Курс валют
$
103.27
3.24
108.56
2.36
Курс валют
Курс валют
$
103.27
3.24
108.56
2.36
Меню
Поиск по сайту

“Мин эйигин билбэтим дии…” кэпсээн

16.11.2024 (4 недели назад) 09:35 0
“Мин эйигин билбэтим дии…” кэпсээн

Быйыл  Ылдьыыҥҥа улаханнык ардаабакка абыраата. Егоровтар Куорамыкы нэлэһийбит сыһыытыгар икки туонна диэн суоттаабыт отторун кэбиһэн, күрүөтүн тутан, бэркэ астынан омурҕанныы тахсыбыттара.

Тыа иһинээҕи күөлтэн чугас турар балаҕаннарыгар кэлбиттэрэ. Уоллара Булаат соруйтарыыта суох, үгэһинэн, хоруолаах солуурчаҕын туппутунан тыа ыллыгынан  көлүкэттэн уу баһа барбыта.

Ыллык устун аа-дьуо бэдьэйэн истэҕинэ, арай, эмискэччи хаңас өттүттэн бочугурастар көтөн тилигирээн тахсыбыттара.

— һоок, бу тугуй?! – соһуйан саңа аллайаат, Булат солуурчаҕынан биир саҥа дайан эрэр бочугурас оҕотун саба баттаабыта.

Атыттара көтөн тирилэһэн хаалбыттара. Тутуллубут көтөр оҕото солуурчах иһигэр турк-тарк тыаһыыра иһиллибитэ.

Уоллара уутун баспакка эрэ бэркэ сүргэтэ көтөҕүллэн, сүүрэн кэлбитэ:

— Көрүҥ эрэ, тугу туппуппун!

Көрбүттэрэ бороҥнуҥу кугас өҥнөөх быычыкаан бочугурас оҕотун   хонноҕун анныгар уктан кэлбит этэ.

— Оо, кыракатыан! Барахсаны ыытан кэбис. Ийэтэ сүтүктээтэҕэ, — эдьиийэ Люба ким-хайа иннинэ саҥа аллайбыта. Онтон суотабайын ылан  хайа эрэ дьүөгэтигэр сурдьа бочугурас оҕотун туппутун туһунан кэпсии охсубута. Хаартыскађа түһэрэн “Сёстры” бөлөххө ыыта охсубута.

Ийэлэрэ Пиэнньэ мичээрдээн ылбыта, түүрүллүбүт быычыкаа түү хомуогу аһыммыта:

— Барахсаныы… Кыратыын…

Арай аҕалара ыксаабатаҕа:

— Оҕом булчут бэрдэ буолсу. Урут, оҕо сылдьан, мин биирдэ ыккыйтан куртуйах оҕотун туппутум. Ону эһэҕит босхо ыыттарбыта. Чэ, Булаат, туппут киһи, бэйэҥ бил хайыыргын.

Булаат ииттэр баҕалааҕын эппитэ уонна көтөрүн омурҕанныыр балаҕаннарын иһигэр киллэрэн ыытан кэбиспитэ.

Бочугурас оҕото балаҕан буор муостатын устун сүүрэкэлээн куотар сир көрдөөбүтэ да, туох да үүтү-хайаҕаһы булбатаҕа. Онтон тута уоскуйан сиринэн суксуруһар кымырдаҕастары тоҥсуйан тобугуратан, аһаан барбыта.

Бочугурастара бэрт түргэнник дьиэтийбитэ. Люба бочугурас оҕотун Рябушка диэн ааттаабыта. Рябушка киһиттэн букатын куттаммат буолбута.

Балаҕаннара кырыыба сиргэ турар буолан туора дьон  сылдьыбат этэ. Дьиэлииллэригэр аанын ыксары сабан бараллара. Нөңүө күнүгэр кэллэхтэринэ көтөрдөрө чыбыгырыы түһэрэ. Килиэп  бытарытан, аһыҥаны, сахсырҕаны тутан биэрдэхтэринэ тоҥсуйан тобугуратан кэбиһэрэ. Роса бытыылкатын быһан иһит оңорон, уу кутан биэрэллэрэ.  Сөп буола-буола онтуттан иһэрэ.

Икки нэдиэлэ буолан баран, өйдөөн көрбүттэрэ, бочугурастара биллэрдик улааппыт этэ. Көтөрдөрүгэр үөрэнэн, таптыыр, аһынар буолбуттара. Бастаан утаа: “Улаатыннаран баран сиэхпит”, -дии саныыллара ааспыта.

Биир күн, эдьиийэ Люба көрдөспүтүгэр, Булаат бочугураһын босхо ыытарга сөбүлэспитэ.

Рябушка уҥа атаҕар кыһыл таҥас кырадаһынын баайбыттара. Балаҕантан чугас кэриигэ таһааран ыытан кэбиспиттэрэ.

Рябушка, балаҕан аттыгар икки-үс күн сылдьа түһэн баран, көстүбэт буолбута.

“Бочугураспыт үөрүн булбута буолуо”, — диэн, бары истэригэр эрэнэ саныыллара.

Үһүс Ыспааһап кэнниттэн  Егоровтар оттоон бүппүттэрэ. Аҕалара мундулуур корчаагатын тыаҕа кистээбитэ. Кыдаманы, кыраабылы балаҕан аттыгар үүнэн турар улахан харыйаҕа ыйаан  хаалларбыттара. Хотуурдарын, атырдьахтарын дьиэлэригэр илдьибиттэрэ.

Балаҕан ыйа буолбута. Булааттаах Люба үөрэхтэрэ саҕаламмыта.  От-мас саһаран, саһархай- кытархай өҥнөрүнэн дуйдаммыта.

Биир өрөбүл күн Булаат аҕатынаан оттуур сирдэригэр кэбиһиилээх отторун күрүөтүн туругун көрө, таарыччы куобах “үндээрдии” барбыттара. Күрүөлэрэ, отторо бэркэ турара.

Булаат биир уостаах сүүрбэһис сынтараалкатынан бэркэ ытар. Аҕата уончалааҕыттан булка батыһыннара сылдьар буолан, уола бэйэтин хайы-үйэ “уоппуттаах” булчутунан ааҕынар.

Булаат көлүкэни кыйа кэриинэн баран иһэн, биир маҥхайан эрэр обургу куобаҕы туруорда.  Ол кыыла тохтообокко, аҕыйахта ойуолаат, сүтэн хаалла. Онтон тиит хатырыга саккыраабытыгар көрбүтэ,  тииҥ хатаастан олорор эбит.

“Тииҥи ытаайаҕын, түүтэ көбүү илик эбит”, —  диэн аҕата эппитин санаан ыппата.

Аҕатын саата иккитэ-хаста доргуйан иһилиннэ. Баҕар, киниттэн туран куоппут куобаҕы бултаабыта буолуо. Көтөҕө ситэри тохтубута буоллар, тыа иһигэр бэрт ыраахтан барыта көстүөх эбит.

Ок, ол тугуй? Хатың лабаатыгар мас көтөрө олорор.

Булаат саатын хаба тардан ылаат, кыҥыы оҕуста уонна элбэрээгин тардан кэбистэ. Саата сырдык күөх буруонан субурус гынан, дэлби ыстанна, саннын син биллэрдик аста. Ону кытта бочугурас аллара сууллан эрэрин көрөн хаалла.

Ытыллыбыт ботуруонун саатын уоһун иһиттэн ылбакка да, көтөр олорбут хатыҥыгар сүүрэн тиийдэ.

Сиргэ, саһарбыт сэбирдэх быыһыгар бочугурас сытар. Кыһыл хааһын үрдүнэн хаан тыккырыыр. Кынаттарын төбөтө барбах ибирдиир.

Булат бочугураһы илиитигэр ылан иһэн, “дьик” гынна. Рябушкатын бултаабыт! Бу, босхо ыыталларыгар уҥа атаҕар Люба баайбыт кыһыл бэлиэ өрбөх быата сылдьар…

Булаат долгуйан, хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа, өссө да сылаас көтөрү туппалыы, имэрийэ, эбирдээх түүтүн көннөрө олордо: “Рябушка, мин эйигин билбэтим дии…”

***
Женни Стрюкова

Хаартыска: PxHere

Оставить комментарий    

Шиномонтаж Левша

СахаСтройПлит
Cтоматология 32
«Стоматология Все 32»