тутар 4 күнэ.
Ый уонна үргэл алтыһаллар. Былыргы сахалар ый үргэли кытта алтыһарын кэтээн көрөллөрө. Үчүгэй дьыл үүнүөх буоллаҕына, кулун тутар 4 күнүгэр алтыһар. Хойутаан алтыстаҕына, куһаҕан дьыл буолар.
Кулун тутар 6 күнэ.
Күнүс ылаарар, бастакы бэлиэтээһин буолар.
Кулун тутар 12 күнэ.
Суол килэрийэр.
Кулун тутар 13 күнэ.
Хаар ирэн, сарайтан таммах таммалыыр.
Кулун тутар 14 күнэ. Дьэбдьэкиэйэп күнэ. Күнүһүн сылыйан, ириэһин саҕаланар. Бу күн хотуттан, арҕааттан тыалырдаҕына, сайына сөрүүн, хаһыҥнаах, сир аһа аҕыйах буолар. Хаардаатаҕына, ардахтаах сайын үүнэр. Саҥа төрөөбүт ый “сууннаҕына”– сайынын өлгөм үүнүүгэ. Күүскэ сылыйдаҕына, саас эрдэ кэлэр.
Кулун тутар 15 күнэ.
Улар охсор кэмэ кэлэр.
Кулун тутар 17 күнэ. Бэлиэтээһин.
Кулун тутар 20 күнэ.
Тураах кэлэр. Бу күн сылаас буоллаҕына, 40 күн сылыйар. Тымныы буоллаҕына, 40 күн тымныйар.
Кулун тутар 21 күнэ.
Күн түүнү кытта тэҥнэһэр, о.э. күн уһуна 12 чаас, түүн уһуна – эмиэ 12 чаас буолар. Туллук кэлэр, кукаакы уйаланар. Тэҥкэ ойуурга суор уйатын оҥостор, бастакы сымыытын түһэрэр.
Бу күнү Саха төрөөбүт күнэ дииллэр эбит. Сырдыкка тахсар туом диэни толороллор.
Кулун тутар 22 күнэ.
Саас кэлэр.
Кулун тутар 30 күнэ.
Сылаас Өлөксөй күнэ, ый туолар. Таммах таммалыыр, онуоха муус чопчулар уһун, хойуу буоллахтарына — уулаах саас, кылгас буоллахтарына — сааһын уутун-хаарын көтүтэр.
Кулун тутар 31 күнэ.
Саарба, солоҥдо төрүүллэр. Тыалырдаҕына, суолу томтотор.
Кулун тутар кубулҕаттаах, тыаллаах-хаардаах буолар. Ириэрии-тоҥоруу аргыстаах сааскы салгын албын халлааныгар сыыстарбакка, ичигэстик таҥна сылдьыҥ!
***
ЧОХООН каналтан
Оставить комментарий