КЫСТЫГЫ ХАЙДАХ КӨРСӨН ЭРЭБИТИЙ
“Туймаада” Агрохолдинг АУо хаһаайыстыбаларыгар сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин уонна үүт ыаһынын туруга.
9 ый түмүгүнэн «Туймаада» Агрохолдинг хаһаайыстыбаларыгар уопсайа 3848 ынах сүөһү, ол иһигэр 1855 ыанар ынах баара бэлиэтэнэр. Билиҥҥи туругунан бары хаһаайыстыбалар 4576 туонна үүтү ыыабыттар. Сыл бүтүөр диэри өссө 1161 туонна үүт ыаныахтаах. Оччоҕо туруоруллубут былаан 5737 туонна үүт бу хаалбыт ыйдарга ыанан сорук туолуохтаах.
Хаһаайыстыбалар бу тоҕус ыйга төһө үүтү ыабыттарын билиһиннэрэр буоллахха маннык:
«Бөртө сылгы собуота» ХЭУо бүгүҥҥү күҥҥэ 1159сүөһүлээх, онтон ыанара 403. Сыл тоҕус ыйыгар 1097 тн үүт ыаммыт. Былаана 1250. Ол аата былаан 88% туолбут.

“Кладовая Олекмы” ХЭУо 949 сүөһүлээх, ыанара 458. Бу кэмҥэ хаһаайыстыба 1278 тн үүтү ыабыт. Онтон былаана 1584 тн. Онон былаан туолуор диэри өссө 306 тн үүтү ыыра хаалбыт. “Туймаада” Экоферма агрохолдинг биир элбэх сүөһүлээх хаһаайыстыбата. Бу хаһаайыстыбаҕа билиҥҥи туругунан 961 ынах сүөһү баара биллэр. Ол иһиттэн ыанар ынаҕа 589. Хаһаайыстыба сыллааҕы былаанынан 1801 тн үүтү ыахтаах. 9 ый түмүгүнэн 1321 тн үүтү ыабыт. Сыл бүтүөр диэри өссө 480 тн үүт ыаныахтаах.
Онтон “Новай Сопхуос” АУо барыта 499 ынах сүөһүнү тутан олорор. Ол иһиттэн ыанара 244 төбө. Былаан быһыытынан бу хаһаайыстыбаҕа 892 тн үүт ыаныахтаах. Сыл тоҕус ыйыгар хаһаайыстыбаҕа 668 тн үүт ыаммыт. Бу сыыппараларынан көрдөххө хаһаайыстыбалар хаалбыт үс ый устата үүт ыаһыныгар сыллааҕы былааннарын толорор кыахтаахтар. Биллэн турар элбэх үүт ыанарыгар аһылык боппуруоһун хаһаайыстыбалар хайдах толороллоруттан тутулуктанан тахсар.
Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин
Сайын устата агрохолдинг хаһаайыстыбалара сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин былаанын хайдах толордулар?
Агрохолдинг хаһаайыстыбалара өрөспүүбүлүкэ араас оройуоннарын сиринэн тарҕанан олороллор. Бары атын-атын айылҕалаах, климаттаах буолан сорох сиринэн ардыыр, сорох сиринэн кураанныыр, ол да иһин от үүнүүтэ эриэ-дэхси буолбатах. Онон быйылгы сылга 6784 туонна от оттонон былаан 89 % туолбут. Хаһаайыстыбалар быйыл сенаж бэлэмнээһинигэр ордук кимиилээхтик үлэлээн 1472 тн сенаж бэлэмнэнэн былаан 151 % туолбут. Ону таһынан хаһаайыстыбалар 1162 тн зеленкалаах кыстыкка киирэр буолбуттар.
Быйыл сайын бары хаһаайыстыбаларга туораахтаах уо.д.а культура өлгөмнүк үүнэн 12538 тн сиилэс угуллубут. Онон былаан аһара туолан 128 % туолла.
Итинэн сыаналаатахха сүөһүнү аһылыгынан толору хааччыйар кыах баар.

***
Прокопий ХАБАРОВ
Оставить комментарий