Саха сирин арҕаа, соҕуруу, киин, хотугулуу-илин улуустарыгар быстах ардахтаах буолуо, сорох сиринэн этиҥнэниэ, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Мииринэй, Ньурба, Сунтаар оройуоннарыгар сорох сиринэн дохсун ардахтаах буолуо диэн Дьокуускайдааҕы УГМС иһитиннэрэр. Этиҥнээх ардахха уонна Арктика кытылынан сөкүүндэҕэ 15-20 м тиийэ түргэннээх тыалырыа. Түүн +15+20°, соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа, хоту +10+15°, Халымаҕа +5+10°, күнүс +25+30°, хоту +18+23°, арҕаа, соҕуруу диэки ардахха +13+18°.
Дьокуускайга күнүс +28+30°. Быстах ардахтаах , соҕуруулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 3-8 м, 15-20 м тиийэ түргэннээх тыалырыа.
***
Ааптар: Саха Сирэ
Хаартыскаҕа Екатерина Попова түһэриитэ
Оставить комментарий