Күндү ыалдьыты Дьокуускайга сэтинньи 30 күнүгэр күүтэллэр. Тымныы Оҕонньор биһиги куораппытыгар аан бастаан 10 сыл анараа өттүгэр — 2011 сыллаахха, оттон бүтэһигин 2016 сыллаахха кэлэн барбыта.
«Сэтинньи 30 күнүттэн саҕалаан Тымныы Оҕонньор куораппытыгар биир суукка аҥаара буолуоҕа. Ыалдьыт бырагыраамата олус киэҥ уонна интэриэһинэй: оҕолору кытары көрсүһэр, куорат олохтоохторун кытары алтыһар. Сүрүн соруга — Саҥа дьыл харыйатын уотун уматыы. Ахсынньы 1 күнүгэр киин болуоссакка кэлбит хас биирдии киһи кинини көрүөн уонна эҕэрдэлиэн сөп», — диэн Сардаана Брызгалова эттэ.
Санатан эттэххэ, «Саха сириттэн кыһын саҕаланар» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл Дьокуускай куоракка сэтинньи 22 күнүттэн саҕаланар уонна ахсынньы 1 күнүгэр Саҥа дьыллааҕы харыйа уотун үөрүүлээхтик уматыынан түмүктэнэр.
Оставить комментарий