Курс валют
$
82.23
0.22
€
90.36
0.45
Курс валют
Курс валют
$
82.23
0.22
€
90.36
0.45
Меню
Поиск по сайту

Дьокуускайга — туман, хотугулуу-илин — 46 кыраадыска диэри тымныйар

сегодня 08:04 (1 час назад) 0
Дьокуускайга — туман, хотугулуу-илин — 46 кыраадыска диэри тымныйар

Бүгүн, сэтинньи 19 күнүгэр, Саха сиригэр салгын температурата  соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр -6 кыраадыс буоллаҕына, хотугулуу-илин диэки -46 кыраадыска диэри тымныйыаҕа.

Синоптиктар иһитиннэрэллэринэн, өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илин өттүгэр саамай тымныы күн буолуоҕа: түүн салгын температурата -46 кыраадыска диэри түһүөҕэ. Оттон арҕаа уонна соҕуруу-арҕаа оройуоннарга күнүс -6…-11 кыраадыс  тымныы буолара кэтэһиллэр.

Арҕаа уонна хотугу өттүгэр кыралаан хаар түһүөҕэ, хотугулуу-илин диэки сорох сиринэн хаардыыр. Хотугулуу-илин уонна хотугу оройуоннарга тыал түргэнэ сөкүүндэҕэ 9–14 миэтэрэҕэ, оттон Арктика кытылыгар 15–20 миэтэрэҕэ тиийиэҕэ, тибиилээх.

 

Анивера Акимова хаартыскаҕа түһэриитэ

Оставить комментарий